Саха норуодунай бэйиэтэ, биллиилээх уопсастыбаннай деятелэ, М.Горькай аатынан РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, 17 сыл устата Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайбыт Семен Петрович Данилов бүгүн, кулун тутар 20 күнүгэр, төрөөбүтэ 103 сылын туолла.
Семен Петрович 40-ча сыл суруйбут күннүгүттэн быһа тардан бэчээттиибит.
ДУУҺА ДОКУМУОНУТТАН
«Чолбон» 6 №-рэ, 1992 с.
Саха норуодунай бэйиэтэ Семен Петрович Данилов 40-ча сыл устата күннээҕи бэлиэтээһиннэри сурунара. Онно тус бэйэтэ көрбүт, билбит, истибит чахчыларын тиһэн иһэрэ. Олор барыта 13 уопсай тэтэрээккэ суруллан, бэйиэт огдооботугар Анна Семеновна Даниловаҕа нэһилиэстибэ быһыытынан хаалбыттара. “Чахчылар уонна санаалар” диэн уопсай ааттаах, уһун кэмнээх үлэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ соччо тиийэ илик. Арай суруйааччылар Н. Лугинов уонна нууччалыы тылбааһын В. Дементьев бэлэмнээһиннэринэн быһа тардыылар бэчээттэммиттэрэ. Бэйиэт өлүөн иннинэ суруйбут кэриэһигэр күннүктэрин туһунан этэн ааспыта баар: ”Суруйууларым барылара, ордук “Чахчылар уонна санаалар”, туох баалларынан хайаан даҕаны чөмчөтүллэн тахсыах тустаахтар. Төрөөбүт норуотум кэнники 40-ча сыллаах историятын кыларыйар кырдьыктаах чахчыларын уонна ол чахчылар кыттыылаахтарын тустарынан бэйэм санаабын-онообун бу кырдьыктааҕа, көнөтө буолаарай диэн суруйарым.
Ханныгын да иһин “Чахчылар уонна санаалар” мин тус бэйэм дууһам уһун кэмнээх докумуонун быһыытынан да суолтата улахан буолуохтаах. Ону мин бар дьонум өйдүө, ол иһин сөптөөх суолтаны биэриэ диэн экчи эрэнэбин”.
Олунньу 20 күнэ, 1958 сыл.
Саха интеллигенциятын ыччата сахалыы саҥарыан кыбыстара, сахалыы билбэтэ, билэр да буоллаҕына билбэтэҕэ буола сатыыра тугу этэрий?
Тугу этэрий диибин эбээт?!
Эрэйдээхтэр, кыра мыыһастар, бу киэҥ ийэ дойду биир омугунан, биир туспа баай тылынан баайын сарбыйаары оҥостор буолбаккыат?!
Алааска сүүс чыычаах ыллыыра олус кэрэ, ону истэ сылдьар киһи санаатыгар, олортон биир-икки чыычаах туспалаах ырыата уоһуннаҕына, туох эрэ итэҕэстийиэ суоҕа дуо?
Хараастабын, хаһыытыахпын баҕарабын…
… Да кыаҕым суох. Ньүдьү балайдар!
Балаҕан ыйын 6 күнэ, 1963 с.
Приемнар дворецтарыгар тиийэн икки төгүллээх пропускабытын көрүүнү ааһан, сыгынньахтанан баран, үөһээҥҥи улахан зал фойетыгар тахсыбыппыт. Онно кирилиэскэ тахсар улуу аан аттыгар, киэҥ фойеҕа айманар дьонтон тэйиччи, Турсун биһикки кэпсэтэ турубуппут. Ол турдахпытына правительство, ЦК састааба кэлитэлээн барбыттара.
Онтон Н.С. Хрущев оҕонньор мулукучуйан киирэн кэллэ. Бастаан ким да көрбөтө быһыылаах. Аан бастаан уһукка турар дьоҥҥо, биһиэхэ, кэллэ. Турсун-задены бадаҕа билэр эбит. Кэлэн илии тутуста, туох эрэ диэн тыл быраҕыста. Ити бириэмэҕэ дьон көрөн саба сырсан кэлии буолла. Фотографтара, киинэ дьоно, телевидение дьоно, корреспонденнар уонна подхалим замашкалаах искусство дьоно…
Онтон миэхэ илиитин уунна:
— Здравствуйте.
— Здравствуйте, Н.С., я из Якутии. Данилов.
— Ну как у вас там?
Мин мух-мах буолабын:
— Хорошо, Н.С., — диэн тугу эрэ саҥардым быһыылааҕа.
Ити бириэмэҕэ фото, кино эҥин уота күлүмнэс этэ. Мин Хрущеву кытта илии тутуһа туран көстөрүм хаһыат, сурунаал сырайын барыыр киһи буоллум диэн кыбыста, килбигийэ, ол иһигэр эмиэ да киэмсийэ, санаабытым да, хата этэҥҥэ дии?
Бэс ыйын 6 к. 1968 сыл.
Кэлин Дьөгүөр Өлөксүөйэби уонна Уйбаан Бөдөһүөйэби эккирэтэн эрэллэр. Олус арахпакка, сиэрэ суох ньоҕойдук эккирэтэр, киһини угунньата тахсыар диэри тэпсэр дьон эбиттэр.
Мин онтон олус харааста, абара сылдьабын да, төһө да тойон ааттааҕым иһин, тугу да көннөрөр, ити уолаттарга тугунан да көмөлөһөр кыаҕым суох. Онтон олуһун кыбыстабын.
Дьэ кыһыы урдустар!
Ахсынньы 29 күнэ, 1974 с.
Соторутааҕыта “Историктар мунньахтара” диэн ааттаах айдааннаах соҕус түмсүү буолан ааста быһыылаах. Ол түмсүүгэ миигин кытыарбатылар. Харыстаан эбитэ дуу, таһарахсытан эбитэ дуу – ону билбэтим…
Ити мунньах иннигэр аҕай, мунньах кыттыылаахтара В.Познанскай уонна А.Новгородов диэн дьоннор Кулаковскайы үөхпүттэриттэн олус кыһыйан, абаран, хадьардаһар хабааннаах сурук оҥоро сатыы сылдьыбытым…
Ордук абалааҕа, биһиги биир дойдулаахпыт А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй кимин-хайатын билэр киһи, аҥардас өстөһөр дьонугар Башариҥҥа, Романовка эрэ абарбычча, кинилэри эрэ баһааҕырдаары итинник кэбилэнэрэ баар.
Мунньахха Познанскай диэн туох да төрдө-төбөтө суох урдус, эмиэ оннук Башарины, Алексеевы, Романовы эрэ баһааҕырдар сыалынан, биһиги таҥараларбытын, иккиэйэх классиктарбытын Өксөкүлээҕи уонна Алампаны колчаковецтар, бандиттар, контрреволюционнай баайдыы националистар диэн ыт ылбатынан үөхпүт.
Ити улахамсык, бүтүн норуоту, республиканы үөҕэрин туохха да уурбат улуутуйбут тойооску туох дууһалаах киһи буолуон сөбүй?!
Тохсунньу 12 күнэ, 1975 сыл.
Куттал!
Куттал диэн грипптээҕэр түргэнник тарҕанар сыстыганнаах ыарыы быһыылаах. Биир сатаан оҥоһуллубатах, түҥ-таҥ өйдөнөр ис хоһоонноох отучча строкалаах суруйуунан саба быраҕан, айдаан бөҕөнү тартылар: 5-6 киһи үлэтиттэн уһулунна, уонча киһи улахан сэмэҕэ тигистэ, сүүсчэкэ киһи итинтэн куттанан тэллэҕэ титирэс, идейнэйин көрдөрө сатыыр, чугастааҕы дьонун баһааҕырдар, хобулуур, иннигэр түбэспит кинигэлэртэн, хоһооннортон дьиэк була сатыыр, суох да буоллаҕына баар оҥорор…
Дьон, бэйэлээх бэйэлэрин күлүктэриттэн куттанан, сарахачыһаллар, куотар, быыһанар суол көрдөөн үрүө-тараа сырсыахайдаһаллар.
* * *
Мин бэрт өрдөөҕүтэ, “Башарин дьыалатын” куттала ааспытын кэннэ, “Куттал” диэн, бэйэм санаабар, бэрт хоһоону суруйбут эбиппин.
Куттал буруй төрүөтэ
Таҥнарыы – далаһата.
Кини эрэ сөрүөстэн
Дьон дууһатын намтатар.
Мин бу хоһооммун ити куттанар доҕотторбор, тойотторбор даҕаны ааҕан биэриэхпин баҕарабын.
Семен Данилов “Чахчылар
уонна санаалар” күннүгүттэн быһа тардыылар.
Василий АЛЕКСЕЕВ, “Горнай улууһунааҕы “Үлэ күүһэ” хаһыат эрэдээктэр-дириэктэрэ:
— Мин бэйиэт Семен Данилов “Дууһам докумуона” диэн күннүгэ баарын 80-c сылларга Мытаахха партком сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан билбитим. Бу күннүктэн быһа тардыылар “Чолбон” сурунаалга тахса сылдьыбыттара. Ол эрээри ол быстах түгэн буоларын билэн, бу күннүк туспа кинигэ тахсара буоллар диэн суруйааччы Николай Винокуровка-Урсуҥҥа этэн турардаахпын. Биирдэ Ньукулай Урсун: “Эн оннук санаалаах этиҥ. Күннүктэри барытын кинигэ оҥорон таһаарбаппыт дуо? Мин эйиэхэ тиксэрбит матырыйаалларбын ааҕан, көрөн-истэн, таҥан көрөҕүн дуо?” – диэн ыйыппытыгар: “Ылсан көрүөм”, — диэбитим. Тиэхиньиичэскэй үлэтин оҥоруохпун сөп эрээри, үбүлээһинэ ыарахан курдуга. Бастаан кинигэ оҥоһуллуон наада. Онтон салалтаҕа көрдөрөн, төлөбүрүн быһаарар буоллаҕыҥ. Кинигэни бэлэмнээн бүтэрэн баран, урбаанньыттарга үбүлээһиҥҥэ көмөлөһөллөрүгэр көрдөспүппүт. Дьоммут көрөн баран, өйүүбүт диэбиттэрэ. Онтон улуус баһылыгар Никита Андреевка көрдөрдүбүт. Никита Викторович тута үбүлээһинин уйунарга сөбүлэстэ. Онон бу кинигэ тахсыытыгар үбүлээһин былдьаһык курдук буолбута. Ол – кинигэ быдан тахсыан инниттэн дьон сыанабылын туоһута этэ. Кырдьык, оннук буолан таҕыста – билигин бу кинигэни хантан да булбаккын.
Мытаахха Семен Данилов кэриэһэ суруллан турар: “Мин “Дууһам докумуона” – дневнигим күн сирин көрөрө буоллар…” Саха норуотун ытыктыыр бэйиэтин бу тыллара мин өйбүттэн-санаабыттан арахсан биэрбэтэхтэрэ. Ону, хата, суруйааччы Николай Винокуров-Урсун үтүөтүнэн бу кинигэ тахсар дьолломмута. Киниэхэ көмөлөһөн, баҕа санаам туолбута.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru