Красноярскайдааҕы турнирга туһуламмыт Саха сирин көҥүл тустууга хамаандатын үөрэтэр-эрчийэр түмсүүтүн Өрөспүүбүлүкэ Спорка миниистирин бастакы солбуйааччыта, норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Семен Чердонов кыраҕытык кэтээн көрдө. Кини, улахан түһүлгэ иннинэ бөҕөстөрбүт туруктарын, быйылгы турнирга кимнээх судьуйалыылларын уонна тустууну сайыннарыыга сыһыанын туһунан “Саха сирэ” хаһыат үлэһитин ыйытыыларыгар маннык хоруйдаата.
Петр ПАВЛОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
— Иван Ярыгин аатынан турнир – саҥа олимпийскай цикл бастакы улахан күрэхтэһиитэ, — диир Семен Сергеевич. – Бу түһүлгэ түмүгүнэн Россия маҥнайгы нүөмэрдээх хамаандата сүүмэрдэнэр. Биһиги уолаттарбыт ааспыт олимпийскай циклы куһаҕана суох түмүктээтилэр. Ситиһиилэр да бааллар, Олимпиадаҕа даҕаны кыттыбыттара. Онон саҥа саҕаламмыт олимпийскай циклга биһиги ситиһиини күүтэбит. Красноярскайдааҕы турнирга ордук 57, 61, 65 кг ыйааһыннарга үчүгэйдик кыттыахтара диэн эрэнэбит. Уолаттар бэлэмнэрин көрдөххө, бары тустар туруктарыгар киирбиттэр. Кинилэр бэйэлэрин иннилэригэр туох-ханнык сыал-сорук турарын үчүгэйдик билэллэр дии саныыбын. Онон бары тустууну таптааччылар, спорду сэҥээрээччилэр сэмээр ситиһиини кэтэһэбит. Быйылгы Иван Ярыгин турнирын түмүгүнэн Россия сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар элбэх бөҕөспүт киирэригэр баҕарабыт.
— Тустууктары таһынан бу турнирга Саха сириттэн хас судьуйа кыттара быһаарылынна?
— Билиҥҥи кэмҥэ биһиги Сахабыт сиригэр тустуу күрэхтэһиитин тэриллиитигэр быһаччы үлэлии-хамсыы сылдьар норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах биэс судьуйалаахпыт. Кинилэртэн син эмиэ спортсменнар курдук, Россия сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирэн Николай Николаев уонна Аркадий Тастыгин – Ярыгин турнирыгар судьуйалыахтара.
— Оттон судьуйа Семен Чердонов СӨ Спорка миниистирин бастакы солбуйааччы буолан баран, инникитин күрэхтэһии судьуйалааһыныгар кыттыа дуо ыйытыы баар.
— Бары да спорт эйгэтигэр биир үлэни үлэлии, ыыта сылдьабыт. Бу да иннинэ үлэлээн кэлбит үлэбин салгыыр буоллаҕым дии. Онон сүбэлэһии-амалаһыы диэн элбэх. Россия судьуйалыыр хамаандатыгар син биир баарбын. Итинтэн хайдах да туора турбаппын, бииргэ үлэлэһэбин. Ол гынан баран, аны көбүөргэ тахсан судьуйалаабаппын.
— Билигин тустуу тула сүрдээх элбэх кэпсэтиилэр буола тураллар, уларыйыылар киириэх курдуктар. Ол туһунан тугу эмэ этэр кыахтааххын дуо?
— Хас Олимпийскай оонньуу кэнниттэр үгэс быһыытынан тустууга туох эмэ уларыйыылар киирээччилэр. Эһиги бэйэҕит билэҕит, уларытыыны тоҕо киллэрэллэрин, бу барыта тэлэбиидиэнньэ, бэчээт үлэһиттэригэр анаан киллэриллэр. Тоҕо диэтэргит, интэриэһи тартыннар, диэн. Ол иһин ити чэрчитинэн элбэх кэпсэтиилэр, сүбэлэр бара тураллар. Чопчу ханнык уларыйыы буоларын бу туран этэр кыаҕым суох. Ол эрээри, спортивнай тустууну билигин уларыйыыга, чопчулаан эттэххэ, сайыннарыыга тиэрдэ сатыыллар. Спортсменнары харыстаан, кинилэр доруобуйаларыгар оҕустарбаттарын туһугар ыйааһыны уларытыы буолуон сөп. Тоҕо диэтэргит, билигин бөҕөстөр ситиһии, кыайыы инниттэн наһаа элбэх ыйааһыннарын түһэринэллэр.
Өссө төгүл хатылаан этэбин, уларыйыылар тустарынан билигин кэпсэтии эрэ оҥоһуллар. Баҕар билиҥҥи быраабыла, балаһыанньа оннунан хаалыа. Мин көрүүбэр, билиҥҥи быраабыла үчүгэй курдук.
Петр ПАВЛОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru