Дмитрий Семенов билигин Нерюнгри Инаглинскай шахтатыгар проходчигынан үлэлиир. Ол эрээри, кини бастаан гуманитарнай үөрэҕи бүтэрбитэ. Уол баҕа санаатын хайдах толорбута буолуой?
— Дмитрий, дорообо! Бэйэҕин билиһиннэр эрэ. Хайдах уопсастыбаннай науканы үөрэтэн баран, туочунай наука киһитэ буоллуҥ?
— Мин Үөһээ Бүлүү Далыр дэриэбинэтиттэн сылдьабын. Оскуолабын онно бүтэрэн баран, гуманитарнай колледжка «страховой дьыала» идэтин баһылаабытым. Үлэ көрдөнө сатаан баран, хаттаан БКЭ туттарбытым. ХИФУ-га үөрэнэр баҕа санаалаах этим. Хата, кыл мүччү Горнай институкка киирэн хааламмын, олус үөрбүтүм. Cоһуйуох иһин, үөрэхпэр үчүгэй этим. Университеты бүтэрэн баран, Өймөкөөҥҥө “Западная” тэрилтэҕэ үлэлии киирбитим. Онно Бадараан диэн
көмүстээх сиргэ сир аннынааҕы хайа оробуочайынан балтараа сыл үлэлээбитим. Баахтабай үлэ буолан, үс ый үлэлиир, үс ый сынньанар этибит. Онтон былырыын атырдьах ыйыгар «Колмар» тэрилтэҕэ үлэлии киирбитим.
— Быйыл саҥа арыллыбыт Инаглинскай шахтаҕа дуо?
— Оннук. Чоҕу уонна да атын сир баайын хостуурга бастаан шахта тутуутуттан үлэ саҕаланар. Онтон лава арыллыбытыттан шахта официальнай үлэтэ ааҕыллар. Бырамыысыланнаска үлэ ыстааһа улахан оруоллаах. Саҥардыы үөрэҕи бүтэрбиттэргэ бастаан үлэ ыстааһын эккирэтии буолар. Холобура, мин эмиэ Инаглинскай шахтаҕа аҕыс ый хайа оробуочайынан үлэлээн баран биирдэ проходчик идэтигэр көспүтүм.
— Проходчик туһааннаах үлэтэ туохха сытарый?
— Саҥа хайаҕас (выработка) тахсыбыта забой дэнэр. Онно комбайн хаспытын кэнниттэн, ордук дьөлөҕөс үрдүгэр кутталлаах учаастактар үөскүөхтэрин сөп. Шахтердарга куттал суоһаабатын гына, проходчиктар буурдуур массыыналарынан хайа эттиктэрин туттаран биэрэбит. Шахтаҕа солбуһан үлэлиибит. Түөрт солбуйсар бөлөх алталыы чаас үлэлиир. Бастакы сарсыардааҥҥы смена уларыйбат. Кинилэр бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри үлэлииллэр. Биһиэнэ уларыйа турар, холобура, билигин, киэһэ уон чаастаах симиэнэҕэ үлэлии бараары олоробун. Үс күн үлэлиибит, биир күн сынньанабыт. Оптуобуспут барыбытын хомуйталаан, биир чаас курдук шахтаҕа диэри айанныыр.
— Шахтер үлэтэ олус ыарахан. Доруобуйаҕытын хайдах көрүнэҕит?
— Үүт иһэбит. Тус бэйэм битэмиин сиибин.
— Сахалар уонна уопсайынан да Саха сирин олохтоохторо бырамыысыланнас үлэтигэр аҕыйахтар. Бу саха менталитетыттан тутулуктаах дуу, эбэтэр саха уолаттара хара үлэҕэ «киртийиэхтэрин» баҕарбаттар дуу… Бу туохтан тутулуктаах дии саныыгын?
— Дьиҥэ, саха уолаттара бөҕө кэлэллэр ээ. Билигин өр үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар уолаттар үксүн хайа идэтигэр үрдүк үөрэхтээхтэр. Оттон атын үөрэхтээх эбэтэр көннөрү кэпсэтиинэн киирбит уолаттар үлэлээн көрөн баран ыарырҕаталлар. Онон, бырамыысыланнаска сахалары тардар буоллахха, идэни талар үлэни күүскэ ыытан, тиэхиньиичэскэй үөрэхтээх оҕолору иитэн таһаарыахха наада быһыылаах. Мин холобура, Горнай институкка үөрэммэтэҕим буоллар, үлэм туһунан тугу да билиэм суоҕа этэ.
— Шахтаҕа түһэргэр эйигин туох санаа көҕүлүүрүй?
— Шахтер хамнаһа улахан дии саныыллар. Чоҕу хостуур бырамыысыланнаска, хамнаспыт атыттары кытта тэҥнээтэххэ кыра. Онон, холобура, тус миигин үлэ ыстааһа көҕүлүүр диэххэ сөп.
— Шахтер хайдах хаачыстыбалардаах буолуохтааҕый?
— Ханнык баҕарар үлэҕэ ылсар, тулуурдаах буолуохтаах. Уонна, биллэн турар, баҕа улахан оруолу оонньуур. Туох иһин үлэлиирин билэр киһи үлэтэ таһаарыылаах буолар уонна уйулҕа өттүнэн чэпчэки соҕустук аһардар.
— Дмитрий, ыарахан үлэҕэр ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны!
Виктория Бястинова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru