Семен  Назаров: “Дойдубар эргиллиэм”

16.04.2021
Бөлөххө киир:

Киэпкэтин умса соҕустук уурунан, дьыралдьыйбыт саар-тэгил уҥуохтаах  эдэрчи  киһи  дьоһуннук  аа-дьуо  утары иһэрин ыраахтан бэлиэтии,  хараҕым таптыы  көрбүтүм.  Арыый чугаһаан:”Хайаа!”— саҥа  аллайдым.  Семен Николаевич  Назаров  илэ бэйэтинэн!

80-c, 90-с, 2000  иэрэҥ-саараҥ  сыллар. Тас уорҕабытынан таралыйбыт,  өрүттэн  өндөҥөлөөбүт,  атахпытыгар  бигэтик турбут  тургутуу,  туруулаһыы  мүһэлгэ  кэмнэрбит  тоҕойдорун  кэнниттэн  Дьокуускай вице-мэрэ,  тутуу, архитектура миниистирэ,  ис дьыала миниистирэ – генерал,  бырабыыталыстыба  бэрэссэдээтэлэ, номоххо киирбит  XII ыҥырыылаах  Үрдүкү Сэбиэт дьокутаата, Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр  Москва  куоракка Саха сирин  бэрэстэбиитэлэ, бары бэккэ билэр, киэн туттар  биир дойдулаахпытыныын дьоллоох  Дьокуускай  куораппыт  килбэйэр  киинигэр утары  көрсүстүбүт.

 Суруналыыс киһи  Дьылҕа Хаан маннык  соһуччу түгэни  бэлэхтээбитин  хайдах  мүччү  тутуохпунуй. Семен  Николаевичтыын  ирэ-хоро  сэһэргэстибит,  арааһы  барытын  токкоолостум.

Павловскай  политехническай  оскуолатын  бүтэрбитим

— Сааһыран истэххэ, киһи төрөөбүт сирин-дойдутун  ахтара-саныыра күүһүрэн  иһэр.  Мин мантан 18 сыллааҕыта  Москваҕа көһөн тиийэн  олохсуйбутум. Ол гынан баран,  Москваҕа күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри  командировкаҕа сылдьар курдук сананабын. Үлэм командировката да, дойду үрдүнэн  балачча  элбэх, Казахстаҥҥа тиийэ.

Дойдубар хам-түм да буоллар, сылын быспакка, син  сылдьабын.  Онно кэллэхпинэ, бу сиртэн олох тэйбэтэх курдук сананабын. Бэйэм былааммар, биэнсийэҕэ  бардахха, төннөн кэлэр санаа баар. Ол курдук, икки сыллааҕыта кэлэн, бырапыыскабын  төннөрбүтүм. Бу кэлэ сылдьан, даачабын олорор  дьиэҕэ кубулутан, ол докумуоннарын хомуйсан  бүтэрэн, астына  сылдьабын. Онон, төннөн кэлэр буоллахха, манна барыта бэлэм.

Төрөөбүт сир куруутун киһини тарда турар. Дойдубар Мэҥэ Хаҥаласка  I Тыыллыма нэһилиэгэр  Лоомтука сэлиэнньэтигэр начаалынай оскуоланы бүтэрбитим. Кэлин, 60-с сылларга, сопхуостар  бөдөҥсүйүүлэринэн сибээстээн,  Лоомтука үгүс ыаллара  тэрилтэлэрин, үлэлэрин батыһан  Ленин аатынан сопхуос киинигэр  Павловскайга  көһөн киирбиттэрэ. Биһиги ыал эмиэ. Онон мин  чугас эргининэн  оскуолалартан ураты ааттаах  Павловскай  политехническай  уопсай орто үөрэхтээһин оскуолатын  үөрэнэн  бүтэрбитим.

Ол политехническайа диэн, чуолаан черчениены  үөрэтииттэн эбит. Онно Василий Николаевич Оконешников  диэн  сүрдээх  энтузиаст, черчениены дириҥник  билэр  киһи  биһигини  үөрэппитэ. Ол иһин да буолуо, Павловскай оскуолатын выпускниктара 40-ча архитектор оҕо  тахсан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн  үлэлии сылдьаллар.Ол иһигэр, биһиги Тыыллыматтан Лепчиков Иван Васильевичтыын  иккиэбит.

Киһи сөҕөрө баар, Василий Николаевич  70-с сыллар бүтүүлэригэр аҥардас техническэй, машиностроительнай  черчениены эрэ  буолбакка, үрдүк үөрэх  бырагырааматыттан начертательнай  геометрияны факультатив быһыытынан үөрэппитэ. Онно Николай Спиридонович Николаев диэн  СГУ доценын өйөбүлүнэн, кэлин  өрөспүүбүлүкэтээҕи начертательнай геометрия бырагырааматынан буолар олимпиадаларга  кыттарбыт.

                       

Нерюнгриттан  кынат  үүннэринэн 

Оскуоланы  бүтэрэн,  аармыйаҕа сулууспалаан, үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан, табаарыстарбар, оҕолорго кэпсээтэххэ, сүрдээҕин соһуйаллар этэ. Хабаровскайдааҕы институту  бүтэрэн кэлэн, оччолорго  сүрүн, үлэтин хайысхатынан  бүтүн  Илин Сибиири хабар  “Якутгражданпроект”  бырайыактыыр институкка  1979 сыллаахха үлэҕэ киирбитим. Оччолорго БАМ  үгэннээн  тутуллан  ньиргийэ  аҕай олорор кэмэ. Онно 100  тыһыынча нэһилиэнньэлээх  Нерюнгри саҥа куорат тутуллуута бырайыактанара саҕаламмыта. Мин кэлэрбэр 3-4 таас, хас да мас дьиэлэр бааллара. Биһиги ол куораты бүтүннүүтүн саҥаттан бырайыактаан таһаарбыппыт.

Мин онно бэйэм уонтан тахса бырайыгы оҥорбутум.  Олортон саамай  улаханнара 1568 оҕо үөрэнэр  кыһыҥҥы садтаах, бассейннаах, икки спортивнай саалалаах, тирдээх  оскуола улахан эбийиэгэ, ону  таһынан оройуон бүтүннүүтэ  туһанар дьахтар консультациятын  дьиэтэ уонна 200  миэстэлээх гостиница  бырайыактаммыта. Ол гынан, кэлин 90-с сылларга олох, быһыы-майгы уларыйан, ол эбийиэк ситэ тутуллубакка туран баран, кэлин “Якутуголь”  холбоһук  хонтуора дьиэтигэр уларытыллан тутуллубута.

Билиҥҥээҥҥэ диэри  өйдөөн хаалбыппынан,  саҥа үлэлээн, бастакы эбийиэги саҕалаан эрдэхпинэ, бөлөхпүт салайааччыта,  кырдьаҕас архитектор Иван Семенович Лукин: “Дьэ, Семен Николаевич, эдэр исписэлиис буоларыҥ быһыытынан  саамай эппиэтинэстээх эбийиэги биэрэбит. Тутуллаары турар куорат кылабыыһатын брайыактааһыны. Мин хайдах саҥа үлэлээн иһэн,  кылабыыһаттан саҕалыыбын диэн соһуйдум. Бэйэм бүччүм санаалаах этим, бырайыактыыр үлэни хаһан эрэ түмүктүүрбэр,  Эр-ойох буолуу дыбарыаһын тутуом диэн. Ол баҕа санаам туолан турар. Тутуу миниистирэ эрдэхпинэ,  сакаасчыт буоларым  быһыытынан Нерюнгрига  Култуура дыбарыаһын үөрүүлээхтик аһа тиийбитим. Ол саҕана  оройуон баһылыга Василий Васильевич Старцев: “Манна биһиэхэ  дыбарыас курдук Эр-ойох буолуу саалата баар. Таарыччы ол  эбийиэги эмиэ аһыахха”,—диэн  үөрүүлээх быһыыга-майгыга  арыйбыппыт. Нерюнгрига  үлэлээбитим итинник түмүктэммитэ.

                    

 Былыргы  Дьокуускайы  тилиннэрэн

Биһиги  бырайыактыыр мастерскойбут  соҕуруу, киин эрэгийиэннэргэ  тутуллар  бырайыактарынын дьарыктанан, куораты  оннук бырайыактаабыппыт. Онтон 1986-1989 сылларга тимир суол кэлиэхтээҕин учуоттаан, биһиги институппутугар сорудах бэриллибитэ. Москватааҕы  “Мосгипротранс” институту кытта Алдаҥҥа уонна Дьокуускайга  тимир суол үлэһиттэрэ олорор микро-оройуоннарын, аара тутуллар станцияларга олорор бөһүөлэктэри бырайыактааһыҥҥа үлэлээбиппит.

Ол кэмҥэ Дьокуускайга  эмиэ үлэлэһэрбит. Ол курдук, билигин Октябрьскай уулуссаҕа турар  үрдүк тоҕус  мэндиэмэннээх дьиэни бырайыактааһыны “Промстройматериалы” тэрилтэ сакаастаабыта.  Куорат кылаабынай архитекторынан үлэлии сылдьан  култуура миниистирэ Василий Афанасьевич Босиков, Василий Игнатьевич Федоров салалталаах  эргэ  пааматынньыктары үйэтитиигэ үлэ  утумнаахтык ытыллыбыта. Ол курдук,  сууллан турар   Саха сирин  Наукаларын академиятын дьиэтин сөхсүтүү буолбута. Дьиэни көтүрэн баран,  саҥаттан тутуохха диэн бырабыыталыстыба уурааҕа тахсыбыт этэ. Ол аата бу эбийиэк историческай, архитектурнай пааматынньык быһыытынан суолтатын сүтэрэр. Онон дьиэ Ленин проспегар киириигэ  муннуктуу турбутун оннунан хаалларан  чөлүгэр түһэриэҕиҥ диэн  этии киллэрэн  туруорсубутум уонна оннук оҥорон таһаарбыппыт.

Бэйэм тутууну сүрүннүүр буоламмын,  “Якутстрой” трест үһүс ТМУ-н  салайааччы Николай Николаевич Филипповтыын кэпсэтэн,  тарбахха баттанар каменщиктары булан, билигин Дьокуускай куоракка  Уопсастыбаннай палатаны салайар Андрей  Высоких биригээдэтэ  ити дьиэни оҥорон таһаарбыта.

1996-1998 сылларга, бырабыыталыстыбаҕа үлэлии сырыттахпына, Пушкин аатынан бибилэтиэкэ өрөмүөннэнэр буолбута. Оччолорго өрөспүүбүлүкэҕэ онуоха уопуттаах тэрилтэлэр суохтар этэ. Инньэ гынан чех омук күтүөппүт  Рудольф Шест  тэрилтэтин кэпсэтэн, олор исписэлиистэрин түмэн бибилэтиэкэ дьиэтин чөлүгэр түһэрбиппит. Билигин   көрөн киһи хараҕа үөрэр эбийиэктэр буолаллар. Дьокуускайга  тус бэйэм быһаччы кыттан, саҥардыбыт, чөлүгэр түһэрсибит  дьоһуннаах эбийиэктэрим.

                

Сорунуулаахтык,  көтүрэри көтүрэн,    көһөрөрү  көһөрөн

 —Дьокуускай куорат хаһаайыстыбатыгар Ярославскай оройуонтан, горисполкомтан  мэрияҕа диэри  7 сыл үлэлээбитим. Ол тухары үксүн куорат кэскиллээх сайдыытын, генеральнай былаан, архитектура  күүскэ  сайдыытын боппуруостарынан  утумнаахтык дьарыктаммытым. Оччолорго Күөх Хонуу,  киин куорат  кэҥээн,  сайдан иһиилэрин боппуруостара  хайдах дьүүллэһиллэн, быһаарыллан испиттэрин  куорат, өрөспүүбүлүкэ да  олохтоохторо үчүгэйдик  билэллэр. Ол саҕанааҕы ылыллыбыт  быһаарыылар  сөптөөхтөрүн  202-c , 203-с  микро-оройуоннар  тутуллуулара бигэргэттэ.

Билигин даҕаны куорат алыс  кыараҕастык  олорор, нэһилиэнньэ аһара элбээн, 400 тыһыынчаҕа тиийэн эрэр. Куорат таһынааҕы, куорат иһигэр киирэр сиргэ-уокка даачалар, олорор дьиэлэр  тутуллубуттарынан,  улуустартан куоракка улахан көһөн кэлии – ис  миграция тахсан,  нэһилиэнньэ ахсаана элбээтэ. Онуоха сөп түбэһэр дьиэ-уот тутуутун ыытар сир суох.  Иккиһинэн, билигин саҥардыллан тутулла турар аэропорт балаһата эмиэ кыбытыктары үөскэтэр. Ити аэропорпут суолтата улаатан, улахан сөмөлүөттэри түһэрэр буолан, санитарнай зуоната өссө кэҥээн тахсар.  Ол  иһин билигин куорат саҥа  салалтата  ити боппуруоһу  өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта  олохтоохтук быһаарсан үлэлээн барыан наада.

Холобур, Москва аҕыйах сыллааҕыта 10 мөлүйүөн, билигин  13-15  мөлүйүөн нэһилиэнньэлэннэ. Онно  мин санаабар, Москва  салалтата саамай сөптөөх быһаарыныыны ылан, урукку  морально кырдьыбыт, хаарбах тутуулары бүтүннүү көтүрэн, куорат иһигэр баар бырамыысыланнай тэрилтэлэри – ЗИЛ, АЗЛК курдук собуоттар, фабрикалар көһөрүллэннэр, таска таһаарыллан, онно дьон олорор дьиэлэрин,  сынньанар сирдэри тутар-оҥорор бэлиитикэни күүстээхтик  ыытта. Билигин Москва киинэ киһи хараҕын үөрдэр.

Мин санаабар, Дьокуускай куоракка итинник сорунуулаахтык  дьаһанар кэм кэллэ. Холобур, биһиги 60-с сыллартан үлэлээбит  Үөһээ Бэстээхтээҕи собуоппут  оҥорон таһаарар бородууксуйатынан  А, Б, Д  кыбаарталларга  тутуллубут  түөрт  этээстээх панел дьиэлэр лаппа эргэрдилэр. Олору хос-хос өрөмүөннүүргэ, бөҕөргөтөргө үтүмэн үп ороскуоттанарыгар тиийэр.  Ол иһин ити кыбаарталлары куорат саҥа салалтата  билиҥҥэттэн былааныгар киллэрэн, көтүрэри көтүрэн, көһөрөрү көһөрөн дьаһанан бардаҕына, сотору кэминэн саҥалыы тииптээх, аныгы түөлбэлэр сандаарыахтара.

