Семен Луканси: «Хартыына бэйэтэ илиигин салайар курдук буолааччы…»

13.07.2021
Бөлөххө киир:

Худуоһунньук Семен Луканси бу саас Бүтүн Арассыыйатааҕы “О чем твоя Россия?” худуоһунньуктар куонкурустарыгар “Сила Сибири” диэн хартыынатынан кыайбыта. Бу хартыынатын Москва художественнай галереята 700 тыһыынча солкуобайга атыыласпыта.

Биллэр худуоһунньук кэмиттэн кэмигэр анал оскуола-интэринээт оҕолоругар босхо маастар-кылаастары биэрэр, ирэ-хоро кэпсэтэр, сүбэлиир, көмөлөһөр идэлээх. Түгэх тыа сиригэр улааппыт оҕо бэйэтин дьулуурунан, үлэтинэн, талаанынан биллэр-көстөр киһи буолбута оҕолорго үтүө холобур буолар, бэйэҕэ эрэли саҕар.

Ону тэҥэ, кини төрөөбүт Амматын А.Черемных аатынан Оҕо искусствотын оскуолатыгар 103 үлэтин бэлэхтээн турар. Онуоха улуус баһылыга Николай Архипов “Амма киэн туттуута” бэлиэни туттарбыта.

Семен Луканси айар үлэтэ сүрүннээн хотугу норуоттарга уонна хоту дойду айылҕатыгар ананар. Кини ураты буочардаах, туспа көрүүлээх, дириҥ толкуйдаах, уйан тыыннаах, үрдүк маастарыстыбалаах худуоһунньук. Аан дойдутааҕы уонна Арассыыйатааҕы быыстапкалар лауреаттара, норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэр кыттыылаахтара. Дьокуускайга Луканси айар оскуолатын арыйан үлэлэтэр. Манна үөрэниэн баҕалаахтар олус элбэх буоланнар, хас да ый инниттэн суруйтараллар. Биир ыйы быһа үөрэнэллэр, өрөбүллэргэ айылҕаҕа тахсан, пленэргэ уруһуйдууллар.

Амма улууһун баһылыга Николай Архиповы кытта.

Кини 1990 сыллаахха Амма улууһун Өнньүөс сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. П.П. Романов аатынан художественнай училищены Кыһыл дипломнаах бүтэрбитэ. Бу кэмҥэ элбэх быыстапкаларга кыттыбыта, бэйэтин тус быыстапкаларын тэрийбитэ. Туйгун үөрэҕин, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх кыттыытын иһин, 2010 сыллаахха СӨ бэрэсидьиэнин гранын ылбыта.

Салгыы В.И. Суриков аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай академическай художественнай институкка киирэн, бэйэтин истиилин булан, ситэн-хотон, кимиэллээхтик айан-тутан барбыта. Бу кэмҥэ Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат быыстапкатыгар, Флоренция куоракка Аан дойдутааҕы художественнай быыстапкаҕа, о.д.а. кыттыбыта. “Лондон глазами российских художников” Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапка дипломанынан буолбута. Сыал-сорук туруорунан, Крымҥа, Египеккэ, Италияҕа, Мароккоҕа, Турцияҕа, Израильга, Палестинаҕа, Исландияҕа пленэрдэргэ үлэлээбитэ, элбэҕи эбиммитэ.

2016 сылтан айар үлэтэ киэҥ далааһыннаммыта, элбэх сүгүрүйээччилэрдэммитэ. Элбэх бырайыактарга ыҥырыы туппута. Санкт-Петербурга “Мир достижений” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка лауреатынан буолбута. Благовещенскай куоракка киинэ бэстибээлин кэмигэр тус быыстапкатын тэрийбитэ. Салгыы Кытайга баран үлэлээбитэ.

Бу сыл күһүнүгэр Исландия Рейкьявик куоратыгар «Arctic Circle» аан дойдутааҕы бэстибээлгэ ыҥырбыттара, манна тус быыстапкатын туруорбута. Кини үлэлэрэ аан дойду искусствотын кэрэхсээччилэрин биһирэбиллэрин ылбыттара, быыстапкатын “ООН” генеральнай сэкиритээрэ Пан Ги Мун,  Исландия бэрэсидьиэнэ Гудни Йоханссон, Канада генерал-губернатора Дэвид Ллойд Джонстон, Арассыыйа посоллара, худуоһунньук Йоко Оно (Джон Леннон огдообото) көрбүттэрэ.

Семен Луканси үлэлэрэ Марокко, Турция, Израиль, Финляндия, Кытай, Италия уонна Канада чааһынай коллекцияларыгар бааллар. Кини туһунан федеральнай ханааллар биэрии усталлар, сурунаалларга бэчээттэнэр. Быыстапкаҕа үлэлэрин көрбүт дьон, омугуттан тутулуга суох, олус интэриэһиргииллэр, биһирииллэр, сороҕор дьоруойдарын аһынан ытыыллар да… Бу курдук кини аан дойдуга Сахатын сирин дьонун-сэргэтин, култууратын билиһиннэрэ сылдьар.

Кини билигин Москваҕа олорор, айар-тутар. Төрөөбүт дойдутун кыһалҕатын, дьонун-сэргэтин долгуйуутун өрүү да чугастык ылынар. Ол ону “Бедствие”, “Скорбь”, Чурапчы көһөрүллүүтүн, Февронья Малгина туһунан, о.д.а. хартыыналара туоһулууллар. Айар үлэтин умсугутар кистэлэҥин туһунан кини бэйэтэ маннык этэр: “Миигин киһи-аймаҕы таарыйар тиэмэлэр долгуталлар. Дьоруойдарбын кытары тэҥҥэ үөрэбин, долгуйабын, хараастабын, сонньуйабын. Ол иһин көрөөччүлэр тэҥҥэ долгуйаллар”.

«Киэьээнни Амма» х.м. 150х150 см. 2018с.

Айылҕа уонна Киһи – сүрүн тиэмэ

— Сэмэн, ураты араспаанньаҥ хантан кэлбитэй?

— Мин хос эһэм 20-с үйэ саҥатыгар Кытайтан Саха сиригэр көмүс хостооһунугар үлэлии кэлбитэ. Пааспар ыларыгар Лу Хан Чжоу диэн аатын уларытан, Луканси диэн суруйбуттар. Кини араспаанньатын псевдоним курдук ылыммытым.

Эбэҥкилэр саҥа төрөөбүт оҕону биһиккэ уган, сахаларга хаалларбыттарын иитэн, улаатыннарбыттар эбит. Хос эһэм ол кыыһы, Еленаны, кэргэн ылан, ыал буолбуттар. Кини Кытайтан оҕуруот аһын сэдэх сиэмэлэрин (табах, редис, патиссон, эриэппэ, хаппыыста, о.д.а.) илдьэ кэлбит буолан, тыйыс усулуобуйаҕа ким да иннинэ олордон, Аммаҕа бу салааны тарҕаппыт киһи буолар. Онон Лукансины билигин да өйдүүллэр. Кини 1976 сыллаахха 93 сааһыгар өлбүтэ.

— Оҕо эрдэҕинээҕи умнуллубат түгэннэргиттэн кэпсии түһүөҥ дуо?

— Оннук түгэн элбэх буоллаҕа. Улааттаҕым аайы саҥаттан саҥа умнуллубат түгэннэри өйдөөн кэлэбин. Саамай бастакы бэйэбин өйдүүр буолбут түгэним – окко сыылла сылдьан, үөнү-көйүүрү хомуйабын. Ийэм таҥас сууйан баран, быаҕа ыйыы турар. Мап-маҥан бырастыыналар тыалга тэлимнии туралларын субу баардыы өйдүүбүн. Ол онно 3-4 саастааҕым буолуо… Оҕо саас истиҥ өйдөбүллэрэ киһи олоҕун устата арыаллыыллар, күүс-уох биэрэллэр, төрдүн-силиһин санаталлар, инникигэ олук уураллар. Баҕар, ол да иһин кэпсээннэрбэр оҕо сааһым умнуллубат кэрчиктэрин суруйарым буолуо.

Мин Амма Өнньүөһүгэр улааппытым. Оскуоланы онно бүтэрбитим. Өнньүөс айылҕата нэлэмэн сыһыылардаах, киэҥ хочолордоох буолбатах, өрүс, хайа, тыа быыһыгар турар. Түгэх, бүтэй сытар, сабыылаах соҕус сир.

«Хонуу сибэккитэ» х.м. 60х60 см. 2020с.

— Ол да иһин айар үлэҕэр айылҕа тыына биллэр…

— Оҕо сааһым тыаҕа ааспыт буолан, айылҕаны кытары быстыспат ситимнээхпин. Хартыыналарбар Киһи уонна Айылҕа сыһыаннара – сүрүн тиэмэм буолар. Мин айар үлэбэр айылҕа сүрүн оруолу ылар. Биһиги айылҕаттан барытын ылабыт – аһы-үөлү, таҥаһы-сабы, күүһү-уоҕу… Айылҕаны кытары биир тылы булан, иллээхтик алтыһан олоруу – өбүгэлэрбит улуу үөрүйэхтэрэ, ол ону сүтэриэ суохтаахпыт дии саныыбын. Ону айар үлэбинэн дьоҥҥо тиэрдэр соруктаахпын.

Чахчы, айылҕаттан күүс ылабын. Кэмиттэн кэмигэр ойуурга тахсан хаамтахпына, санаам ырааһырар, сааһыланар, күүс-сэниэ эбиллэр. Онон сайын аайы хайаан да Сахам сиригэр, Аммабар баран, дууһалыын сынньанан кэлэбин.

«Саха дьахтара» х.м. 120х100 см. 2020с.

“Тыйыс усулуобуйаҕа кэрэҕэ тардыһыы күүһүрэр”

— Айар киһи ис эйгэтэ уратылаах дуо?

— Улахан уратыта суох дии саныыбын. Ханнык баҕарар киһи айар дьоҕурдаах, саҥаны билэр-көрөр баҕалаах буолар. Онон айар куттаах, боростуой киһи эҥин диэн араарыыны сөбүлээбппин. Арай, айар куттаах киһи арыый уйан соҕус, барыны-бары, элбэх дэгэтин арааран, чараастык ылынар, сэрэйэн билэр, дириҥник анаарар. Ону кини сөпкө туһаныан да, туһанымыан да сөп. Сөпкө туһаннаҕына, элбэҕи айыа-тутуо, туһамматаҕына, куһаҕан дьаллыкка да ылларыан сөп. Хайдах туһанара бэйэтиттэн тутулуктаах.

— “Сахалар бары талааннаахтар” диэн этиигэ сөпсөһөҕүн дуо?

— Айылҕабытыгар төннөн кэллэххэ, тыйыс усулуобуйаҕа олорон, хас да ый урутаан сүөһүтүн, аһы-таҥаһын былааннаныан наада, онтон сиэттэрэн, саха киһитин күннээҕи үлэтиттэн айар кута күүһүрэр. Иһитин-хомуоһун, таҥаһын-сабын кини судургутук, түргэнник оҥорон, тигэн кэбиһиэн сөп этэ. Ону кини киэргэтэн, мындырдык оһуордаан, олус кэрэ гына оҥорор.

Былыргы сахалар ыарахан олохторун киэргэтэн, кэрэҕэ тардыһан, айар куттара күүһүрэн, бу курдук кэрэ оҥоһуктары оҥороллоро. Киһи кэрэҕэ тардыһыыта өрүү баар, ол эрээри тыйыс усулуобуйаҕа олорор норуокка ол өссө күүһүрэр.

Хас биирдии саха эбэтэ иистэнэр, эһэтэ уһанар этилэр. Оннук эрэ гыннахтарына, тыыннаах ордор, аһыыр-таҥнар буоллахтара. Ол хаанынан бэриллэр, ол иһин саха дьоно бары дьоҕурдаахтар.

«Эргэ сиэркилэ. Автопортрет» х.м. 150х95 см. 2020с.

“Худуоһунньук – ыарахан идэ”

— Эйиэхэ худуоһунньук буолар санаа хайдах үөскээбитэй?

— Мин кыра эрдэхпиттэн быраас, хирург буолуом диир этим. Ол санаам биир түгэн кэннэ тосту уларыйбыта. 9-с кылааһы бүтэрбитим кэннэ, аймахтарбын кытары Үөһээ Амма диэки, Лээги аттыгар моонньоҕоннуу барбыппыт. Онно Суруктаах хайаны көрөн баран, улаханнык сөхпүтүм, элбэх ыйытыы үөскээбитэ. Бу тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр олорбут дьон туох санааттан, тугу суруйан хаалларбыттарый диэн сүрдээҕин интэриэһиргээбитим, толкуйга түспүтүм.

