Москваҕа Сэмэн Данилов “Мой русский язык” хоһооно биир киэһэ үс төгүл доргуччу ааҕылынна

16.12.2017
Бөлөххө киир:

Ити, биллэн турар, мээнэҕэ буолбатах!

Саас-сааһынан кэпсээтэххэ, дойду тэбэр сүрэҕэр – Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 385 сылыгар аналлаах Москва куоракка Саха сирин Күннэрин чэрчитинэн, аатырбыт-сураҕырбыт ЦДЛ-га — Литератордар Киин дьиэлэригэр  Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун секретариатын уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын холбоһуктаах мунньахтара ыытылынна.

edersaas.ru


Мунньаҕы Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун 1 сэкэритээрэ Геннадий Иванов уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева иилээн-саҕалаан ыыттылар. Көрсүһүү саха норуодунай бэйиэтэ Сэмэн Данилов туһунан “Саха”  НКИХ (Д.Ермолаева) бэлэмнээбит киинэтин көрүүнэн саҕаланна. Саха сириттэн Москваҕа үөрэнэр устудьуоннар бэйиэт хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕаннар, мустубут дьону үөртүлэр.

Москваҕа устудьуоннара Сэмэн Данилов хоһооннорун ааҕаллар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Култууратын, духуобунай сайдыытын миниистирэ Владимир Тихонов уонна Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев эҕэрдэ тыллары эттилэр итиэннэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга, саха литературатын сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо  наҕараадалары туттардылар.

Саха норуодунай бэйиэтин, өр сыл Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайбыт Семен Петрович Данилов айар үлэтин, олоҕун туһунан дириҥ ис хоһоонноох дакылааты Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева оҥордо.

Онтон Москва суруйааччылара – Семен Петрович доҕотторо, саха суруйааччыларын айымньыларын тылбаасчыттара Вадим Дементьев, Анатолий Парпара, Геннадий Иванов, Василий Дворцов истиҥ ахтыылары оҥордулар. Учууталын туһунан иһирэхтик саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов эттэ, оттон оччолорго Семен Петрович быһаччы кыһамньытынан Москваҕа Литинститукка үөрэммит саха ыччаттарыттан биирдэстэрэ Аита Шапошникова  тылбаас кыһалҕаларыгар санаатын үллэһиннэ.

Мунньахха Саха сириттэн түөрт норуодунай суруйааччы кытынна. Үөһээ эпиппит курдук, Наталья Харлампьева, Николай Лугинов, Сэмэн Андреевич Попов-Тумат уонна Андрей Кривошапкин тыл эттилэр. Саха литературатын эдэр бэрэстэбиитэллэрэ Гаврил Андросов, Рустам Каженкин бааллар. Биллиилээх суруйааччылар Николай Винокуров-Урсун, Елена Слепцова-Куорсуннаах, Саргылаана Гольдерова, Аита Шапошникова — дэлэгээссийэ чилиэннэрэ. Суруйааччылардыын көрсүһүүгэ биллэр-көстөр политолог Алексей Томтосов тыл эттэ.

Саха литературатын төрүттээччилэр литературнай нэһилиэстибэлэрин көмүскээһин, араҥаччылааһын  буоллун, кинилэр ааттарын үйэтитии, эдэр тылбаасчыттары кытта үлэ да буоллун —  убайын дьыалатын бары боппуруостарга  салҕааччы, Семен Петрович биир санаалааҕа, саха норуодунай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов туһунан мунньахха үгүстүк аҕыннылар. Тэрээһиҥҥэ Софрон Петрович сиэнэ Катя Кожевникова  кыттыыны ылла.

Н.И. Харлампьева "Смена" сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Михаил Кизиловтыын

Москваҕа Саха сирин Күннэрин чэрчитинэн ыытыллыбыт Семен Петрович Данилов 100 сылыгар аналлаах биһиги тэрийсибит мунньахпыт –  сүрүн тэрээһиммит буолар. Үрдүк көтөҕүллүүлээхтик, элбэх суруйааччы кыттыылаах барбытынан улаханнык астынан сылдьабын. Саха сириттэн Горнай улууһун өйөбүлүнэн уонна да атын тэрилтэлэр көмөлөрүнэн, 4 норуодунай суруйааччылаах, уопсайа 13 киһилээх суруйааччылар улахан дэлэгээссийэлэрэ Күннэргэ кытта сылдьар. Вадим Дементьев, Геннадий Иванов, Анатолий Парпара, Сергей Гловюк курдук нуучча биллиилээх суруйааччылара олус истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр. Биһиги салгыы бииргэ үлэлэһэрбит туһунан кэпсэттибит. Киин бэчээт — Литературнай хаһыат уонна сурунааллар айар үлэһиттэрэ сырыттылар. Тэрээһиммитигэр өйөбүллэрин иһин Горнай улууһун баһылыгар Никита Андреевка, Москваҕа биир дойдулаахтар түмсүүлэригэр — Людмила Павловаҕа,  улахан махталбытын тиэрдэбит.

Бу көннөрү үөрүү-көтүү, ахтыһыы эрэ буолбакка, инникитин бииргэ үлэлэһэр суоллары торумнааһын буолбута саарбаҕа суох. Санаан көрүҥ – Сэмэн Данилов “Мой русский язык” хоһооно бу киэһэ үс төгүл доргуччу ааҕылынна! Ити мээнэҕэ буолбатаҕа чахчы. ХХI үйэҕэ саха литературата бэйэтин эрэ эйгэтигэр хаайтарбакка, салгыы сайдара наадатын туоһута!, — диэн санаатын үллэһиннэ Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева.

Саха суруйааччылара Улуу Москваҕа!

Бүгүн Саха сирин суруйааччыларын дэлэгээссийэтэ улуу бөлөһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй уҥуоҕар тахсан тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруоҕа, онтон суруйааччылар Сергиев Посадка, Свято-Троицкая Сергиева Лавраҕа тиийиэхтэрэ. Билитиэкэҕэ көрсүһүү буолуоҕа.

Татьяна МАРКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0