Оройуоннарга олорор суруйааччылары сырдатыыны Литература сылыгар саҕалаабыппыт. Бырайыакпыт бастакы суруйааччытынан Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр олорор, түөрт чаастаах «Ийэм кэпсиир» арамаан ааптара Сэмэн Маайыһап буолбута. Ону edersaas.ru сайт ааҕааччыларын дьүүлүгэр таһаарабыт.
Ульяна ЗАХАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Суруйааччылыын көрсүһүү
Уһун уулусса дьаарыстаммыт курдук дьиэлэрин быыстарыгар саҥатык сырдык күүлэлээх улахан дьиэ тута харахха быраҕыллар. Сэмэн бииргэ төрөөбүт эдьиийиниин Саргылааналыын уонна 85 саастаах кырдьаҕас ийэлэрин Анна Петровнаны кытта бу улахан дьиэҕэ үһүөн олороллор.
Ыалдьыт кэлиэхтээҕэ эрдэттэн биллэрэ. Сэмэн сарсыардаттан сэмээр түннүк нөҥүө биирдэ эмэ ааһар массыыналары манаабыта. Кини бу күннэргэ улахан үлэтин, түөрт чаастаах «Ийэм кэпсиир» арамаанын кэнниттэн аны «Аҕа» диэн боччум үлэтин түмүктээн, сынньана сылдьар кэмэ.
Күн уһаан, киһи таһырдьаттан киириэн баҕарбат. Киин улуустартан, куораттан быдан тэйиччи Үгүлээт нэһилиэгэ ураты чэбдик салгыннаах. Манна массыына сылдьара даҕаны ахсааннаах. Бу нэһилиэк бултаах-алтаах Өлөөн улууһун кытта кыраныыссалаһар. Ол да иһин эр дьон үксэ төрөөбүт ньээкэ уйаларыттан тэйбэккэ, булт абылаҥар ылларан олохсуйбуттар. Сайынын суол суох буолан Түҥ эбэ киэҥ киэлитин арай мотуордаах оҥочо эрэһэ долгуннарынан хайа суруйар…
Фаара сырдык уота дьиэ түннүгэр сандаарда, «УАЗ» массыына күөх кырааскалаах кэлииккэ иннигэр хорус гына тохтоото… Номоҕон, бэрт сырдык сэбэрэлээх Саргылаана кыһыл куурканы бүрүнэн, кэлбит ыалдьыты көрсө таһырдьа утары таҕыста. Ыалдьыты үөрэ-көтө көрсүү – ыал үөрүнньэҥ, сайаҕас майгытын туоһута.
Сэмэн олунньу тумарык туманын батыһыннаран киирбит ыалдьыты утары көрсүбүтэ…
Былырыын баччаларга этэ дуу, арыый хойут эбитэ дуу, кинилэр аан бастаан сирэй көрсөн билсиспиттэрэ. Ол иннинэ бэйэ-бэйэлэрин айымньыларын эрэ ааҕаллара. Сэмэн кэпсээнэ хаартыскаланан «Байанай» сурунаалга бэчээттэммитэ. Оттон кэлбит ыалдьыт кыракый кэпсээннэрэ хам-түм эмиэ бэчээттэнэллэрэ. Сүбэ мунньахха эдэр суруйааччылар хаартыскаҕа түспүттэрэ. Ол хаартыска Сэмэн көмпүүтэригэр баар.
– Суруйарга холонор киһи суруйааччыга анаан ыраахтан ыалдьыттыы кэлэрэ, дьэ, астык. Урут суруйааччылар хардарыта бэл ыраах, тас дойдуларга тахсан хонон-өрөөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, айар үлэ туһунан ырытыһар буолаллара. Оттон билигин, аныгы үйэҕэ, сырыы-айан дьэ кыайыллыахтаах, элбиэхтээх кэмэ ини. Киһи кэпсэтэн, ынах маҥыраһан билсэр диэн сахаларга өс хоһооно баар. Ол сиэринэн, өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоҥнорон эрдэхпит, – диэтэ Сэмэн. Саамай чугас киһитин, күндү ийэтин Анна Петровнаны ыалдьыты кытта билиһиннэрдэ. Дьон кини ийэтин «Ийэм кэпсиир» айымньытынан эрэ билэр. Түҥкэтэх Үгүлээт нэһилиэгэр олорор 85 саастаах кырдьаҕас ыраах ханна айаннаан бар дьоҥҥо көстүөй?!Оттон айымньы барахсан, сурукка тиһиллэн, кинигэ буолан күөх халлааҥҥа дайа көтөн бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанан үгүс сэҥээриини ылбыта.
Кэлбит ыалдьыты кытта, итии үүттээх чэй кутан, саһарчы буспут арыылаах алаадьыны аныгы таас кытыйаҕа ууран, сандалы тула олорон иһирэх сэһэргэһии буолла. Билсиһии сиэринэн кэлбит ыалдьыттан ыйытыы үгүс. Киэҥ, киин сирдэргэ буола турар быһыы-майгы, олох-дьаһах туһунан сэһэргэһии дьон алтыһыытын чугаһатар айылгылаах. Кэпсэтии, сэһэргэһии үлүскэнигэр номнуо түүн үөһэ буолбутун, чаанньыктаах чэй сойбутун билбэккэ хааллылар. Уулууссаҕа лаампа уота аҕыйаан, уу чуумпу нусхайбыт. Ыалдьыт даҕаны илистибит көрүҥэ суох. Дьиҥэр, икки күн устата уһун унньуктаах айан этэ.
Булчут биһигэ
Төгүрүк остуолга ноутбук экраныгар элэҥниир хаартыскалар, Сэмэн бултуу сылдьан түспүт байанайдаах сырыылара элбэҕин кэпсииллэр. Кыһын олунньу ыйга бултуур сирин көрдөрөрө уустук. Төһө да кини «бураннаах» буоллар, онно ыалдьытын илдьэр кыаҕа суох.
Кини биһигин ыйаабыт сиригэр Үһүс Күүлэт диэн урукку нэһилиэккэ үүтээннэнэн бултуур идэлээх. Манна быраата сылгы көрөн кыстыыр. Сэмэн саха эр киһитэ булт үгүс ньымаларын баһылаабыт киһи. Дьиктитэ, кини төрүөҕүттэн булчут буолар ыйаахтаах курдук, булчут эһэтин туут хайыһарын маһыттан оҥоһуллубут биһигэ ону туоһулуур. Ол биһик сэттэ оҕону көччөх гынан көтүппүт, утуйар ууларын бигээн, араҥаччылаан, элбэх биһик ырыатын истибит мас оҥоһук билигин даҕаны Анна Петровна хоһугар истиэнэҕэ ыйанан турар.
Сэмэн оҕо эрдэҕиттэн ытык иэс, төрөппүттэргэ махтал туһунан үгүстүк толкуйдуура. Ол кини, ылгын оҕо буолан күн сирин көрбүтүттэн эбитэ дуу, биэс сааһыгар диэри ийэтин үүтүнэн эмсэхтэнэн улааппытыттан дуу, ийэҕэ ураты, истиҥ сыһыаны оҕо эрдэҕиттэн сүрэҕинэн-быарынан, өйүнэн-санаатынан билэн улааппыта, ол сылааһыгар бигэммитэ. Ол да иһин буолуо, тохсус кылааска үөрэнэ сылдьар оҕочоос уол бэйэтигэр бэйэтэ мэктиэ тыл бэриммитэ. Ол маннык этэ: «Мин ийэлээх аҕабын чахчы, ис сүрэхпиттэн таптыыр буоллахпына, хаһан даҕаны аһыы утаҕы иһиэм, табааҕы тардыам суоҕа» – диэн. Ити мэктиэ тылын кини күн бүгүнүгэр диэри кэһэ илик. Эттэххэ дөбөҥ. Оттон олох очура үгүс. Мэктиэ тылы тутуһуу киһиттэн кытаанах санааны эрэйэр. Арай ону чуумпутук тутуһар, санаа аалыыта оҥостубат киһи кини баар. Дьиҥ ыраас иэйиини чугас дьонугар аныыр, онно муҥура суох эрэллээх эрэ киһи мэктиэ тылы бачча сыллар тухары тутуһан сырыттаҕа…
Төрөппүттэргэ иһирэх сыһыан манан эрэ муҥурдамматаҕа. Кини баҕатыйан туран киирбит үрдүк үөрэҕэр сыл аҥаара үөрэнэн баран, Саҥа дьыл кэнниттэн кэтэхтэн үөрэххэ көһөртөрөн төрөөбүт Үгүлээтигэр төннүбүтэ. Оо, күһүҥҥү, кыһыҥҥы ыйдар усталара кини төһөлөөх муунтуйбута, төрөөбүт дойдутун барахсаны,, ийэтин, аҕатын ахтан эрэйдэммитэ буолуой! Сылдьарын тухары төрөөбүт нэһилиэгэр сыһыаннааҕы булуон, Үгүлээттэн төрүттээхтэри көрсүөн баҕарара. Кими эмит көрүстэҕинэ дьиэтигэр сылдьан ийэтин итии чэйин испиттии, сылаас илиитин билбиттии сананара. Сэргэлээх тырымнас уоттара, устудьуон көрдөөх, бэһиэлэй олоҕо кинини угуйбатахтара. Оннук буолар эбит ахтылҕан күүһэ. Төрөөбүт дойдуга курдаттыы таттарыы.
Сэмэн дойдутугар кэлэн төрөөбүт оскуолатыгар саха тылын учуууталынан саҥа үлэлээн иһэн, кылаандатын быстаран саҥарбат буола сылдьыбыт. Биэс сыл устата кыайан саҥарбакка бэйэтэ бэйэтигэр бүгэр уустук кэмигэр байааҥҥа оонньуурга үөрэнэр. Умсугуйан туран классическай музыка кассеталарын почтанан суруттаран истэр. Бу биэс сыл эдэр киһиэхэ уонча сыл кэриэтэ бытааннык ааспыта. Кини саҥарар куолаһын сүтэрэн, ыалдьар ыарахан кэмнэригэр бэйэтигэр бүгэн, киэҥ эйгэҕэ тахсыан, көстүөн баҕарбат буолан хаалбыта.
2004 сыллаахха кэтэхтэн үөрэҕин дьэ бүтэрэр. Үрдүк үөрэҕи туоһулуур дипломнаах үлэһит буолбутуттан Сэмэн эрдийбитэ. Кини байаанынан дьарыктаммыт биэс сылларын устата айар үлэ умсулҕаныгар умсубатаҕын арай кэмсинэ саныыр…
Оттон ытык иэс диэн өйдөбүлтэн сиэттэрэн, Сэмэн күн аайы ийэтиниин кэпсэтэн, Анна Петровна оҕо сааһыттан саҕалаан сэрии сут-кураан ыар олоҕун сыыйа сурукка тиһэн барбыта. Оччолорго 31 саастаах уол сөптөөхтүк дьаһанан, сааһыланан, күн аайы А 4 кумааҕы үстүү сирэйи суруйар. Ол суруйар киһи айар үлэтин тэтимин бэрээдэктээбитэ. Бу кини күннээҕи олоҕор оҥорор үгүс үлэтиттэн, сарсыарда эрдэ туран тыа олоҕун бүппэт түбүгүттэн ордорунар кылгас угуйар, алыптаах бириэмэтэ этэ. Бу суруйар кэмигэр суруйааччы буолуом дии санаабакка, дьонум, дойдум иннигэр иэһин курдук ылынан, түөрт сылтан ордук үлэлээбитэ. Түөрт сыл – эттэххэ дөбөҥ. Күн аайы хатыланар түбүк эдэр киһини салгыппатаҕа. Маныаха, кини саҕалаабыт дьыалатын, туруоруммут сыалын ситиһэр дьүккүөрдээх майгыта баһыйбыта. 2008 сыллаахха кулун тутар ыйга 35 саастаах Сэмэн эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар кэлэн «сүрэхтэнэр». Кини талаанын дэҥҥэ көстөр араас өҥүнэн чаҕылыйар ураты таас кэриэтэ ылыналлар. Маннык бэйиэти, прозаигы суруйар, булчут, тыа сиригэр олорор сэмэй саха эр киһитин дьалхааннаах аныгы үйэҕэ булуу соһуччу үөрүү, тосхол этэ.
Угуйар чуумпу…
Сэмэн хас сарсыарда ахсын аҕыс чаас иннинэ оронуттан туран айар үлэтин саҕалыыр ураты чуумпу бириэмэтэ… Эркин чаһыта иһийбит чуумпулуун силбэһэн оргууй тыһыргыыр. Кини кими даҕаны күүппэт, туспа бэйэтин олоҕунан олорор курдук. Сэмэн хоһо суруйааччы уонна булчут эр киһи ис эйгэтин арыйар.
Төһө даҕаны Үгүлээт нэһилиэгэр гаас ситимэ киирдэр, Маайыһаптар кирпииччэ оһохторун көтүрбэккэ туруораллар. Оттон бу оһоҕу, хас биирдии кирпииччэтин Анна Петровна сайын ахсын үктээн, кыһыл илиитинэн тутан-хабан оҥорбута. Кини Үгүлээт элбэх ыалын оһохтообут киһи. Дьахтар киһиэхэ ыарахан, илистиилээх үлэ. Анна Петровна аал уотун сылааһын суохтаамаары, икки оһохтооҕуттан биир оһоҕун көтүртэрбэтэх.
Сарсыарда Сэмэн остуолун утары түннүк сырдыгар олорон суруйар. Суруйбутун тута көмпүүтэргэ бэчэттээбэт. Барытын сыа-сым курдук тутан, реферат суруйар устудьуон курдук сурукка тиһэр. Суруйааччы уонна булчут эр киһи хоһо туспа тыыннаах. Бултаан-алтаан кэлбит таҥаһын-сабын эмиэ хоһугар, оһох кэннигэр ыйыыр. Ардыгар муостаҕа бултаабыт булдун тириилэрин тэлгэтэр.
Тоҕус чаас ааһыыта ийэтэ уһуктар. Бу кэмҥэ эдьиийэ Саргылаана номнуо үлэтигэр барбыт буолар. Кинилэр ийэлэрэ көрүүгэ-истиигэ киириэҕиттэн хардары-таары солбуһа үлэлиир буолбуттара. Сэмэн сарсыардаттан күнүс үскэ диэри ийэтин кытта хаалар. Үс чаас кэннэ аны Саргылаана кэлэн хаһаайыстыбаны тутар. Күнүс үскэ диэри кылгас кэм. Бу кэмҥэ айар үлэ угуйар иэйиитэ, ийэтин көрүү-истии, дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүтүү…
Ол эрээри, угуйар чуумпу үгүһү ылар. Бу чуумпуга суураллан тус бэйэтин олоҕун туһунан таһыччы умнан, айар абылаҥ күүһүгэр ылларар. Оттон сыл-хонук күүппэт. Ахсым аттыы айанныыр күнү-дьылы хаһан даҕаны, ким даҕаны сиппитэ иһиллибэт…
Сиэттиспэтэх илиилэр
Сэмэн сэмээр кими эмит ыраахтан сөбүлүү көрөн иһигэр киллэрбит да эбит буоллаҕына, ол иэйиитин кичэллээхтик кистээн сылдьар. Бу кини, Сэмэн Маайыһап, ураты майгытын, бачча сааһыгар диэри кыыстыын бодоруспатах, сиэттиһэн хонууга хаамсыбатах, ыйдаҥалаах түүн кыыһы атаарбатах, хорсун санааны ылынан оргууй уураабатах уратытыгар сытар. Ол да буоллар, төһөлөөх даҕаны туоххаһыйыы эдэр киһи сүрэҕин үүйэ-хаайа туттар, тас көрүҥэр ол биллибэт. Итии