Ахсынньы 6 күнүгэр Дьокуускай к. дьаһалтатын улахан саалатыгар СӨ норуодунай суруйааччыта, бэйиэт, тылбаасчыт, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сэмэн Руфов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ буолла. edersaas.ru
СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков эҕэрдэ этиитин, Чувашия норуодунай суруйааччыта Мишши Юхма видеонан эҕэрдэтин уонна өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлбит тэлигирээмэлэри аахтылар.
Үбүлүөйдээх тэрээһини СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин иилээн-саҕалаан ыытта. Кини Сэмэн Руфов 29 омук чулуу айымньыларын сахалыы саҥардыбытын, 25 кинигэ ааптара буоларын, онтон биэһэ тылбааска анаммытын санатта. Манна даҕатан эттэххэ, Иван Васильевич куорат баһылыга Айсен Николаев Москваҕа устудьуоннуу сырыттаҕына, эдэр кэскиллээх киһини таба көрөн хоһоон суруйбута «Сахаада» хаһыакка тахсыбытын көрдөрдө.
Онтон Дьокуускай куорат баһылыга Айсен Николаев бэйэтин этиитигэр киэн туттар биир дойдулааҕа Арассыыйа чулуу суруйааччыларыттан биирдэстэрэ буоларын уонна Саха сирэ социальнай, култуурунай олоҕор дьоһуннаах кылааты киллэрбитин үрдүктүк сыаналаата. «Ытыктыыр киһим Сэмэн Тиитэбис айылҕаттан ис-иһиттэн интеллигент киһи этэ. Кини өрөспүүбүүлүкэ уопсастыбаннай деятелэ, биир дойдулааҕа Исидор Барахов пааматынньыгын аһыллыытыгар эппит чаҕылхай тылларын умнубаппын. Сэмэн Тиитэбис киин куораппыт дойду атын регионнарыттан хаалсыбатыгар, өссө да сайда-үүнэ туруоҕар ис сүрэҕиттэн итэҕэйэрэ», – диэтэ. Кини Дьокуускай куорат гииминигэр биллэриллибит куонкурус хоһооннорун хомуурунньугар Сэмэн Тиитэбис анабыла биир бастакынан киириэҕин туһунан эттэ уонна бэйиэт тапталлаах куоратыгар анаабыт хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ.
Биир дойдулаахтара, киэн туттар ытык киһилэрэ Сэмэн Тиитэбис үбүлүөйдээх дьаһалларыгар анаан-минээн кэлбит Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин истиҥ-иһирэх ахтыытыгар Сэмэн Тиитэбис киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбаларыгар тохтоото. «Сэмэн Тиитэбис наһаа холку майгылааҕа. Кини ыгылыйбытын, кыыһырбытын хаһан да көрбөтөҕүм», – диэн аҕынна.
Историческай наука доктора, профессор Георгий Башарин Сэмэн Руфовы «саха норуотун Пушкинынан» билинэрэ. Ол туһунан бэйиэт олоҕор, айар үлэтигэр сүрүн дакылааты оҥорбут филологическай наука доктора, профессор Зоя Башарина тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Сэмэн Руфов 1954 сылтан бэчээттэнэн барбыта. Икки бастакы хоһоонун нууччалыы суруйбута уонна «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэппитэ. 1959 с. «Кэл, олор, кэпсэтиэх» хоһооннорун бастакы кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Ити кэмтэн ыла Сэмэн Руфовы кытта төһөлөөх көлүөнэ дьоно кинини кытары хоһоонунан кэпсэппитэ, сэһэргэспитэ буолуой?
«Сэмэн Тиитэбис дойдутугар кэллэ да, кырдьаҕастары кытары көрсөрө. Кыайан кэлбэтэх үөлээннээхтэригэр бэйэтэ дьиэлэригэр тиийэн, ирэ-хоро кэпсэтэн-ипсэтэн баран, өссө кинигэтин суруйан бэлэхтиирэ. Ол кэнниттэн сирин-дойдутун кэрийэрэ. Сороҕор соҕотох, сороҕор оҕолорун эбэтэр сиэннэрин кытары барара. Ол сылдьан суруйар эбит этэ. Кини кэпсиирин олус сэргээн истэрбит. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии киһиэхэ тиийэр курдук саҥарара. Хас кэллэҕин аайы баҕа санаатын этээччи. Биирдэ мин: «Эйиэхэ уонна Афанасий Федоровка анаан мусуой оҥорор буоллубут», – диэбитим. Киһим дьикти дьыаланы оҥороору гынаҕыт диэх курдук көрбүтэ уонна аан бастаан сөбүлээбэтэҕэ. Иккис сырыытыгар кэлэ сылдьан: «Чэ, син сөпкө толкуйдаабыт эбиккит», – диэбитэ. Онтон мусуойтан олус астыммыта уонна ханна көрсүһүү буолла да, мин тыыннаахпар мусуойдаахпын диэн киһиргиибин диирэ», – диэн бэйиэт биир дойдулааҕа Зоя Федорова кэпсээтэ. Зоя Николаевна эппитинэн, хомойуох иһин, билигин ол мусуой аллараа өттө ыһыллан турар эбит.
Көрсүһүүгэ Сэмэн Тиитэбис бииргэ төрөөбүт балта, билигин Чурапчыга олорор Матрена Титовна оҕо саастаргар төннөн, оччотооҕу кэмнэри бу баар курдук аҕынна.
Учуонайдар Анатолий Бурцев, Петр Слепцов, улуустартан кэлбит бэйиэттэр Константин Сосин, Николай Литвинцев, Иван Арбита сиэн быраата Степан Марков, Орто Халыматтан кэлбит суруналыыс Акулина Олесова, ону сэргэ бэйиэт Виктор Хон, «Коммунизм сардаҥата» хаһыакка Руфовы кытары бииргэ үлэлээбит Анна Алексеева, тылбаасчыт Саргылана Леонтьева уо.д.а. тыл эттилэр. Үөһээ Бүлүү улууһун суруйааччыларын төрүччэлэрин оҥорон кинигэҕэ үйэтиппит Марк Григорьев сүдү үлэҕэ көмөлөспүт дьоҥҥо махтанна.
Сэмэн Руфов хоһоонноро саха поэзиятын классикатынан буоллулар. Олортон үгүс хоһоонноро ырыа буолан көппүттэрэ. Бу күн Үөһээ Бүлүүттэн кэлбит Николай Чоручанов Сэмэн Руфов тылларыгар Манчаары туһунан, Иннокентий Огочонов «Мин маҥнайгы тапталым» ырыалары толордулар.
Опера ырыаһыттара Анегина Ильина уонна Марина Николаева, Саха тыйаатырын артыыстара Зоя Багынанова, Герасим Васильев, Валентин Макаров уо.д.а. ырыанан-хоһоонунан эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Үөһээ Бүлүү улууһуттан кэлбит дэлэгээссийэ, ол иһигэр литэрэтииринэй түмсүү чилиэннэрэ, норуодунай бэйиэт хоһоонноруттан композия оҥорон көрдөрдүлэр.
Норуодунай суруйааччы уола Валерий Руфов оҕолор, сиэннэр, аймахтар ааттарыттан ахтыы киэһэтин тэрийбит дьоҥҥо уонна олус суохтуур, ахтар аҕаларын Сэмэн Тиитэбиһи кытары «олоро, кэпсэтэ» кэлбит дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн махтанна.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru