Сэдэх идэлээх Изабелла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Изабелла диэн бэрт кэрэ ааттаах саха Кэрэ куота сыбаарсык идэтин талан үлэлээбитэ быйыл 40-с сылын бэлиэтиирин киһи истэн сөҕөр эрэ.

Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө, эр киһи үлэтин муҥутуурдук баһылаабыт Изабелла Герасимованы кытта үлэ-хамнас, олох-дьаһах туһунан ирэ-хоро сэһэргэстибит.

Оһох уотуттан саҕыллыбыт идэ 

— Изабелла Егоровна, эн дьахтар киһи, сыбаарсык идэтин хайдах талбыккыный? Оҕо эрдэхтэн кыра кыысчаан учуутал, эмчит, иитээччи буола оонньуур буоллаҕына, эн оҕо сылдьан тимири иһэрдэ оонньуур этиҥ дуо?

— Киһи оҕо сылдьан ханнык идэни таларын эрдэттэн биттэнэр дииллэрэ кырдьык эбит. Мин кыра эрдэхпинэ наар оһох уотун кыымыттан харахпын араарбат айылгылаах этим. Өр да өр одуулаан олорооччубун. Дэлэҕэ да эбээм мөҕүө дуо: “Оо, бу кыыс эмиэ уот иннигэр кэлэн олорор. Тоҕо бэрдэй, уоттан арахсыбата! Аньыы даҕаны…” Оһох уотун кыыма миигин оннук угуйара. Оччолорго сы­­баарка диэн тугун да билбэт буоллаҕым. Ол оҕо сааспар оһох уотуттан саҕыллан, билигин тимиргэ уот кыымын иһэрдэр идэлээхпин.

Үлэттэн дьоллонуу 

— Идэҕин хайдах талбыккыный?

— “Оскуола—производство— үрдүк үөрэх” хамсааһыҥҥа кыттыһан, арыы сыаҕар үлэлээн баран, дьүөгэлэрбин батыһан, Нам улууһун Граф Биэрэгин СПТУ-тугар тиийбитим. Онно сыбаар­сыкка үөрэнэ киирбитим. Оччолорго бу идэ туһунан өйдөбүл да суоҕа. Үөрэхтэниэхтээхпин диэн санааттан киирдэҕим буолуо. Бөлөхпүтүгэр түөрт кыыс этибит.

— Кыыс киһи үөрэххин ыарырҕаппат этиҥ дуо?

— Газоэлектросыбаарсык идэтигэр бэркэ тартаран үөрэммитим. Бу санаатахха, кыыс киһиэхэ тимир арааһын үөрэтии салгымтыа­лаах да, ыарахан да буолуох курдук. Оттон миэхэ үөрэх-үөрэх курдук этэ. СПТУ-ну бүтэрээт, Уус Алдан Бороҕонугар ананан тиийбитим. Онно аҕыйах кэм үлэлии түһээт, 1981 сыл кулун тутарга дойдубар Мэҥэ Хаҥаласка кэлэн, Майаҕа «Мэҥэ-строй» ПМК-875 тэрилтэҕэ газоэлектросыбаарсыгынан үлэлии киирбитим. Оччолорго улуус киинигэр тутуу тэтимнээхтик барар буолан, эбийиэктэргэ үлэ баһаам этэ. Кыһын тымныыга саахалламмыт ититии тиһигин иһэрдии да ханна барыай? Билигин сүрүн үлэм – тиэхиньикэ өрөмүөнэ: массыына уонна тыраахтар саппаас чаастарын иһэрдии. “Болгарка” үйэтэ буолан, үлэлииргэ быдан чэпчэки.

— Үлэҥ туох ыарахаттардааҕый?

— Наһаа тыастаах-уустаах үлэ. Сүрүннээн массыына анныгар сытан үлэлиибин. Омос көрөр киһи “туох уустук үлэтэй?” диэн сөп да, мин үөрэнэн хаалбыппын. 40-ча сылы быһа өрө көтөҕөн үлэлиир буолан, илиим сыла­йар. Сарсыарда 8 чаастан киэһэ 5 чааска диэри үлэлиибин. Киһиэхэ үлэттэн ордук күндү суох. 60-мун ааһыахпар диэри үлэлии сылдьарым наһаа үчүгэй.

Өрөбүлбэр кытта үлэҕэ өрүү бэлэм сылдьабын. “Суһал наада буолла” диэн хаһан баҕарар ыҥыран ылыахтарын сөп. “Мин бүгүн өрөбүлүм” диэн куотунар кыаҕыҥ суох. Уоппускаҕа олордохпуна кытта ыҥырыахтарын сөп. Гараас сыбаарсыга соҕотох буолан, үлэм эппиэтинэстээх.

“Кэлэктиибим – олоҕум күндү бэлэҕэ”

— Мин санаабар, эр дьон кэлэктиибигэр соҕотох дьахтар үлэлиирэ олох ураты эйгэ буолуох курдук…

— Суох, доҕоор, олох үчүгэй эйгэ! Бастаан үлэлиирим саҕана “балтыбыт” диэн ыҥыраллара. Саастаах дьон буолан, эдэр исписэлииһи олус өйүүллэрэ. Мэхээнньиктэр батыһыннара сылдьан көрдөрөн сүбэлииллэрэ. Билигин ытыктанар аатым ­“эдьиийбит” диэн. 40-чалаах уолаттары аны бэйэм батыһыннара сылдьан үөрэтэбин, үлэҕэ такайабын.

— Сэбиэскэй кэми кытта билиҥҥи кэми тэҥтээххэ, туох ураты баарый?

— Биһиги саҕанааҕы ыччаттарга холоотоххо, олох ураты өйдөөх-санаалаах көлүөнэ кэмэ кэллэ. “Чөл олох” диэн баран муннукка ытаабыт дьон. Дьикти үлэһит оҕолор. Мин санаабар, олоххо бу маннык сыһыан дьиэ кэргэнтэн саҕыллар. Аныгы үйэ үчүгэй өрүтэ барыта мин эдэр кэллиэгэлэрбэр баар. Кэлэктииппитигэр бырааһынньык олох арыгыта суох, бэһиэлэйдик барар. Аны оҕолорум бу булчуттарын! Эдьиийдэрэ куһу, балыгы Мэҥэҕэ бастакынан амсайабын быһыылаах. Бары булт аһыттан хайаан да кэһиилээх кэлэллэр. Дьэ, мин соҕотох дьахтар буолан, булт сезонун саҕана күннүүбүн.

— Кэлэктиипкитигэр төһө киһи баарый?

— 40-ча буолуохпут. Миэхэ кэлэктиибим – дьылҕам бэлэҕэ. Эр дьону кытта үлэлиир буолан, ордук күүстээх аҥаардары кытта уопсай тылы дөбөҥнүк булабын. Дьахтар кэлэктиибэ диэни билбэтэх киһибин.

— Эйиигин гарааска тимир иһэрдэ сылдьаргын бастаан көрбүт туора киһи соһуйара буолуо?

— Итиннэ сыһыаннаах көрүдьүөс түгэн баар ээ. Биир инженер уолбут кэпсиир: “Саҥа үлэҕэ киирбит киһи дьону кытта билсэ олордохпуна, арай хоско биир түөтэ киирэн кэллэ уонна дьиэлээх киһилии, эр дьону кытта холкутук үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэн барда. Соһуйан: “Ити тугу гына кэлбит дьахтарый?” — диэн ыйыппыппар, — Биһиги сыбаар­сыкпыт дии”, — диэбиттэригэр, ах барбытым…”

Дьиэ кэргэнэ — сирдээ5и дьоло 

— Изабелла Егоровна, дьахтар киһи айылгыҥ син биир өтөрө буолуо ээ?

— Үлэбиттэн кэллэрбин, иэримэ дьиэ хаһаайката, ыал тапталлаах ийэтэ уонна эбээтэ буола түһэбин.

Икки уол оҕолоохпут, түөрт сиэннээхпит. Икки сиэним – усту­дьуоннар. Билигин таас дьиэҕэ олорор буолан, сибэкки эрэ үүннэрэбин. Оттон мас дьиэҕэ олорор эрдэхпитинэ, тиэргэн барыта оҕуруот, сибэкки буолара. Саамай сөбүлүүр сибэккилэрим — глоксиния уонна фиалка. Иистэнэрбин сөбүлүүбүн. Этэрбэс уонна бэргэһэ тигэбин. Син биир дьахтар дьахтар курдукпун (күлэр).

— Дьахтар, ийэ, эбээ быһыытынан бу Орто дойдуга “баҕарбыппын барытын ситтим” диир кыахтааххын дуо?

— Киһи тыыннааҕын тухары “олохпор барытын ситистим“ диирэ саарбах. Төһөнөн сааһыран, олоххо уопутуран иһэҕин да, син биир туох эрэ уратыны, уһулуччулааҕы баҕарарыҥ күүһүрэн иһэр курдук. Өссө маны ситиспит киһи, маны ылбыт эбэтэр оҥорбут киһи диэн былаанныыгын. Ити курдук баҕа санааҥ бииртэн биир тахса турар.

Ол ону ситиһэ, толоро сатыыр туһугар күннэтэ түбүгүрэҕин. Ол буоллаҕа дии олох диэн! Мин сирдээҕи дьолум – дьиэ кэргэним. Кинилэр тустарыгар олорор буоллаҕым.

... Бу интервьюну ылаары, Изабелла Герасимоваҕа хас да күн эрийдим. Дьоруойум төлөпүөнүн ылбат да ылбат. Кэлин билбитим, үлэ чааһыгар суотабайын гараас “кыһыл муннугар” хаалларан барар эбит. Буолумуна, үлэтэ аралдьыйарга анамматах ­буоллаҕа. Изабелла Егоровна улууһугар бэркэ убаастанар киһи. Киниэхэ 2017 сыллаахха “Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо” суолталаах аат иҥэриллибит. Бу — Изабелла Герасимова үлэтигэр бэриниилээҕин, ситиһиитин үрдүк сыанабыла.

Кэлэн иһэр Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн дьахтарга бэрт сэдэх идэлээх Изабелла Герасимованы истиҥник эҕэрдэлиибит. Санаабытыҥ барыта кэмигэр туолан истин, Изабелла Егоровна!

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Изабелла Герасимова дьиэтээҕи архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0