Сэрэниҥ: Алгыстаах бэлэх оннугар кырыыстаахха түбэһээйэҕит

Ааптар: 
26.12.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Саҥа дьыллааҕы  бэлэх көрдүүр сүпсүлгэнэ буола турар. Үгүс киһи араас өҥнөөх, сиэдэрэй ойуулаах халандаардары, аккырыыккалары үөрэ-көтө уончалыыны атыылаһар.

edersaas.ru

Маннык өйдөбүнньүк бэлэҕи үксүгэр остуол оонньууларыгар туттаары атыылаһаллар. Ыксыы сылдьан, үгүс киһи бу маннык халаандаар, аккырыыкка ис хоһоонугар болҕомтотун уyрбат. Ол тоҕото өйдөнөр. Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыкка үчүгэйтэн, кэрэттэн атын ис хоһоонноох, ама, атын өс хоһооно дуу, алгыс дуу баара буолуо дуо?

Дьэ, баар эбит! Онон тус бэйэм маннык түбэлтэҕэ түбэһэн, атын дьону сэрэтээри гынабын: баҕа санаа барыта алгыс ис хоһоонноох буолбатах эбит…

Саҥа дьылга маннык алгыһы ылбыт киһи санаата тута түһэрэ чахчы буолбатах дуо?

Араас үтүө тыллаах өс хоһооно дэлэй кэмигэр хантан маннык ис хоһооннооҕу булан ылбыттарын киһи сөҕөр эрэ…

Хаарыан сыаналаах кумааҕы уонна кырааска! Бу маннык ис хоһоонноох «алгыс» аайы таах бараннаҕа. «Харчыта эрэ баар буоллун!» — диэн санаалаах, маннык бэчээт бородууксуйатын таһаара тураллара баара ээ.

Атыыласпыт сирбэр үлэлэрин «түмүгүн» дьэ көрөөт, бэйэбинээҕэр соһуйдулар.

Бу өссө ааҕылларын таба көрөн, атыылааччыга төттөрү уунар кыахтаахпыт. Оттон араас оһуордар, орнаменнар ис хоһооннорун төһө билэбитий? Сахалыы эрэ тыыннаах буоллун дии-дии диибит атыылаһыы бөҕө, бэлэхтэһии бөҕө буолабыт.

Биллэн турар, атыылаабыт дьон бу бородууксуйаларын атыыттан таһаарыах буолбуттара. Соло булан, ол эрэннэриилэрин толорбуттарын-толорботохторун  тиийэн көрбөккө да сылдьабын. Өскө манныгы атыыга көрдөххүтүнэ, сэрэниҥ дуу.

Кытаатан, кыраһыабай көстүүтүгэр, оһуоругар-мандарыгар ымсыырбакка, атыылаһар алгыскыт, аккырыыккаҕыт ис хоһоонугар болҕомтоҕутун хатааҥ дуу. Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэргитигэр маннык «алгыстары» ылан биэрэн, чугас дьоҥҥутун хомотоойоҕут.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0