Киистэтэ суйданан хаалбыт хатыҥ лабаатыгар саһарбыт сэбирдэх соҕотоҕун тэлибириир. Күһүҥҥү хаҕыс тыал кинини араастаан мускуйар, ытыйар да, сэбирдэхчээн иннин биэрбэт. Үүнэн тахсыбыт лабаатыттан арахсыан баҕарбаттыы туох баар күүһүнэн тутуһан, өрө ырычаахтаһар…
Күүстээх тыал охсуута сэбирдэҕи туура тардан салгыҥҥа элитэр. Сэниэтэ эстибит сэбирдэх барахсан, тирэҕин сүтэрбит киһилии салгыҥҥа ыйанан, байаатаҥнаан ылар уонна сүүрүгэ оргуйа турар үрэх уутугар умса баран түһэр. Тымныы ууга тимирэ-тимирэ күөрэйэн баран, синим биир диэбиттии сүүрүк хоту уста турар… Сүүрүк арыый намтаабыт сиригэр тиийэн, бэйэтин курдук туура тардыллыбыт сэбирдэхтиин булсан, өр сүтэрсэ сылдьыбыт дьоннуу ыгыта сыстыһан, биир сиргэ өрө холоруктаатылар, эрчимнээх сүүрүккэ оҕустаран тэҥҥэ устан ыллылар, онтон эмискэ бэйэ-бэйэлэриттэн тэйсэн, тус-туһунан туора- маары уһуннулар…
Айылҕа да, киһи да олоҕо биир: эрийэр, мускуйар, күлүм гынар уонна бүтэр…
Мин уулаах биэдэрэбин ылан сыыры өрө дабайабын. Күһүҥҥү бороҥ халаан бүдүгүрэн киһи эрэ санаатын баттыах айылаах. Дойдубар кэлбитим нэдиэлэ буолла да, күн-дьыл көнүөх быһыыта көстүбэт… Аҕам барахсан ыалдьан уһугулаан сытар. Ону ыарыылаан, аттыгар олорон, оҕо буолан атахпар турбут ытык иэспин толорбута буолабын.
Ааны аргыый аһан дьиэҕэ киирбитим, эдьиийим үлэтигэр бараары тиргиллэ сылдьар.
– Айуу-айа! Ити оҕонньор туох эрэ туос биһигин көрдөтөн киһини үлэтигэр хойутатар буолла… Хотуммуттан эмиэ кынчарыллар буоллум… Уһугуннаҕына хааһытын сылытан сиэтээр, эбиэккэ тугу эмит астанан аһаар. Мин кэлбэтим буолуо. Килиэби бэйэм ылыам. Оҕолор ыкса киэһэ кэлиэхтэрэ, күрэхтэһиилээхпит диэбиттэрэ. Арба, холодильникка суорат уурдум, иһээр…-диэн дьаһайбытын кубулуппакка, таҥнан-саптан үлэтигэр аттанна.
Мин хоско киирэн аҕам тыынарын иһиллээмээхтээн турдум… Онтон куукунаҕа тахсан чэй кутуннум. Чэйбин сыпсырыйа-сыпсырыйа остуолга ууруллубут, хатан хапсыйан хаалбыт туос биһиги одууластым. Кимиэнэ эбитэ буолла?! Аҕам бэйэтин киэнэ дуу… Биһиги итинник биһиккэ сыппатах буолуохтаахпыт. Аргыый бэйэм диэки тардан иһин өҥөйөн көрбүтүм, ойоҕоһун диэкинэн химическэй харандааһынан тугу эрэ суруйбуттар. Көстөр-көстүбэт суругу кыҥастаһан аахпытым: “Савченко Оленька Анатольевна“. Арыый аллараа диэки “Аришенька, любимая, спасибо за дочь! Толя. 28.07.1956г.“ Аата, отой билбэт дьоммут ааттара… Оҕонньор маны тоҕо көрдөтөн түбүгүрбүтэ буолла?! Хайдах эрэ сүрэҕим ытырбахтаата…
– Арыысаа, – сэниэтэ суох аҕам куолаһа ыҥырарын истэн, хааһы, чэй тутуурдаах хоско киирдим.
Аҕам дьүдьэйэн, иэдэстэрин этэ уолан, хоҥоруутун уҥуоҕа кырыыланан, урут уола хаан бэйэтэ кууран-хатан, аччаан сыттыгар чөкө баҕайытык чөм түһэн сытаахтыыр.
Аҕыйах ньуоска ууну эрэ үрдүнэн хойуу хааһыны сиэбитэ буолла уонна аккаастанан баһын быһа илгиһиннэ. Чэйин син сэниэлээхтик өр бырылаччы истэ.
– Арыысаа, айанныырым чугаһаата быһыылаах. Бөлүүн ылар дьонум кэллилэр… Эдьиийдэриҥ үлэлэригэр ойоохтоотулар дуу? Итигирдиктэр… Үлэлээри эрэ төрөөбүт курдуктар, өрүү сололоро суох аатырар. Киһи хаһан эмит тохтоон иннин-кэннин ыйдаҥардан көрүөхтээх… Чэ, ол гынан баран бэрт! Үлэлиир-хамсыыр киһи олох олорор буоллаҕа… Мин да олох олорботох оҕонньор буолбатахпын. Тугум барыта толору этэ. Аны кэлэн кэмсиннэхпиний?! – аҕам хараҕыттан уу-хаар баста, улаҕа хайыһан саҥата суох сыппахтаата. Нухарыйда дуу диэн туран бараары гынан истэхпинэ, уҥуох-тирии буолбут тарбахтарынан эмискэ илиибиттэн харбаата, бэйэтин диэки тарта.
– Барыма! Олор! Үйэм тухары кимиэхэ да эппэккэ, сүгэһэр гына сылдьыбыт аньыыбын-харабын ыраастанар кэм кэллэ. Эн иһит! Саҥарыма!
Биэс уон алта сыллаахха отуччалаах эр киһи экспедицияҕа таһаҕас таһааччынан сылдьыбытым. Холкуостаахтары хомуйан атынан экпедициялар таһаҕастарын тастараллара. Уонча буолан ыйбыт сирдэригэр таһаҕастарын тиэрдэн баран төннөн испиппит. Мин табаарыстарбыттан арахсан Суордаах үрэҕэр туораабытым. Бырдахтан куотан киирбит биир эмит тайаҕы бултуйдарбын диэн… Дьоммор туох эмэ харалаах тиийээри. Олому кэстэрэн туораан иһэн, соһуйан аппыттан суулла сыспытым. Сыыһа иһиттим диэн, кулгаахпын хаста-хаста иһиллээбитим. Биэрэги кыйа үүммүт иирэ талахтар быыстарыгар эһээхэй оҕо ытыыра. Мин куттанан этим саласпыта. Бу ким да сылдьыбат үрэх баһа дойдуга туох оҕото кэлэн хааланнаҕай?! – диэн иэним кэдэҥнээбитэ. Быһыыта абааһы муокастыыр диэн толкуйдаабытым. Аппын төттөрү салайан, сыыры өрө сүүрдэн тахсан баран, туох эрэ тардарын курдук тохтоон эмиэ иһиллээбитим. Сэниэтэ эстибит оҕо бөтө-бөтө ытыыра, уу ньуурунан чуолкайдык иһиллэрэ. Мин санаам буолбатаҕа: төттөрү-таары мэскэйдэнэн баран, чуҥнаан көрөргө быһаарыммытым. Туох баар билэр-билбэт айыыларбыттан көрдөһөн ботугуруу-ботугуруу, саабын иннибэр бэлэм тутан үрэҕи иккистээн туораабытым. Атым улгумнук иннин диэки дьүккүйэриттэн хайдах эрэ эрдийбитим. Дьөһөгөй оҕото барахсан абааһы баарын сэрэйбитэ буоллар илгистэ түһүөхтээҕэ. Сэрэнэн талахтары сэгэтэн иһирдьэ киирбитим. Уу сол түһэ илигэ. Этим тарда-тарда бытааннык хаамтаран тыас баар сиригэр чугаһаабытым. Талахтарга иҥнэн хаалбыт туос биһиккэ таҥаска ыга сууламмыт соторутааҕыта төрөөбүт оҕо ытаан бөтүөхтүү сытаахтыыра. Мин көрбүппүн итэҕэйбэккэ харахпын ньуххаммытым. Оҕо буоларын билэн, соһуйан-уолуйан таҥастыын баҕастыын ууга «бар» гына түһэн, биһиги харбаан ылбытым. Кумаарга сиэтэн, аччыктаан, сэниэтэ эстибит оҕо муҥнаах сыккырыыр тыына эрэ хаалбыт этэ.
Тугу гыныахпын билбэккэ, оҕону көтөхпүтүнэн биэрэги былдьаспытым. Тахсан былааппын ууга сайҕаабыта буолаат, сиигирдэн оҕо айаҕар симпитим. Барахсан сирэрэ-талара кэлиэ дуо, эмэн собурҕаппытынан барбыта. Хаста да оннук гынан утаҕын ханнарбыта буолбутум. Үрүсээгим түгэҕиттэн оҕолорбор кэһии гыныам диэн экспедициялартан ылбыт галет диэн астарын ылан ууга хааһы курдук илитэн, былаат уһугар бобо баайан, эмсэх оҥорон, оҕо айаҕын бүөлээбитим. Бэйэм чугаһынан дьон баар сибикитэ биллээрэй диэн саабын ииттэн үөһэ ытыалыы-ытыалыы төттөрү-таары сүүрбүтүм да, ыт охсор киһи суоҕа. Хайыыр да кыах суох буолан, дьиэбин түргэнник буларга быһаарыммытым. Эрэй-кыһалҕа бөҕөнү көрөн, суукканы быһа айаннаан түүн дьиэбэр кэлбитим. Бөһүөлэк утуйа сытара, миэнэ-миэнэ курдук дьиэм таһыттан баттатыылааҕа. Кэргэним оһоҕостоох хаалбыта, онон оҕолорун эбээлээх эһэлэригэр хаалларан балыыһалаабыта буолуо диэн, быһа балыыһаҕа тэптэрэн тиийтим. Ону биэлсэр Дьэлиэнэ өрө хабытайдана көрсүбүтэ. Элбэх өлүүнү-сүтүүнү көрбүт, сэриини ааспыт эмээхсин буолан оҕоҕо улаханнык соһуйбатаҕа. Айдаана суох ылан сууйан-сотон, көрөн-истэн барбыта. Мөҕөрүн-этэрин быыһыгар, кэргэним хара төрүөр диэри бэйэтин харыстаммакка пиэрмэҕэ үлэлээн өлбүт оҕо төрөөбүтүн, бэйэтэ хаана баран анараа дойдуга аттана сыспытын, туруга билигин да мөлтөҕүн туһунан миигин сирэй-харах анньардыы бөтүгүрээбитэ.
Сарсыарда күн тахсыыта, мин көрүдүөргэ утуйар-утуйбат икки ардынан аҥаарыйа олордохпуна ыҥыран ылбыта.
– Нохоо, доп-доруобай кыыс оҕо! Аһаттахха-сиэттэххэ бэттэх кэлииһи. Биир оҕону былдьаабытын билинэн Дьылҕа Хаан атын оҕону биэрдэҕэ! Туох да айдаана суох оҕо гын! Кэргэниҥ оҕолооҕун биллэҕинэ туруга тупсуо. Аҕыйах хонуктааҕыта Томторго экспедициялар дьахтардара төрөөн баран, кэргэнэ кэлэрин күүппэккэ ыксаан, бэйэтэ баран иһэн ууга былдьаммыт сурахтааҕа. Ол муҥнаах оҕото ини. Экспедициялар биир сиргэ турбат дьон, бардахтара. Тулаайаҕы ханна гыныахпытый? Кимиэхэ да тугу да кэпсээмэ да бүттэ! Мин Өрүүнэҥ төрөөбүтүн курдук оҥоруом, – диэн быһааран кэбиспитэ. Мин да утарылаһа сатаабатаҕым. Сылайбытым да бэрдэ, Өрүүнэбин да аһынарым бэрдэ. Барахсаммар хара өлүөр диэри ол кыыспыт атынын билиммэтэҕим. Сэрэйээхтээбитэ эбитэ дуу, суоҕа дуу?! Барыларыттан бу кыыс тоҕо бөдөҥөй диэччи. Ону мин эһэм Нууччакаан Ньукулай курдук диэн куотунааччыбын.
Дьиэбэр кэлэн, сууллан утуйан хаалбытым. Киэһэ уһуктан, туран, аһаан-сиэн, суунан-тараанан баран, кыра миин оҕото тутуурдаах балыыһаҕа тиийбитим. Өрүүнэм өйдөммүт этэ, булумньу оҕобутун эмиийдэтэ сытара. Кэргэним дьолломмут, сылаанньыйбыт сирэйин көрөн, мин Дьэлиэнэ этиитин ылынарга санаммытым, – аҕам кэпсии сытан сэниэтэ эстэн, долгуйан саҥата сүтэ-сүтэ иһиллэр буолла. Куотан хаалыа диэбит курдук миигин ыга туппут илиитин арааран хараҕын уутун сотунна, миигин утары көрдө уонна:
– Арыысаа, ол оҕо эн этиҥ! – диэтэ.
Мин истибиппин итэҕэйбэккэ, туох да диэхпин билбэккэ, соһуйан, чыпчылыҥныы олордум.
– Ити биһик иһигэр дьиҥнээх төрөппүттэриҥ аата баар буолуохтаах. Ийэҥ өлбүт буоллаҕына, аҕаҥ баара эбитэ дуу… Мин курдук бүдүгүрэ кырдьан, эмиэ киһи илиитигэр киирээхтээбитэ дуу… Төрөппүт аҕаҕын ыарыылыаҥ оннугар мин аттыбар олороохтоотоҕуҥ…
– Аҕаа, туох диэн эттэххиний?! Иитэн-аһатан атахпар туруорбут киһи эн эрэ. Атын аҕам суох! Эн бааргын мин аҕам! – диэн кууһан, сүүһүттэн сыллаан ыллым, сыттыгын көннөрдүм.
– Сылайдым, укуолбун биэр. Утуйа түһүөм этэ. Этиэхтээхпин барытын эттим, чэпчээбиккэ дылы буоллум. Аҕаҕын була сатаар, оччоҕуна мин атын дьон дьылҕатыгар орооспут аньыым-харам ыраастанаахтыыра дуу?! – аҕам улаҕа хайыһан чуумпуран хаалла.
Мин олорбохтоот, куукунаҕа тахсан туос биһиги сэрэнэн имэрийэн ылбытым. Биһик чахчы мин баарбын, ити барыта олоххо буолбута диэн итэҕэтэрдии ааспыт сыллар туоһулара буолан, кумуччу туттан сыппыта…
Аҕам уһаахтаабатаҕа, сарсыҥҥытыгар мин илиибэр бараахтаабыта. Тиһэх суолугар атаарсан, тоҕус күнүн ылсан баран, туос биһикпин илдьэ дьиэбэр төннүбүтүм. Аҕам курдук кимиэхэ да тугу даҕаны эппэтэҕим…
Аҕам кэпсээнэ мин уйулҕабын хамсаппатаҕа… Мин кырабыттан атын оҕо буоларбын билэр курдугум. Төһө да ийэлээх аҕам, эдьиийдэрим, убайым аттыбар баалларын үрдүнэн, соҕотохсуйуу мин дууһабар бэйэбин өйдүөхпүттэн баара… Уонна хайа да түгэҥҥэ дьоммор барытын оҥорор иэстээхпин диэн толкуйдааҕым. Тоҕо оннугун билбэтим… Дьиэм аттыгар кыракый ырааһыйаҕа баар аарыма чөҥөчөккө сытан, мөлбөһө устар былыттары одуулуурум уонна кинилэргэ олорсон ханна эрэ ырыых-ыраах барбыт киһи, онно отой атын дьоннор миигин кэтэһэллэр дии саныырым. Ол умна быһыытыйбыт санаам, аҕам өлбүтүн кэннэ, уон төгүл күүһүрэн, өйбүн-санаабын, сүрэхпин-быарбын аалбытынан барбыта.
Кэргэммин, оҕолорбун мин туругум улаханнык уолуһуппатаҕа. Аҕатын аһыытыттан буолуо диэн, хайа сатанарынан аһарыннын диэн кыра оҕолуу бүөбэйдэспиттэрэ. Онтон мин таспар устар ууну долгуппат бэрт холку курдугум буолуо да, испэр араас санаа күөстүү оргуйара… Тоҕо эрэ бэнидиэнньик аайы телевизорга “Жди меня” диэн передачаны көтүппэккэ көрөрүм, дьон бэйэ-бэйэлэрин хайдах көрдүүллэрин-булсалларын кэтиирим, араас былаан бөҕөтүн оҥосторум.
Анаан-минээн «Якутгеология» архыыбын баран хастаран, өр көрдөтөн, сылдьыбыт сыыһы булар диэбиттии дьиҥнээх аҕам толору аатын, ханна, хаһан тугунан үлэлээбитин, ханна олорбутун, туох үөрэхтээҕин, туох дьоннооҕун толору билбитим.
Ити тухары миигин ким эрэ үөһэттэн көрөн олорон, онно бар, мантан ыйыт, итини гын диэн салайар курдуга. Бу көрдөөһүнүм тугунан түмүктэниэн, тугунан эргийэн тахсыан саныахпын баҕарбатым, сэрэйэ сатаабатым. Аҕам эппитин хайаан да толоруохтаахпын диэн булгурутуллубат бирикээс ылбыт курдугум.
Сыл аҥарын курдук буолан баран, сылаалаах ирдэһии, сыралаһыы кэнниттэн аҕам ааттаах киһи Санкт-Петербурга олорор аадырыһын илиибэр туппутум. Өр толкуйдуу барбакка, кимиэхэ да тугу да быһаарбакка, үлэбэр отгул ылан Питергэ көппүтүм.
Питер былыттаах халлаанынан, сиигинэн-силбигинэн силбиэтэнэ көрсүбүтэ. Дугдуруй да оҕус диэбиттии, таксига олороот, булбут аадырыспын ыйбытым. Аадырыспар чугаһаатаҕым аайы туруоруммут кытаанах санаам мөлтөөн барбыта. «Тоҕо эмиэ көрдөөн эрэйи көрдөхпүнүй?! Бу үүт тураан олохпун уларыта сатаатахпыный? Баҕар отой да билиниэхтэрэ суоҕа… Оччоҕо хайыыбын?» – диэн араас санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Такситтан түһэн, этээстээх дьиэлэр быыстарыгар саспыт, киһи тыына-быара хаайтарыах кыараҕас олбуорга, киириэхтээх ааным аттыгар баар ыскамыайкаҕа бэрт өр олорбутум. Тахсыахтаах кыбартыырам иһигэр баар дьону өйбөр оҥорон көрө сатаабытым. Соҕотоҕо дуу, элбэхтэрэ дуу? Баара дуу, суоҕа дуу? Уруккуну өйдүүрэ дуу, отой да умнубута дуу?
«Чэ, олор-олорума, саҕаламмыт бүтүөхтээх, барытыгар туочука туруохтаах”, – диэн баран, подъезд аанын аһан үһүс этээскэ ыттыбытым. Киириэхтээх кыбартыырам аанын булан, турбахтаат, харахпын быһа симэн күүскэ салгыны эҕирийбитим уонна аан чуораанын баттаабытым.
Чэпчэки атах тыаһа кэлэн ааны аһа баттаабыта. Ааҥҥа эдэркээн кыыс оҕо турара. Мин оҕону эрэ көрүөм дии санаабатах буолан саҥабыттан маппытым.
– Вам кого? – кыыс миигин атахпыттан төбөбөр дылы өрө көрөн таһаарбыта.
– Савченко Анатолия Васильевича… – мин күҥҥэ сүүстэ хатылыыр ааппын нэһиилэ ыган таһаарбытым.
– Дед, к тебе пришли! – кыыс кэннин хайыһан кими эрэ ыҥыран хаһыытаабыта.
Хостон буруолуу сылдьар итии чэйдээх чааскытын туппутунан уһун төрөл оҕонньор атаҕын соһон аргыый тахсан кэлбитэ. Төбөтүн оройугар анньыммыт халыҥ таастаах ачыкытын аҥар илиитинэн умса тардан, ким кэллиҥ диэн ыйытардыы миигин одууласпыта.
Тутан турбут чааскытын мүччү туппута муостаҕа хампы түһэн бытарыттар тыаһа мин сүрэҕим тэбиитин кытта холбоһон, саар куолакал курдук ньиргийэн ылбыта.
Оҕонньор тирэҕин сүтэрэн тэмтээкэйдээн ылбыта, истиэнэттэн тутуспута. Онтон тирэммит илиитин арааран субу охтуохтуу мин диэки дьүккүйбүтэ. Кыыс нэһиилэ туораан биэрбитэ.
