Семен Данилов – үтүөкэннээх дьоннор кэккэлэригэр

08.12.2020
Бөлөххө киир:

Аан дойду чулуу дьонун үйэтитэр серияҕа урут сахалар чарапчыланан да көрөр кыахтара суоҕа. Саҥа кэм кэлэн, 2014 сыллаахха нуучча билиҥҥи улахан суруйааччыта Николай Коняев “Алексей Кулаковский”; саха киһитэ, чаҕылхай суруналыыс Олег Сидоров “Платон Ойунский” (2016), онтон бу Наталья Харлампьева “Семен Данилов” диэн, быйыл үһүс суруйааччы туһунан кинигэ бэчээттэнэн таҕыста.

Сорохтор, баҕар, саха өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи уонна сэбиэскэй литератураларын төрүттээбит дьон маҥнай тахсыбыттарын сөбүнэн аахпыт буоллахтарына, Семен Данилов үсүһүнэн тахсыбытыгар мунаахсыйа саныахтарын сөп. Ол эрээри, Семен Данилов курдук улахан поэт уонна литератураны саҥа таһымҥа таһаарбыт, өр кэмҥэ Суруйааччылар сойуустарын сатабыллаахтык салайбыт киһини атыҥырыахтарын сөбө суох.

Семен Данилов саха суруйааччыларын уонна олоҥхотун нууччалыы тылбаастатан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт биллэр-көстөр өҥөлөөх. Кини Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайбыт кэмин, дэлэҕэ литературабыт кыһыл көмүс кэминэн ааттыахтара дуо?! Кини Сэбиэскэй Сойууска, аан дойдуга биллэр, элбэх тылларга тылбаастаммыт поэт буоларын таһынан, сөптөөх литературнай бэлиитикэни ыыппыт бөдөҥ уопсастыбаннай диэйэтэл, салайааччы, личность этэ. Ону бу таһаарыыны аахпыт эрэ киһи ис сүрэҕиттэн итэҕэйэрэ чахчы.

Кинигэ киирии тылын Семен Петрович кэриэһигэр душеприказчигынан ааттаабыт, саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов суруйбут. Кини: “Перед нами поучительная книга для интеллигенции многих республик, в истории которых были схожие ситуации. Она будет интересна и для конкретных личностей, кто ныне формирует большую политику”, — диир. Кинигэ “Молодая гвардия” издательствоҕа тахсыбыт.

Семен Данилов Наталья Харлампьеваны литератураҕа бастакы хардыыларыттан бэлиэтии көрбүт. Ол туһунан бэйэтин күннүгэр 1977 сыллаахха тохсунньу 11 күнүгэр суруйбут:

Н.Харлампьева дьиҥнээх улахан талаан быһыылаах, кини кэхтэн хаалбакка, дьоҕурун дьөксө сайыннаран истэҕинэ, улахан поэт тахсар киһитэ. Мин аны кини суруйарын барытын батыһан, таптаан, долгуйа ааҕар киһим буолсу быһыылаах”.

Ити бастакы кинигэтэ “Чэчиргэ” тахсыбыт, оччолорго поэзияҕа саҥа үктэммит поэт кыыс туһунан этиитэ. Кини сэрэйбитин, итэҕэйбитин курдук, Наталья Харлампьева билигин норуодунай поэт, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, төрдүс болдьоҕор таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар салайааччы.

Үрдүк үөрэҕи түмүктүүрүгэр Н.Харлампьева дипломнай үлэтин Семен Данилов нууччалыы тылбаастаммыт хоһооннорун ырытыыга анаабыта. Ону суруйарыгар кини Семен Петровичка элбэхтик сылдьыбыта, сүбэлэппитэ. Үлэтин “туйгун” сыанаҕа көмүскээбитэ. Бу кинигэни суруйуон иннинэ икки төгүл “Признание в любви” диэн Саха сирин кытта ситимнээх нуучча суруйааччыларын туһунан кинигэлэри суруйан, киэҥ ааҕааччыга санаатын сатаан тиэрдэр ырытыылардаах, сыанабыллардаах литератураны анаарааччы быһыытынан бэйэтин көрдөрбүтэ. Ити барыта Семен Даниловы суруйарга бэлэмнэнии курдук тахсыбыт. Уопсайынан да, Наталья Ивановна уһуннук иитиллэн, ситэн-хотон Семен Петрович Данилов курдук дириҥ личность тус олоҕун, айар үлэтин, оччотооҕу быһыыны-майгыны кырдьыктаахтык ырытан, инники тыктарыылаахтык, киэҥник ылан, биһиги норуот быһыытынан хайдах сайдыахтаахпытын сүрүн санаа оҥостон үлэлээбитэ харахха быраҕыллар. Онуоха кини оччолорго өрөспүүбүлүкэни салайбыт дьону сирэй-харах аспакка, дьайыыларын бэйэлэрин тылларынан, суруйууларынан, докумуоннары туоһу туттан (кинигэ кэннигэр киллэриллибит сыһыарыылары этэбин) билиҥҥи ааҕааччы бэйэтэ түмүккэ кэлэринии сиэрдээхтик сыһыаннаспыта хайаан да бэлиэтэниэхтээх.

