Сэбээн Күөлгэ ыксаллаах түгэн үөскээтэ. Ол туһунан манна ааҕыҥ.
Кэбээйигэ Сэбээн Күөлү уу ылбыт диэн сурах баарын истэн, “Сэбээн” МУП салайааччыта Людмила Бурцевалыын кэпсэттим. Кини этэринэн, Сэбээн Күөлгэ үс үрэх уулара киирэн, уу киин учаастагы ылбыт. Аэропуорду эмиэ.
—“Сэбээн” МУП дьиэтэ эмиэ ууга турар. Кырдьаҕстар даҕаны Сэбээн Күөлү хаһан даҕаны маннык уу ыла илик этэ дииллэр. Онон айылҕабыт быйыл соһутта, — диир Л.В.Бурцева. Бэйэтэ да ыраах суоллаах-иистээх дойдуга, дьэ, ыксаллаах түгэн буолбут.
Оттон СИА-ҕа Кэбээйи оройуонун баһылыга Иван Левин иһитиннэрбитинэн, Сэбээн Күөлгэ күүстээх уонна уһун ардахтар түмүктэригэр 15 тиэргэни уу ылбыт.
— Уу ылбыт сириттэн 32 киһини көһөрдүлэр. Кинилэртэн 19 киһи дьону быстах олордор пууҥҥа баар. Атыттар бэйэлэрин аймахтарынан тарҕастылар. Билиҥҥи туругунан уу түһэн эрэр. Кэнники икки чаас устата уу 11 см түстэ«, — диэбит баһылык.
«Докумуоҥҥутун хомуна сылдьыҥ!»
Дьэ, аны Арассыыйа ЫБМ Саха сиринээҕи Кылаабынай управлениетын иһитиннэриитин болҕойуҥ:
— Кэбээйи оройуонун сиригэр-уотугар түспүт күүстээх ардахтар түмүктэригэр Суланичан үрэх уутун таһыма эмискэ үрдээбитэ. Ол түмүгэр Сэбээн Күөл сэлиэнньэтин намыһах өттүгэр турар 15 тиэргэн ууга барбыта. Дьону быстах олордор пууҥҥа 19 киһи бэйэтэ кэлбитэ, итинтэн 9-с оҕо. Күнү-дьылы сабаҕалааһыҥҥа олоҕурдахха, Кэбээйи оройуонугар чугастааҕы сууккаҕа намыын ардах түһүөҕэ, ону тэҥэ уу таһыма сыыйа түһэрэ сабаҕаланар. Арассыыйа ЫБМ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Кылаабынай управлениета Кэбээйи оройуонун олохтоохторугар бу күннэргэ олус сэрэхтээх буоларгытыгар сүбэлиир. Сыаналаах малгытын-салгытын өрө таһааран, докумуоҥҥутун хомунан сылдьыҥ. Уонна уу таһымын кэтээн көрөргүтүгэр уонна олохтоох салалтаҕыт иһитиннэриилэрин болҕойоргутугар ыҥырар.
Көһөрүү туһунан биллэриини (сигналы) туттаххытына, бэйэҕитин кытта докумуоҥҥутун, эмкитин-томкутун, кэтэр таҥаскытын, атаххыт таҥаһын кэмпилиэгин ыларгыт наадалаах. Хас да күн аһыыр аскытын хаһааныҥ уонна эвакуацияланыахтаах пууҥҥутугар тиийиҥ, — диэн сэрэтиини, сүбэни-аманы Арассыыйа ЫБМ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Кылаабынай управлениета ыытта.
Онон ардахтаах күннэргэ сэрэхтээх буолуҥ!
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыска Л.Бурцева тиксэриитэ