«Салайааччы ирдэбиллээх буолуохтаах», — диир «Лена» ПЭСАЗ» дириэктэрэ Дмитрий Семенов (ИНТЕРВЬЮ)
Судаарыстыбаннай дьиэлэри көрөр-истэр «Лена» ПЭСАЗ» балаансатыгар 83 эбийиэк баарыттан 49 дьиэни бэйэтэ көрөр-харайар. Өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ үлэлиир усулуобуйаларыгар туох да мэһэйи-харгыһы көрсүбэттэрин, дьиэ-уот саахала, алдьаныыта-кээһэниитэ тахсыбатын, уута-хаара, сылааһа быстыбакка үлэлии турарын хааччыйар улахан эппиэтинэстээх тэрилтэ. Былааннаах өрөмүөнү кэмигэр оҥоруу, баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйыы, санитарнай өттүнэн дьиэ ис-тас көстүүтүн тупсарыы уо.д.а. – бу барыта салайааччы төһө сатабыллааҕыттан, дьаһаллааҕыттан тутулуктааҕа сэрэйиллэр. edersaas.ru
Дмитрий Семенов 2000 с. «Лена» административнай дьиэлэри көрөр-истэр» бүддьүөт судаарыстыбаннай тэрилтэтин дириэктэринэн анаммыта.
Оччолорго бу тэрилтэ балайда иэстээх, бигэ туруга суох тэрилтэлэр ахсааннарыгар киирсэрэ. Дмитрий Александрович киниэхэ сүктэриллибит улахан эппиэтинэһи өйдөөн, хара маҥнайгыттан хаачыстыбаҕа уонна үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэргэ үлэлээн барбыта.
— Биһиги саҥа эбийиэктэри туппаппыт, баар эбийиэктэри көрөбүт. Хас биирдии эбийиэк туох эрэ кыһалҕалаах. Уопсайынан, кыстыкка бэлэмнэнии биһиги күннээҕи үлэбит. «Лена» ПЭСАЗ» биир дьиэни хааччыйарыгар 18 дуогабары түһэрсэр. Ол иһигэр, лифт быстыбакка үлэлиирин хааччыйыы, баһаар тахсар кутталын сэрэтии, тэрилтэлэри харабылларынан хааччыйыы, уо.д.а. киирэллэр.
Салайааччы ирдэбиллээх буолуохтаах
— Ханна баҕарар салайааччы ирдэбиллээх буолуохтаах дии саныыбын. Мин үлэһиттэрбиттэн бэриллибит сорудаҕы кэмигэр толороллорун уонна хаачыстыбалаахтык үлэлииллэрин ирдиибин. Бу 17 сыл иһигэр кэлэктиибим дьоно – үксэ бэйэм талбыт, үлэҕэ ылбыт исписэлиистэрим. Ким хайдах үлэлиирин билэбин. Ол гынан баран, туох баар кыһалҕалары, боппуруостары барытын уопсай сүбэнэн быһаарабыт. Онон, хас биирдии үлэһитим миэхэ – уҥа илиим. Уопсай сүбэнэн үлэлиир буоламмыт ситиһиилээхпит дии саныыбын.
Кырдьыга да, Дмитрий Александровиһы кытары кэпсэтэр кэммэр, төлөпүөнүнэн да, бэйэлэрэ кэбиниэккэ киирэн да ыйыталаһааччы, быһаартарааччы элбэх буолан биэрдэ. Ханнык тэрилтэҕэ уот барбытын эмиэ «тириэрдэ» оҕустулар. Ону көрө олорон, «Түүннэри-күнүстэри маннык дуо? Уоскулаҥ диэн суох дуу?» – диэн ыйыттым.
Онуоха Дмитрий Александрович түннүк диэки туох эрэ ырааҕы одуулаһа-одуулаһа:
– 2000 с. ананан баран, бастакы уоппускабар сэттэ сылынан эрэ барбытым. Сэттэ сылы быһа тэрилтэбин атаҕар туруорарга күнүстэри-түүннэри сүүрбүтүм-көппүтүм. Олохпут тэтимэ сүрдээх, сокуоннарбыт уларыйа тураллар. Онон нус-хас олорор, кириэһилэҕэ сылаанньыйар кэм буолбатах этэ. Хара маҥнайгыттан атын тэрилтэлэри кытары күрэстэһиигэ инники сылдьар, бүддьүөккэ ноҕурууска буолбат туһугар бары сатабылбытын туһанан үлэлээбиппит, – диэн бастакы саҕалаабыт кэмнэригэр төннөн ылар.
Салайааччы хайдаҕыттан кэлэктиип иһинээҕи быһыы-майгы, ис эйгэ эмиэ тутулуктаах. Дмитрий Семенов салайааччылаах судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ каадырдар уларыйыылара эбэтэр тиийбэттэрэ суоҕун кэриэтэ. Үлэттэн уурайыы да баар буоллаҕына, сүрүннээн, эдэр дьон сайдан, ситэн-хотон, үрдүк дуоһунаска ананан бараллар.
Тэрилтэ билиҥҥи туругунан барыстаахтык үлэлиир. Кэлэктиип дьоно социальнай өттүнэн харысхаллаахтар. Сылга 100-чэ киһи айанын ороскуота төлөнөр.
Дмитрий Семенов билиитин-көрүүтүн куруук сайыннарар, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр уонна инникини өтө көрөн үлэлиир салайааччы быһыытынан үлэтэ сөптөөхтүк сыаналаммыта. Ол курдук, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин үрдүк аатын сүкпүтэ, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар дьокутаатынан талыллыбыта. Дмитрий Александрович бу ситиһиилэр кини үлэлии сылдьар кэмигэр кэлбиттэриттэн, ол эбэтэр син сөпкө үлэлии сылдьар эбиппин диэн үөрэр.
Тутуһар тускула
«Бэйэтигэр эрэллээх киһи салайааччы буолар. Кини туруоруммут сыалын-соругун хайаан да толоруохтаах. «Табыллыбат, кыаллыбат» диэн суох, ханнык баҕарар кырдьыктаах дьыалаҕа дьулуурдаах, тулуурдаах буолуохтаах. Ону сэргэ бэйэҥ үлэҕин-хамнаскын, дьайыыларгын ырытар, түмүк оҥостор хаачыстыбалаах буолуохтааххын».
Нэһилиэнньэ күүппүт бырайыага
Ил Түмэн дьокутаата Д.Семенов сокуоннары оҥорууга, быыбардааччыларын туһугар үс кэмитиэккэ дьоһуннаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини 18 сокуон көҕүлээһинэ үлэҕэ киирдэ.
– Сокуон олоххо киирэригэр уһун кэм барар, ситэр, буһар-хатар. Онон, үлэлииргэ интэриэһинэй.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа «Куорат эйгэтэ» («Городская среда») бырайыага уопсастыбаннай сир-уот тупсаҕай буоларын ситиһэр аналлаах. Бу дьон күүппүт, киһи хараҕар быраҕыллар бырайыага. Ол эбэтэр, куораппытыгар саҥа тутуллубут дьиэ бэйэтэ эрэ буолбакка, кини тулата, чугастааҕы сирэ-уота тупсаҕай оҥоһуулаах, ыраас, көрүүлээх-истиилээх буолуохтаах. Онуоха олорооччулар кытталлара улахан оруоллаах, – диэн салайааччы тустаах үлэтиттэн кылгастык билиһиннэрдэ.
Эһэтин үөрэҕэ
Дмитрий Александрович уопсастыбаннай үлэҕэ куруук көхтөөхтүк кыттар. Эркээни хочотугар, Хаҥалас улууһугар күн сирин көрбүтүнэн киэн туттар. Бастакы хамнаһыттан үөрэммит оскуолатыгар көмөлөһүөҕүттэн ыла, улуус оскуолаларыгар төһө кыалларынан көмөлөһөр.
Ийэтэ Мария Дмитриевна фельдшер идэлээх. Аҕата Александр Михайлович баартыйа ыйыытынан салайар үлэҕэ сылдьыбыта. Онон, элбэх сиргэ көһөн, араас оскуолаҕа (ол иһигэр, Тиит Арыыга, Уулаах Ааҥҥа, Өктөмҥө, Нөмүгүгэ) үөрэммитэ. Төрөппүттэрэ (олохтоох хаҥаластар) бэриниилээх үлэлэрин, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннарын, дьонноругар-сэргэлэригэр аптарытыаттарын Дмитрий көрө-истэ улааппыта уонна кинилэр суолларын салҕыахтааҕын өйдөөбүтэ. Уолчаан сайын аайы эһэтин, сэрии бэтэрээнэ Михаил Васильевич Семеновы кытары тэҥҥэ оттоон улааппыта. Эһэтэ «от охсуллубут сиригэр чыычаах кылбайа сүүрүөхтээх» диэн этиитинэн сиэнигэр дьоһуннаах санаалары сахпыт эбит. Ол да иһин, Дмитрий Александрович ханнык да үлэҕэ ылыстаҕына, буоллун-хааллын оҥорорун сөбүлээбэт. «Хаачыстыбата суох, баар-суох икки ардынан оҥоруох кэриэтэ, олох да ылсыбатах ордук» диэн тускулу тутуһан кэллэ.