үүттээх хойуу чэйи иһэн сыпсырыйар. Быыһыгар ойон тура-тура син биир сээкэйи түбүгүрэр. Сол курдук чэйдиир кэмигэр наллаан олорон чэй испэт. Ийэтэ барахсан: «Сэмэнчик, тоҕо киһилии аһаабаккын…» — диэн сэмэлиир. Ийэ киһи оҕотун туһугар ыалдьар, долгуйар. Арай Сэмэн уоһун үрдүнэн убаҕас бытыгын оргууй имэрийэр, кэпсии олорон ардыгар баттаҕын хаҥас диэки хаһыйар. Чэйин иһэ олорон түннүк нөҥүө таһырдьаны одуулуур. Уулусса нөҥүө олорор ыаллар кэтэхтэринэн, аллараа Улахан Эбэ нэлэһийэр. Манна Сэмэн оҕо эрдэҕиттэн илимнээн, куйуурдаан улааппыта.
«…Аһара сэмэй, муҥкук буолар эмиэ алдьатыылаах соҕус быһыылаах.Утары баран, сайаҕас санаатын бэлэхтээн, истиҥник санаа үллэстэр доҕордоох дьол буоллаҕа…»
Бу айар эр соҕотох киччим санаата үгүстүк хоһооҥҥо тиһиллиэн сөбө. Оттон Сэмэн ордук киэһэтин, күннээҕи түбүк бүтэн уу нуурал чуумпуга аймана саныыра үгүс буоллаҕа. Ол эрээри саҥа күн эмиэ барыта сонуннук саҕыллар…
Сэбиэскэй киинэ уонна Сэмэн
Сэмэн оҕо эрдэҕиттэн сэбиэскэй киинэлэри ордорор. Тыастаах-уустаах, омуннаах омук киинэлэрин биһирээбэт. Тэлэбиисэр турар кыракый остуол долбуура киинэ диискэлэринэн толору. «Девчата», «Вечный зов», «Тихий дон» курдук киинэлэр суруйааччы коллекциятыгар бааллар.
«Эн ханнык киинэлэри сөбүлүүгүн, тоҕо эрэ мин фантастиканы, ол-бу омук ужастарын букатын ахсарбаппын…», – диир. Кинини кытта олох, кэм-кэрдии, күн-дьыл туһунан төһө баҕарар кэпсэтиэххэ сөп. Кэпсэтэ олорон, туох эрэ күлүүлээҕи иһиттэҕинэ, бастаан мүчүк гынар, онтон сыыйа күлэн барар. Кини күлэри уонна күллэрэри сатыыр. Ол кини дьээбэни-хообону өйдүүрүн уонна ылынарын туоһулуур. Сорох киһини өһүргэтиэх да курдук кэпсэтииттэн, ыйытыыттан кини өһүргэммэт, кыыһырбат. Төттөрүтүн, сэмэйдик мичээрдээн харахтарыгар дьээбэлэниэх кыымнар оонньоон бараллар. Кини сэргэҕиттэн киһи тэҥҥэ күлсэр. Киэҥ, холку майгылааҕын үгүс киһи биһирээн эрдэҕэ…
Сэмэн Маайыһап ытык иэс диэн ылыммыт айар үлэтин кэрчик кэмин түмүктээтэ диэххэ сөп. Бэйэтэ этэринэн, Литература сылын көрсө киниэхэ айар үлэҕэ саҥа түһүмэх кэм саҕаланыахтаах.
Көҥүл санаалар, сайа охсор сөрүүн тыал, саҥа, ыраас хаар кэриэтэ, айар үлэҕэ умсугута, угуйа туруохтара турдаҕа…
Ульяна ЗАХАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru