Норуот маастардарын күнүгэр ыытыллыбыт саха кыһыҥҥы таҥаһын көрдөрүүгэ сэлэлээн хаамыыга өрөспүүбүлүкэ 24 улууһуттан кэлэн кыттыыны ыллылар.
edersaas.ru
Өскө киин куораттан чугас улуустар араас уопсастыбаннай тэрилтэлэрин иистэнньэҥнэрэ, норуот маастардара хото кэлэн кыттыбыт буоллахтарына, ыраах хотугу улуустартан оннук кыах суох. Ол эрээри «баҕарыаххын эрэ наада, ол хайаан да туолар» санаанан салайтардаххына, ырааҕы да чугаһатарыҥ, баары да суох оҥороруҥ чахчы. Онон атын улуустарга холобур буолаарай диэн, Өймөкөөн улууһун дэлэгээссийэтэ хайдах бэрт ыраахтан кэлэн, бу улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттыбытын бэлиэтииргэ сананным.
Сэлэлээн хааман иһэр холуонналар ортолоруттан: «Туймаада хочотун дьоллоох Дьокуускай куорат олохтоохторугар Тымныы полюһа — Өймөкөөн улууһуттан уруй-айхал!» — диэн эдэр эрчимнээх куолас айхаллааһына үгүс киһи болҕомтотун тарта.
Бу өймөкөөннөр күтүөттэрэ, Чурапчыттан төрүттээх Альберт Николаев. Кини Сордоҥноох нэһилиэгэр Култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта. Улуус холуоннатын иннигэр Өймөкөөн улууһун Тымныы полюһун Ымыыта муус маҥан Таба «устан» иһэрэ — этиэхтэн кэрэ көстүү!
Өймөкөөн улууһун дэлэгээссийэтэ сэлэлээн хаамыыга хайдах тэринэн кэлбитин туһунан улуустааҕы Култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцеваттан кэпсииригэр көрдөстүм.
— 2017 сыллаахха Арктическай институт айар куттаах педагогтара кыттыылаах «Тымныы полюһугар кыһыҥҥы таҥас эстетикэтэ» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы сэминээри тэрийэн ыыппыппыт. Онно Духуобунас академига, социологическай наука доктора Ульяна Винокурова, аатырбыт модельер Августина Филиппова, Финляндияттан, Уус Алдан уонна Таатта улуустарыттан норуот маастардара, иистэнньэҥнэр кэлэн кыттыбыттара. Кинилэр улууспут дьахталларын мунньан олорон кыһыҥҥы сону, бэргэһэни тигиигэ анаан маастар-кылаас ыыппыттара. Ол кэнниттэн биһиги «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» кыһыҥҥы туризм өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлин ыытыыга иистэнньэҥ дьахталларбытын көҕүлээн, 50 тыһ. солк. бириэмийэ олохтоон, сыл аайы кыһыҥҥы таҥас күөн күрэһин ыытабыт. Онон бу хас да сылы быһа тэрээһиннээхтик ыытар үлэбит түмүгүн көрдөрөөрү Норуот маастарын күнүгэр иистэнньэҥнэрбит үлэлэрин билиһиннэрдибит.
Ол эбэтэр өрүү бириистээх миэстэлэргэ тиксэр кыһыҥҥы таҥастары тигэр ааптар-иистэнньэнэртэн бэйэлэриттэн уларсан кытыннардыбыт. Култуура управлениетын исписэлииһэ Иванна Максимова уонна Томтордооҕу Култуура дьиэтин костюмера Анисья Винокурова Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Елена Репина, Томтортон Фекла Сивцева, Сордоҥноохтон Мария Максимова үлэлэрин тус бэйэлэрин эппиэтинэстэригэр ылан, 12 кыһыҥҥы таҥаһы сэлэлээн хаамыыга кытыннардылар.
Таҥастары улуустааҕы землячество, «Өймөкөөн» кэммиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ уонна устудьуоннар кэтэн, сэлэлээн хаамыыга кыттыыны ыллылар. Түгэнинэн туһанан, Анисья Винокурованы анаан командировкалаан ыыппыт Томтордооҕу култуура дьиэтин салалтатыгар, Сордоҥноохтооҕу Култуура дьиэтин уус уран салайааччыта Альберт Николаевка, Үчүгэй ыччаттарын аатыттан кыттыбыт Динара Заболоцкаяҕа уонна төрөөбүт улуустарыгар үтүөнү баҕаран, сэлэлээн хаамыыга кыттыбыт патриоттарга — биир дойдулаахтарбытыгар барҕа махталбын тиэрдэбин. Быйыл Өймөкөөн улууһа 100 сылын туолар бэлиэ үбүлүөйүгэр Дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар кинилэр Тымныы полюһун Өймөкөөнү дорҕоонноохтук ааттаттылар, — диэн Аксинья Семеновна санаатын үллэһиннэ.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ дьону түмэ тарпыт, «Өймөкөөн» кэмиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэрилтэ бырабылыанньатын чилиэнэ, улуус актыбыыс уопсастыбанньыга Валентина Прокопьева сэлэлээн хаамыыга хайдах кыттыбытын бу курдук кэпсиир:
— Мин улуустааҕы Култуура управлениетыттан көрдөспүттэригэр дьүөгэлэрбин Екатерина Боярованы, Екатерина Докторованы кытталларыгар көрдөспүтүм. Устудьуон оҕолорбут спортивнай күрэхтэһии буоллун, култуурунай тэрээһин буоллун, өрүү кыттан өйүүллэр.
Мин бэйэм аҕыйах ахсааннах норуот — эбээн омугун бэрэстэбиитэлэ буоларым быһыытынан, таба тыһыттан оҥорон тикпит сарыы соммун кэтэн, сэлэлээн хаамыыга кыттыстым. Бу таҥаспын мин бары суолталаах бырааһынньыктарга кэтэбин.
Сэлэлээн хаамыыга кыттыбыт Екатерина Боярова маннык тэрээһиҥҥэ быйыл аан бастакытын кыттыбыт.
— Мин Өймөкөөнтөн Елена Репина тикпит кыһыҥҥы таҥаһын кэтэр чиэскэ тигистим. Онон өрөспүүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһиҥҥэ тус бэйэм кылааппын киллэрбит курдук сананным. Илиинэн тигиллибит кыһыҥҥы таҥас хаачыстыбата, көстүүтэ — оһуобай! Сэлэлээн хааман иһэн, аттыбар сылдьар Нам улууһун иистэнньэҥнэрин таҥаһын үөрэтэн көрдүм. Аны хоту улуустар таба тириититтэн тигиллибит саҕынньахтара бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат тигиилээх, оһуордаах-мандардаах эбиттэр. Онон бу сэлэлээн хаамыы миэхэ бэрт үгүһү биэрдэ. Аны да сыл аайы бэйэм баҕабынан кыттыыһыбын диэн санааҕа кэллим. Улууһум иистэнньэҥнэригэр Өймөкөөн курдук ыраах сиртэн таҥастарын ыытан кытыннарбыттарыгар махталбын тиэрдиэм этэ, — диэн Екатерина Поликароповна бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
Ити курдук, Тымныы полюһа Өймөкөөн курдук бэрт ыраах сиртэн бэйэлэрин иистэнньэҥнэрин үлэлэрин пропагандалаан, Өймөкөөн улууһунааҕы Култуура управлениетын салалтата сыл аайы ыытыллар үлэ түмүгүн билиһиннэрбитэ хайҕаллаах суол. Эһиил Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо Ыһыаҕа ыытыллар. Онон өймөкөөннөр бары тэрээһиннэргэ кыттан, билиҥҥиттэн бэйэлэрин билиннэрэллэрэ, көрдөрөллөрө биһирэнэр эрэ.
Мин санаабар, өймөкөөннөр курдук өрөспүүбүлүкэ улуустара бары бэйэлэрин иистэнньэҥнэрин үлэлэрин өйөөн, кинилэртэн көҥүллэтэн аҕалан, киэҥ араҥаҕа билиһиннэрдэхтэринэ, эһиил быйылгытааҕар элбэх саха таҥаһа сэлэлээн хаамыыга кыттыаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.