Семен Луканси: “Саха дьахтара – таайыллыбат таабырын”

24.04.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ худуоһунньук Семен Луканси “Абакаяда” диэн саҥа үлэтэ тарҕанна. Дьон олус сэҥээрдэ. Эдэр худуоһунньугу, дойдуга бүгүҥҥү балаһыанньанан, Москваҕа мастарыскыайыгар үлэлии олордоҕо диэн, Дьокуускайдааҕы “Өнньүөс” түмсүү көмөтүнэн, кинилиин сибээскэ тахса сырыттым.

Маҥнай кыратык киирии тыл. 2003 сыллаахха Амма улууһун биир саамай кытыы нэһилиэгин Амма-Наахара орто оскуолата саҥа таас дьиэҕэ киириитин үөрүүтэ буолбута. Дьон-сэргэ долгуйуута өйдөнөр этэ, таас оскуола тутуутун кинилэр кырата 20-чэ сыл туруорсан ситиспиттэрэ.

Бу, ааспыт үйэ 20-с сылларыттан турар эргэ дьиэ оннугар саҥа таас оскуола тутар уолдьаспытын туһунан элбэхтэ хаһыаттар суруйбуттара, тэлэбиидэнньэнэн кэпсээбиттэрэ. Биһиги, “Саха сирэ” хаһыат үлэһиттэрэ, манна эмиэ кыттыгастаах курдук буолан, тэҥҥэ үөрсүбүппүт. Бу иннинэ мин Өнньүөскэ хаста да командировкаҕа бара сылдьыбытым, хас да сыл, төхтүрүйэн кэлэ-кэлэ, суруйуу буолбута…  Дьэ ол сырыыларбыттан биирдэстэригэр, Сеня диэн 8-9-с кылаас, оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, сып-сырдык, чобуо оҕо, уруучуката, эмэҕирбит истиэнэни анньыалаатаҕына, курдаттыы бара турарын көрдөрбүтэ. Бу туохтааҕар даҕаны дьайыылаах этэ дии саныыбын…

Оскуола кэнниттэн ол уолчаан — Семен Луканси П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэнэ киирбитин истибитим.  Төрөөбүт дойдутун, таптыыр-ахтар Амма өрүһүн кэрэ көстүүтүн хайдах курдук истиҥник, иэйиилээхтик уонна элбэхтик уруһуйдаабытын преподавателлэрэ бэлиэтии көрөннөр, училище дириэктэрэ Кирилл Петрович Гаврильев өйөөн, 2-с кууруска үөрэнэ сылдьан, Семен Луканси аан бастакы улахан быыстапкатын аспыта.

Онтон ыла күн-дьыл түргэнник элэстэнэн ааста. Эдэр худуоһунньук быыстапкалара хаста даҕаны буолуталаатылар. Семен училищетын ситиһиилээхтик бүтэрэн, салгыы Москватааҕы В.И.Суриков аатынан художественнай институкка (академик Ю.А. Шишков мастарыскыайа) үөрэннэ. Кыһыл көмүс дипломунан бүтэрэн, билигин Москваҕа Арассыыйа художественнай академиятын (РАХ) айар мастарыскыайдарыгар үс сыллаах стажировкаҕа үөрэнэ сылдьар. Кэтээн көрдөххө, ааспыт сылларга элбэхтэ быыстапкалаата. Луканси олус көхтөөх. Сүрэхтээх. Үлэһит. Сайдан иһэр. Элбэхтэн аҕыйах холобуру аҕаллахха, бастатан туран, ааспыт сыл олунньуга Москваҕа, Киинэ киин дьиэтигэр Луканси персональнай быыстапката ситиһиилээхтик турбута. Ыам ыйыгар “Тюрксой” Ускуустубалар норуоттар икки ардыларынааҕы фестивалларыгар  Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин ааттарыттан кыттыбыта.

Онтон сайын атырдьах ыйыгар “Сибэкки симфонията” диэн персональнай быыстапката Дьокуускайга “Киэргэ” Ювелирнай дьиэҕэ аһыллыбыта. Өссө биир дьоһун чахчы – бу сайын Семен Луканси 103 хартыынатын Амматааҕы А.А. Черемных аатынан Оҕо ускуустубатын оскуолатыгар бэлэх уунна. Сайын элбэх маастар-кылаастары, ол иһигэр аһымал аахсыйалары эмиэ ыытта.

Семен Луканси – саха талааннаах графига, гравера Валериан ВАСИЛЬЕВ аатынан  эдэр худуоһунньуктары өйүүр бириэмийэ лауреата.

АБАКАЯДА туһунан

— Семен, бу “Абакаяда”  диэн саҥа үлэҕин туох санааттан суруйдуҥ, сүрүн идиэйэтэ туохханый?  Бу тиэмэҕэ өссө туох үлэлэрдээххин, былааннардааххын?

— Бу үлэбин былырыын күһүн саҕалаабытым. Ханнык баҕарар үлэ үгүс толкуйтан уонна элбэх матырыйаалы үөрэтииттэн саҕаланар. Эскииһин үс ый устата оҥорбутум уонна түөрт ый улахан форматка, холустаҕа үлэлээбитим. Үлэм сүрүн идиэйэтэ — Саха дьахтарын ураты, кэрэ өрүтүн ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба ньыматынан көрдөрүү буолар. Сымнаҕас, мааны майгытын, бэриниилээх бэлиэтин, харахха быраҕыллар кэрэхсибиллээх сэбэрэтин, нарын-намчы наскылдьыйбыт быһыытын монументальнай уобараска кубулутарга соруммутум. Мин санаабар, дьиҥ чахчы, саха дьахтара — ис-иһиттэн ураты көстүү. Кини таайыллыбат таабырын  өрүттэрэ өрүү долгутар. Ол иһин да буолуо, саха дьахтара мин айар үлэбэр биир сүрүн миэстэни ылар.

Ол гынан баран, бу — хомуур уобарас диэххэ дуу. Тоҕо диэтэххэ, 17-с үйэтээҕи саха кыыһын, дьахтарын таҥаһын- сабын, хайдах быһыылааҕын, өҥнөөҕүн туһунан  сурукка да тиһиллибэтэх, булуллубатах даҕаны… Онон, таҥаһа арыый аныгылыы, 19-с үйэтээҕи диирим наада.

Дьиҥинэн, кырдьык, бу тиэмэҕэ үлэлэспитим ыраатта. Ол курдук, институкка үөрэнэ сылдьан, «Северная Мадонна» – “Хотугу Мадонна” диэн улахан үлэни суруйбутум. Күүстээх санаалаах хотугу дьахтар уобараһын холустаҕа түһэрбитим. Онтон «Ийэ ырыата» диэн хартыынабын суруйбутум. Билигин Москваҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр быыстапкаҕа турар.  Эрдэ оҥорбут «Абакаяда» диэн дьоҕус соҕус үлэбин билигин Национальнай художественнай мусуой сүрүн экспозициятыгар көрүөххүтүн сөп. Онтон да атыттар.

Оттон бу, саҥа суруйбут эмиэ “Абакаяда” диэн үлэм билигин мастарыскыайбар, Москваҕа баар. Бу ааспыт күннэргэ социальнай ситимнэргэ таһаарбытым — дьон болҕомтотун, кырдьык, тарта. Үгүс дьон сэҥээрэ, астына ылынна. Мин социальнай ситиммэр элбэх галеристар, коллекционердар баар буоланнар, кинилэр эмиэ улаханнык сэргии көрдүлэр. Холобур, Турция биллэр банкира (бу инниэ биир үлэбин ылбыта)  атыылаһыам этэ диэн бүгүн тахса сырытта, итиэннэ биир Москваҕа олорор чааһынай галерист хартыына дьылҕатын эмиэ ыйыталаста.

Ол эрээри, мин бу үлэбин атыылыырга ыксаабаппын, атыылаһыан баҕалаах дьоммор аккаас биэрдим. Кэлин, табылыннаҕына, быыстапка оҥорон, сахам дьонугар-сэргэтигэр илэ көрдөрүөхпүн баҕарабын. Биллэн турар, онно барытыгар улахан үп-харчы наада…

УҺУЙУЛЛУУ

Табылыннар ханнык.  Семен, уруһуйга аан бастаан ханна дьарыктаммыкыный?

— Мин ырыаҕа ылланар кэрэ айылҕалаах  Амма өрүс кытылыгар, Амма улууһун Өнньүөс сэлиэнньэтигэр төрөөбүтүм. Оҕо сааһым онно ааспыта.   Оскуолатааҕы кэммэр  “Уһуйаан”  устуудьуйаҕа  Айталина Ивановна Алексееваҕа дьарыктанан, Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа туттарсан киирбитим.  Онтон ыла искусство киэҥ аартыга миэхэ арыллыбыта.

Преподавателлэрбэр барыларыгар махтанабын. Дойдубун кытта сибээспин быспаппын, дьоммун-сэргэбин кытта ыкса алтыһабыт. Былырыын күһүн Амматааҕы  Черемных аатынан Оҕо искусствотын дьиэтигэр сүүс үс хартыынабын бэлэхтээбитим. Бу, оҕолор  сайдалларыгар кылаат буоллун диэн баҕа санааттан, ис сүрэхтэн оҥоһуллубут бэлэх буолар.

—  Билигин Москваҕа бааргын, тугу уруһуйдуугун?  

— Мин билигин Москваҕа Арассыыйа Художественнай академиятын мастарыскыайдарыгар стажировканы бара сылдьабын. Былырыын Суриков аатынан институту кыһыл  мэтээлинэн бүтэрбиппэр,  быһаччы, босхо стажировка ааһарга кыах биэрбиттэрэ.  Биллэн турар, олоххо биирдэ бэриллэр маннык түгэни мүччү туппатаҕым. Бу стажировка чэрчитинэн билигин нуучча улуу худуоһунньуктарыгар, академиктарга, ини-бии Сергей Петрович уонна Алексей Петрович Ткачевтарга уһуйулла сылдьабын. Кинилэр миигин таба көрөннөр, талан ылбыттарыгар махталым муҥура суох. Кинилэр дьоһун саастаах ытык кырдьаҕастар буолаллар, уоттаах сэрии бэтэрээннэрэ, тоҕус уоннарыттан лаппа тахсыбыт дьон, билигин даҕаны үлэ үөһүгэр сылдьаллар.

Бу тыыннаах классиктарга саха худуоһунньуктарыттан  бастакы уһуйуллааччы буоларбынан улахан эппиэтинэһи сүгэрбин өйдүүбүн. Кинилэр  биһиги Сахабыт сирин киэн туттар, чаҕылхай талааннаах худуоьунньуга Афанасий Николаевич Осиповы кытта доҕордуу этилэр, өрүү олус истиҥник саныыллар-ахталлар. Ардыгар  миигин кинини кытта холуулларын эмиэ да сүрдээҕин долгуйа истэбин.

Билигин, аан дойдуну аймаабыт ыарыы турар буолан, биллэн турар, дьиэттэн тахсыбаппын. Хата, мастарыскыайбар олорон эрэ, уруккаттан илдьэ сылдьар идиэйэлэрбин аа-дьуо олоххо киллэрэбин. Хас даҕаны саҥа үлэни саҕалаатым. Оттон  «Сэрии оҕолоро. Көмүс туораахтар» диэн саҥа улахан үлэбин  түмүктээтим, билигин Москва  Худуоһунньуктарын сойууһун быыстапкатыгар талан ыллылар. Итиэннэ, хас эмэ сыл  өйбөр-санаабар  тууйулла, сүрэхпэр тута сылдьыбыт, сахам норуотун Дьоруой ийэтэ  Феврония Малгина сырдык уобараһын  айан, бу Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан олоххо киллэриэхпин баҕарабын.

— Семен, эн, эдэр көлүөнэ бэрэстэбиитэлэ-худуоһунньук, сэрии тиэмэтигэр үлэлэргин туохха олоҕуран, тирэҕирэн суруйаҕыный?

— Холобур, бу,  «Сэрии кэмин оҕолоро. Көмүс туораахтар» хартыынабын эбэм Ксения Егоровна  Никифорова ахтыыларыгар олоҕуран суруйдум.  Кини миэхэ элбэҕи кэпсээбитэ. Хомойуох иһин, эбэм бу саас, 93 сааһыгар олохтон туораата… Оттон Феврония Малгина – Дьоруой Ийэ уобараһын үйэтитэргэ кыһаллан, уоттаах сэриигэ уолаттарын атаарбыт, тугунан до толоруллубат ыар сүтүктээх Ийэ барахсан туһунан, киһи уйулҕатын хамсатар  үгүс ахтыылары аахтым, матырыйааллары сирийэн үөрэттим. Бу туһунан суруйуохпун баҕарбытым ыраатта…

— Норуоттар икки ардыларынааҕы култуурунай сыһыаннаһыылары сайыннарыыга кылаатыҥ иһин наҕараада ылбыт эбиккин… Ити хаһан, ханна? Кэпсии түһүөҥ буолаарай?

Москваҕа, Суриковкаҕа  иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, 2015 сыллаахха, Императорскай Православнай Палестинскай Уопсастыба үбүлээһининэн Израиль уонна Палестина дойдуларыгар  аан дойдутааҕы «По Святой земле» диэн пленэргэ кыттан, үлэлээн кэлбитим. Онно сылдьан бу дойдулар художественнай үөрэхтээһиннэрин систиэмэтин билсибитим,  бары институттарыгар, академияларыгар сылдьыбытым. Онно, пленэр саҕана,  Сектор Газа территориятыттан чугас  улахан эстиилэр, террористическай атаакалар эмискэччи саҕаламмыттарын туһунан иһитиннэрии кэлэн, биһиги оптуобуспутун суһаллык Вифлеем куоракка күрэппиттэрэ. Хата, этэҥҥэ  Палестина уонна Израиль территориятыгар үлэлээн кэлэн, Москваҕа отчуоттуур  быыстапкалаабыппыт. Онно, Императорскай Православнай Палестинскай Уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Сергей Вадимович Степашин миигин «За вклад в развитие международных культурных отношений России и Палестины» диэн мэтээлинэн наҕараадалаабыта. Онон, үөрэҕим таһынан элбэх аан дойдутааҕы быыстапкаларга уонна тас дойдуларга персональнай бырайыактарбын көрдөрбүтүм. Ол курдук, Кытайга, Турцияҕа, Италияҕа, Исландияҕа, Лондон куоракка,  ОАЭ (Холбоһуктаах Арабскай Эмираттар) курдук дойдуларга үлэлэрим турбуттара уонна чааһынай кэллиэксийэлэргэ  ылыллыбыттара. Наҕараадам устуоруйата кылгастык итинник.

Мин бүгүн, түгэн тосхойбутунан, «Саха Сирэ» хаһыат, “Эдэр саас”  саайт күндү ааҕааччыларыгар барыларыгар кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Эҕэрдэ, сааскы сылаас күннэринэн!

— Кэпсээниҥ иһин махтал, Семен! Айар үлэҕэр саҥа ситиһиилэри баҕарабыт!

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Сүрүн хаартыскаҕа: ХIХ үйэтээҕи Саха дьахтарын мэтириэтин аттыгар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0