                   

Дьокуускайдар  таба  тайаннылар

—Мин төһө да дойдубуттан тэйэ сырыттарбын,  саҥа күммүн дойдум сонуннарыттан саҕалыыбын. Сибээспин быспаппын. Куоракка өр үлэлээбит буоламмын, быыбар хампаанньатын хаамыытын кэтээн көрдүм, “ыарыйдым”. Хандьыдааттартан саамай бэлэмнээх, баһылыгы бастакы солбуйааччынан үлэлээн кэлбит  Евгений Григорьев  сөпкө мэринэн талылынна диэн сыаналыыбын. Бауман аатынан аан дойду  үрдүнэн биллэр  үрдүкү тиэхиньиичэскэй университеты бүтэрбит үөрэхтээх,  теория-быраактыка  да өртүнэн бэлэмнээх . Быһаччы үлэлии сылдьар буолан, куорат кыһалҕатын, ханан быстаары, ханан тэстээри гыммытын билэр салайааччы быһыытынан сыаналыыбын.     

  

Өрөспүүбүлүкэҕэ  парламентаризм  саҥа  устуоруйата     XII ыҥырыыттан  саҕаламмыта    

Олох-хардыы  баран иһэр. Аҥаардас  бириэмэ эрэ уларыйбат, уопсастыбаннай тутул эмиэ уларыйар-тэлэрийэр. Ол курдук, 80-c сыллар бүтүүлэригэр, демократия  күөрэйэн эрдэҕинэ, улахан быыбардар буолбуттара. 1990  сыллаахха  бастакы альтернативнай быыбарга  куорат кылаабынай архитекторынан үлэлии сылдьан  кыттыбытым. Хандьыдааттар киин уокуруктан сэттиэ этибит. Быыбарга кыайан, XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт дьокутаатынан буолбутум.

Интэриэһинэй сыллар этилэр. Дойду да, уопсастыбаннай тутул да уларыйбыта. Сэбиэскэй Сойуус  үрэллэн, оччотооҕу үлэлиир сокуоннар ыйанан хааланнар,  мунаахсыйыы кэмэ бүрүүкэбитэ. Ол кэмнэргэ бэйэни көмүскээһиҥҥэ уонна  өрөспүүблүкэ  сүҥкэннээх кыаҕын тутан хааларга, мин санаабар XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт  Саха сирэ аныгы устуоруйатын саҕалыыр туһунан историческай  докумуоннары  ылыммыта.Суверенитет туһунан декларация,  Саҥа  Төрүт Сокуоммут ылыллыбыттара. Онно этиллэринэн, очолорго дойду сокуоннара суох буоланнар, санаабыт күүһүн түмэн  бэйэбит бас билиибитигэр боломуочуйалары сир баайыгар тиийэ, алмааһын, көмүһүн эрэ буолбатах, ылан турабыт. Ол уларыйыы, үөһээттэн бааһыы суох  кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэ бэйэтин кыаҕын тутан хааларыгар улахан оруолу оонньообута. Билигин дьон-норуот ол туһунан билэр, устуоруйа буолан турар. Мин санаабар, ол  Үрдүкү Сэбиэт дьиҥнээх легендарнай састаабын хас биир чилиэнин  өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар киллэриэххэ сөп. Сорохтор өрөспүүбүлүкэ  парламентаризмын устуоруйатын  саҥа Ил Түмэн тэриллиэҕиттэн ааҕаары гыналлара олоччу сыыһа. Дьиҥинэн, мин санаабар, парламентаризм аныгы устуоруйата  XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт састаабыттан саҕаламмыта.

                  

 Өрөспүүбүлүкэбит  кэскилин  көрөн  

—  Дьокутааттар куорпустара  дойду кэскилин көрүөхтээхтэр. Онуоха тирэх буолар сокуоннары ылыахтаахтар. Сахабыт сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан кыахтааҕа биллэр. Сирбит-дойдубут баайа да буоллун, кэлин аҥаардас Арассыыйа үрдүнэн эрэ буолбакка, аан дойдуга биллэр  “Газпром”,  “Роснефть” да буоллун, бэйэбит “АЛРОСАбыт” да буоллун, манна олохсуйан үлэлии-хамсыы олороллор. Бу баараҕай  бырамыысыланнай  хаһаайыстыбаннай   тэрилтэлэр  өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй кыаҕын ыларыгар  Саха сирин сиригэр-уотугар үлэлиир  усулуобуйаларын  тэрийиигэ, онтон хайдах өрөспүүбүлүкэ  бүддьүөтүн  хаҥатыы  боппуруостарын быһаарыыга  Ил Түмэн дьокутааттара,  бырабыыталыстыба да  тустаах болҕомтолорун ууруохтаахтар.  Ити билигин ситэ быһаарылла илик боппуруос.

Тоҕо диэтэххэ,  бары улахан тэрилтэлэр атын сиргэ регистрацияланан сылдьаллар. Ол гынан, бу тэрилтэлэр састааптарыгар киирэр, манна неби, гааһы, алмааһы, көмүһү хостуур  тэрилтэлэр  Саха сиригэр нолуоктарын хаалларыахтаахтар. Үлэлэрин, үлэһиттэрин да киэнин.  Ону таһынан сири түүлэһии, онтон да атын боппуруостар элбэхтэр. Мин санаабар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн   хаҥатыыга,  бөҕөргөтүүгэ саҥа аныгы усулуобуйаҕа  олоҕуран   сөп түбэһэр  дуогабардары  түһэрсэн, нолуок бэлиитикэтин Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар дьаныардаахтык туруорсан,   Ил Дархан, бырабыыталыстыба да болҕомтолорун ууруохтарын сөп этэ. Онуоха хайаан да “Элгэ таас чоҕо”, “Роснефть”,  “Газпром”, “АЛРОСА” киириэхтээхтэр.  Ол буолуохтаах,  хайдах  Саха сиригэр элбэх үбү-харчыны  хаалларар  туһугар сөптөөх дьаһаныы.

 Ыччаппытын  таһаарыахха,  салайар  үлэҕэ  үүннэриэххэ          

—   “АЛРОСАҕа” эмиэ үс сыл үлэлээбитим.  Ол кэмҥэ Саха сириттэн тахсыбыт олохтоох  исписэлиистэри — горняктары, экэнэмиистэри, чуолаан  алмаас хостонуутугар технологияны киллэрбиттэри, ону үлэлэппиттэри кырытыннаран тэйитии баара. Ол гынан, олортон хаалбыт  олохтоох исписэлиистэри  2000 сыллар саҥаларыгар диэри Москваҕа даҕаны, улахан хампаанньа салалтатыгар даҕаны  үлэҕэ ылар, үлэлэтэр этилэр. Билигин  хаһыаттан да аахтахпына, дьону да кытта кэпсэттэхпинэ Москва аппараата ол дьонтон бүтүннүү босхоломмут. Ол  киһини харааһыннарар. Тоҕо диэтэххэ, салайыы  үлэтигэр, чуолаан  манна  сиргэ үлэлээбит, хайа үлэтин технологиятын, бу бырамыысыланнас ис хоһоонун  билэр эрэ  дьон  үүнэн, сайдан өрө таһаарыллан  сөптөөхтүк  салайар  кыахтаахтар.

Ити эрээри, кэнники киһи үөрэрэ баар, олохтоох каадырдары  соҕотох АЛРОСАҕа эрэ буолбакка, чоххо, көмүскэ, атын да  салааларга улахан  хайаттан хостуур тэрилтэлэргэ  үлэлэтэр буоллулар.  Ити киһини үөрдэр уонна биһиги  ыччаппыт атын сиртэн кэлбит исписэлиистэртэн итэҕэһэ суох билиилээхтэрэ-көрүүлээхтэрэ  астыннарар. Инникитин уопутуран  бардахтарына салайааччы  буолуохтара. Кылаабынайа, кинилэри салайар үлэҕэ таба туһаныахха наада. Билигин киһи  сэрэхэдийиэх кэпсэтиилэр бааллар: Саха сиригэр олорон үлэлиир наһаа ыарахан. Онон  алмаас хамаанньатын регистрациятын Новосибирскайга дуу, ханна дуу  көһөрүөххэ  наада диэн. Ити олох сыыһа, манна үлэлиир тэрилтэ манна регистрациялаах буолуохтаах. Итинник  санааны тарҕаппат, дьүүллэспэт  гына  тутатына саба  саҥарыахха, тохтотуохха наада.

      

 Судаарыстыбаннай  дьаһаллар  суһаллык,  табатык     быһаарыллалларын  хааччыйан    

—Мин бырабыыталыстыбаҕа үлэлээн бараммын, Москваҕа Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр үлэлээбитим. Биһиги бэрэстэбиитэлистибэбит эһиил өрөспүүбүлүкэбитин кытта тэҥҥэ,  төрүттэммитэ  100 сылын туолар. Максим Аммосов, Платон Ойуунускай  Автономияны туруорсар кэмнэригэр Сойуустаах өрөспүүбүлүкэлэр эмиэ Арассыыйаҕа холбоһоллор. Ол өрөспүүбүлүкэлэри кытта бииргэ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ боппуруоһун туруорбуттара. Онон  билигин Арассыыйа  иһигэр баар национальнай өрөспүүбүлүкэлэртэн саамай бастакы  бэрэстэбиитэлистибэлээх  субъект  буолабыт.

Очолорго  боппуруос быһаарыллыытыгар  Саха сирэ киинтэн аһара ыраах, сибээс, тырааныспар сайда илик кэмигэр  Кииҥҥэ суһал ыстаап курдук тэрилтэ баар буолан, өрөспүүбүлүкэ  аатыттан боппуруостары  туруорсар  эбит.  Бэрэстэбиитэлистибэ ол оруола билигин даҕаны  сүтэ  илик. Төһө да сырыы, тырааныспар сайдыбытын иһин, олох  хардыыта түргэтээтэ. Ол иһин күн бүгүн  туруоруллар  боппуруоһу  күн бүгүн  дойду  бырабыыталыстыбатын,  министиэристибэлэр  үрдүк өһүөлээх кэбиниэттэригэр быһаартарарга  Бэрэстэбиитэлистибэ  оруола улахан.

Биллэрин курдук, Бэрэстэбиитэлистибэҕэ хаһаайыстыбаннай, салайар үлэни барбыт, өрөспүүбүлүкэ балаһыанньатын билэр дьон ананаллар. Билигин  үлэлии олорор  Андрей  Сандоминович Федотов эмиэ өрөспүүбүлүкэттэн тахсыбыт киһи. Билиитэ-көрүүтэ эмиэ дириҥ.Улхан федеральнай  структураларга үлэлээбитэ. Билигин кини салайар кэмигэр бэрэстэбиитэлистибэ үлэтэ сэргэхсийдэ.  Аныгы олох ирдэбилинэн сөп түбэһиннэрэн, саҥа исписэлиистэри тардан бэрт туруктаахтык  үлэлии олороллор.

Мин бэйэм үлэлээбит кэммиттэн  ханнык  бэлиэ түгэннэри ахтар  буоллахха: аан бастаан, убайым Игнатьев Иннокентий Гаврильевич кэлбиппэр үөрэн, киэһээ киирэн эҕэрдэлээн баран:”Чэ, быраат, үлэлиириҥ аҕыйах хаалла. Мантан ыла өссө 19 сыл эрэ”,— бэйэтэ  20 сыл үлэлээбит буолан, бэһиэлэйдээбитэ.

Ити кэмнэргэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит, норуот хаһаайыстыбатын салааларынан көрдөрүүлэрэ түһэн-түһэн баран, 2000  сыллартан  экэниэмикэ  таһыма дьэ саҥа  өрө  тахсан барбыта.  Онно сөп түбэһиннэрэн  кэскиллээх былааннары ыларга бэрэсидьиэн Вячеслав Анатольевич Штыров өрөспүүбүлүкэҕэ сорудах биэрэн, 20-тэн тахса  салааларынан бырагыраамалары ылыммыппыт. Олору  2020-2025  сылларга  диэри  олоххо киллэрэргэ Арассыыйа  бырабыыталыстыбатын кытта тыҥааһыннаах үлэ барбыта.  Ол бырагыраамалартан  саамай чаҕылхай холобуру ылар буоллахха, билигин тутуллан бүппүт   “Роснефть”  неби арҕаа быраҕар  “Сила Сибири”  трассата  буолар. Биһиги  өрөспүүбүлүкэ  аатыттан  ити  турба ситимин  кистэнэ сытар туһалаах баайдаах  сирдэр үрдүлэринэн, ол сиринэн-уотунан тардыллыахтаах  диэн туруорсубуппут. Арассыыйа салалтатыгар  биһиги ити туруорсуубутун  өйдүүр аыйах эрэ киһи баара. Оттон  хаһаайыстыбаннай салайааччылар истиэхтэрин  да баҕарбат этилэр.Биһиги  трасса Байкал күөл үрдүнэн барыахтааҕын бырайыактаан бүтэрбиппит.  Онно туох да куттал суох, барыта учуоттанан  турар диэн этириэс этэ  олорбуттара.

Бэрэсидьиэммит Вячеслав Штыров өрөспүүбүлүкэ  аатыттан  трасса  ньиэп хостонуохтаах сирин тумнан буолбакка,  ол  сир үрдүнэн барыахтаах диэн  чуолкайдаан  туруорсубутун “росниэптэр”  аккаастаабыттарыгар,  “Газпромҥа”  Алексей Борисович Миллергэ  барыахха. Кинилэр бырайыактара арыый кэннэки  кэлиэ  гынан баран,  гаас да, ньиэп да  биир сиргэ, Иркутскай-Саха сирин икки ардыларыгар. Онон кинилэр эмиэ интэриэстээхтэр, ол  киһиэхэ  барыахха, быһаарсыахха диэн  киниэхэ тиийдибит. Алексей  Борисович,  эдэр салайааччы буолан, биһиги тугу туруорсарбытын өтө көрдө быһыылаах: “Эһиги туруорсар боппуруоскут саамай сөп.  Эһигини өйүүбүн, биһиги итинник былааннаныахпыт даҕаны   диэбитэ.

Итинтэн сэргэхсийэн,  Вячеслав  Анатольевич  бэрэсидьиэн  Владимир  Владимирович Путиҥҥа киирдэ. Былааннаммыт көрсүһүү буолбатах,  бэйэтэ  туруорсан. Путин болҕомтолоохтук истэн баран, тута  ол  киэһээ  Арассыыйа  бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ  Фрадковка  эрийбит. Мин ол кэпсэтиигэ  суохпун, көрсүһүүнү бэлэмнээбитим эрэ.  Саха сирин баһылыгын приемнаа. Кинилэр сөптөөх  боппуруоһу   туруораллар.  Ону   көрөн, дьүүллэһэн  баран,  бырабыыталыстыба  тустаах сөп түбэһэр  быһаарыыны ылыныан  наада.  Онтон,  Огаревоттан бырабыыталыстыбаҕа кэлэн,  Вячеслав Анатольевич  мин бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлиниин  көрсөр  буоллум,  Дьокуускайдыыр сөмөлүөтү   тохтото  түс   диэн  төлөпүөннээтэ.

Сотору кэминэн,  Вдадимир  Путин  ол  бырайыагы   көрөр Госсовет мунньаҕын  Дьокуускайга  ыыппыта.  Онно  бэрэсидьиэн  Путин тоһоҕолоон эппитэ: “Дойду эрэ  үрдүнэн  суолталаах буолбатах, аан дойду үрдүнэн суолталаах иһэр уу саппааһа итинник бырайыагы тулуйуо  суохтаах. Сирэ-уота да,  сабыдыала да улахан. Онон, санаан да көрдөххө, ньиэп-гаас сытар сиринэн барыахтаах”. Бырайыак оннук олоххо киллэриллибитэ. Онуоха  РФ бэрэсидьиэнигэр  Саха Өрөспүүбүлүкэтин  бастайааннай бэрэстэбиитэлин  быһыытынан  быһаччы  кыттыспыт буолан аҕынным.

                

Өлүөнэбитин  туоруур  эрэллээх  муостаны     аа-дьуо  тутар  кыах  баар

 —Кэлин,  ылбыт  идэбэр  тутууга  төннөргө  санаммытым.  2007-2008  сылларга  АЛРОСА-тан   үлэлээн  бүтэн  бараммын, урут  манна  БАМ саҕана  үлэлээбит, кэлин  дойдуга  улахан    тутууларга   үлэлиир  “Мост” диэн  бөлөх-хампаанньа   тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбитим. Ол тэрилтэ  1992 сыллаахха, БАМ үлэтэ бүппүтүн кэннэ, саҥаттан хомуллан, исписэлиистэрин мунньан чааһынай тэрилтэ тэрийэллэр. Икки улахан генеральнай бэдэрээттэһэр тэрилтэлээх. Биир  хайысхата — массыына суолун, муосталары, өрүс, муора причалларын уонна аэродромнары тутуу. Оттон  мин үлэлиир улахан тэрилтэм  “Стройтрест” диэн аахсыйалаах уопсастыба тимир суол инфраструктуратыгар муосталары, тоннеллары тутуунан дьарыктанар.  Бу тэрилтэҕэ  2007 сыллаахтан  Арассыыйа үрдүнэн баар 12 тимир суолтан  10-гар  күн бүгүҥҥээҥҥэ  диэри үлэлээн кэллим. Онно аҥардас саҥа эрэ тутуулар буолбатах, 50-60-с сыллардаахха тутуллубут искусственнай  тутуулары – муосталары, тоннеллары саҥардыы уонна  наада буоллаҕына, саҥа тутуллар хайысхаларга  саҥа муосталары, тоннеллары  тутуу. Олортон, бу олох соторутааҕыта Хабаровскай  кыраайга Косомольскай пуорка биэс биэрэстэ кэриҥэ уһуннаах тоннелы, биһиги Сахабыт сиригэр ыкса сыһыаннаах тоннелы  туттубут. Нерюнгрига  Элгэҕэ хостонор  чох барыта онон барар. Өссө иккис тоннел тутуллуохтаах. Бэрэсидьиэн Владимир Путин чох бырамыысыланнаһа сайдыытыгар  анаан-минээн   мунньах ыытан, Илин Сибииргэ,  Уһук Илиҥҥэ  суол инфраструктуратын, ол иһигэр тимир суол гиэнин учүгэйдик толкуйдаан былааҥҥа  киллэрэн оҥоруҥ диэн сорудах биэрдэ. Ол иккис  тоннел үлэҕэ киирдэҕинэ, Саха сириттэн тахсар 4-5 мөлүйүөн таас чох туох да мэһэйэ-харгыһа  суох  аһарыллар буолуоҕа. Онон дойдубар, Сахам сиригэр туһалыы сылдьабын дии сананабын.

Атын да улахан эбийиэктэри тутууну сэргэ, 2014  сыллаахха Сочига буолуохтаах олимпиаданы көрсө  тэрилтэбит бүтүннүү кэриэтэ  түмсэн, кыаҕын түмэн 38 биэрэстэлээх  Адлертан  Краснай Полянаҕа  кыһыҥҥы көрүҥнэр  күрэхтэһиилэрэ ыытыллар сиригэр тахсар  суолга 32 биэрэстэлээх массыына уонна тимир суолу туппуппут.  Онно уопсайа 48 муостаны, 9 тоннельнай  туорааһыны, биэс  тоннельнай комплексы үс сыл иһинэн тутан бүтэрбиппит. Ити саамай  улахан эбийиэкпит, уонна Дон, Волга  өрүстэри туоруур муосталары туппуппут.

Манна  диэн эттэххэ, биһиги Өлүөнэ өрүспүтүн туоруур  муоста тутуллуутун туһунан элбэх  кэпсэтии  барда, барар. Биһиги тэрилтэ 2013 сыллаахха ити бырайыагы  Арассыыйа бырабыыталыстыбата ыыппыт куонкуруһугар кыайбыппыт. Ол кэмҥэ бырабыыталыстыба уурааҕа эҥин бүтүннүүтэ тахсыбыта. “ВТБ капитал” диэн улахан бааны кытта консессионнай сөбүлэһиини  илии баттаһаммыт,  биһиги, “БАМстроймеханизация” диэн тимир суол тэрилтэтэ уонна ВТБ баан буолан кэлэн, оччотооҕу Ил Дархан Егор Афанасьевич Борисовка куонкурус түмүктэрин туһунан дакылааттаабыппыт. 2014  сылтан тутууну саҕалыыбыт диэн олох бэлэм  этибит. Үлэбитин  саҕалаабыппыт буоллар, бырайыак быһыытынан биһиги ити муостаны 2019  сыллаахха тутан бүтэрбит буолуо этибит.

Ону баара,  дойдуга Крым муостатын тутуу соруга туран, бырабыыталыстыба  судаарыстыбаннай бырагыраамаларга көрүллүбүт  үбэ-харчыта быһыллан онно  баран хаалан, ити бырайыак тохтоон хаалбыта.

Күн бүгүн муоста тутуутун боппуруоһун өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев, бырабыыталыстыба күүскэ туруорсаллар. Онон боппуруос хамсыан сөп курдук буолан барда. Онуоха  Арассыыйа бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан ити бырайыагынан былааннаммыт  үп уопсай сууматыттан аҥаара  быһаччы федерация бүддьүөтүттэн киириэхтээх. Ол боппуруос  ситэ быһаарылыннаҕына, ити  тутуу боппуруоһа түргэтиэҕэ.

     —Семен Николаевич,  муоста  тутуутугар эһиги  тэрилтэҕит кыттар дуо?

— Суох.  Дуогабар оҥоһуллуутугар, эрдэттэн быһаарыллыбыт буолан, кытта да сатаабатахпыт. Улахан куонкурус эҥин  буолбатаҕа.

     —80-с сыллар бүтүүлэригэр Мэҥэ Хаҥаласка Хаптаҕай бөһүөлэгэр муоста тутар этэрээт олохсуйан үлэни саҕалаан барбыта. Муоста ол тутуллуохтаах бырайыагын билэр этиҥ  дуо. Билиҥҥи  уонна ол бырайыак туох уратылаахтарый?

—Очолорго, этэн аһарбытым курдук, тимир суол эбийиэктэрин  “Мосгипротранс”  институт  бырайыактаабыта.  Ити  улахан бырайыактар А, Б диэн  салаалаахтар. А диэн  салааҕа производственнай өртө — тимир  суола, муостата. Биһиэнэ, Б  салаата— олорор дьиэлэри, куораттары, бөһүөлэктэри  тутуу. Ол сылдьан ыкса алтыһан үлэлээн, бырайыагы  А, Б диэн тус-туспа араарбакка,  Сойуус, Арассыыйа Госстройдарыгар, Тимир суол тутуутун министиэристибэтигэр  көмүскээбиппит. Ол кэмҥэ ССКП КК-тин, ССРС  Совминын   холбоһуктаах уураахтарын кэнниттэн, “Мосгипротранс” институкка сорудах бэриллэн,  тимир суол тутуутун ТЭО-та (тиэхиньиичэскэй-экэнэмиичэскэй ааҕыы) оҥоһуллубута. Онно  тимир суол бүтүннүүтэ 730 килэмиэтир Дьокуускайга кэлэрэ, ол иһигэр  Өлүөнэни туоруур муоста  тутуллуута  көрүллүбүтэ. Бырайыакка тимир суол муостата өрүһү туоруур буолла да, массыына туоруур муосталаах буолуохтаах диэн быһаарыллыбыта. Ол оннук бырайыагынан бүппүтэ, сыанатын быһаарыы, салгыы олохпут отуора  алдьаныыта барыта мэһэй буолбута.

Кэлин, 1993-94 cыллартан бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев  тимир суол кэлэрэ наада диэн салгыы туруорсууну сөргүппүтэ. Онтон иккис брэсидьиэммит Вячеслав Штыров өссө күүһүрпүтэ. Ол кэпсэтиилэр, быһаарыылар түмүктэринэн ити суол чугаһаан киирэн барбыта. Алдаҥҥа, Томмокко кэлбитэ. Өрөспүүбүлүкэ  салгыы муоста тутуутун  күүскэ туруорсан барбыта, хара бастакыттан икки суолталаах: тимир  суоллаах, массыына суоллаах муоста буолуохтаах диэн туруорсубуппут уонна ол быһаарыныыбытыттан хаһан да аккаастамматахпыт.  Муоста  бырайыагын өссө 1986 cыллаахха, мин ол сылларга суох этим, билигин үлэлиир тэрилтэм “Мост УСК  АУо”  диэн биир генеральнай бэдэрээтчик тэрилтэтэ  ити муостаны  тимир суоллаан, массыына суоллаан бырайыактыырга куонкуруска кыттан кыайбыта. Ол муоста бырайыагын оҥорон бүтэрэн, онно өрөспүүбүлүкэ үбүлээһинигэр кыттыбыта,  90-ча %  Арассыыйа Тырааныспарын министиэристибэтэ үбүлээбитэ. Ол бырайыак  бүтэриллэн бигэргэтиллибитэ,  экспертизаны этэҥҥэ ааспыта.

Ол кэнниттэн, 90-с сыллар саҕаланыыларыгар  эмиэ үп-харчы суоҕуттан, олох ыараабытынан тохтотуллан хаалбыта, оннук сыппыта. Ол бырайыагынан муостаны билигин да тутуохха сөп. Онтон кэннэки кэпсэтиилэргэ, тимир суолу Бэстээххэ аҕалан баран, муостаны тутуу боппуруоһа харгыстанан хаалбыта.  Мин саныырбынан, Арассыыйа  бырабыыталыстыбатын салалтата, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин, сүрүннүүр министиэристибэлэр бастакы салайааччыларын уларыйыыларын-тэлэрийиилэрин түмүгэр боппурос тардыллан, умнуллан, быһаарыллыыта уһаан испитэ. Кэлин, туруулаһан, Арассыыйа бэрэсидьиэнин сөбүлэҥин ылыах курдук буолан истэхпитинэ, Арассыыйа  өртүттэн массыына туоруур муостатын тутуохха наада диэн сүбэлэһэр  икки, күүһүлүүр икки  бэйэлэрин этиилэрин соҥнообуттара.

     —Владимир Путин бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн олоруоҕуттан, Өлүөнэни туоруур муоста тутуллуутун сэҥээрбэт курдук: “Олус ыарахан бырайыак”,— диэн этэрэ дии.

—Дьиҥинэн, Путин  өртүттэн биринсипийээлинэй өйөөһүн баара. Ити наадалаах муоста, ол гынан тутуллар кэмэ кэлэ илик  диир. Ол санаатын бөҕөргөтөн сыаната ыарахан диирэ. Олох тутумаҥ диэн ким да эппэт, Путин да утарбатаҕа, уларыйа-тэлэрийэ турбут Арассыыйа бырабыыталыстыбата да  бырачыастаабатаҕа. Чуолкай  сорудах суох буолан, быһаарыы ылыныахтаах уонна ону бэлэмниэхтээх  фдеральнай министиэристибэлэр ылбат-биэрбэт үэлээн, боппуруос күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри тардылла сылдьар. Дьиҥинэн, бу 2013 сыллаахха быһаарыллыбыт боппуруос гынан баран, Арассыыйа бырабыыталыстыбатынан бу муостаны тутуоҕуҥ диэн чуолкай,  дьайымтыалаах чопчу быһаарыы  кыайан ылыллан биэрбэт.

     — Аны  муоста тутуллуутун  кытта быһаччы  сибээстээх сирдээх-уоттаах тыа дьоно: илин эҥээр  хаптаҕайдар, ороссолуодалар, уҥуоргу төхтүрдэр, өктөмнөр  Хаптаҕайынан хочону быһыттаан суол даамбата кутулуннаҕына, ууга барабыт диэн айманан, олохторугар уу киирбитэ ыраатта…

— Эбэбит сүнньүгэр саамай харгыс олохтонор сирэ Табаҕа тумса. Ол былыр-былыргаттан биллэр.  Гидрометеорологическай  институт бигэргэтэринэн, айылҕа бэйэтэ айбыт мэһэйэ, ити Табаҕа тумса , хайдах да гын, син биир 98 %  харгыны үөскэтэр. Тумсунан, арыыларынан  дьылыттан, хайдах уу кэлэриттэн, таһымыттан син биир харгыны  үөскэтэр. Оттон муоста тутулуннаҕына, ол харгы  үөскээһинэ  0,5-1 % диэри улаатар. Ол аата  харгы  үөскээһинигэр муоста тутуллуута улахан суолтата суох.

Ити Хаптаҕай аннынан хочону, боротуоканы  суол даамбатын оҥорон бүөлүөхтэрэ диэн сэрэхэдийиини сөпкө  таарыйдыҥ. Этиэххэ наада, дьон сыыһа мунаараллар, дьаахханаллар. Оннук буолбат. Билиҥҥи оҥоһулла сылдьар бырайыак  быһыытынан, суол даамбатын кутуу Хаптаҕай  бөһүөлэгин иһиттэн тахсыбат,   тохтуур. Салгыы хочо, боротуока диэки барбат. Боротуокаттан саҕалаан үрдүк атахтаах эстакадалар, муосталар тутуллаллар. Билигин хаһыакка, бэчээккэ сурулларынан, сүрүн муоста эрэ устатын 3 килэмиэтир  100 миэтэрэ буолуохтаах диэн этэллэр. Оттон  дьиҥнээх  искуственнай  тутуу  устата  уу ылар сиринэн 7 биэрэстэттэн тахса буолуоҕа.

     —Макеттан, чертежтартан да көрдөххө,  муостабыт икки кытылыгар  биирдии  уонна ортотугар  биир  тирэхтээх. Итиччэ уһун икки арыттаах үктэллэрдээх муоста  төһө эрэллээх уйуктаах, эбэбит  сааскы халаанын кимээһинин, хайа саҕа айсберг халҕаһа муустар хабырыйыыларын тулуйуо дуо, диэн  сэрэхэдийии эмиэ баар

—Улахан боппуруос  муостатын тутууга буолбатах, атахтарын (опораларын) оҥорууга. Өрүспүт характеристикатын көрдөххө, арҕаа биэрэк таас, туруору баҕайытык түһэр. Ол иһин, өрүс анна  бүтүннүүтэ ириэнэх  сытар, оттон арыылара  эҥин барыта—ирбэт тоҥ. Этиэххэ наада, наука итини кыайар. Оттон  өрүс ортотугар атаҕы туруоруу дириҥ үөрэтии, чинчийии  кэнниттэн оҥоһуллуон наада. Биһиги урукку  чинчийиилэрбит көрдөрөллөрүнэн, өрүс анныгар сир аннынааҕы уулар бааллар, ириэнэх кумахтаах.  Ол учуоттаныан наада.

Манна мин Крым муостатын холобурдаатахпына, урутаан чиничийиилэр кэннилэриттэн муора түгэҕэр  70  миэтэрэ усталаах  атаҕы (опораны) туруорар сөп диэн быһаарыллыбыта. Муора түгэҕэ  бадарааннааҕын, сирэ ириэнэҕин  учуоттаан. Оттон тутуу кэмигэр, ол сыбаайалар (атахтар) кытаанах үктэлгэ диэри 100-тэн тахса миэтэрэ уһаан тахсыбыттара. Манна, биһиэхэ,  оннук  түбэлтэ эмиэ  баар  буолан хаалыан сөп. Онон итинник түгэннэри бырайыактааччылар учуоттуохтара дии саныыбын.  Биһиги үлэбит уопутугар,  соҕуруу өрүстэргэ уонна киин балаһаҕа бадарааннаах сирдэргэ, соҕуруу Краснодарскай кыраайга, Волгоградка,  Доннааҕы Ростовка, о.д.а. сирдэргэ  70 миэтэрэттэн  ордук уһун атах ханна да оҥоһуллубатаҕа.

     —Семен Николаевич, дойду өрүстэринэн, муораларынан,  обоччо-бадараан сирдэринэн  муоста бөҕөнү тутуспут уопуттаах салайааччы, исписэлиис  быһыытынан,  Өлүөнэ эбэбитин  туоруур үрдүк тиэхиньиичэскэй быһаарыылаах  куттала суох, эрэллээх муоста тутулларыгар  итэҕэйэр  буоллаҕыҥ.

—Билигин ханнык баҕарар инженернэй тутууну оҥорор кыах баар.Муора да ортотугар, өрүс ортотугар, кытайдар туталлар дии. Билиҥҥи  аныгы технология ханнык баҕарар муостаны тутар кыаҕы биэрэр, ону таба туһанан  үрдүк квалификациялаах  тэрилтэлэр үлэлээтэхтэринэ, ити хаһан баҕарар тутуллар муоста.

Улуу  Ломоносов  улуу  көрүүлэниитэ  кэллэ

 —  Биһиги бастакы салайааччыларбыт  Максим Аммосов, Платон Ойуунускай  Саха сирэ  хоту сытар баай ис кыахтаах  сир. Ким да онно  санаата-оноото тиийэ илик. Ол иһин, бу үлүгэрдээх сир кыаҕын  наука хараҕынан  чинчийиэххэ наада, академияны   ыҥыран үлэлэтиэххэ диэн   1928  сыллаахха  экэспэдииссийэ тэриллибитэ. Олор биһиги сирбит  баайын барылын бүтүннүүтүн чинчийэн суруйан биэрбиттэрэ. Михаил Ломоносов  Арассыыйа кэлин Сибиир баайынан уонна Хотугу тымныы муора  баайынан кыаҕырыаҕа диэн эппит кэмэ билигин  кэллэ.

Кэлин, 2006-2007 сылларга  Ил Дархан  Егор Афанасьевич Борисов  эмиэ сөпкө быһаарыы  ылынан  Арассыыйа Наукаларын академиятын  экэспэдииссийэтин  ыҥыран, чинчийии бастакы түһүмэҕэ бүппүтэ. Билигин, өрөспүүбүлүкэ  Баһылыга Айсен Николаев  көҕүлээһининэн  иккис түһүмэҕэ саҕаланар. Онно өрөспүүбүлүкэ сайдыытын кэскиллээх  хайысхата үөскээн тахсар. Ол гынан баран,  онуоха сүрүннүүр  базанан син биир  хайа бырамыысыланнаһа буолар. Сотору кэминэн, Арассыыйа үрдүнэн , уонча сыл иһинэн дии саныбын, Саха сирин соҕуруу өртүгэр сиртэн хостоон тимири уһаарар  баараҕай кыахтаах кэмбинээт тутуллуоҕа. Уопсайынан, Саха сирин соҕуруу өртүгэр металлургическай  кэмбинээти  тутуу  сэбиэскэй саҕаттан былааннаммыта.Ити хайысханы барытын  50-с сыллар  бүтүүлэригэр,  60-с сыллар саҕаланыыларыгар партия обкуомун бастакы сэкирэтээрэ Семен Захарович Борисов  дойду  бырабыыталыстыбатыгар,  бастакы салайааччыларыгар киирэн туран, өрөспүүбүлүкэ сиальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын былааныгар  барытын, ол иһигэр Дьокуускай куорат хаһаайыстыбатын сайдыытын бүтүннүүтүн киллэртэрэн турар. Ол билигин дьиҥнээх, остуолга  ууруллар судаарыстыбаннай бырагыраама буолар. Иллэрээ сыл, төрөөбүт дойдутун, норуотун  булгуруйбат патриота, судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун  сулууспатын бэтэрээнэ  Афанасий Кириллин чахчыларга, докумуоҥҥа уонна докумуоҥҥа эрэ олоҕуран  Семен  Захарович Борисов  үлэтин, олоҕун туһунан  токурутуута, кыраасталааһына суох дириҥ научнай  хабааннаах  кинигэтигэр ол бырагыраама толору арыллар.

Ону таба туһаныахха: социальнай да,   тыа  хаһаайыстыбатын да салаата баар. Билиҥҥи саҥа үйэ усулуобуйатын учуоттаан олоххо киллэриэххэ наада.Хообур, Михаил  Ефмович  Николаев, Вячеслав Анатольевич  Штыров,  Егор Афанасьевич Борисов, ол иннинэ Гавриил Иосифович Чиряев, Юрий Николаевич Прокопьев  сэбиэскэй кэмтэн ыла  ити  былаанынан күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри салайтаран салайан кэллилэр.

Саҥа үйэ саҥа хайысхатын чаҕылхай холобурунан  ини-бии  Ушницкайдар курдук  эдэр дьон  Айти-технологиялары туһанан, көмпүүтэринэй бырагыраамалары  айан  оҥоруулара  буолла.  Бүтүн аан дойду таһымынан  биһирэниллибит  оонньуу бырагыраамаларын  оҥорон  ити үлүгэрдээх  таҕыстылар. Онон, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы бырагырааматын  аныгылыы   Айти-технологиянан сайыннаран оҥоруу, ол ону  дойду былааныгар сөп түбэһиннэрэн  киллэрэн,  онуоха Саха сирэ  бүтүн Илин Сибиири уонна Уһук  Илини  сайыннарар аан буоларын курдук  таһымнаах боппуруоһу туруорсар наада. Ити улахан боппуруос быһаарылларыгар, территориялар сайдар боппуруостара эмиэ быһаарыллар.  Аныгы салайааччылар оннук туруорсуохтарын наада.

             

 Дьоллоох  киһибин, дьоллоох  ыал  аҕатабын

—Оҕолор улааттылар. Кэргэним, Светлана Поликарповна, билигин биэнсийэтигэр сиэннэрин көрөр. Дьүөгэлэрин кытта бэйэлэрэ дьарыктаахтар. Бизнескэ  эҥин  умньамматаҕа.

Оҕолор бары исписэлиис буоллулар. Улахан уолум Николай  Семенович  Томскайдааҕы автодорожнай институту бүтэрэн, муоста, тоннел тутар исписэлиис.  Өр сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ суол тутуутугар бэдэрээтчик быһыытынан уонна  суолу тутар дирекцияларга салалтаҕа үлэлээбитэ.  Ону бэлиэтии көрөннөр,  Арассыыйатааҕы Автодор ыҥыран ылан  Хабаровскайга ыытан, үс аҥаар сыл Автодор дириэксийэтин  дириэктэрин солбуйааччынан үлэлээтэ, улаханнык уопутурда диэххэ наада. Ону өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата  ыҥыран, тутуллуохтаах муостабыт дириэксийэтигэр дириэктэри солбуйааччынан үлэлээн эрэр.

Улахан кыыс Катя—юрист, Ленинградтааҕы  госуниверситеты бүтэрбитэ. Москва тэрилтэлэригэр өр үлэлээн кэллэ.Сергей,орто уол, Москватааҕы  технологическай интитуту бүтэрбитэ, бэйэтэ дьоҕус тэрилтэлээх. Кини аннынан кыыс Света, эмиэ Москватааҕы технологическай институту бүтэрэн, Москваҕа үлэлиир.  Люда, Света аннынан кыыс, Москва мэриятыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа департамеҥҥа үлэлээбитэ сэттис сыла  буолла.Кыра уолаттар  Арассыыйатааҕы  Норуоттар доҕордоһуулара университет архитектурнай факультетын бүтэрэн, Москва тэрилтэлэригэр  архитекторынан  үлэлииллэр. Бэйэлэрэ талбыт идэлэринэн үлэлииллэр, эбээлээх  эһээ  күммүт-ыйбыт тахсар дьоммут  – сиэннэрбит улааталлар.  Онон бэйэбин  дьоллоох киһинэн ааҕынабын.

     —Семен  Николаевич, бүтүн өрөспүүбүлүкэни салайбыт, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ  киһи, дойдугуттан көһөрүҥ саҕана  үрдүк өһүөлээх кэллиэгэлэргэр, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар  хом  санааҥ  суоҕа  дуо?..    

 —  Куорат уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар 17 сыл үлэлээбитим.  Мин көрөрбүнэн, 17 сыллаах уопутум этэринэн,  салалта эйгэтигэр олох өлүөхтэригэр диэри кэлбит курдук сананар дьон бааллар, эбэтэр  тыыппалаах, саталлаах, дьоҕурдаах хаачыстыбалара   таба көрүллэн,   үөрэтэн-такайан  үүннэриллибит, салайар үлэҕэ таһаарыллыбыт, чиэһинэйдик  үлэлии-хамсыы  сылдьар  салайааччылар бааллар.  Мин бэйэм   куорат бырайыагыттан саҕалаан, бырабыыталыстыбаҕа тахсарбар ким да миигин сиэтэн аҕалбатаҕа уонна манна хаалыахтааххын диэн эппэтэҕэ. Бэйэм билиибинэн-көрүүбүнэн  үлэлииргэ кыһаллыбытым. Кэмигэр  өйөбүл-тирэх буолбут,  салалта араас салааларыгар туруоран буһарбыт-хатарбыт, соратнигын быһыытынан  үүннэрбит  ытык киһибэр, өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнигэр Михаил Ефимович Николаевка  махталым улахан. Дьиҥинэн, кыра нэһилиэктэн тахсыбыт киһиэхэ  бырабыыталыстыба  бэрэссэдээтэлэ курдук  үрдүк дуоһунаска  ананыы  манан дьыала буолбатах.

Салалтаҕа  бэлитиичэскэй, “көбүөр аннынааҕы”  оонньуулар хаһан  баҕарар бааллар,  баар да буолуохтара. Оттон дьон истиитигэр  да тахсар  буоллаҕына,  аһаҕастык  этэбин: ким даҕаны онно кэл,  манна бар  диэн ыххайбатаҕа. Бэйэм  быһаарбыт боппуруоһум.  Бастатан, кэм уларыйар, биһиги көлүөнэ саамай ыарахан кэмҥэ үлэлээн  кэллибит. Өрөспүүбүлүкэ туруорбут сорудахтарын толордубут диэхпин баҕарабын, ыһыллыы-тоҕуллуу, экэнэмиичэскэй-социальнай түһүү кэнниттэн өрөспүүбүлүкэни оннугар олордон,   сайдыы суолугар  тириэрдэн,  туруоран баран бардыбыт. Онон мин бу дойдуга кэлбит суолбун толору толордум, Москваҕа көһөбүн диэн бэйэм быһаарыммыт суолум.

Көлүөнэ уларыйыыта диэн баар.  Бэйэҥ дьону бэлэмнээн таһаарыаххын наада. Биһиги да көлүөнэ аҕа табаарыстарбыт кыахтарын көрөн, бииргэ үлэлээн, кинилэр биэрбит кыахтарын туһанан таҕыстахпыт дии.   Дьаһайан-такайан буолбатах, үлэҕинэн-хамнаскынан. Миигин кытта ыччат бөҕө үлэлээтэҕэ дии. Ол оҕолор билигин  үксүлэрэ эмиэ бырабыыталыстыбаҕа, министиэристибэлэргэ,  куоракка даҕаны үлэлии сылдьаллар. Ол гынан баран, улахан  салайыы үлэтигэр, холобур бырабыыталыстыбаҕа , олоххо уопута суох наһаа эдэр ыччат тардыллара сыыһа. Дьону кытта үлэлээбэккэ да,  институт кэнниттэн  биир-икки сыл чааһынай тэрилтэ тэрийэн үлэлээн баран, миниистир  буолан  хаалаллар.

Салалта  каадырдарын бэлмнээһин  сэбиэскэй  кэмнээҕи партийнай систиэмэ оскуолатын  үтүө уопутун билигин да туһаныахха наада. Тыыппалаах, киһи туһаныах киһитэ диэтэхтэринэ, аҥардас биир хайысханан ыыппакка, бырамыысыланнастан тахсыбыт киһини  ханнык эрэ тыа хаһаайыстыбатын оройуонугар райисполком бэрэссэдээтэлэ дуу, райком производствоны сүрүннүүр иккис сэкирэтээринэн дуу үлэлэтэллэрэ.Инньэ гынан, хоту-соҕуруу оройуоннары кэрийэн, агарарнай-бырамыысыланнай  оройуоннарга уопут  ылан бараннар, балаһыанньаны, олоҕу  билэр дьон  Совмиҥҥа, обкуомҥа  кэлэллэрэ. Билиҥҥи курдук ,  личнэй сэкирэтэрийээти салайбыт, пресс-сэкирэтээр дуу буолбут киһини  хаһаайыстыбаннай  үлэҕэ салайааччынан  ыытары  сыыһанан  ааҕабын.

Туомтуу  тардыы    

—Аныгы, сүрдээх сайдыылаах олох кэллэ. Биллэн туран, ыарахан, киһи  барыта үлэлээх буолбатах. Маннык кэмҥэ  миэстэлэргэ нэһилиэк олохтоохторо, баһылыктара ыччат сырдыкка, олоххо тардыһыытын өйөөн, бэйэ-бэйэбитин көрсөн, тутуһан олордохпутуна, дьиҥинэн, табыгастаах олох кэлэн турар. Ким кыахтаах, тугу баҕарар сатыыр киһи  баҕатынан үлэлиир, көрүнэр кэмэ кэллэ. Ону барытын таба туһаныахха наада уонна онно эдэр ыччаты салайар, сүбэлиир настаабынньыктар баар буолуохтарын наада, этэр курдук “ хааһахха хаалана  сылдьан  сүбэлиир” ытык дьон. Ол иһин этэбин, бары доруобай буолуоҕуҥ, түмсүүлээх буолуоҕуҥ. Бэйэ-бэйэбитин  өйөһүөҕүҥ, харыстаһыаҕыҥ, дьоллоох-соргулаах буолуоҕуҥ!

                                                Иван  Ксенофонтов-Силиги сэһэргэстэ.     

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0