«Семен Данилов» кинигэ сүрэхтэннэ

23.10.2020
Бөлөххө киир:

“Молодая гвардия” кинигэ кыһатыгар “Жизнь замечательных людей” сиэрийэнэн саха норуодунай суруйааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэл Семен Данилов туһунан кинигэ атырдьах ыйыгар бэчээттэнэн тахсыбыта.

Алтынньы 23 күнүгэр Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэ “ZOOM” платформанан кинигэ сүрэхтээһинин тэрийэн ыытта. Тэрээһиҥҥэ араас улуустартан, Москваттан, бэл, тас дойдулартан саха литературатын сэҥээрээччилэр, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, литературоведтар, суруйааччылар, учуонайдар киирэн кыттыыны ыллылар. Ол курдук, куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, хамсык кэмигэр илэ көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэр оннугар, ыраахтан-чугастан ким баҕарар киирэн көрөр-истэр, санаатын этэр кыахтанна.

Култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ Юрий Куприянов “Семен Данилов” кинигэ ааптарын, норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьеваны эҕэрдэлээтэ.

Сэмэн Данилов саха норуотугар оҥорбут өҥөтө сүҥкэн. Ол сөҕүмэр үлэтин тилиннэрбиккэр махтаныахпын баҕарабын. Кини Саха сирин суруйааччыларын сойууһун аан дойдуга биллэрбитэ, ытыктаппыта. Бу кинигэ ааҕааччытын булуо диэн эрэллээхпин. Эдэр ааҕааччыга бу кинигэ – олохпут историята, өрөспүүбүлүкэ сайдыытын историята, — диэн кини эттэ.

Кинигэҕэ Семен Петрович литература, суруйааччы үлэтин, норуот инникитин туһунан толкуйдарын бэйэтин күннүгэр суруйбута аан бастаан нууччалыы тылбаастанан таҕыста. Суруйааччы суруктара, хоһоонноро, сэдэх докумуоннар киирбиттэр. Наталья Харлампьева бу документальнай кинигэни учуонай, литературовед буолбакка, бэйиэт таҥан, суруйан, хомуйан оҥорбутун курдук сыаналааҥ диэн эттэ. Ол да иһин ааҕыллымтыа, интэриэһинэй ис хоһоонноох.

Кини Сэмэн Даниловы бэйэтин духуобунай аҕатынан, учууталынан ааттыыр. Ол курдук, олоҕун тиһэх сылларыгар эдэркээн кыыһы таба көрөн, үөрэтэн-такайан, сүбэлээн-амалаан, саха литературатын инники эрэлин быһыытынан көрөрүн биллэрэн барбыта. Наталья Ивановна дипломнай үлэтин бэйиэт лирикатыгар анаабыта, онон ол кэмҥэ ыкса алтыспыттара. Ол да иһин, учууталын дьыалатын салҕааччы буолан, дьахтар намчы санныгар ыарахан бурҕалдьыны кэтэн, быыһык кэмҥэ саха литературатын сайыннарарга эппиэтинэс ылынан, айар үлэнэн эрэ дьарыктаммакка, тэрийэн, салайан, үлэлээн-хамсаан кэллэҕэ.

Сүрэхтээһиҥҥэ суруйааччылар, учуонайдар бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, кинигэни ырыттылар. Ол курдук, дойду бастыҥ кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн, киэҥ араҥаҕа тахсыбыт айымньыны үрдүктүк сыаналаатылар, өрөспүүбүлүкэ духуобунай, култуурунай олоҕор дьоһун суолталаах көстүү буоларын бэлиэтээтилэр. Ааспыт үйэ, бүтүн эпоха историята, саха литературатын түһүүлээх-тахсыылаах кэрдиистэрэ барыта манна норуот духуобунай лидерин нөҥүө сырдатыллан көстөллөр.

Саҥа атаҕар туран эрэр литератураны төрүттээбит “айбыт аҕаларын”, классик суруйааччыларын “норуот өстөөхтөрө”, “буржуазия хаалынньаҥнара” диэн дьаралыктаан, сиргэ-буорга тэпсибит кэмнэригэр, Семен Данилов кинилэр норуокка оруолларын, үлэлэрин суолтатын өйдөөн туран, үтүө ааттарын тилиннэрэргэ турууласпыт сүҥкэн өҥөлөөх. Систиэмэни утары барыы – хорсун быһыы буолара саарбахтаммат. Кини бобуу-хаайыы кэмигэр атын норуоттар суруйааччыларын кытары доҕордоһон, литературалары, норуоттары сомоҕолоон, тууйуллубут тыынын таһаарар буолуохтаах. Саха литературатын үрдүк таһымҥа таһааран, былаас бэрэстэбиитэллэрин кытары тэҥҥэ аахсара, туруорсара. Олоҥхону тылбаастатан, 2005 сыллаахха аан дойду култууратын кылаан чыпчаал айымньыта буолан билиниллэригэр олук уурбута. Классиктары тылбаастатарга элбэх сыратын биэрбитэ. Семен Данилов аата Сэбиэскэй Сойууска Чингиз Айтматовы, Кайсын Кулиевы, о.д.а. кытары тэҥҥэ ааттанара.

Наталья Харлампьева чинчийээччи быһыытынан дириҥник хорутан үлэлээбит. Сэмэн Данилов уобараһын нөҥүө кэм, эпоха уобараһа киэҥник арыллар. Ааптар бу кэми баттаспыт, дьоруойдарын кытары алтыспыт уонна бэйэтэ бэлэмнээх буолан, маннык далааһыннаах үлэни үмүрүттэҕэ. Онон ааптар хараҕынан, кини хайдах ылынарынан оччотооҕу кэми тыктаран көрөр олус интэриэһинэй, — диэн “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация салайааччыта Олег Сидоров бэлиэтээтэ.

Семен, Софрон ааттарынан Мытаахтааҕы мусуой, Горнай улууһун дьаһалтатын, Маҥан бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ дьоһун үлэ тахсыбытынан эҕэрдэлээтилэр. Москваттан Марианна Степанова, Англияттан Светлана Егорова-Джонсон кинигэни “Молодая гвардияттан” ылан, хайыы-үйэ аахпыттарын, биир дойдулаахтарынан киэн тутталларын туһунан иһитиннэрдилэр. Кинигэни сүрэхтээһин элбэх киһини хабан, истиҥ, сылаас эйгэҕэ 3 чаас кэриҥэ буолла. Санааларын эппэккэ хаалбыт дьон «чатка» суруйан, эҕэрдэлэрин, баҕа санааларын тиэртилэр. 

Манна диэн эттэххэ, кинигэ көҥүл атыыга суох. Ол эрээри, эбии тираж оҥоһуллан, хас биирдии ааҕааччыга тиийэригэр эрэл баар.

Орто дойдуга киһи туох эрэ аналлаах кэлэр. Ол аналын таба тайаннаҕына, кини аата үйэлэргэ махталынан эрэ ахтыллар. Сэмэн Данилов олоҕун анаабыт дьыалата салҕанар, кини аата ааттанар — диэн туран, Наталья Харлампьева кинигэ тахсарыгар көмөлөспүт дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ махтанна.

 Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0