Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр сэлэлээн хаамыыга улуустар түмсүүлэрэ актыыбынай кыттыыны ыллылар.
Сүрүннээн устудьуон ыччат кыттыыны ылбыта — сарсыҥҥыбыт кэскиллээҕин туоһута.
Араас омук дьоно бииргэ хаамсан ньыгыл кэккэнэн иһэллэрэ – Саха сирин бүгүҥҥү сомоҕолоһуутун, эйэлээх олоҕу бииргэ уһансарын көстүүтэ.
Хаһан буоларын курдук, култуура үлэһиттэрэ — инники күөҥҥэ.
Тыйаатырдар, цииркэ үлэһиттэрэ табалыын, артыыстыын бары тахсыбыттар.
Бырааһынньыкка үлэлэринии, ох курдук оҥостон тахсыбыттар эмиэ бааллар.
Бу барыта — сэлэлээн хаамыыны олус киэргэттэ, сонун тыыннаата.
Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева Саха сирэ үйэлээх үбүлүөйүн олус астынан бэлиэтээтэ, доҕотторун көрүстэ.
— Саха сирин олохтоохторо бу күн бииргэ түмсэн, төрөөбүт дойдубутугар «уруй-айхал» этэн, өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүн ньыгыл кэккэнэн сэлэлээн хааман, сомоҕолоһуубутун көрдөрөн бэлиэтээтибит. Бүгүн — өрөгөй күнэ. Сахам сирин дьонун-сэргэтин өр күүппүт бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлиибин! — диэн норуот дьокутаата бэйэтин эҕэрдэтин тиэртэ.
Ити курдук, Саха дьоно Өрөспүүбүлүкэ күнүн, Саха АССР 100 сылын өрө көтөҕүллэн бэлиэтээтилэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыска уонна видео — ааптар түһэриитэ уонна устуута.