Семен Куличкин: “Космонавт буолар ыралааҕым” (ВИДЕО)

Ааптар: 
24.02.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн Санкт-Петербурдааҕы гражданскай авиация судаарыстыбаннай университетын авиационнай-тиэхиньиичэскэй училищетын (колледж) Дьокуускайдааҕы филиалыгар кэллибит. Сорукпут – Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө, быйыл үөрэҕин бүтэрээри сылдьар Чурапчыттан төрүттээх пилот-курсант Семен Куличкины кытта көрсөн кэпсэтии.

edersaas.ru

30 мөлүйүөннээх “Даймонд” тренажер

Тиийэрбитин эрдэттэн биллэрбит буолан, кэтэһэн олороллор, тута үөрэх куорпуһун көрөргө быһаарынабыт. Биир аудиторияҕа киирбиппит, курсааннар үөрэнэ олороллор. Кытыы остуолларга сөмөлүөт штурваллара туралларын сөҕө көрөбүн, “маны холбуохха” диэбиппэр: “Аттынааҕы хоско өссө интэриэһинэй”, — диир дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Наиля Тахватулина.

Ыйбыт хоһугар тахсыбыппыт, чахчы оннук эбит – сөмөлүөт дьиҥнээх кэбиинэтэ турар. “Үөрэхпитигэр Даймонд-40 (“Diamond 40NG”) диэн үс сөмөлүөт тренажера баар. Бу австрийскай сөмөлүөт, 4 миэстэлээх, 1 двигэтэллээх. Маннык сөмөлүөтүнэн бастакы икки кууруска көтөбүт. Үһүс кууруска икки двигэтэллээх сөмөлүөт буолар”, — диэн киирээппитин кытта Семен билиһиннэрэр. Аҕыйах тылы кэпсэтээт, тута, уу сахалыы саҥарарын, оннооҕор ыйдары сахалыы эрэ туттарын бэлиэтии көрөбүн. Ол икки ардыгар кабинаҕа киирэн олорор, тренажеру холбоотторун кытта сөмөлүөт көтөр балаһата көстөр, кыратык хаар кыыдамныыр. Семен инструкторын кытта “көттөҕө” ити. “Курсааннарга табыгастаах. Саҥа таһаарыы, Garmin навигация систиэмэтин тэрилэ турар, “Боиннарга” эмиэ маннык систиэмэ баар. Тренажер икки көмпүүтэргэ холбонон турар, барытын устан ылар (сканируйдуур). Ол түмүгэр курсаан хас биирдии көтүүтүн көрөбүт, сыаналыыбыт. Биһиги оҕолорбут эрдэттэн бэлэмнээх буолан, улахан сөмөлүөттэргэ тута ылаллар”, — диэн пилот-инструктор Андрей Кривошеев кэпсиир. Тренажерга ханнык баҕарар метеорологическай усулуобуйаны (ардах-хаар, күүстээх тыал, түүн-күнүс…), аан дойду ханнык баҕарар аэропордун туруоруохха сөп. Оннооҕор “двигатель аккаастыыр” түгэнэ кытта баар эбит. Дьэ, курсааннары маннык түгэҥҥэ сөпкө дьаһанарга үөрэтэллэр.

“Хара дьааһык”

Биир аудитория аанын тэлэйэ баттаабыппыт – суол оҥорооччулар үөрэнэ олороллор. Кэрэ аҥаардар балачча элбэхтэрин соһуйа көрөбүн. Кыргыттар тутууга тугу гынаҕытый, диэн ыйытыыбар: “Тутааччылар кырааскаттан саҕалаан үлэбит элбэх”, — дэһэллэр. Быйылгыттан аэропортары чөлүгэр түһэрии саҕаланарынан сибээстээн, балачча үлэһит илии ирдэнэр дэһэллэр.

Салгыы аудиторияҕа, кэнэҕэһин сөмөлүөт тэриллэрин (прибор) хааччыйыахтаах тиэхиньиктэр дьарыктаналлар. “Көрөргүт курдук, кылааспыт иһэ барыта араас тэрил. Авиацияҕа ирдэнэр идэлэртэн биирдэстэрэ буолар. Тоҕо диэтэххэ, сөмөлүөт бүтүн, эрэллээх буолуутун сиргэ кинилэр хааччыйаллар”, – диэн преподаватель Александр Жирков быһаарар.

Атын хоско киирэбит, эмиэ барыта сөмөлүөт араас тэрилэ. Дириэктэри солбуйааччы: “Ол “хара дьааһык” сытар”, — диэн баран уһук диэки ыйар. Чахчы “хара дьааһык”. Аан маҥнай көрөр буолан – миэхэ барыта сонун.

Хайдах киирэбит?

Элбэх уол оҕо лүөччүк буолар ыралаах. Ол эрээри, ити үгүстэргэ кыаллыбат. Дьокуускай куоракка лүөччүк идэтигэр үөрэтэллэрин да элбэх киһи билбэт буолуохтаах. Оттон истибит дьон хайдах киирэбит диэн сиэрдээх ыйытыыны биэриэхтэрэ.

Лүөччүк идэтигэр киирэргэ бэйэтэ туспа уустук сүүмэрдээһин. Холобур, аттестат орто баалын таһынан, мэдиссиинэ хамыыһыйатын, идэҕэ (профессиональнай) сүүмэрдээһини ааһаллар.

Лүөччүк идэтигэр туттарсааччылар ханнык баҕарар сэртипикээттээх ВЛЭК (врачебно-летная экспертная комиссия) хамыыһыйатын ааһыахтарын сөп. Алта уонча бырыһыаннара доруобуйаларынан сыыйыллаллар эбит. Ону таһынан, сорохтор идэҕэ (профессиональнай) сүүмэрдээһини кыайан ааспаттар. Былырыыҥҥыттан лүөччүктэри бэлэмнээһиҥҥэ төлөбүрдээх миэстэ аһыллыбыт. Сыаната сылга – 1 мөлүйүөн 100 тыһыынча солкуобай.

Семеннаах, уопсайа, 20 ­миэстэҕэ син балачча элбэх буолан туттарсыбыттар, күн бүгүн 14 буолан хаалбыттар. Сылтан-сыл Саха сирин тас өттүттэн туттарсааччы ахсаана эбиллэн иһэр. Ол курдук, Москваттан, Новосибирскайтан, Иркутскайтан, Владивостоктан, оннооҕор Белоруссияттан, Казахстантан тиийэ кэлэллэр эбит.

Үчүгэйэ диэн, аармыйаҕа барбыт уонна оҕолонон олорор кыргыттары таһынан, бүтэрбит дьон 80 бырыһыана үлэнэн хааччыллар эбит. Үөрэх туһунан дириэктэр Павел Прокопьев маннык кэпсиир: “Бүтэрбит дьон үлэтэ суох хаалбат. Былырыын “Полярнай авиалинияттан”, “Якутия” авиахампаанньаттан үлэ биэрээччилэр кэлэн, бүтэрээччилэри кытта көрсүбүттэрэ. Быйыл “Полярнай авиали­нияҕа” миэстэ тахсан, мэхээнньиктэрбитин барыларын үлэҕэ ылар былааннаахтар. Уһук Илин уокурук, Камчатка, Сахалин улахан интэриэстээхтэр. Уралтан бэттэх тиэхиньик-мэхээнньиктэри, прибор үлэһиттэрин биһиги уонна красноярскайдар эрэ бэлэмниибит.

Эһиил 25 сыллаах үбүлүөйбүт. Үйэ чиэппэрин устата 1000 кэриҥэ исписэлииһи бэлэмнээн таһаардыбыт. Быйыл ханнык идэлэргэ ыларбыт кулун тутарга чопчуланыаҕа. Сиһилии училище саайтыттан билсиэхтэрин сөп. Орто баал – 4,75 тэҥнэһэр. Холобура, ааспыт сылга перевозчик идэтигэр биир миэстэҕэ 11 киһи куонкурустаспыта”.

Онон Семен курдук лүөччүк, уопсайынан, авиацияҕа сыһыаннаах атын даҕаны идэлэри баһылыан баҕалаах ыччат, ааҥҥыт аһаҕас.

“Космонавт буолар ыралааҕым”

Бүгүн кэпсэтэр дьоруойбут Семен Куличкин оҕо сааһа хатыҥнардаах-чараҥнардаах Чурапчыга ааспыта. Сайынын талыы талба талахтаах Тааттаҕа талаһара. Саахыматынан умсугуйан дьарыктанара. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр “түргэн оонньууга” бастаан турар. Ону таһынан, шорт-треккэ улуустар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ бэйэтин бөлөҕөр кыайыылаах.

Оҕо эрдэҕинэ космонавт буолар ыра санаалаах эбит. Ол баҕа санаата туолбатар да, лүөччүк идэтин баһылаан эрэр. Быйыл бүтэһик сыла. Билигин дипломнай үлэтин суруйар. Сир атмосфератын сэҥээрэр буолан, дипломун тиэмэтэ эмиэ метеорологияҕа сыһыаннаах.

Иллэҥ кэм көһүннэр эрэ кинигэ эйгэтигэр умсар. Билигин Юрий Гагарин туһунан кинигэни ааҕа сылдьабын диир.

Гимназияттан —училищеҕа

Чурапчытааҕы гимназия биир тарбахха баттанар үөрэнээччитэ, биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) талар биридимиэттэртэн аккаастанан, чопчу авиационнай училищеҕа киирэргэ санаммыт. Ол туһунан бэйэтэ:

— Математикабын “биэс” сыанаҕа туттарбытым, нуучча тылыгар “биэскэ” үс баал тиийбэтэҕэ.  Сөбүлүүр биридимиэтим география этэ. Халлааны, сулустары көрөрбүн сөбүлүүрүм. 9-с кылааска үөрэнэр сылбар интэриниэтинэн үөрэхтэри хасыһа олорон, училище баарын, пилоттары үөрэтэллэрин билбитим. Онон училищеҕа киирэбин диэн тута быһаарыммытым. Сыллата туох ирдэбиллээҕин кэтиир этим. Сайабылыанньабын пилот идэтигэр уонна хааччына таарыйа 10 ыйдаах газоэлектросварщик идэтигэр биэрбитим, — диэн кэпсээнин саҕалыыр.

Арай, кыайан киирбэтэҕиҥ буоллар хайыаҥ этэй, хаарыаннаах гимназия сыллара халтай хаалаллар эбээт диибин. Ону истэн олорон баран, бэрт холкутук: “Эһиилигэр эмиэ туттарсыам этэ”, — диэн туох даҕаны саарбахтааһына, толкуйдааһына суох хоруйдуур.

Биир кэлимсэ эксээмэн

“Маҥнай үөрэнэ киирбитиҥ кэннэ төһө уустук этэй?”, — диэн туоһулаһабын. “Сыл ахсын биир кэлимсэ эксээмэни туттарабыт. Ол эбэтэр, бастакы кууруска тэҥинэн биэс эксээмэни ааспыппыт. Манна сөмөлүөт конструкциятыттан саҕалаан, норуоттар икки ардыларынааҕы салгын быраабыгар, көтүүгэ куттал суох буолууга тиийэ киирэр. Бу уустук этэ эрээри, барытын этэҥҥэ ааспытым”, — диэн быһаарар.

Семен, үөрэҕим кэнниттэн аармыйаҕа бардахпына, ардым атан хаалыыһы диэн санааттан, бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан академическай уоппуска ылан, Хабаровскай кыраайга салгыннааҕы байыаннай күүстэргэ ытык иэһин төлөөн кэлбит. “Биһиги идэбитигэр аармыйаҕа сылдьыбатах киһини үлэҕэ ылбаттар. Ол иһин, биһиги бөлөхтөн ахсыа буолан сулууспалыы барбыппыт уонна бары тутуспутунан кэлэн үөрэхпитин салҕаабыппыт”, — диир.

Аармыйаҕа сылдьыбытын быһыытынан итиэннэ тус санаатын билээри, аныгы ыччат хайдах буолуохтааҕын туһунан ыйыталаһабын. Онуоха: “Мин санаабар, сытыы-хотуу буолуохтаах, билиигэ талаһыахтаах, туруоруммут соругун ситиһиэхтээх, эппит тылын толоруохтаах уонна инники олоҕун туһунан толкуйдуохтаах”, — диэн биир этиинэн быһаччы хоруйдуур.

Умнуллубат маҥнайгы көтүү

— Семен, аан маҥнай сөмөлүөккэ пилот быһыытынан олорбут күҥҥүн өйдүүгүн дуо? Хайдах этэй?

— Өйдөөн буоллаҕа. Быраактыкабытын Оренбург уобалаһын Бугуруслан куоратыгар барбыппыт. Халлаан үчүгэй этэ. Ыйыллыбыт зона устун 30 мүнүүтэ көппүппүт. Инструкторым үөһэ таһаарбыта, түһэрбитэ. Ирдэбилэ оннук. Үөһээ тахсан баран джойстигы (сөмөлүөтү ыытар “ручка”) миэхэ биэрбитэ. Сыыйа сөмөлүөтү бэйэбит таһаарар-түһэрэр буолбуппут, инструктор аттыбытыгар олорор, онтон бэйэбит соҕотоҕун көтөбүт.

— Соҕотоҕун тахсаргар хайдах этэй?

— Долгуйаҕын эрээри, барытын билэр, үөрэппит буолан эрэллээх этим. Биир эргиири 15 мүнүүтэ көппүтүм. Бастакы кууруска 2,5 ый, иккис кууруска 3,5 ый быраактыкабытын барабыт. Онон сайыммытын Бугуруслаҥҥа атаарабыт. Кэлэн ый курдук сынньанаат, үөрэнэбит, — диир.

Бастакы куурус кэнниттэн тест туттардахтарына, чааһынай пилот сибидиэтэлистибэтин биэрэллэр. Ол аата, чааһынай сөмөлүөтү ыытыахтарын сөбүн туоһулуур үһү. Онтон үһүс куурус кэнниттэн, үлэҕэ киириэхтэрин иннинэ кэмиэрчэскэй пилот буолбуттарын туоһулуур сибидиэтэлистибэни туттараллар. Пилот быһыытынан ааннара аһылыннаҕа ол.

Семен кулун тутарга Санкт Петербурга быраактыкаҕа көтөөрү оҥостор. Салгыы Татарстан аэропордугар быраактыкаланар. Онтон кэлээт — диплом, эксээмэн.

— Эйиэхэ саамай мөлтөх усулуобуйа туох этэй?

— Анал бырагыраамалаахпыт, онон үөрэнэбит, кыраттан саҕалыыбыт. Холобур, этиҥнээх ардах, күүстээх тыалга сөмөлүөт хамсааһына (“болтанка”), двигэтэл ак­­каастааһына, баһаар — барытыгар бэлэмнииллэр.

Быраактыкаҕа эмиэ анал бырагыраамалаахпыт. Онон инструкторбытын кытта двигэтэл аккаастыыр түгэнигэр хайдах дьаһанары быһаарабыт. Ити курдук дьарыктар устудьуоҥҥа олус туһалаахтар, — диэн кэпсиир.

Инники былааннар

— Инникитин туох былааннааххыный?

— Алын авиацияттан, кыраттан саҕалыыр ордук дии саныыбын. Билиҥҥитэ ханна үлэлии киирэрбит биллибэт. Күн бүгүн, мэдиссиинэ хамыыһыйатын бара сылдьабыт. Үөрэхпитин бүтэрдэхпитинэ, авиакомпанияларга сэһэргэһиини (собеседование) ааһабыт. Онтон ким ханна барарынан, “АН-2” сөмөлүөккэ биир ый, “Боиҥҥа” алта ый, оттон канадскай сөмөлүөккэ Испанияҕа үөрэтэллэр. Ол түмүгэр эксээмэн туттарыллар. Онон бүтэрдим да, тута үлэһит буолуом диир сыыһа. Элбэхтэ үөрэннэххэ, дьарыктаннахха эрэ табыллар, — диэн быһаарар.

Ээр-сэмээр пилоттар хамнастара төһөтүн туоһулаһан көрдүм да, чопчу бу диэн эппэтэ. “Ити туһунан тугу даҕаны этэр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, лүөччүктэр үлэҕэ киирэллэригэр дуогабарга хамнас туһунан кэпсиэхпит суоҕа диэн илии баттыыллар. Холобура, Кытайга уопуттаах пилоттар ыйга 2 мөлүйүөн солкуобайтан тахсаны аахсаллар”, — диэн таайтаран этэр.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0