Ыҥыыр
Киһи төһө да баҕарбытын иһин, тапталлаах Сахатын сирин бары улуустарын мусуойдарын анаан-минээн көрөрө кыаллыбат. Онон ураты экспонаттары билбэккэ-көрбөккө хаалабыт.
Дьэ, ол иһин, түгэнинэн туһанан да диэххэ сөп, Саха АССР 100, РФ норуоттар култуураларын үйэлээх баайын сылларынан уонна ааҕааччылар сэргээтэллэр, кэрэхсээтэллэр диэн “Сэдэх экспонаттар” бырайыак толкуйдаммыта. Хас да улуус мусуойугар сибээскэ тахсан бырайыак сыалын-соругун билиһиннэрбиппэр, түмэл үлэһиттэрэ үөрүүнэн кытталларын биллэрбиттэрэ. Манна Дьокуускай куораттан Ем.Ярославскай аатынан мусуой уонна Үөһээ Бүлүүттэн Харбалаахтан Исидор Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын мусуойун ураты экспонаттара сырдатыллан тураллар. Оттон бүгүн эһиэхэ анаан, Уус Алдан улууһуттан Иван Павлович Готовцев аатынан Тандатааҕы устуоруйа-архитектура мусуойа ыалдьыттыыр.
Ийэтин энньэтэ
Бу мусуой пуондатыгар уопсайа түөрт ыҥыыр баар. Олортон биирдэстэринэн 1844 сыллаахха оҥоһуллубут толору симэхтээх ат ыҥыыра буолар. Ыҥыыр сирэйигэр “Дюпсинского улуса Чериктейского наслега родовича Петра Дмитриевича Попова работано 1844 года июня 1 дня” диэн суруллубут. Петр Дмитриевич Попов үлэҕинэн оҥоһуллубут диэн бэлиэтэнэр.
—Танда мусуойугар 1960 сыллаахха Анна Илларионовна Афанасьева бу ыҥыыры бэлэхтээбит. Кини Чэриктэй нэһилиэгин Дүпсүн улууһун сэниэ ыалыттан Поповтартан уонна Байаҕантай улууһуттан Оросиннартан төрүттээх. Аҕата Илларион Егорович Оросин, ийэтэ Анна Васильевна Попова, эһэтэ Чэриктэй кинээһэ Попов Василий Петрович (1847-1901), хос эһэтэ Попов Петр Дмитриевич (1817-1880).
Анна Илларионовна тулаайах хаалан эһэтигэр иитиллибит. 18-19 сааһыгар Федор Федорович Афанасьевка сүктэн барарыгар, ийэтин энньэтин ат симэҕин, ыҥыыры бэлэхтээбиттэр.
Олус сиэдэрэй оҥоһуулаах ыҥыыр. Сирэйигэр от-мас, үүнээйи, былыргы номохтор кыыллара ойууламмыттар. Төгүрүк тимэх курдук сулус ойуулаах тимир киэргэллээх. Болҕомтону тардар, кэрэхсэтэр хоҥсуоччулаах. Ыҥыыры улахан уус чочуйбут, оҥорбут, — диэн мусуой пуондатын харааннааччы Матрена Петровна Черноградская сырдатар. Сиһилии “Эдэр саас” саайтка мусуой сэбиэдиссэйэ Лидия Владимировна Слепцова устуутун көрүҥ.
Мусуой устуоруйатыттан
- Тандатааҕы мусуой РСФСР, САССР үтүөлээх учуутала, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Үлэ Кыһыл Знамят” уордьан кавалера Иван Павлович Готовцев тэрийиитинэн 1952 сыллаахха тохсунньу 30 күнүгэр Я.М.Свердлов аатынан оскуола биир хоһугар аһыллыбыта.
- Мусуойу 1960 с. “Дьоруой Дьөгүөрэп” аатынан холкуос ылар. Уон сыл буолан баран, оройуон туруорсуутунан судаарыстыбаннай статустанар.
- 1978 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Ем.Ярославскай аатынан мусуой филиалынан буолар.
- Танда мусуойа 3 тыһыынчаттан тахса араас суруктары аан дойду устун ыыппыт. 400-кэ чугаһыыр кырдьаҕас хомуньуустары, учуонайдары, 80-ча түмэли, 100-тэн тахса араас тэрилтэлэри, 140-ча оскуоланы, тас дойдуга 40-ча партийнай-судаарыстыбаннай диэйэтэллэри кытта сибээһи олохтообут.
- Мусуой Танда бөһүөлэгин ортоку томторугар турар. Манна олохтоох маастар Тыргыыс Сэмэн (Семен Заболоцкай) 1908 с. туттарбыт Николаевскай таҥаратын дьиэтэ баар. Куупаллара 1986 с. энтузиаст учуутал Григорий Николаевич Бурцев салалтатынан чөлүгэр түһэриллибиттэрэ. Иннигэр 25 м. үрдүктээх 1908 с. тутуллубут колокуонньалаах.
- Биир саамай кырдьаҕас тутуу — 1852 с. чочуобуна.
- Маны таһынан, Байаҕантай нэһилиэгэр көскө кэлбит сыылынайдарга анаан ХIХ үйэ 70-с сылларыгар тутуллубут немецкэй муннуктаах ампаар дьиэ, ХIХ үйэ 20-с сылларыгар тутуллубут Д.Шапов аҕыс муннуктаах сайыҥҥы бабаарыната, Манчаары Баһылайтан куттанан Байаҕантай баайа Заболоцкай иһигэр харабыл олорор гына анаан туттарбыт чуолҕаннардаах ампаара, былыргы саха ампаара болҕомтону тардаллар.
- Түмэл аҕыс тыһыынчаттан тахса экспонаттаах, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи уонна саҥа кэм историятын көрдөрөр салаалардаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр көмүс кэллиэксийэлээх. Олортон сорохторо Ем.Ярославскай мусуойун “Хотугу кустук” далааһыннаах тэрээһиннэригэр дойду араас куораттарыгар көрдөрүллүбүттэрэ.
Видео уонна хаартыскалар Танда мусуойуттан.