Сэминээргэ улахан кэпсэтии тахсыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 22-23 күннэригэр Дьокуускайга сиргэ уонна баайга-дуолга сыһыаннаһыы эйгэтигэр үлэлиир исписэлиистэр  өрөспүүбүлүкэтээҕи алтыс сэминээрдэрэ ыытыллыаҕа.


Сэминээри Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыы министиэристибэтэ салалта судаарыстыбаннай итиэннэ муниципальнай уорганнара сир-уот ресурсатыгар бииргэ үлэлээһиннэрин тупсарар, олохтоох салайыныы уорганнарыгар көмөлөһөр сыаллаах тэрийэр. Кэпсэтии түөрт сүрүн хайысханан: «Уһук Илиҥҥи гектар», «Сир учаастагын судаарыстыбаннай уонна муниципальнай наадыйыыга ылыы уонна эрэсиэрбэлээһин», «2019 сылга сиргэ сыһыаннаһыы сокуонугар туох уларытыыны киллэриэххэ сөбүй?», «Тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сирдэри эргитии» туһунан боппуруостарга туһаайыллыаҕа. Онон киэҥ кэпсэтии тахсара күүтүллэр.
Кыттыыны ылыахтара Арассыыйа Экономикаҕа миниистиэристибэтин хамсаабат баайга-дуолга департаменын дириэктэрэ Алексей Бутовецкай, Уһук Илиҥҥэ Киһи хапытаалын сайыннарыы ааҕыныстыбатын «Уһук Илиҥҥи гектар» бырайыагы сүрүннээччи Дмитрий Ферапонтов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов, Ил Түмэн дьокутааттара, министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, улуустар баһылыктара, сиргэ уонна хамсаабат баайга-дуолга сыһыаннаһыы эйгэтигэр үлэлиир исписэлиистэр.

Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0