Улуу киһи утумнааччыта

Наталья Ивановна бэйэтэ билинэринии, кини историк да, литературовед да буолбатах, барытын поэт, айар үлэһит быһыытынан сыана быһар. Поэты поэт эрэ дьиҥнээхтик сыаналыахтаах. Оттон суруйааччылар салайааччыларын быһыытынан (Семен Петрович ис кыһалҕаларын толору өйдүүрэ), дьиҥэр, киниэхэ быраабы да, кыаҕы да биэрбит диэхпитин сөп.

Н.Харлампьева – Семен Данилов утумнааччыта. Поэт да быһыытынан, салайааччы да быһыытынан. Онон “Үтүөкэннээх дьоннор олохторо” серияҕа кини туһунан кэрэхсэбиллээх кинигэни суруйбута түбэһиэхчэ буолбатах. Бу – кини улахан ситиһиитэ.

Семен Данилов дневниктэрэ (мин таһаарыым уонна Аита Шапошникова, Наталья Харлампьева бэлэмнээбит 6-с томнара) сахалыы суруллубуттара, нууччалыы урут доҕорбут Вадим Дементьев быһа тардан, тылбаастаан турар. Оттон бу кинигэҕэ дневниктэн быһа тардыылар нууччалыы Наталья Харлампьева тылбааһынан бэриллэллэр. Нуучча ааҕааччыта Семен Данилов 40-ча сыл суруммут 13 уопсай тэтэрээттээх үлэтиттэн балачча элбэх түгэннэри аан бастаан ааҕар кыахтаммыта – үлэ уратыта, саҥаны киллэриитэ.

Наталья Ивановна университекка нуучча тылын уонна литературатын салаатын бүтэрбит буолан, нууччалыы тиийимтиэтик суруйар. Истиилэ киэҥ ааҕааччыга өйдөнүмтүө.

Урут 2009 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһатыгар нууччалыы “Союз писателей Якутии” кинигэ Н.И. Харлампьева санаа угуутунан уонна редакциялааһынынан тахсыбыта. Онно кини I, IV, V главалары суруйбута, кинигэни сүрүннээбитэ, киирии уонна түмүк тыллары оҥорбута. Билигин санаатахха, бу кинигэ “Үтүөкэннээх дьоннор олохторо” серияҕа Семен Данилов киириитин биир бэриэччитинэн буолбут.

Итинник, төгүрүччү бэлэмнээх буолан, бу олус эппиэтинэстээх дьыалаттан чаҕыйбакка, дьулуруччу соҕус үлэлээн, рукопиһын үмүрүтэн баран, миигин көрөн биэриэҥ дуо диэн көрдөспүтэ. Ону мин ылынаммын, рукопиһы ааҕан, редакциялаан, бэрт кыраны эбэн, чопчулаан, соччо уһуннук туппакка ааптарга төннөрбүтүм. Онон кинигэ титульнай илииһигэр көмөлөспүт дьон ахсааныгар киирэн, ааптар махталын ылбытым миэхэ күндү.

Уопсайынан, бу кинигэ Семен Петровиһы поэт уонна салайааччы быһыытынан чахчы ытыктыыр, кини эйгэтигэр адьас чугас сылдьыбыт, кини тыыннааҕар эрэммит айар көлүөнэ дьон кыттыытынан күн сирин көрбүтэ кэрэхсэбиллээх буолуон сөп.

Мин ааҕааччы быһыытынан ордук “Созвездие поэзии и созвездие друзей” диэн ахсыс главатын сөбүлээтим. Дьэ, манна Семен Данилов бөдөҥ поэт уонна салайааччы быһыытынан ситэн-хотон тахсыбыта, чахчыта да, бэйэтин кэмин үтүөкэннээх дьонун кэккэтигэр киирбитэ илэ-бодо ытаһаланар. Төһө да ыраах өрөспүүбүлүкэҕэ олордор, үлэлээтэр, кини айылҕаттан бэриллибитигэр эбии, дьоҕурун-талаанын сайыннарыытыгар сүдү дьон эргимтэлэрэ дьайбыта, дьэрэлитэн таһаарсыбыта ааҕааччыны итэҕэтэр.

Ол да иһин кини олоҕун уон кэнники сылыгар дириҥэтэн үлэлээбитин, хоһоонноро быдан этигэн буолбуттарын бэйэтэ да билэрэ. Олох сокуонунан, поэт сааһыран истэҕинэ эдэрдии иэйиитэ улам сойо быһыытыйыахтаах, сөҕүрүйүөхтээх этэ. Оттон Семен Данилов поэзията, төттөрүтүн, ордук сирэлийэн тахсыбыта. Сахалартан бастакынан М.Горькай аатынан Арассыыйа судаарыстыбаннай бириэмийэтинэн бэлиэтэммитэ, өлүөн биир сыл иннинэ саха норуодунай поэтын аатын ылбыта. Орто дойдуттан эмискэ барыыта эрэ, мин санаабар, көлүөнэтин дьоно үгүстэрэ ылбыт Социалистическай Үлэ Дьоруойа диэн үрдүк ааты ситиһэрин мэһэйдээбитэ. Ол да буоллар, бу серияҕа тахсыыта үтүөкэннээх дьоннор кэккэлэригэр кинини бигэтик киллэрдэ.

Наталья Харлампьева дьоһун кинигэтэ дьоһуннук сыаналанан, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын аатыгар түһэрэ тоҕоостоох буолуохтун!

Урсун,

поэт, критик, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0