Сэллиги флюорография эрэ булар

14.10.2016
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиникатын ыарыыны сэрэтиигэ отделениетын сэбиэдиссэйэ, үрдүк категориялаах терапевт-быраас, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна Ефросинья Дьячковская ыарыыттан харыстанарга сүбэлэрин билиһиннэрэбит.

Сэллик – сыстыганнаах ыарыы. Ыарыы сэллик микобактериятыттан үөскүүр. Сэллик – сыстыганнаах эрэ буолбакка, уопсастыбаҕа тугунан да кэмнэммэт   хоромньуну аҕалар киэҥник тарҕаммыт социальнай ыарыы.

Сэллигинэн ыарыйдахха, биллэрин курдук, тыҥа бааһырар. Ону сэргэ   атын уорганнар: лимфоузеллар, бүөр, уҥуох систиэмэтэ, мэйии, көрөр уорганнар сутуллуохтарын сөп.

Сыстыы

Сэллигинэн ыарыһах киһиттэн, кыылтан (сэдэхтик да буоллар, көтөртөн эмиэ) сыстыахха сөп.

Тыҥата сэлликтээх киһи сөтөллөр, ытырдар, кэпсэтэр кэмигэр атыттарга сыһыарыан сөп. Сил микобактериялаах бытархай хааппылалара салгыҥҥа хас да чаас устата хаалаллар. Атын киһи бу салгыны эҕирийэн, ыарыыга сыстар кутталлаах.

Ыарыһах киһи дьиэ кэргэнэ, биир идэлээхтэрэ уонна доҕотторо ыарыыга сысталлара дөбөҥ. Ол да буоллар, микобактерияҕа сыстыбыттар үгүстэрэ тустаах кэмҥэ диэри ыалдьымыахтарын сөп. Оттон кэккэ ыарыылаах (бронхит, тыҥа, бүөр, саахарынай диабет, куртах бааһа), гормональнай терапиянан өр кэмҥэ эмтэнэр, ВИЧ вирустаах дьоҥҥо сэллигинэн ыалдьар куттал хас да төгүл улахан.

Хайдах билиэххэ?

– Ыарыыны эрдэттэн булар наадатыгар Манту боруобата оҥоһуллар. Бу боруоба «положительнай» буоллаҕына, фтизиатр-быраас сүбэтэ-амата наада.

Сэлликкэ аан бастаан сыстыы (инфицирование) суоҕун да иһин, ыалдьар кутталы кыччатарга сэрэтии үлэтэ ыытыллар. Ол эбэтэр «положительнай» боруобалаах оҕо 3-6 ый эмтэнэр, сыл устата фтизио-педиатр кэтэбилигэр сылдьар.

Улахан киһи сэллигинэн ыалдьарын-ыалдьыбатын билэр сүрүн ньыманан флюорографияҕа түһүү буолар.

Бэлиэлэрэ

– Быраабыла курдук, сэллик кыра формата тугунан да биллэрбэт уонна флюорографияҕа эрэ көстөр. Оттон киэҥник тарҕаммыт көрүҥэр ыарыһах уопсай туруга мөлтүүр, ыарытыйар, аҕылыыр, сөтөллөр, ырар, түөһэ ыалдьар, кыраадыһа тахсар. Сотору кэминэн хаанынан сөтөллүөн сөп.

Быраас киһи сэллигинэн ыалдьыбытын бигэргэттэҕинэ, кинини 3-5 күн иһигэр диспансерга ыытыахтаах. Кини манна хас да нэдиэлэ эмтэнэн, ыарыыта ааспыт курдук буолбутун да иһин, толору кууруһу барыахтаах.

Кэмигэр уонна ситэри эмтэммэтэххэ, сэллик антибиотиктарга бэриммэт ыарахан көрүҥҥэ кубулуйуон сөп.

Олорор сиргит поликлиникатыгар ФЛГ-га уһуллуҥ. Эмтиирдээҕэр сэрэтэр ордугун умнумаҥ.

Надежда ЕГОРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0