Бэҕэһээ Опера уонна балет тыйаатырыгар биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл, Саха АССР үөрэхтээһинин народнай комиссара, миниистирэ, Искусство, киинэ дьыалаларын управлениетын начаалынньыга Семен Сюльскай (Алексеев) төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах уопсастыбаннас мунньаҕа буолан ааста.
Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев Семен Сюльскай олоҕун, үлэтин туһунан билиһиннэрэригэр: “1926 с. хомсомуолга киирэригэр төрөөбүт нэһилиэгин аатын араспаанньаҕа кубулуппута. Оччолорго эдэрдэр саҥа кэм дьоно буолалларын туоһулаан, араспаанньаларын уларыталлара. 1936-1938 сс. народнай комиссарынан үлэлиир кэмигэр 5 мөл. ахсааннаах, сүрүннээн уус-уран, бэлитиичэскэй үөрэх кинигэтэ, атын даҕаны литэрэтиирэ бэчээттэммитэ. Кини үлэлиир кэмигэр үөрэҕэ суох дьону үөрэхтээһин түмүктэммитэ, каадыр өттүгэр күүстээх уларыта тутуу барбыта, саха оскуолаларыгар нуучча тылын үөрэтии бырагыраамата киирбитэ, оскуолалар, интэринээттэр, оҕо дьиэлэрин баазалара хаҥаабыта. Ити курдук үлэлии сырыттаҕына 1938 с. үөрэхтээһин аппараатыттан НКВД уоргана биэс киһини туппута. Атыттары реабилитациялаабыттара. Сюльскайы баартыйаҕа төттөрү ылбыттара, үпкэ-харчыга буруйдааһыннарын уһулбуттара, ол гынан баран, урукку дуоһунаһыгар төнүннэрбэтэхтэрэ”, — диэн бэлиэтээтэ.
Итинтэн салгыы Сюльскай Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа преподавателинэн, дириэктэри солбуйааччынан, Искусство, киинэ дьыалаларыгар управление начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Култуура, искусство каадырдарын бэлэмнээһиҥҥэ улахан оруоллаах. Талааннаах эдэр дьон киин куораттар үөрэхтэрин кыһаларыгар баран үөрэнэллэригэр көмөлөһөрө, өйүүрэ. Кини сыратынан култуура саҥа таһымҥа тахсыбыта. “Үөрэхтээһин миниистиринэн хаттаан талыллан баран, үөрэх сайдыытыгар үс сүрүн соругу туруорбута: дьону барытын үөрэхтээһин сокуона туоларын ситиһии, үөрэтии, иитии хаачыстыбатын тупсарыы, оскуолалары педагогическай каадырдарынан хааччыйыы уонна учуутал оскуола сүрүн киһитэ буоларын быһыытынан аатын үрдэтии. Ити соруктар бүгүн даҕаны суолтатын сүтэрэ иликтэр”, — диэн улуус баһылыга эбэн эттэ.
Ил Түмэн дьокутаата, наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева, Семен Сюльскайы билэр дьон кэпсииллэринэн, үтүө-сэмэй майгылаах, үлэтигэр олус кыһаллар, хас биирдии саҥа ананан барар учууталы, оскуола, кулууп дириэктэрдэрин ыҥыран кэпсэтэн сүбэлээн ыыталыырын, ананан барбыт миэстэлэригэр тиийэн баран чугас киһилэригэр курдук миниистиргэ сурук суруйаллара диэн ахталларын аҕынна. Итинник миниистир сэдэхтик көстөрө буолуо диэн эбэн эттэ. Иккиһинэн: “Аттестация билигин даҕаны ыарыылаахтык барар. Ону кини аан маҥнай киллэрэригэр 147 учууталы уураппыта, ол иһин элбэх утарылаһыыны көрсүбүтэ дииллэр. Дьиҥэр, арыгыһыт, үлэлэригэр ээл-дээл сыһыаннаһар каадырдары уураталаабыта, кини саҕана үлэҕэ, хаачыстыбаҕа ирдэбил күүһүрбүтэ”, — диэн тоһоҕолоон ыйда.
СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева: “Семен Сюльскай историяҕа, өрөспүүбүлүкэ бүгүҥҥү социальнай-экэнэмиическэй сайдыыта олохтоноругар, 1930-1950 уустук кэмнэргэ кылааты киллэрбит уһулуччулаах педагог-тэрийээччи быһыытынан киирэр. Нэһилиэнньэ бүттүүн үөрэхтэниитигэр үгүс үлэни ыыппыта. Өскөтүн 1917 с. 173 оскуола (4,5 тыһ. үөрэнээччи) баар эбит буоллаҕына, 1948 с. 603 оскуолаҕа 65 тыһ. оҕо үөрэнэрэ”, — диэн холобурдаата. Аҥаардас ити сыыппаралартан Сюльскай үөрэххэ өҥөтө, сырата көстөр.
Аймахтар ааттарыттан С.С.Сюльскай сиэнэ, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын дириэктэрэ Сергей Сюльскай тыл эттэ, махталын биллэрдэ. “Биһигини харыстаан дуу, эһээлэрин суолун батыстахтарына сойуолаһа сылдьыахтара диэн, аҕабыт эһэбит туһунан кэпсээбэт этэ. 1990 с. диэри Семен Сюльскай аата улаханнык ааттаммат этэ. Бэйэтин кэмигэр СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев Семен Сюльскай, о.д.а. курдук онно суох умнуллубут бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай, уопсастыбыннай диэйэтэллэр ааттарын норуокка төнүннэриэххэ наада диэн бэлиэтээбитэ”, — диэн иһитиннэрдэ. Семен Сюльскай туһунан суруйбут, кэпсээбит Василий Яковлев-Далан, Василий Протодьяконов-Кулантай, о.д.а. ахтан ааста, эһээлэрин аатын үйэтитиигэ үлэлэспит, үлэлэһэр дьоҥҥо махталын биллэрдэ.
Ыспыраапка
Семен Семенович Сюльскай (Алексеев)
1908 с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр Ньурба улууһун Сүлэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1926 с. хомсомуолга киирэр. Хомсомуолга киирэригэр төрөөбүт нэһилиэгин аатын араспаанньаҕа кубулутар.
1928 с. Хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээринэн, хомсомуол уокуруктааҕы кэмитиэтин бүрүөтүн чилиэнинэн талыллар.
1929 с. Бүлүү педагогическай техникумун бүтэрэр.
1933 с. Ленинградтааҕы Герцен аатынан институту бүтэрэр. Ити сыл Дьокуускайдааҕы педагогическай техникум (Рабфак) дириэктэринэн ананар.
1936 с. Саха АССР үөрэхтээһинин народнай комиссарын солбуйааччынан ананар.
1937 с. норуодунай комиссарынан аныыллар.
1941-1944 сс. Искусство, киинэ дьыалаларыгар управление начаалынньыгынан үлэлиир.
1946 с. Саха АССР үөрэхтээһинин миниистиринэн ананар.
1950 с. педагогическай институкка үлэҕэ көһөр, обком штаты таһынан лекторынан үлэлиир.
1952 с. баара-суоҕа 44 саастааҕар өлбүтэ. Өлөрүөхсүттэр булуллубатахтара.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru