Семен Ефремов: «Бэйэ бодотун тардына сылдьыахха»

Ааптар: 
14.06.2017
Бөлөххө киир:

Сайыммыт кэлэн, киһи таһырдьаттан киирбэт буолла. Оҕо аймаҕы, эдэр дьону этэ да барыллыбат. Сынньанааччы, таах дьаарбайа сылдьааччы биллэ элбиир кэмэ. Оттон бэрээдэги тутуһуу чааһа хайдаҕый? Уулуссаҕа, уопсастыбаннай сирдэргэ буруйу оҥоруу элбээтэ дуу, аҕыйаата дуу? Бу туһунан edersaas.ru ыйытыыларыгар СӨ ИДьМ-тын уопсастыбаннай бэрээдэги араҥаччылааһыны тэрийэр отделын начальнигын эбээһинэһин толорооччу, полиция подполковнига Семен Ефремов хоруйдаата. 

edersaas.ru


— Семен Николаевич, бастакы ыйытыым маннык: интэриниэт ситимигэр хам-түм уулуссаҕа охсуһуу видеолара таҕыстахтарына, киһи хайдах эрэ тута дьаархана саныыр – ол-бу куһаҕаҥҥа түбэспэккэ, сэрэнэ-сэрбэнэ сылдьыллыыһык диэн. Бу сыл маҥнайгы кыбаарталыгар уулуссаҕа уонна уопсастыбаннай сирдэргэ буруйу оҥоруу төһө элбэхтик таҕыста?

— Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн буруйу оҥоруу 6,1 %-нан (3028-тан 2844-кэ диэри), ол иһигэр, уулуссаҕа 9,6 %-нан уонна уопсастыбаннай сиргэ 5,9 %-нан аҕыйаата. Ол эрэн, ити ыйыллар кэм иһигэр уопсастыбаннай миэстэҕэ буруй кэккэ көрүҥнэригэр үрдээһин бэлиэтэннэ, ол: өлөрүү — 2-тэн 3-кэ диэри, халааһын – 62-тэн 74-кэ диэри, талааһын – 1-тэн 4-кэ диэри, уоруу – 269-тан 300-кэ диэри, күүһүлээһин – 0-тан 2-гэ диэри.

Маныаха бэлиэтээн эттэххэ, уопсастыбаннай сирдэргэ тахсыбыт буруй ахсааныгар 2015 сыл от ыйын 1 күнүттэн олоххо киирбит саҥа ыстатыйа дьайыыта баар (РФ Холуобунай кодексатын 264.1 ыст.) — административнай миэрэҕэ тардыллыбыт киһи суол быраабылатын кэһиитэ 15,7 %-ны ылар. Итирэн баран буруйу оҥоруу эмиэ аҕыйаата – 421-тэн 362-гэ диэри.

Өскөтүн өрөспүүбүлүкэҕэ уулуссаҕа 573 буруй оҥоһуллубут эбит буоллаҕына, итинтэн улахан аҥаара – 395-һэ – Дьокуускай куоракка.

— Оттон улуустарга быһыы-майгы хайдаҕый?

— Уопсастыбаннай сирдэргэ буруйу оҥоруу 7 улууска – Анаабырга (2-тэн 4-кэ диэри), Ленскэйгэ (22-тэн 24-кэ диэри), Өлөөҥҥө (1-тэн 2-гэ диэри), Бүлүүгэ (16-тан 18-ка диэри), Ньурбаҕа (16-тан 20-ҕэ диэри), Тааттаҕа (8-тан 13-кэ диэри), Эбээн-Бытантайга (0-тан 1-гэ диэри) уонна Дьокуускайга (528-тан 589-ка диэри) үрдээтэ.

  — Кырдьык, биллэрин курдук, буруй улахан аҥаара киин куоракка оҥоһуллар. Уопсайынан, уулуссаҕа уонна уопсастыбаннай сиргэ бэрээдэги араҥаччылааһыҥҥа, буруйу оҥорууну сэрэтиигэ полиция туох миэрэни ыларый?

 —  Ый аайы “Уулусса” эпэрээссийэ ыытыллар, манна министиэристибэ уонна Дьокуускай куорат полициятын аппарааттарыттан 100 сотрудник кыттар. Маны таһынан, өрөбүл күннэргэ бэрээдэги көрүүгэ ИДьМ идэҕэ бэлэмнээһинин киинин үлэһиттэрэ, норуот дружинниктара, чааһынай харабыллыыр тэрилтэлэр, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ кытталлар.

Ону тэҥэ, күн аайы, киэһэ 22.00 чаастан сарсыарда 06.00 чааска диэри, патруллуур-постовой сулууспа полицейскайдарын кытта 10 чааһынай харабыллыыр тэрилтэ үлэһиттэрэ (“Алекс+”, “Вымпел”, “Голиаф”, “Охрана сервис” харабыллыыр агентство, “Охрана сервис” ЧОО, “Безопасность”, “Щит и меч”, “Орлан”, “Гром”, “Ратник”) бигэргэммит графигынан бэрээдэги көрө тахсаллар.

Оттон Дьокуускай куоракка быһыыны-майгыны чопчулуур буоллахха, халааһын, уоруу, күүһүлээһин, наркотикка сыһыаннаах буруйдар, массыынаны күрэтии элбээтилэр. Буруйу арыйыы 56,4 % буолла (былырыын 55,1 % этэ). Өлөрүү тахсыбата, доруобуйаҕа ыарахан эмсэҕэлээһини оҥоруу 9-тан 5-кэ диэри аччаата.

Ити эппитим курдук, уоруу көрдөрүүтэ үрдээтэ (149-тан 203-кэ диэри). Итинтэн сынньатар-аралдьытар сирдэргэ – 9-тан 20-ҕэ диэри, култуура, спорт уонна социальнай эйгэ эбийиэктэригэр – 3-тэн 7-ҕэ диэри, уопсастыбаннай тырааныспарга — 24-тэн 26-ҕа диэри уонна уулуссаҕа – 29-тан 43-кэ диэри.

  — Оттон видеокамералар буруйу арыйыыга төһө көмөлөһөллөрүй? Уопсайынан, аныгы тиэхиньикэ ньымалара төһө көдьүүстээх эбиттэрий?

— Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн дьон тоҕуоруһар, мустар сирдэригэр барыта 391 видеокамера туруоруллубута. Итинтэн 320-тэ полиция дьуһуурунай чаастарыгар быһа тахсар. Ситуационнай кииҥҥэ 71 видеокамера тахсар: Мииринэйгэ – 33, Ленскэйгэ – 23, Усуйаанаҕа – 2, Тааттаҕа – 5 уонна Дьааҥыга – 8. “Гражданин-полиция” видеокамералаах суһал сибээс 11 систиэмэтэ туруоруллубута. Итинтэн 8-һа – киин куоракка, 2-тэ – Мииринэйгэ, биир – Покровскайга.

Дьокуускайга “Безопасный город” аппаратнай-программнай комплекс 2008 сыл от ыйыттан үлэлиир. Видеокамералар куорат киинигэр уонна криминогеннай быһыы-майгы уустук соҕус оройуоннарыгар бааллар. Бу камералар көмөлөрүнэн 193 административнай сокуону кэһии, 4 буруй (Дьокуускайга 1) булуллубуттара.

Видеокамералар үрдүк хаачыстыбалаахтар, дьону сирэйинэн ыйдаҥардар систиэмэ полиция базатыгар баар хаартыскалары кытта тэҥнээн көрөр, холуобунай ирдэбилгэ сылдьар биитэр сураҕа суох сүппүт дьону быһаарар кыахтаах.

Маны сэргэ, киин куоракка кэтээн көрөр мониторинговай систиэмэ (“подвижные наряды”) көмөтүнэн 32 буруй арылынна: 10 халааһын, 8 уоруу, 9 массыынаны күрэтии, 4 доруобуйаны ыараханнык эчэтии.

  — Суол быраабылатын тутуһууну хонтуруоллуур фото-видео-фиксация систиэмэтин үлэтэ хайдаҕый?

— Дьокуускайга оннук систиэмэ 25, Нерюнгрига 5, Алдаҥҥа 2, Мииринэйгэ 2, Покровскайга 1 уонна Аллараа Бэстээххэ 2 комплекстара үлэлииллэр. Олор көмөлөрүнэн, 27.076 административнай сокуону кэһии булуллубута.

— Киин куоракка полиция постара ханнык оройуоннарга баалларый?

— Сайсарыга, 17-с кыбартаалга, 202-с микро-оройуоҥҥа уонна Ленин болуоссатыгар.

— Уулуссаҕа, уопсастыбаннай сиргэ пиибэ, арыгы иһэ олорор дьону билигин соччо-бачча көрбөккүн буолан баран, оннук туруктаах киһи түбэстэҕинэ, полиция дьайыылара ханныктарый?

 — Оннук дьоҥҥо административнай сокуону кэһии иһин боротокуол толоруллар. Оттон ханна баарын өйдөөбөт, атаҕар уйуттубат буолуор диэри итирбит киһини балыыһаҕа илдьэллэр.

  — Дьону-сэргэни биир долгутар түгэнинэн саататар-аралдьытар тэрилтэлэргэ, түүҥҥү кулууптарга хам-түм тахсар буруйдар буолаллар. Сыл бастакы үс ыйыгар бэрээдэги кэһии, буруйу оҥоруу төһө элбэҕий?

— Билигин этэр сыыппараларым толору хартыынаны ойуулаабаттар, тоҕо диэтэххэ, эмсэҕэлээччилэр сорохторо эрэ полицияҕа тыллыыллар. Онон, быдан элбэх буолуохтаах. Тохсунньуга, бырааһынньыктааҕы уһун сынньалаҥ кэмигэр, итинник тэрилтэлэргэ бэрээдэги кэһии күн аайы кэриэтэ тахсыбыта, сүрүннээн, 01.00-03.00 уонна 04.00-06.00 чаастарга: субуотаҕа – 44, өрөбүлгэ – 29 уонна бэнидиэнньиккэ – 23.

СӨ ИДьМ-тын Информационнай киинин дааннайынан, сынньалаҥ эбийиэктэргэ оҥоһуллубут буруйдар чахчыларынан 13 холуобунай дьыала тэриллибитэ. Буруй көрүҥнэринэн ылан көрдөххө: халааһын – 4 (“Вегаска” — 2, “Берлога” баар таһыгар — 2), уоруу – 5 (“Великая стена” – 1, “Приют бодливой козы” – 2, “Сунгари” – 1, “Индер бар” – 1), массыынаны күрэтии – 1 (“Чочур Мураан” энтографическай комплекс таһыттан), доруобуйаҕа ыарахан эмсэҕэлээһини соруйан оҥоруу – 1 (“Новый Пекин” кирилиэһигэр), доруобуйаҕа орто ыар эмсэҕэлээһини соруйан оҥоруу – 1 (“Новый Пекин”), кырбааһын – 1 (“Китагава”) уонна административнай накаастабыллаах киһи суол быраабылатын кэһиитэ – 1 (“Вегас”).

Маны тэҥэ, итинник тэрилтэлэртэн 02 нүөмэргэ 435 ыҥырыы киирбититтэн, баһыйар ахсаана “Приют бодливой козы”, “Колибри”, “Ниагара”, “Вегас” уонна “Новый Пекин” диэн эрэстэрээннэртэн.

  — Түмүккэ. Билигин үөрэх туттарса ыччат бөҕөтө кэлитээн эрэр. Оҕолорбут ол-бу куһаҕаҥҥа түбэспэттэрин туһугар тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Эдэр дьоҥҥо, бастатан туран, бэйэ бодотун тардынан, бэрээдэктээхтик сылдьалларыгар сүбэлиэм этэ. Быстах билсибит дьонноро арыгы иһэрдэ (күлүккэ, ханна эрэ дьиэ анныгар, подъезка уо.д.а) ыҥырдахтарына, сөбүлэһэн барсыбаттарыгар. Суотабай төлөпүөннэрин уларсыбаттарыгар, биэрбэттэригэр. Ону-маны атыылаһалларыгар, уу харчыларын көрдөрбөттөрүгэр. Билбэт дьоннорун массыыналарыгар олорсубаттарыгар. Биир тылынан эттэххэ, бэйэлэрин харыстаналларыгар, чугас дьоннорун түһэн биэрбэттэригэр. Кэлин үлэҕэ киирэргэ ол мэһэйдиэн сөп – административнай сокуону кэспиттэри ыла сатаабаттар.

 — Семен Николаевич, хоруйдарыҥ иһин махтанабын.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ааптар түһэриитэ уонна Якутск.РФ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0