10-с кылааска уруһуй куруһуогар суруйтарбытым. Айталина Ивановна Алексеева мин бастакы уһуйааччым, искусствоҕа тапталы иҥэрбит киһим буолар. Уруһуйунан үлүһүйбүтүм, худуоһунньук буолар эбиппин диэн өйдөөбүтүм. Ис-испиттэн кычыгыланан, уруһуйдуохпун баҕарарым. Оннооҕор, оһоххо чоҕунан петроглифтары уруһуйдаан, мөҕүллэрим (күлэр). Бастаан худуоһунньуктар үлэлэрин үтүктэн, элбэхтик эрчиллибитим.

— Онтон билигин мэдиссиинэҕэ интэриэс хаалбыт дуу?

— Улахан интэриэс суох диэххэ сөп. Ол эрээри, тоҕо эрэ куруук быраастар тустарынан киинэлэри, сериаллары көрөрбүн, научнай арыйыылары, туһааннаах кинигэлэри ааҕарбын  сөбүлүүбүн.

«Эбээм, Ксения Егоровна Никифорова» х.м. 100х80 см. 2014 с.

— Худуоһунньук хайаан да анал үөрэхтээх буолара ирдэнэр дуу, эбэтэр, айылҕа биэрбитинэн, айар-тутар кыах баар дуу?

— Уустук ыйытыы. Билиҥҥи кэмҥэ элбэх үөрэҕэ суох худуоһунньуктар бааллар. Саҥа саҕалааччы, киистэни туппут киһи худуоһунньук дэнэр буолла. Кини уруһуйдаан ис санаатын көрдөрүөн сөп. Мин ону утарбаппын. Сайын ахсын, быйыл алтыс сылын Дьокуускайга уруһуй оскуолатын үлэлэтэбин. Онно кыра оҕоттон кырдьаҕаска тиийэ, араас дьон кэлэллэр. Үксүгэр улахан дьон оҕо эрдэҕинээҕи толорботох ыра санааларын ситэрэр баҕалаах кэлэллэр. Ол кинилэргэ олус элбэҕи биэрэр. Сүрдээх талааннаах дьон бааллар. Уруһуйдуурга кими баҕарар үөрэтиэххэ сөп. Дууһаҥ баҕарарынан, уруһуйдуу, кэрэни айа сылдьар туох куһаҕаннаах буолуой?

Ол эрээри, худуоһунньук буолабын, олохпун онно аныыбын диир буоллахха, үөрэниэххэ наада. Үөрүйэх улахан үлэттэн, үөрэхтэн тахсар. Идиэйэ баар, дьоҥҥо ону үөрүйэх, сатабыл (ремесло) нөҥүө  тиэрдиэххэ наада. Хартыына диэн өҥү, кыраасканы эрэ булкуйуу буолбатах, холобур, киһи майгытын-сигилитин элбэхтик толкуйдаан, үлэлээн эрэ тиэрдэҕин. Идэтийбит таһымҥа баҕарар дьон уонтан тахса сыл үөрэнэллэр.

Мин билигин да үөрэнэбин: норуодунай худуоһунньуктар Алексей, Сергей Ткачевтарга уһуйуллабын. 96-98 саастаах улуу дьон үлэлии-хамсыы, ыччаты уһуйа сылдьаллара сөхтөрөр. Киин сиргэ үөрэнэр ордук дии саныыбын. Киин куораттарга Европаттан аҕалан, аан дойду шедеврдэрин аҕалан быыстапкалыыллар, ол туспа эйгэ, ураты турук буолар.

Худуоһунньук – ыарахан идэ. 5 сыл училищеҕа, 6 сыл академияҕа, институкка үөрэнэҕин. Айаххын ииттиэххэ, талааҥҥын арыйыахха, дьоҥҥо тугу эрэ этиэххэ, тиэрдиэххэ диэтэххэ, уустук сорук турар. Киһи олоҕор көрбүтэ-билбитэ, иҥэриммитэ элбэх эрэ буоллаҕына, тугу эрэ этиэн сөп. Ол да иһин устудьуоннартан аҕыйах киһи, саамай үлэһиттэрэ, идэҕэ бэриниилээхтэрэ эрэ хаалаллар.

— Эн санааҕар, худуоһунньук анала, нууччалыы эттэххэ, миссията тугуй?

