2014 сыл. “Триумф” спорт киинэ. Мас тардыһыыга Аан дойду чемпионата буола турар. Билигин ким маһы бэйэтин диэки тардыбыт чемпион аатын ылар. Бу 21 эрэ саастаах Дмитрий олоҕор биир саамай эппиэтинэстээх, күүрээннээх киирсиитэ. Кини утарсааччытын уот харахха көрөн олорон, маһы сыыйа бэйэтигэр тардар. Ол аайы саалы толору тоҕо анньан кэлбит көрөөччүлэр “Дима! Дима!” диэн хаһытыыллара киирсиини өссө күүркэтэргэ дылы. Дима өр буолбата, маһы тардан ылла…
Онтон ыла сылтан ордук кэм ааста. Дмитрий Попов Аан дойду, Россия, Саха сирин хас да төгүллээх чемпиона, спорт маастара буолла. Кини тус олоҕун, дьарыгын, былаанын ааҕааччыларбытыгар кэпсиир.
— Мин Уус Алдан улууһун Сыырдаах нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Ааспыт сылга СГТХА юридическай факультетын ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Мас тардыһыыга тохсус кылааска үөрэнэ сырыттахпына, бастакы тренерим Семен Бурнашев дьарыктаан саҕалаабыта. Бииргэ төрөөбүт убайым Спиридон Попов көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга спорт маастара буолар. Кыра эрдэхпититтэн аҕабыт спортка уһуйбута. Билигин бу сотору кулун тутар ыйга ыытыллыахтаах мас тардыһыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирга, онтон тута муус устарга Россия чемпионатыгар кыттаары бэлэмнэнэ сылдьабын. “Дыгын оонньуларын” сүүмэрдиир күрэхтэһиитигэр кыттыахтаахпын. Онон туох баар күүспүн-уохпун мунньан, санаабын ууран туран күннэтэ дьарыктанабын.
Патриоппун
2014 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ чемпионата саамай умнуллубат күрэхтэһиим, онно бастакыбын өрөспүүбүлүкэҕэ кыайбыппын билиҥҥэ диэри долгуйа саныыбын. Ол кэнниттэн ааспыт сыл саҕаланыыта буолбут Иван Белолюбскай бирииһигэр Чемпион кубогар номнуо аатырбыт спортсменнары кытта илин-кэлин түһүспүтүм. Онно бастаабыппын эмиэ хаһан да умнуом суоҕа. Билигин миигин Петр Давыдов дьарыктыыр, Эрчим Баппаҕай диэн Россия чемпионун кытта бииргэ дьарыктанабыт. Кинилиин күрэхтэһиилэргэ атын ыйааһыҥҥа киирсэбит, бэйэм ыйааһыммар утарсааччыларбын кытта дьарыктаммаппын. Мас былдьаһар, күрэхтэһэр дьонум элбэх буоллаҕа дии, ол эрээри кими даҕаны чопчу “бу кини мин утарсааччым, кинини кыайыахтаахпын” диэн турунан туран дьарыктаммаппын. Мадьыны, бастатан туран, патриот буолуохтаах дии саныыбын. Төрөөбүт дойдутун, төрөппүттэрин ааттатыахтаах, ол иһин киирсиэхтээх. Киирсиигэ кыайарын туһугар барытын ууран туран дьарыктаныахтаах.
Киирсиини өйбөр оҥорон көрөбүн
Түһүлгэҕэ хайдах туттан-хаптан киирэргиттэн, көрөөччүлэри кытта дорооболоһоргуттан күрэхтэһии хаамыыта, түмүгэ тутулуктаах. Хайаан да испэр киирсии хайдах ааһарын оҥорон көрөөбүн. “Бу балаһыанньаҕа маннык утарылаһыам, утарсааччым албаһын маннык таайыахтаахпын, арай ол сатамматаҕына маннык гыныам” диэн бэлэмнэнэбин. Оттон кэмигэр утарсааччыбыттан ураты ким да суох. Ханна эрэ секундант хамаандата, тренерим сүбэтэ иһиллэн ааһарга дылы буолааччы. Бу кэмҥэ мин утарсааччым хараҕын көрөбүн, туох баар санаабын барытын бу киһиэхэ уонна маска уурабын. Манна биир да түгэни мүччү тутан көрбөккө хааллаххына, хотторуоххун сөп. Онон утарсааччым хас хамсаныытын барытын маныыбын.
Хотторор даҕаны үчүгэй
Арай хотторон хааллахпына улаханнык хомойбоппун. Урут саҥа мас тардыһар эрдэхпинэ, хоттордохпуна санаа бөҕөҕө ылларарым. Билигин кэлэн санаатахха, ол хотторуулар үчүгэйгэ эбиттэр быһыылаах. Төһө да кыһыйдарбын, тугу сыыстым диэн ырыҥалыы саныыбын. Ол алҕаһы аныгыс киирсиигэ хатылаабат гына, өссө күүскэ дьарыктанабын. Онон хотторор даҕаны үчүгэй өрүттэрдээх. Нэдиэлэ алта күнүгэр дьарыктанабын. Күнү быһа мас тардыһа-тардыһа олорбоппут, ол быыһыгар сүүрэбит, тренажернай саалаҕа эрчиллэбит. Мас тардыһыык кыахтаах, өйдөөх, баҕалаах, бэйэтигэр эрэллээх буолуохтаах. Баҕарбакка дьарыктанар, эрчиллэр киһиэхэ ситиһии кэлбэт.
Ыал буоларга ыксаабаппын
Үөрэммит үөрэҕим, баһылаабыт идэм син биир наадалаах, үйэм тухары мас тардыһа сылдьыбатым буолуо. Ол эрээри, ылсыбыт дьыалабын тиһэҕэр тиэрдэрбин сөбүлүүбүн. Онон билиҥҥитэ мин сүрүн дьарыгым, сыалым соругум – мас тардыһыыта. Бириэмэ барытын көрдөрүө. Билигин дьиэ кэргэн тэринэр туһунан толкуйдуур эрдэ дии саныыбын. Сорох кыргыттар хас эмит үрдүк үөрэхтэнэ, бизнес арыйа, карьера оҥосто сатыыллар. Оттон мин санаабар, бу олоххо кыыс сүрүн соругунан дьиэни-уоту көрүү, оҕолорун сөпкө иитии буолар. Сэмэй, чөл олоҕу тутуһар кыргыттары убаастыыбын.
Айтана АММОСОВА
Максим ТИХОНОВ хаартыскаҕа түһэриилэрэ