Учуонайдар саҥа арыйыылара
Саха сирэ кэнники сылларга аан дойдуга биллэр бэлиэлэриттэн биирдэстэринэн сэлии уҥуохтара, сэлии муоһуттан оҥоһуктар буоллулар. Сэлии уҥуоҕун, дэҥ кэриэтэ көстөр этин-сиинин, тириитин учуонайдар чинчийэн көрөн баран, ортотунан 11 тыһыынча сыл анараа өттүгэр имири эстибит харамайдарынан аахпыттара. Дьон мээнэ тиийбэт Арктика арыыларыгар (холобур, Врангель арыыларыгар) кыра ахсааннаах популяциялар 4 тыһыынча сыл анараа өттүгэр диэри тыыннаах тиийбиттэрэ дакаастаммыта. Бу чахчыларга олоҕуран сэлии суох буолуутугар киһи аймах сыһыаннааҕын туһунан сабаҕалааһын сүрүннүүр буолан кэлбитэ. Ол эрэн, соторутааҕыта ону утарар саҥа арыйыы оҥоһуллубута иһилиннэ.
СЭЛИИ ҮЙЭТЭ ЧУГАҺААН БИЭРБИТ
«Nature» сурунаалга бэчээттэммит научнай үлэ учуонайдар эйгэлэригэр улахан аптарытыаттаах, онно тахсар ыстатыйа элбэх рецензент нөҥүө ааһар, улахан чинчийии түмүгэр күн сирин көрбүт үлэ буолар. 2021 сыл алтынньытааҕы нүөмэригэр Эске Виллерслев бырапыассар салалтатынан үлэлээбит чинчийээччилэр бөлөхтөрө кэнники 50 тыһыынча сыл иһигэр үөскүү сылдьыбыт үүнээйилэр уонна харамайдар ДНК-ларын үөрэппит үлэлэрин түмүгүн таһаарбыт. Онно биир урукку сабаҕалааһыннары үрэйэр арыйыынан Таймыырга көстүбүт сэлии уҥуоҕун сааһа буолбут. Саҥа ньыманан чинчийии түмүгүнэн, бу кыыл быһа холоон 3 900 сыл (сыыһа барыыта + — 200) анараа өттүгэр тыыннааҕа суоттаммыт. Бу научнай арыйыы континентальнай Евразияҕа, дьон олоруон сөптөөх сиригэр сэлиилэр мэччийэ сылдьыбыттарын дакаастаабыт. Ол эбэтэр, түҥ былыргы кэм булчуттара уонна сэлии үөрдэрэ тыһыынчанан сыл биир сиргэ олорбуттара чахчыламмыт.
БЫЛЫРГЫЛАР СЭЛИИНИ БУЛТУУЛЛАРА ДУО?
Бу ыстатыйа өр сыллааҕы мөккүөрү саҥаттан күөдьүппүт. Уһун сыллар тухары сэлии көрүҥэ хайдах суох буолбутун туһунан наука эйгэтигэр уостубат мөккүөр салҕанан бара турар. Сүрүннүүр икки теория маннык ис хоһоонноохтор “сэлии үөрдэрэ эстиитигэр килиимэт уларыйыыта буруйдаах” уонна “сэлии суох буолбутугар сүрүн буруйу таас үйэ булчуттара сүгэллэр”.
Төһө даҕаны араас уруһуйдарга сэлиини бултуу сылдьар дьон баалларын иһин, учуонайдар эйгэлэригэр “дьон сэлиини бултууллара дуо?” диэн ыйытыыга мөккүөрэ суох эппиэт соторутааҥҥа кэмҥэ диэри суох этэ. Дьон олохсуйбут сириттэн палеонтологтар сүрүннээн кыыл сылгылар, табалар уҥуохтарын булаллар этэ, оттон сэлии уҥуоҕа дэҥ кэриэтэ көстөр этэ. Ол кэнниттэн Украинаҕа Гонцы сэлиэнньэ таһыгар 30 сэлии дьардьаматын туһанан тутуллубут улахан дьиэни булбуттара. Ол эрэн, былыргы дьон ол сэлиилэри бултаабыттарын туһунан дакаастабыл суоҕа. Холобур, биһиги үйэбитин өр кэм кэнниттэн чинчийдэххэ, “сэлии муоһун үгүстүк туттар, сэлиини өлгөмнүк бултуур дьон кэмэ” диэн сылыктыахха сөп. Былыр дьон сэлии муоһун, уҥуоҕун булан ылан туһаналлара буолуо диэн сабаҕалааһын эмиэ баар. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар Костенки диэн аатырбыт палеолитическай кэмнээҕи стоянка сириттэн ойоҕос уҥуоҕар таас бултуур сэбиргэлинэн оҥоһуллубут дьөлөҕөстөөх сэлиини булбуттара. Бу булумньу былыргы дьон сэлиини бултуулларын дакаастабыла буолбута. 2001 с. Дьааҥы өрүс кытыытыгар дьон олорбут сирдэрэ көстүбүтэ. Манна үс сэлии уҥуоҕар таас бултуур сэбиргэл хатаммытын
булбуттара. Бииригэр үҥүү уһугун кытта тостубут маһа көстүбүтэ. Бу булумньулар радиоуглероднай ньыманан 27—28,5 тыһ. сыл анараа өттүлэринээҕи буолаллара чопчуламмыта. Ити курдук, былыргы киһи өбүгэлэрэ сэлиини бултууллара олоччу дакаастаммыта.
СЫЛЫЙЫЫ ДУУ, БУЛЧУТТАР ДУУ?
Ол да буоллар, “сэлии эстиитин сүрүн сылтаҕа туох буолбутай?” диэн сүрүн ыйытыыга бу булумньулар толору хоруй биэрэр кыахтара суох. Киһи былыр былыргыттан араас кыылы бултаан айаҕын ииттинэр адьырҕа харамай. Ол эрэн, ол кэмнэртэн үөскээн кэлбит табаны, куобаҕы, эһэни, бөрөнү имири эспэтэҕэ көстөр.
Сэлии эстиитэ хоту эрэгийиэннэргэ дьон кэлбитин кытта биир кэмҥэ буолбута киһи аймахха “күлүк быраҕар” дакаастабыл курдук буолбута. Бэрт элбэх сиргэ дьон кэлиитэ сүүнэ кыыллар имири эстиилэрин кытта сөп түбэһэр. Австралияҕа 46 тыһ. сыл анараа өттүнээҕи кэм – бу дьон саҥа материкка кэлиилэрин кытта сөп түбэһэр кэм, бөдөҥ кыыллар (мегафауна) 90% бэрт кылгас кэм иһигэр имири сүппүттэр диэн сабаҕаланар. 11 тыһ. сыл анараа өттүгэр Берингия нөҥүө Хотугу Америкаҕа дьон тиийиитэ эмиэ олохтоох мегафауна сүтүүтүн кытта сөп түбэһэр.
“Дьон мегафауна сүтүүтүгэр буруйдара дуона суох” диэн сабаҕалааччылар сүүнэ кыыллар сүтүүлэрэ сүрүннээн килиимэт сылыйыытын кытта сибээстээҕин ыйаллар. Киһи аймах саҥа сиргэ тарҕаныыта эмиэ сылыйыыны кытта сибээстээх, онон кыыл эстиитэ уонна киһи кэлиитэ биир төрүөттээх буолар дииллэр. Ол эрэн, маны утары этии баар – икки-үс мөлүйүөн сыл иһигэр хас даҕаны күүстээх сылыйыыны туораан кэлбит көрүҥнэр тоҕо бүтэһик сылыйыыттан сүппүттэрий? Үҥүүнү, таас кырыылаах сэбиргэли айбыт икки атахтаахтар кэлбиттэриттэн буолаарай?
Биир кэмҥэ киһи аймаҕы “көмүскээччилэр”, сэлии курдук модун кыылы дьон бултуур кыаҕа суох, тириитэ халыҥ, күүһэ тэҥнэммэт улахан диэн дакаастыыллара. Ол эрэн, бу сабаҕалааһын олоҕо суоҕа көстөр. Бастатан туран, Африкаҕа пигмейдэр биис уустара билигин даҕаны слоннары бултууллар. 5 туоннаҕа тиийэ ыйааһыннаах кыылы киһи аймах саамай кыра уҥуохтаах бэрэстэбиитэллэрэ атаҕын иҥиирин быһан, эбэтэр иһин үҥүүнэн өтөрү анньан бултууллар. Иккиһинэн, былыргы таас сэбиргэллэргэ 2,5 миэтэрэҕэ тиийэр уһуннаах үҥүүлэр көстүбүттэрэ. Маннык сэбиргэл табаны, сылгыны бултуурга соччо табыгаһа суох, арай кутталлаах кыылы ыраахтан анньарга туһалаах буолуон сөп. Даҕатан эттэххэ, пигмейдэр 2,1 миэтэрэ уһуннаах онно майгынныыр үҥүүнү слону бултуурга туһаналлар. Онон дьон сэлиини бултаабыттара туох да саарбаҕа суох.
САҤА АРЫЙЫЫ СУОЛТАТА
Ханнык баҕарар харамай эстэр кэмнээх. Сэлии сүтүүтүн таабырына, сыыйа буолбакка, кылгас кэм иһигэр “эмискэ” сүтүүтүгэр сытар. 11 тыһыынча уонна 3 900 сыл бэрт уһун кэми хабар. Онон саҥа арыйыы биир улахан чопчулааһыны киллэрэр – сэлии уонна киһи хас даҕаны тыһыынча сыл кэккэлэһэ олорбуттар, онон булт түмүгэр кыдыйыы диэн сабаҕалааһын бэрт улаханнык саарбахтатар. Оччоҕо туох сэлии көрүҥүн имири эспитий? Ыстатыйаны таһаарбыт чинчийээччилэр салайааччылара Эске Виллерслев маннык суруйар:
“Биһиги чинчийиибит сэлии эстиитин сылтаҕынан килиимэт уларыйыыта буолбакка, килиимэт олус түргэнник уларыйыыта буолбутун көрдөрөр. Сылыйыыттан сылтаан өлгөм ардах, хаар түһэр буолбут, онон үүнээйи көрүҥнэрэ уларыйбыттар, түһэр хаар халыҥаабыт. Бу уларыйыы олус түргэнник буолан, сүүнэ улахан харамайдар сатаан түргэнник адаптацияламматахтар, онон суорума суолламмыттар.
Кыра хаардаах, өлгөм үүнээйилэрдээх истиэп туундара муоҕунан сабыллыбыт туундараҕа кубулуйбут, бу уларыйыы сэлиигэ улахан кыһалҕа буолбут. Кыра-кыра арыылаах хаалбыт истиэп туундара сирдэргэ бүтэһик сэлиилэр хаалбыт кэмнэригэр
киһи аймах цивилизация тутуутун саҕалаабыт, пирамидалар дьэндэспиттэр, киһи тиийбэтэх муннуктара Сиргэ суох буолбут.
ТҮМҮККЭ
Биллэн турар, түҥ былыргы аарымалар дьылҕаларын туһунан мөккүөргэ бүтэһиктээх быһаарыы тахсара өссө даҕаны эрдэ. Сылтан сыл саҥа булумньулар көстөллөр, чинчийии ньымалара сайдан иһэллэр. Наука сайдыытын тэтимэ киһини сөхтөрөр. Оннооҕор клоннааһын ньыматынан түҥ былыр эстибит харамайдары сөргүтэргэ холонуулар бааллар буолбаат! Сэлии уҥуоҕа, оннооҕор этэ-сиинэ көстөр Саха сирэ бу чинчийиигэ улахан сабыдыаллаах буолуоҕа. Онон бу үйэҕэ олорор дьон өссө даҕаны элбэх киһи соһуйар арыйыыларын истиэхпит, баҕар, уу харахпытынан көрүөхпүт диэн бигэ эрэл баар.
Егор КАРПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Уруһуй rg.ru ылылынна