Сэмэн үлэтин дьон сэргиир

Ааптар: 
31.10.2019
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгэр урбаанньыттарга аналлаах Бизнес-инкубатор 2016 сыллаахха аһыллыбыта.


Семен Денисов дизелинэн үлэлиир тиэхиньикэ носуостарын өрөмүөннээһининэн дьарыктаммыта балтараа сыл буолла.

Бэйэбит тыраахтарбыт носуоһун куоракка тиийэн өрөмүөннэтэр этибит. Хас алдьаннаҕын аайы куоракка тиэстии сылаалаах да, салгымтыалаах да этэ. Ол иһин убайбынаан сүбэлэһэн баран манна, нэһилиэкпитигэр бэйэтигэр тиэхиньикэ носуоһун өрөмүөннүүр сыаҕы аспыппыт. Ырыынакка ким да маннык наадалаах дьыаланан дьарыктаммат. Биһиги – бастакы хараҥаччыларбыт, — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим.

Уолаттар бэйэ дьыалатын тэриниэхтэрин иннинэ, интэриниэккэ бу үлэ хайысхатын, көрүҥүн анаан хасыһан үөрэппиттэр. Ол кэннэ үлэлэригэр наадалаах тэриллэри Кытайтан сакаастаан ылбыттар. Мин эдэр урбаанньыттар хантан үп булбуттарын ыйыталастым. Онуоха эдэр урбаанньыт ол туһунан маннык кэпсиир:

— Атахпытыгар турарбытыгар социальнай хантараак улахан өйөбүлү оҥорбутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Маннык өйөбүлүнэн туһаныы ирдэбилигэр сөп түбэһиэххин наада.  Мин убайым элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга. Онон бастакы хаппытаалбыт — социальнай хантараах харчыта этэ. Кытай тэрилин атыылаһарга 500 тыһыынча солкуобайы туттубуппут. Социальнай хантараагынан 180 тыһыынча солкуобайы ылбыппыт. Онно эбии Дьарыктаах буолуу кииниттэн субсидия биэрбиттэрэ. Уоннааҕыта — бэйэбит үппүт.

Уолаттар биир күн иһигэр удамыр сыанаҕа (ырыынак сыанатыттан быдан чэпчэки)  тиэхиньикэ носуоһун хайа-баҕарар өрөмүөннээн биэрэллэр. Онон кэлиҥҥи кэмҥэ килийиэннэрэ элбээтэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0