– Ариша-аа-а, – диэн унаарытаат миигин кууһан бэйэтигэр ыга тарпыта.
Мин кини санныгар өйөнөн, тугу да гыныахпын билбэккэ дөйөн турбутум. Биэтэккэ эстэн кэлбит сүүрүк курдук, тиийиэхтээх сирбэр тиийдим, сөп буолла уонна миэхэ туох да наадата суох диэбиттии ээл-дээл буолан хаалтым. Төбөм иһэ кубус-кураанаҕа, илиим-атаҕым бэйэбин истибэт курдуктара…
Ол быыһыгар: «Ааппын хантан билэр?» – диэн уорбалыыр санаа киирэн тахсыбыта.
Бэйэ-бэйэбититтэн нэһиилэ арахсан, кыратык тэйсэн, иккистээн тургутардыы бэйэ-бэйэбитин одууласпыппыт. Иннибэр уу-хаар баспыт харахтаах, муус маҥан баттахтаах оҕонньор бэйэтин ханна гыныан билбэккэ миэстэтигэр тэпсэҥниирэ. Долгуйбутуттан илиитэ илибириирэ, санна ибигириирэ. Хайдах эрэ ис-испиттэн кинини олус аһыныах санаам кэлбитэ уонна бу сырыыга мин саҥа таһаарбытым:
– Здравствуй, отец! – Инним диэки хардыылаан төрөппүт аҕабын ыга кууспутум. Өр сүтэрсибит дьон булсан, саҥа таһааран, иккиэн ытаан маккыраспыппыт. Иннибитин-кэннибитин быһаарсыбат буолбут дьону ааны аспыт кыысчаан сиэтэн дэллэритэн хоско киллэртээн дьыбааҥҥа олордуталаабыта. Иккиэммитигэр туох эрэ хааппылаларын таммалатан иһэрдэн тыын киллэртээбитэ, уу кутан аҕалбыта. Кыыс төттөрү-таары элэстэнэн, хампы түспүт чааскы үлтүркэйин хомуйарын быыһыгар ханна эрэ төлөпүөннээбитэ. “Приезжайте немедленно! Дедушка бабушку нашел,”– диэбитин истэн хаалтым. Тоҕо миигин бабушка диирин өйдөөбөтөҕүм.
Арыый уоскуйан, киирбит хоспун эргиччи көрбүтүм. Элбэх да элбэх кинигэлээх долбуурдар быыстарыгар, саамай көстөр миэстэҕэ, остуол утары мин хаартыскам ыйанан турара. Сөҕөн аргыый миэстэбиттэн туран, чугаһаан сыныйан одууласпытым. Мэтириэт дьүһүнэ үкчү мин курдуга, бэл диэтэр чэчэгэйбэр баар мэҥниин. Ол гынан баран мин буолбатах этим: таҥаһа-саба, дойдута, кэмэ атыттара. Сэмэйдик күлүм аллайбыт, халыҥ баайыы куопталаах дьахтар үөрбүтүү утары көрөрө. Испэр: «Ийээ, дорообо! Мин кэллим…» – диэбитим, хаартыска арааматын имэрийэн ылбытым.
Кэннибин эргиллибитим оҕонньордоох кыыс харахтарын миигиттэн уонна мэтириэттэн араарбакка, сөхпүттүү, хардары-таары көрбөхтүүллэрэ.
– Я другая Арина, – диэбитим мин. Ордук-хоһу тугу да быһаарбакка, суумкабыттан илдьэ кэлбит биһикпин хостообутум уонна оҕонньорго ууммутум.
Оҕонньор икки илиитинэн сэрэнэн биһиги ылбыта, эргим-ургум туппута, ыксаабыттыы ачыкытын көннөрө-көннөрө эргитэ сылдьан, биһик иһин-таһын сирийэн чинчийбитэ. Ол быыһыгар: «это я же мастерил», «это я же написал», – диэмэхтээбитэ. Миэхэ эргиллэн:
– Я понял, ты – Олюшка… Мы с мамой так хотели назвать… – диэхтээбитэ, салҕалас илиилэринэн миигин ыга тардан, кыра оҕону бигиир курдук имэрийэ-имэрийэ олорбута.
Төһө өр оннук олоруохпут эбитэ буолла, киирэр аан чуораана өрө тырылыы түспүтэ, кыыс аан аһа ыстаммыта. Ыксаан уйулҕалара көппүт дьахтардаах эр киһи хоско биирдэ баар буола түспүттэрэ. Эр киһи миигин көрөөт, быһаарар бокуой биэрбэккэ, «нашлась…» диэт, сүүрэн кэлэн кууһа түспүтэ, үрүт үөһэ сыллыырын быыһыгар: «Какое счастье! Нашлась…» – дии-дии аҥар илиитинэн аҕатын хаһыйа тардан, үһүөн турбут сирбитигэр эргийэн ылбыппыт. Хаалбыт дьахталлар ытаһа түһээт биһиэхэ кыттыспыттара.
Кыысчаан, бу дьон оҕолоро, оҕонньор сиэнэ, остуол тардарын, ону-маны дьаһайан элэстэнэрин быыһыгар хайдах ааны аспытын, онтон туох буолбутун кэпсээн-ипсээн, биһиги тыын ыларбытыгар бириэмэ биэрбитэ. Хантан эрэ икки аастыйбыт баттахтаах оҕонньоттор кэлбиттэрэ. Улам уоскуйан, син быһаарсан, өйбүтүн-төйбүтүн булан, бэлэм буолан хаалбыт остуол тула олорбуппут. Бары кэтэспиттии, тугу эрэ эрэйбиттии мин диэки хайыспыттара.
Мин төһө кыалларынан, төрдүбүн-ууспун хайдах билбиппин, кинилэри хайдах көрдөөбүппүн кэпсээбитим.
Оҕонньоттор лаппыйан ыйыталаһа-ыйыталаһа чопчулаһа олорбуттара, онтон бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэ-ситэрсэ хайдах бииргэ геологическай институкка үөрэммиттэрин, онно Анатолий Васильевич Саха сириттэн сылдьар Аришаны көрсөн, улаханнык таптаан, ыал буолбуттарын, уол оҕоломмуттарын, үөрэхтэрин бүтэрэн бары тутуспутунан Саха сиригэр үлэлии барбыттарын, Ариша онно иккис оҕолонон баран ууга былдьаммытын, дойдутугар илдьэн көмпүттэрин, оҕону көрдөөн булбатахтарын кэпсээбиттэрэ. Кэпсээннэрин быыһыгар: «надо же, как похожа на мать», «смотри, точно, как Арина» диэн саҥа аллайаллара.
Мин манна өссө бииргэ төрөөбүт убайдаахпын, саҥастаахпын, балтылаахпын билбитим.
Киэһэ оҥорон биэрбит оронноругар, утуйаары сыттахпына Анатолий Васильевич киирэн, сүүспүттэн сыллаан ылбыта уонна:
– Спокойной ночи, доченька! Какое счастье, что ты нашла нас, больше я тебя не потеряю, – диэбитэ.
Кыра оҕо курдук биэбэйдэнэн, оҕо сааспар түһэн ылбытым. Өр сылларга көрдөөбүт сүтүгүн булбут, аҕам иннигэр иэспин толорбут киһи быһыытынан, уоскуйан кыбыс-кытаанахтык утуйан хаалбытым.
Өйүм-санаам барытын ылыммыта, арай сүрэҕим сөбүлэспэккэ төрөппүт аҕабын өргө диэри Анатолий Васильевич диэн ыҥыра сылдьыбытым. Кини иһигэр хомойоохтуура буолуо да саҥарбата, өйдөөбүтэ. Саха сиригэр кэлэ сылдьан, аат ааттаан ийэлээх аҕам уҥуохтарыгар тахсан саҥа таһааран махтаммыта.
Онтон мин олоҕум, майгым-силигим тосту уларыйбыта. Урут бэйэм бэйэбэр сөҥөн, күөх оту тосту үктээбэккэ, сымыыттааҕар бүтэй, уутааҕар чуумпу сылдьыбыт буоллахпына, билигин бэйэтигэр эрэнэр, кэлбит-барбыт, тирэҕин булбут дьаһаллаах табаарыс, бизнес-вумен буолбутум.
Оннук, олоххо киһи үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа элбэх буолар…
Ханнык эрэ түгэҥҥэ сэбирдэх саһаран түһэр буоллаҕына, саас аайы кини чэлгийэ тыллар, саҥалыы олоҕу саҕалыыр.
Айсана.