— Кини, син эмиэ суруйааччы курдук, суолдьут сулус буолан, дьону сирдиэхтээх. Бэйэтин кэмин көрдөрүөхтээх, норуот санаатын тиэрдиэхтээх. Мин санаабар, искусство дьонугар информационнай уонна култуурунай эйгэ диэн баар. Информационнай эйгэ – бу туох буола турарын, муоданы, дьон баҕарарын оҥоруу, ол уларыйа турар. Оннук оҥоруохха сөп. Сарсыныгар дьон интэриэһэ сүтэн хаалыаҕа. Онон айар үлэһиккэ бу бэрт халтархай суол. Үгүс худуоһунньуктар бу суолу батыһан, талааннарыттан маппыттара.

Оттон култуурунай эйгэ – бу сүрүн, үйэлээх тиэмэлэр (Киһи, Айылҕа, Таптал, Көҥүл, о.д.а.). Возрождение үйэтин худуоһунньуктара ити тиэмэлэргэ үлэлээбиттэрэ, ол иһин билиҥҥэ диэри сыаналыыбыт, таптыыбыт. Айар үлэһит ханнык суолунан барарын бэйэтэ быһаарар.

Сакааһынан эрэ үлэлиир буоллахха, талаан сүтэр диэн кырдьык дуо?

— Оннук. Төһөлөөх худуоһунньуктар талааннарын сүтэрбиттэрэ буолуой? Харчыга  ымсыырыы уонна искусствоҕа үлэ – тус-туспа суоллаахтар. Харчыга хараҥаран үлэлээн бардыҥ да – талааныҥ сыппыыр. Дьон баҕатын толорон, сакааһынан эрэ үлэлиир буоллаҕына, худуоһунньук бэйэтин көрүүтэ сүтэр, бэйэтиттэн тэйэр, талаанын сабар. Онон бэриллибит талааҥҥа ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахха наада. Ол эрэн, билиҥҥи кэмҥэ, син биир кыһалҕаттан да, сакаастары ыларга күһэллэр. Тоҕо диэтэр, аһыан-таҥныан эмиэ наада буоллаҕа дии.

Мин хартыыналарбын атыылаабаппын, ол эрээри, сороҕор сакааһы ылабын. Онуоха бэйэм көрүүбүнэн оҥоруохтаахпын диэн ирдэбил туруорабын.

Айар үлэ – ураты турук

— Ханнык хартыынаҕын ордук сөбүлүүгүн?

— Хартыыналарыҥ бары төрөппүт оҕолоруҥ курдук буолаллар. Онон биири эмэ чорботор уустук. Өр кэмҥэ өйгөр иитиэхтиигин, түүннэри-күнүстэри толкуйдуугун, бэйэҕэр тута сылдьаҕын, абылаҥнаах иэйиигэ куустараҕын. Табыллара-табыллыбата биллибэт. Холустаҕа төрөтөҕүн, сороҕор ыараханнык күн сирин көрөр. Ол кэннэ, дьэ, босхолоноҕун, кураанахсыйбыт курдук буолаҕын. Ханнык баҕарар хартыынаҥ дууһаҥ сорҕотун, элбэх эниэргийэҕин илдьэ хаалар. Сороҕор хартыына бэйэтэ эн илиигин, санааҕын салайар курдук буолар.

Бастаан хартыынам уобараһын, өҥүн-дьүһүнүн өйбөр чопчу көрөбүн. Сороҕор эмискэ кэлэр, сороҕор сылы-сыллаан төбөбөр эргитэ сылдьан, саныыбын, толкуйдуубун. Ол эрэ кэнниттэн суруйан таһаарабын. Өйгө ситэ илик хартыыналары суруйдахха, син биир табыллыбат.

Кэпсээн эмиэ оннук суруллар буоллаҕа. Өйбөр эргийэ сылдьар уобарастар элбэхтэр. Ол уобараһы тиэрдэргэ тыл тиийбэт курдук буолар. Онтон эмискэ алҕас да көрбүтүҥ эбиллэн, эттэнэн-сииннэнэн, төрөөн тахсар. “Маҥхааһай” кэпсээммэр оҕо эрдэҕинээҕи өйдөбүлүм төбөбөр көһөҥө этиилэринэн тахсан кэлбитэ, илиим ону нэһиилэ ситэн, суруйан эрэ биэрбитэ. “Өссө хаһан кэпсээн суруйаҕын?” диэн ыйыттахтарына, “хаһан кэлэрин билбэппин” диибин.

Киһи көрбүтүн-билбитин иһигэр буһаран баран, эттээн-сииннээн таһаарар. Сорох түгэннэри иккиһин олорор курдуккун. Түүлбэр эмиэ уобарастары көрөбүн, уһуктаат, тута хартыыналары уруһуйдаан барааччыбын. Ол иһин кумааҕы, харандаас өрүү аттыбар баар. Ол түгэни куоттаран кэбистэххэ, умнаҕын, эбэтэр сыппаан хаалар.

Худуоһунньук илиитэ музыкант киэнин курдук, киистэни өр туппатаҕына, мастыйан хаалар. Ол иһин күн аайы, 10-12-лии чаас үлэлиибин. Искусствоттан тэйдиҥ да, түргэнник тэйэҕин, сойоҕун. Онон туох баар кыаххын, күүскүн, санааҕын ууран, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтааххын дии саныыбын.

Уруһуйдуур кэммэр бириэмэни, аһыырбын, утуйарбын да умнабын. Өйдөнөн кэлбитим, дэлби аччыктаабыт буолабын. Үлэнэн үлүһүйүү диэн дьэ, итинник. Иэйии үлэ кэмигэр кэлэрэ, дьэ, чахчы.

«Маннайгы хаар. А5а» х.м. 120х100 см. 2019с.

Олоххо суолу булуу

— Уруһуйдууртан ураты, өссө туох интэриэстээххин?

— Улахан суох диэххэ сөп. Тыйаатырга сылдьарбын сөбүлүүбүн. Биир баҕа санаам – тыйаатырга худуоһунньук быһыытынан үлэлэспит, иһиттэн киирэн көрбүт киһи диэн. Интэриэһинэй дьону көрдөхпүнэ, бэрт түргэнник сурунан ылабын, баҕар, кэпсээҥҥэ наада буолуо диэн. Оннук сурунар блокноттаахпын.

Айанныырбын сөбүлүүбүн. Айаҥҥа элбэх идиэйэ киирэр. Элбэх саҥа сири көрдөхпүнэ, өйүм сааһыланар курдук, тулабын саҥалыы көрөбүн. Амма өрүс оҕото буоламмын, сөтүөлүүрбүн сөбүлүүбүн. Москваҕа бассейнҥа биир сылы быһа дьарыктанным.

— Сылайдаххына, санааҥ түстэҕинэ хайдах аһарынаҕын?

— Худуоһунньук бэйэтэ бэйэтигэр психолог курдук буолар. Санаатын, иэйиитин, дьайыытын ырытан, анааран көрөр. Оччоҕо ыраастанар. Тууйуллуу төрүөтүн билиэххэ наада. Ыраас лиискэ ол санааҕын түһэрдэххинэ, ыраастанар курдуккун. Онон туспа психолог да наадата суох. Ханнык баҕарар киһи ити курдук ханна сыыспытын, туохха муммутун ырытан көрүөхтээх.

— Киһи бу олоххо туох сыаллаах кэлэрий?

— Ыарахан ыйытыы. Ханнык баҕарар киһи бэйэтиттэн ыйытар: мин тоҕо төрөөбүппүнүй, туох туһугар олоробунуй, тугу гыныахтаахпыный, туох суолу бэйэм кэннэ хаалларабын? Бэйэтиттэн ыйытыахтаах уонна чиэһинэйдик эппиэт көрдүөхтээх. Үчүгэй-куһаҕан хаачыстыбаларгын, дьоҕургун, тугу баҕараргын, ис куоласкын истэн, бэйэҥ суолгун була сатыахтааххын. Манна уопсай эппиэт, биир халыып суох. Эппиэтэ бэйэҕэр эрэ баар. Кимиэхэ эрэ – оҕо төрөтөн улаатыннарыы, дьиэ-уот тэринии, кимиэхэ эрэ – науканан дьарыктаныы, эбэтэр туох эрэ үйэлээҕи айан хаалларыы…

Киһи олоҕор сүүрэн иһэр курдук – айаҕын ииттинии кыһалҕата, оҕону-урууну иитии, үлэ-хамнас, түбүк үөһэ түбүк… Бу тэтимтэн тохтуу түһэн, тыын ылан, бэйэтин иһиллэнэн, бэйэтиттэн ыйытыахтаах. Оччоҕо эрэ олоххо бэйэтин суолун булар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Суруйуу дьоруойун тус архыыбыттан уонна саайтыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0