Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан аахсыйа ыытылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 2021 сылы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан Дьоруой сылынан биллэрбиттэрэ.

Онон сибээстээн, муус устар 10 күнүгэр «Мэҥэ Уус» маастардар түһүлгэлэрэ улуус уран тарбахтаахтарын кытта 100 сылы көрсө «Сөрүө олбох — 100» аахсыйаны саҕалаабыттара. Бу тэрээһини Мэлдьэхси нэһилиэгин иистэнньэҥэ, кыл-сиэл оҥоһуктарын маастара, «Далбар» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Матрена Степанова иилээбитэ.

«Сөрүө Олбох — 100» аахсыйаҕа Мэҥэ Хаҥалас 28 нэһилиэгиттэн 84 уран тарбахтаах далбар хотун кыттан, бу күннэргэ бырайыак силигин ситтэ. Былааннаммыт 100 сөрүө олбох өрүлүннэ.

Онон бэҕэһээ Дьоруой Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар, ахсынньы 8 күнүгэр, тэрийээччилэр аахсыйа түмүгүн бар дьоҥҥо таһаардылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0