Бырааска эрдэттэн көрдөр

17.01.2017
Бөлөххө киир:

«Киһи олоҕун устата чэгиэн-чэбдик сылдьара 80 бырыһыана бэйэтиттэн тутулуктаах. Туругун кэтээн көрөр киһи ыарыыга мээнэ ылларымыан сөп», – диэн элбэхтик этэллэр. Киһиэхэ биллибэккэ, көмүллээн сиир дьаҥнарга хаптарбат туһугар хаһан уонна ханнык быраастарга көрдөрүөхтээхпитий?

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

ТЕРАПЕВТ. Сылга биирдэ терапевка көрдөрүнэр олус уустуга суох. Терапевт-бырааска кэллэххинэ, кини уопсай туруккун көрөр, хааныҥ баттааһынын бэрэбиэркэлиир. Иик, хаан уопсай уонна биохимическай (тарбаххыттан уонна тымыргыттан) анаалыстарыгар ыытыа. Бу анаалыстар түмүктэрэ организм уопсай туругун, веществолар атастаһыыларын, туох уларыйыы тахсыбытын быһаараллар. Терапевт «уорбалаатаҕына», атын туһааннаах быраастарга салгыы көрдөрөргө сүбэлиэ.

Бу анаалыстары сэргэ, сылга биирдэ электрокардиограммаҕа (сүрэх-тымыр үлэтэ) уонна флюорографияҕа уһуллуохха сөп.

Киһи хааныгар баар холестеринын таһымын билиэхтээх. 40 саас кэнниттэн дьахталлар уонна эр дьон онкомаркеры бараллара искэн ыарыытын эрдэ быһаарарга көмөлөһөр.

СТОМАТОЛОГ. Киниэхэ сааһыттан тутулуга суох, сылга иккитэ сылдьарга сүбэлииллэр. Кариестан ураты элбэх атын ыарыы баарын сорохтор билэ да сатаабаппыт. «Тиис ыалдьыбат буоллаҕына, киниэхэ тоҕо барабын?» – диэн толкуйдуурбут сыыһа.

ОФТАЛЬМОЛОГ. Бу быраас биһиги төһө үчүгэйдик көрөрбүтүн быһаарар. Сылга биирдэ харах туруга мөлтөөбүтүн-мөлтөөбөтөҕүн бэрэбиэркэлэниэхтээхпит. Хараххар туочукулар көстөллөрүн уонна хараҕыҥ хараҥаран ыларын биллиҥ да, түргэнник харах бырааһыгар бар. Офтальмолог төһө чуолкайдык көрөргүн, хараҕын иһинээҕи давлениены мээрэйдиэ. Көмпүүтэргэ үлэлиир, айаннаан иһэн ааҕар идэлээх киһи сылга иккитэ офтальмологка сылдьара ордук.

ДЕРМАТОЛОГ. Бу бырааска үксүгэр дьахталлар сылдьаллар. Ол гынан баран, эр дьоннорго тириилэригэр туох эмэ мэҥ тахсыбыт эбэтэр урукку бээтинэлэрин, урдарын, баастарын кээмэйэ уонна өҥө уларыйбыт буоллаҕына, дерматологка кэлэллэрэ туһаны эрэ аҕалыа.

ГИНЕКОЛОГ. Дьахтар доруобуйатын хонтуруоллуур быраастар элбэхтэр. Ол иһигэр, 12-14 cаастаах кыргыттары оҕо гинекологар көрдөрүөххэ сөп. 18-20 саастан ыла сыл аҥаарыгар биирдэ гинекологка сылдьыллар. Оннук кыах суох буоллаҕына, сылга саатар биирдэ бырааска барыахтааххын. Тоҕо диэтэххэ, инфекциялар половой органнар сүһүрэллэригэр уонна ааспат-арахпат ыарыыга кубулуйалларыгар тиэрдиэхтэрин сөп.

45 саас кэнниттэн дьахтар организмыгар «уларыта тутуу» саҕаланар. Гинеколог-быраас дьахтар доруобуйатын бэрэбиэркэлииригэр булгуччу микрофлора мазогун ылар. Оттон көннөрү көрөрүгэр эрозия эбэтэр атын уларыйыылар баалларын-суохтарын быһаарар. Ону таһынан, УЗИ-га уһулларга эбэтэр гормоннары быһаарарга анаалыска ыытыан сөп.

50 сааһыгар чугаһаабыт кэрэ аҥаар өссө биир булгуччулаах бырааһынан маммолог буолар. Түөс кыратык да ыалдьарын уонна быһыыта уларыйарын, эмиий хайаҕастарыттан убаҕас тахсарын бэлиэтии көрдөххө, суһаллык чинчиттэрэр ордук. Маммологка көдөрүү олус уочараттаах буоллаҕына, онкологка, гинекологка, терапевка, хирурга сырыттахха, кинилэр туһааннаах сүбэни-аманы биэриэхтэрэ. Оччоҕо ыарыы саҕаланан эрэрин билэ охсуохха сөп. Дьиҥэр, 15-16 саастаах эдэр кыыс эмиэ маммологка сылдьара наадалааҕын исписэлиистэр бигэргэтэллэр.

40 саас кэнниттэн дьахтар маммологка сылга биирдэ сылдьыахтаах. Оттон түөскэ маммографическай рентген 1-2 сылга булгуччу оҥоһуллуохтаах. 50 саас кэнниттэн сылга биирдэ көрдөрүллэр.

ЭНДОКРИНОЛОГ. 30 саас кэнниттэн дьахталлар 2-3 сылга биирдэ эндокринологка сылдьыахтаахтар. Эндокринолог гормоннар уонна былчархай уларыйыыларын быһаарар. Өскөтүн киһи настарыанньата сотору-сотору уларыйар, кыраттан тымтар, утуйар уута кэһиллэр буоллаҕына, эндокринологка сылдьар биричиинэлэр баар буолбуттар диэн билиниэхтээх.

УРОЛОГ. Эр дьон сыл аҥаарыгар биирдэ бу бырааска кыбыстыбакка кэлэллэрэ мэһэй буолбат. Уролог сиэкистээһиҥҥэ тахсар кыһалҕалары быһаарсыан, кэмигэр анаалыска, эбии чинчийиигэ ыытыан сөп.

КАРДИОЛОГ. Сүрэҕиҥ ыалдьыбат эрээри, чугас аймахтарыҥ сүрэх араас ыарыыларынан эрэйдэнэр буоллахтарына, бэйэҥ эмиэ кардиологы тумна хаамыма.

ХИРУРГ. Саас ылан истэҕин аайы ис тэһэҕэһэ (грыжа) тахсан сордуон, геморрой сүгүн сырытыннарбат буолуон сөп. Маныаха хирург сөптөөх сүбэлэри-амалары биэриэ. Оттон дьахталлар тымыр кэҥээн эрэрин биллэххитинэ (варикоз), эрдэттэн эмиэ хируртан сүбэ-ама ыларгыт наада.

Үксүгэр киһи кэмигэр бырааска көрдөрбөтөҕүттэн уонна ыарыы маҥнайгы түһүмэҕин билбэккэ аһарбытыттан сылтаан, улахан ыарыылар алдьархайы таһаараллар. Ону умнубат ордук.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0