Сэдэх идэҕэ үөрэтэр Надежда Корнилова

Ааптар: 
26.06.2019
Бөлөххө киир:

Кырдьыгын эттэххэ, Арассыыйаҕа орто үөрэх кыһатыгар туоһунан иискэ соҕотох уһуйааччы Саха сиригэр олорорун соһуйа истибитим. Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр искусство кэллиэһин преподавателэ Надежда Корнилова — бүгүн биһиги ыалдьыппыт.

edersaas.ru


Надежда Егоровна, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэриҥ буоллар.

— Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгэр 12 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 1969 сыллаахха күн сирин көрбүтүм. Оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуур ыралааҕым. Улахан дьон туоһуластаҕына: “Улуу худуоһунньук буолуом, Ленинград куоракка үөрэниэм”, — диэн тыллааҕым. Ити ылбычча буолбатах эбит. Төрөппүттэрбит “Огонек” сурунаалы суруталлара. Сурунаал ортотугар худуоһунньуктар үлэлэрин кыбыппыт буолаллара. Уһуйааҥҥа сылдьар кэммэр кыайан аахпат буолан, ол уруһуйдары көннөрү харахпынан эрэ көрөрүм. Оскуолаҕа киириэм иннинэ Леонардо да Винчи, Микеланджело курдук улуу худуоһунньуктар баалларын билэ улааппытым. Онон бэйэбин өйдүөхпүттэн уруһуйдуубун. Ахсыс кылаас кэнниттэн ийэбиттэн көрдөһөн-көрдөһөн, элэ-была тылбын этэн, үөрэххэ туттарса кэлбитим. Төҥүлүтээҕи орто профессиональнай-тэхиньиичэскэй училищены, онтон Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр искусство училищетын, кэлин А.И.Герцен аатынан Санкт-Петербурдааҕы педагогическай университеты бүтэрбитим.

Туоска сыстыы

— Туоһунан иистэнэргэ хайдах үөрэтэр буолбуккунуй?

— Туос туһунан букатын өйбөр да оҥорон көрбөт этим. Маастардары эҥин кытта үгүстүк, чугастык алтыстаҕым дии. Бэйэм таҥас-сап өттүгэр элбэхтик хасыһан үлэлээбитим.

Кэллиэскэ миэстэ тахсыбытын истэн дириэктэргэ киирбиппэр, маастар буолбатаҕым да иһин устудьуоннары кытта үлэлииргэ уопуттаах, худуоһунньук, үрдүк үөрэхтээх педагог буоларым быһыытынан, толкуйдаан көрөн баран үлэҕэ ылбыта. Тоҕо диэтэххэ, туоһунан иистэнэр маастардар анал худуоһунньук идэлэрэ суох. Туос үлэтэ уустугун оччолорго, чахчы ситэ өйдөөбөт этим. Көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктар айыллан тахсалларын биһирии, сонургуу көрөрүм. Ол курдук, киирэн хааллым. Ханна даҕаны хайдах үөрэтэр туһунан докумуон суох буолан, барытын саҥаттан саҕалаабытым. Бырагыраама баара эрээри, хаттаан оҥорбутум. Элбэхтик хасыһан ааҕан, үгүс маастардары кытта көрсөн кэпсэтэн, түмэллэргэ сылдьан, үлэм былаанын оҥостубутум. Санкт-Петербурга үөрэммитим манна улаханнык туһалаабыта. Билигин оҕолорбун кытта араас быыстапкаларга, куонкурустарга кыттабыт. Туос салаата аһыллыбыта баара-суоҕа биэс сыл буолла эрээри, номнуо ситиһиибит, үлэбит үгүс. Ол курдук, “Сокровища Севера” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаттан икки төгүл “Анал бирииһинэн” уонна кубогынан наҕараадаланныбыт. Быйыл Кемерово куоракка баран үөрэнээччим Аня Алексеева орто анал үөрэхтэр устудьуоннарын ортолоругар уустаан-ураннаан оҥорор көрүҥ куонкуруһугар үһүс миэстэни ылла. Бүтүн Арассыыйатааҕы Ыччат XVIII Дельфийскэй оонньууларыгар дипломунан наҕараадаланна.

Хас биирдии устудьуон маҥнайгы кууруска киирээт даҕаны технологическай каарта оҥостор. Тута иистэнэн барбаттар. Маҥнай сиик арааһын, салгыы туох үнүстүрүмүөн туттулларын, туоһу хайдах хастыыр, таҥастыыр туһунан сиһилии көрдөрөн суруналлар, барыл (эскиис) оҥостоллор. Аны ону кээмэйдээн, маҥнай хор­дуоҥҥа быһан тигэн көрөллөр. Макет табыллыбытын эрэ кэннэ туоска ылсаллар. Үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр. Ол эрээри, умсугутуулаах дьарык. Маҥнайгы кууруска кэлбит оҕолор бастаан утаа туоһу улахаҥҥа уурбаттар. Сыыйа тутан, иистэнэн бардахтарына, ууларыгар-хаардарыгар киирэллэр. Иккис курдук, иистэнэргэ уустук, тулууру, дьулууру эрэйэр.

Соҕотох үөрэтээччи

Арассыыйа курдук улахан дойдуга анаан-минээн үөрэппэттэрэ интэриэһинэй эбит дии.

— Арассыыйа үрдүнэн бастакы бөлөхпүт. Араас эбии үөрэхтээһин, куруһуоктар, куурустар педагогтарын ахсааннарын ааҕан ситиллибэт. Саха сиригэр биирдиилээн иистэнэр, тарбахха баттанар маастардар элбэхтэр. Уонна биир үксүн туос Моҕол Ураһа тутулларынан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тигэр дьон үксээтэ. Улахан дьыалаҕа бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэргэ бэлэмнэр. Ол эрээри, орто анал үөрэх тэрилтэтигэр үөрэммит, туос маастардара буолалларын туоһулуур дипломнаах биһиги эрэ оҕолорбут бааллар.

Сүбэһит дьоммут, уһуйааччыларбыт элбэхтэр. Ол курдук, оҕолор сатабылларын сайыннарар инниттэн “Симэх” норуот искусствотын киинин (дириэктэр Александр Николаевич Гоголев) кытта кыттыһан научнай-чинчийэр эспэдииссийэ тэрийбиппит. Инникитин бу эспэдииссийэни иилээн-саҕалаан ыытар былааннаахпыт. Устудьуоннар маастарыстыбаларын үрдэтэллэрин туһугар норуот маастардара Варвара Тихоновна Васильева, Елизавета Егоровна Семенова (Уус Алдан), Семен Степанович Черноградскай (Хаҥалас улууһа), Розалия Ивановна Арсентьева (Тулагы), Степанида Васильевна Борисова (Бүлүү) сүбэ-ама биэрэллэр, көмөлөһөллөр.

Саха оҥоһуга ураты

Атын эрэгийиэн туос оҥоһуга Саха сиринээҕэр уратылаах дуу?

— Соҕуруу арыый сылаас килиимэттээх сиргэ хатыҥ хото үүнэр. Соҕуруунан, хотунан элбэхтик сылдьабын, маастардары кытта алтыһабын, сибээстэһэбин. Онно көрдөхпүнэ, кинилэр үлэлэрэ арыый судургутук оҥоһуллар. Биһиги курдук элбэхтик тикпэттэр. Холобур, тууйас оҥороллоругар туоһу итии ууга уган ылан баран киэпкэ кэтэрдэллэр. Хаппаҕын, түгэҕин эмиэ ол ньыманан оҥороллор. Сыыйа кууран истэҕин аайы, хам ылан кэбиһэр. Оһуорун сүрүннээн сарааппайдаан түһэрэллэр. Сороҕун кыралаан килиэйинэн туттараллар. Оттон биһиэнэ сыралаах, өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит ньымаларбытын, сиикпитин ыһыктыбакка сылдьар буолан, чыҥха атын көстүүлээх. Хас биирдии сиик, оһуор туспа суолталаах, устуоруйалаах.

Туос уонна аныгы олох

Надежда Егоровна, эн бэйэҥ идэҕинэн худуоһунньук буоллаҕыҥ, туоска аныгы тыыны киллэрэр санааҥ суох дуо?

— Оҕолор баҕа санаалара, бэйэм даҕаны былааным баһаам. Өскөтүн, биһиги өбүгэлэрбит туоһу сүрүннээн иһиккэ-хомуоска туһаммыт эбит буоллахтарына, аныгы кэм ирдэбилинэн туос туттуллуута кэҥээн иһэр. Дьиэ ис бараанын киэргэтэр көрүөхтэн эриэккэс паннолары, киэргэллэри оҥоруохтарын сөп. Ол эрээри, 2 сыл 10 ый көрүөх бэтэрээ өттүгэр элэс гынан ааһар. Сүрүн бэриллэр үөрэх бырагырааматыттан быыс булан, ол баҕа санааларын барытын олоххо киллэрэргэ бириэмэ ордубат курдук.

Биһиэхэ хоту улуустартан, хаһан даҕаны туос диэни туппатах оҕолор үөрэнэ кэлэллэр. Биир кыыс дипломнай үлэтигэр туундара тиэмэтигэр туоһунан панно оҥорбута. Ол курдук, аныгы хартыына ханнык баҕарар дьиэҕэ-уокка туһаныллар, атыыга хамаҕатык барар кыахтаах. Биир үөрэнээччибит эмиэ туоһунан бары үгэһи тутуһан, саха дьахтарын толору киэргэлин оҥорбута. Арай, аныгылыы эрэ тыыннаах. Кини толкуйа элбэх этэ. Олортон биирдэстэрэ – суумка кэлиэксийэтэ. Оҕолор идиэйэлэрэ муҥура суох. Үс сылы кыайбат кэм устата маҥнайгы сатабылларга уһуйуллаллар. Үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ, идиэйэлэрин төһө баҕарар олоххо киллэрэр, бэл диэтэр, дьоҕус биисинэһинэн дьарыктанар кыахтаахтар.

Үөрэххэ ыҥырабыт

Быйыл үөрэххэ ылаҕыт дуу?

— Быйыл биэс бүддьүөт, ону таһынан төлөбүрдээх миэстэлэр көрүллэллэр. Ол эрээри, олус баҕалаах дьон баар буоллаҕына саастарыттан тутулуга суох ылабыт. Тохсус кылаас базатынан эмиэ ылабыт. Маҥнай сэһэргэһэн көрүүнү (собеседование) ааһаллар, онно бэйэлэрэ оҥорбут үлэлэрин (уруһуй, туоһунан тигии, иис…) аҕалан көрдөрүөхтээхтэр. Бастакы эксээмэммит — харандааһынан уруһуй (натюрморт). Иккис эксээмэммит – оһуору, киэргэли быһыы. Аҕыйах сыллааҕыта аһыллыбыт үөрэх буолан, соччо-бачча киэҥник биллэ илик. Онон куонкурус суоҕун кэриэтэ. 2 сыл 10 ый устата үөрэнэн “художник-мастер народных художественных промыслов” диэн идэлээх тахсаллар.

Биһиги салаабытыгар киирбит оҕолор аҥаардас туоска ииһинэн эрэ дьарыктамматтар. Уруһуйдууллар, бырайыактыыллар, научнай-практическай хабааннаах чинчийэр тэрээһиннэргэ, эспэдииссийэлэргэ кытталлар, үөрэтэр уонна оҥорон таһаарар быраактыкаларга сылдьаллар. Туос ураһа тигиитигэр, биһиги үөрэхпит кыһатын бүтэрбит оҕолор иистэнэргэ бэлэмнэр.

Былааннар, толкуйдар

Инникитин туох былааннардааххытый?

— Куонкурустарга, быыстапкаларга, тэрээһиннэргэ бары тутуспутунан кыттабыт, олус иллээхпит. Инникитин өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, туоска аныгылыы тыыны киллэрэр толкуйдаахпыт. Оҕо эрдэхпиттэн Арассыыйа соҕуруу өттүгэр, хатыҥ хото үүммүт сирдэригэр тиийэн, аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторун-дьаһахтарын, дьиэлэрин-уоттарын, иһиттэрин-хомуостарын чинчийиэхпин баҕарабын. Туос ураһа хантан, хайдах үөдүйбүтүн үөрэтэр, чинчийэр санаалаахпын. Ол иһин кыралаан эспэдииссийэлэри тэрийэн саҕалаатыбыт.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: Н.Е.Корнилова тус архыыбыттан.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0