Сэдэх экспонаттар. Бараахаптар биһилэхтэрэ, туос кумааһынньык (ВИДЕО)
Биһиэхэ бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһугар Харбалаахха Исидор Барахов аатынан СӨ Судаарыстыбаннаһын мусуойун сэбиэдиссэйэ Светлана Даниловна Копыленко Бараахаптар үрүҥ көмүс биһилэхтэрин уонна Хаптаҕай ойуун олорбут дьиэтиттэн көстүбүт туос кумааһынньыгы аҕалан көрдөрдө уонна кэпсээтэ.
Бараахаптар биһилэхтэрэ
Үрүҥ көмүс биһилэх “АВ” диэн бэлиэлээх. Латыынныы суруллубутун Светлана Даниловна бэлиэтээн этэр:
—Мин бүгүн дьоҥҥо-сэргэҕэ Бараахаптар үрүҥ көмүс биһилэхтэрин көрдөрө аҕаллым. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, Никииппэр Бараахаптаах көмүстэрин туһунан араас үһү-тамах кэпсээн элбэх. Ол курдук, Агааппыйа кимиэхэ эрэ өрбөххө сууламмыт үрүҥ көмүс ньуоскалары ирээт биэрбитин, чөҥөчөккө кистээбит ол ньуоскалара сүппүттэрин туһунан, ыаҕайаҕа үрүҥ көмүс үрүүмкэлэри уган баран, төрүт өтөхтөрүн диэки Агааппыйа тиэтэйэ-саарайа бара турбутун, онтон балачча буолан баран туга да суох кэлбитин туһунан, о.д.а. үһү-тамах кэпсээннэр бааллар. Аҕыйах сыллааҕыта көмүстэрин сороҕо Кыадаҥдаҕа баарын туһунан истэммит, ол Бараахаптар дойдуларыгар төннөрүллүөхтээх диэн санаа үүйэ туппута. Онон бу туһунан кэпсиибин.
Икки сүүсчэкэ ынах, сылгы сүөһүлээх Никииппэр Бараахап балачча баай киһи. Нэһилиэгэр кинээстээбит, ыраахтааҕыттан мэтээллээх эбит. Бодойбонон, Алданынан сылдьан этинэн, арыынан эргиммит уонна мунньуммут көмүстээх буолуохтаах дииллэр эбит. Кулаактааhын сылларыгар дьиэтин-уотун, сүөhүтүн-аhын, хотоннуун, сирдиин түөрэ тутан, уоппустаан ылан уопсай баайга холбообуттар. Бэйэтин Бүлүү хаайыытыгар укпуттар. Дьиҥэр буоллаҕына, кини икки ыанар ынахтаах дьадаҥы киһи — Бараах Уйбаан оҕото. Балыктаан, туулаан дьонун ииппит киһи уола бэйэтин өйүнэн, харытын күүһүнэн үлэлээн кыаҕырдаҕа дии. Үлэһиттэрин төрүт баттаабатах, атаҕастаабатах. Тэҥҥэ сыралаһан, биир остуолтан аһаан сылдьыбыт. Тараҕайга сүрдээх улахан хотонноох эбит. Бу хотон сэмнэҕэ 80-с сылларга диэри турбута. Өссө анныгар булуустаах, бэрэбинэнэн тутуллубут икки мэндиэмэннээх ыскылааттаах. Ыскылаата хас да ампаардаах эбит. Ону таһынан кыыһын аах дьиэлэрэ, үлэһиттэр уонна өссө бэйэлэрин дьиэлэрэ, онтон да атын тутуулар бааллара үһү.
Никииппэрдээх дьиэлэрин кэлин Күлгэ (Харбалаах киинигэр) көһөрөн киллэрэллэр. Онно колхуос бырабылыанньата, колхуостаахтар олорор дьиэлэрэ, кэлин интэринээт буолар, өссө кэлин учууталлар уопсайдара этэ. Таһыгар икки мэндиэмэннээх ыскылаатын аҕалан туруорбуттара.
Никииппэр Бараахап баайын-дуолун туһунан араас кэпсээннэр бааллар. Үс сыллааҕыта, Бараахаптар көмүстэрэ Бүлүү куоратыгар олохтоох биир ыалга баар үһү диэн сурах иһиллибитэ. Ону истэн баран биһиги, мусуой үлэһиттэрэ, сорунан туран Бүлүүгэ айаннаабыппыт. Ыйдаран ол ыалы булбуппут.
Никииппэр Бараахап ииппит кыыһа Анисия Платонова (Мойот кыыһа диэн) баара. Бу кыыһы Никииппэрдээх наһаа сөбүлээн төрөппүт оҕолорун курдук көрбүттэр. Аһы-үөлү Никииппэр ойоҕун Агааппыйаны кытта тэҥҥэ бэрийэр, туох баар ампаардар күлүүстэрин тутааччы — бу Анисия эбит.
Никииппэри хаайбыттарыгар, кэргэнэ Агааппыйа сорох малын, иһитин-хомуоһун оҕус сыарҕатыгар тиэйэн, оҕолорун батыһыннарбытынан эдьиийин аахха көспүт. Агааппыйа үрүҥ көмүс симэҕи туос матааччахха уган Анисияҕа туттарбыт. Анисия бу көмүһү кыбыммытынан, Кыадаҥдаҕа түспүт. Онно тиийэн кимин-тугун кистээн олорбут, аатын-суолун уларыппыт. Бу Анисия кэргэн тахсан кыыстанар, кини аата Февронья Егоровна Томская диэн. Анисия өлөрүгэр илдьэ кэлбит баайын кыыһыгар хаалларар. Февронья кэлин бэйэтин улахан кыыһыгар эбэтиттэн тиксибит көмүһүн биэрэр. Бу кыыс Ньурба тыатыгар ыал буолан, сааһыран баран орто дойдуттан бараары сытан, Бүлүүттэн бииргэ төрөөбүт инитин ыҥыттарар. Эдьиийэ кинини хоско соҕотохтуу хааллаттаран баран, кистээн сылдьыбыт көмүһүн тэллэҕин анныттан ылан: “Бу Харбалаах баайа Никииппэр Бараахап көмүһэ. Оҕолор суох гыныахтара. Дойдутун булларарыҥ буоллар”, — диэн кистээн дьоҕус мөһөөччүгү куду анньан биэрбитэ үһү. Ол көмүстэн биһиги мусуойбут пуондатыгар биир биһилэх бэриллибитэ хараллан сытар. Биһилэх сирэйигэр “АВ” диэн бэлиэлээх. Арааһа, бу Агааппыйа Барахова аата суруллубута буолуо диэн сабаҕалыыбыт.
Туос кумааһынньык
Бу Харбалаахха көстүбүт туос кумааһынньык туһунан былырыын саайтка тахсан турар. Оттон кумааһынньыгы уу харахпытынан саҥа көрдүбүт.
— Бу Хаптаҕай Уйбаан – Хаптаҕай ойуун уонна эдьиийэ Татыйаана олорбут дьиэлэриттэн көстүбүтэ. Холкуостааһын буолбутугар Харбалаахха көһөрөн киллэрбит кыра соҕус дьиэлэриттэн. Татыйаана быраатыттан 14 сыл аҕа эбит. Быраатын көрөн-истэн, колхуоска ону-маны үлэлээн олорбуттар. Хаптаҕай ойуун, кэпсииллэринэн, эдэриттэн дүҥүрдэммит. Былаас уларыйан, онтун кистиир эбит.
Кэлин кинилэр арыый да улахан дьиэ туттубуттар. Онон кыра дьиэлэрэ ампаар буолбут. Манна хас да ыал олорон ааспыта. Кэнники учуутал ыал атыылаһан ылан манна дьиэ туттубуттара. Кинилэр Хаптаҕай ойууннаах бастакы дьиэлэрин көтүрэ сылдьан муостатын олуйбуттарыгар, туох эрэ өрө көтөн тахсан түспүт. Онтулара иһигэр лөглөччү угулла сылдьар былыргы харчылаах туос кумааһынньык буолбут. Кумааһынньыгы тикпиттэр, онон-манан аҕыйах сап хаалбыт. Өрбөх сыыһынан эпсэри баайбыттара үөһээ өттө сыстыбыт. Манна 1898, 1905, 1909 сыллааҕы, өссө 1919 сыллааҕы 30, 60 солкуобайдаах харчылар бааллар. Барыта 270 солк. суумалаах харчы. Оччолорго биир ынах сыаната 5 солк. үһү. Оччотугар бу харчы олус элбэх буолан тахсар. Кумааһынньык иһигэр өссө үрүҥ көмүс чоху ытарҕа аҥаара баар. Бу Татыйаана барахсан ытарҕата уонна муспут харчыта буолуон сөп.
Сэдэх булумньу. Былыр дьон туоһунан кумааһынньык оҥостоллор эбит, — диэн кэпсиир.
Мусуой устуоруйатыттан
- И.Н.Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын мусуойа 2013 сыллаахха от ыйыгар арыллыбыта.
- Пуондаҕа тиһиллибитинэн икки тыһыынчаттан тахса экспонат баар. Ону таһынан, тиһиллэ илик элбэх экспонат хараллан сытар.
- Үлэ сүрүн хайысхатынан судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха автономиятын турууласпыт өрөспүүбүлүкэ бастакы салайааччылартан биирдэстэрэ И.Н.Барахов аатын үйэтитии. Бу салааҕа Өрөспүүбүлүкэ, саха норуотун устуоруйатын көрдөрөр матырыйааллар, докумуоннар хараллан сыталлар. И.Н.Барахов олоҕун, үлэтин көрдөрөр докумуоннары чинчийии, үөрэтии үлэлэрэ ыытыллаллар.
- Этнография салаатыгар нэһилиэк, улуус устуоруйаларын кэпсиир хаартыскалар, докумуоннар, мал-сал арааһа баар.
- Мусуой кэлэктиибэ чинчийэр-үөрэтэр, сырдатар хайысхалаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэри улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнарыгар тэрийэн ыытар. Улуустар икки ардыларыгар “Мы — потомки основателей Республики” диэн ыччаттарга анаммыт бырайыагынан үлэ ыытыллар. Үөһээ Бүлүү, Нам, Таатта, Бүлүү, Ньурба улууһун ыччаттарын сомоҕолуур соруктаах үлэ буолар. Улуустааҕы үөрэх управлениетын кытары ситимнээхтик биир былаанынан оскуолалары кытары үлэлэһэллэр. Нэһилиэктэргэ сылдьан быыстапкалары тэрийэллэр, өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар, норуот олоҕор биллэр-көстөр суолу хаалларбыт саха саарыннарын туһунан бэсиэдэлэр, лиэксийэлэр ыытыллаллар.