Сэлэлээн хаамыы – бырааһынньыктааҕы өрөгөй киэргэлэ  

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр сэлэлээн хаамыыга улуустар түмсүүлэрэ актыыбынай кыттыыны ыллылар.

Сүрүннээн устудьуон ыччат кыттыыны ылбыта — сарсыҥҥыбыт кэскиллээҕин туоһута.

Араас омук дьоно бииргэ хаамсан ньыгыл кэккэнэн  иһэллэрэ – Саха сирин бүгүҥҥү сомоҕолоһуутун, эйэлээх олоҕу бииргэ уһансарын  көстүүтэ.

Хаһан буоларын курдук, култуура үлэһиттэрэ — инники күөҥҥэ.

Тыйаатырдар, цииркэ үлэһиттэрэ табалыын, артыыстыын бары тахсыбыттар.

Бырааһынньыкка үлэлэринии, ох курдук оҥостон тахсыбыттар эмиэ бааллар.

Бу барыта — сэлэлээн хаамыыны олус киэргэттэ, сонун тыыннаата.

Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева Саха сирэ үйэлээх үбүлүөйүн олус астынан бэлиэтээтэ, доҕотторун көрүстэ.

—  Саха сирин олохтоохторо бу күн бииргэ түмсэн, төрөөбүт дойдубутугар «уруй-айхал» этэн, өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүн ньыгыл кэккэнэн сэлэлээн хааман,  сомоҕолоһуубутун көрдөрөн бэлиэтээтибит. Бүгүн — өрөгөй күнэ. Сахам сирин дьонун-сэргэтин өр күүппүт бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлиибин! — диэн норуот дьокутаата бэйэтин эҕэрдэтин тиэртэ.

Ити курдук, Саха дьоно Өрөспүүбүлүкэ күнүн, Саха АССР 100 сылын өрө көтөҕүллэн бэлиэтээтилэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат. 

Хаартыска уонна видео — ааптар түһэриитэ уонна устуута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0