— Күн-дьыл ааһара түргэнэ сүрдээх. «Кыһыннары-сайыннары ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм буолар, сэргэх буолууну эрэйэр үлэҕэ буһа-хата сылдьабын. Сөпкө олоробун дуо, олоҕум суолугар тугу да мүччү туппатым дуо? Атын олох аттыбынан ааспата дуо? Дьиэбэр-уоппар болҕомтобун уурбакка хаалбыт кэмнэрим элбэхтэр быһыылаах…», – диэн, биир эмэ түгэҥҥэ санаан ылыахпын сөп. Ол гынан баран, биһиги көлүөнэ иитиибит атын буоллаҕа. Салайар үлэҕэ анаммыт буоллум да, кэлэктиибим, дьонум-сэргэм эрэлин хаһан да түһэн биэриэ суохтаахпын билэбин, — диэн салайааччы бүк эрэллээх.
Дьөһөгөй оҕото
Дмитрий Семенов – төрөөбүт улууһугар ат спордун федерациятын президенэ. Кыра эрдэҕиттэн дьөһөгөй оҕотун, акка олорон тыалы кытта сырсарын сөбүлүүр.
– Ат улахан сүүрүүлэргэ кыттыар, биэтэккэ тиийиэр диэри иҥэмтиэлээх аһы-үөлү, тулуурдаах көрүүнү-истиини эрэйэр. Ат кыстыгын үчүгэйдик туораабатаҕына, мөлтөхтүк сүүрэр. Ат сүүрдүүтэ саха дьонугар үгэскэ кубулуйбутуттан олус үөрэбин. Атын дойдуларга араас таһымнаах сүүрдүүлэри көрдүм ини, көрбөтүм ини. Ол гынан баран, сахаларга курдук үлүһүйүү, хоннохтоохтук киирсии, күүрүү кинилэргэ суох. Онон дьөһөгөй оҕотун кытары сибээстээх тэрээһиннэри сэргээһин, кыттыы (уксуу да буоллун) биһиэхэ хааммытыгар баар.
Ким эрэ үлэттэн сынньана диэн ааттаан бултуурун, балыктыырын, айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр. Онтон мин сынньалаҥым – ат үрдүгэр. Үтүө аттардаахпын. Онтуларым дойдубар тураллар. Бириэмэ буллум да, кыһын киллэрэн, ипподромҥа сүүрдэбин, – диэн Дмитрий Семенов дэҥҥэ түбэһэр сынньалаҥын туһунан астына кэпсиир.
ЫСПЫРААПКА:
Дмитрий Александрович Семенов:
- 1967 с. Орджоникидзевскай оройуон Өктөм с. төрөөбүтэ.
- Үлэтин 1984 сылтан «Өктөм» сопхуос оробуочайыттан саҕалаабыта.
- 1994 с. М.К.Аммосов аатынан СГУ педагогическай факультетыгар «уопсай техническэй дьиссипилиинэлэр уонна үлэҕэ үөрэх» идэни бүтэрбитэ;
- 2009 с. РФ Президенин иһинэн судаарыстыбаннай сулууспа Арассыыйатааҕы академиятыгар «юриспруденция» идэтин бутэрбитэ;
- 2000 сылтан «Лена» административнай дьиэлэри көрөр-истэр» бүддьүөт судаарыстыбаннай тэрилтэтин дириэктэрэ.
- 2014 сылтан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата (тутууга уонна дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатыгар, судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуону оҥорууга, хонтуруоллуур кэмитиэттэр чилиэннэрэ)
- «Биир ньыгыл Арассыыйа» Бүтүн Арассыыйатааҕы политическай баартыйа чилиэнэ.
РФ Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна.
СӨ Президенин, Бырабыыталыстыбатын, СӨ Баайга-дуолга сыһыаннаһыы министиэристибэтин грамоталарынан, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин Махтал суругунан наҕараадаламмыта.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru