Суотчута суохтар «ыстарааптаныахтара»

11.01.2017
Бөлөххө киир:

Толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорооччулар тымныы, итии ууну ааҕар-суоттуур анал прибордара суох буоллахтарына, быйылгыттан ороскуоттара балтараа бүк улаатыаҕа. Бу туһунан СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова edersaas.ru сайтка иһитиннэрдэ. 

Анивера Акимова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

Россия үгүс олохтоохторо итиини, гааһы уонна ууну хонтуруоллуур анал прибордары туруортарыахтарыттан, дьиэ-уот, коммунальнай өҥөлөр төлөбүрдэрин бэйэлэрэ хонтуруолланар кыахтаннылар. Уу счётчигын туруортарбыттар, урукку курдук, кырааннарын күнү быһа аһан турбакка,  ууларын харыстаан туһаналлар. СӨ Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба министиэристибэтин исписэлиистэрэ хас биирдии ыал дьиэтигэр ааҕар прибордары туруорары сүбэлээбиттэрэ ыраатта.

Билигин счётчига суох ыаллар итии, тымныы уу төлөбүрүн нуорманан төлүү олороллор. Дьиҥэр, прибордары туруоруу туһунан федеральнай сокуон ылыныллыбыта хаһыс да сылыгар барда. Бастаан утаа, федераллар боломуочуйаны регионнарга биэрбиттэрэ. СӨ бырабыыталыстыбата федераллары кытары сорунуулаах үлэтин түмүгэр, ыстараап биллибэт болдьоххо тохтотуллубута.

Ити уларыйыы Россия үрдүнэн киирбитэ ыраатта. Биһиги төлөбүрү үрдэппэккэ, тутан олорбуппут. Быйылгыттан балаһыанньа уларыйан, Россия бары регионнарыгар тарҕанна. Манна биири этиэххэ наада. Бу коммунальнай өҥө тарыыптара буолбатах. Төлөбүр диэн өйдөнүллүөхтээх. Ол курдук ыйдааҕы төлөбүр кээмэйин аахпыттарын кэнниттэн, балтараа төгүл курдук ыстараабы ааҕыахтарын сөп», – диэн Антонина Винокурова быһааран биэрдэ.

Билигин куораттар олохтоохторо итии уу иһин – 29,30 солкуолбайтан 113,64 солкуобайга диэри, оттон тыа дьоно –  21,50 солк.-87,44 солк. төлүү олороллор. Тымныы уу өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн – 22,50 – 68,46 солк. бигэргэнэн турар. Уу тарыыбын поставщиктар бэйэлэрэ олохтуур буоланнар, сыаната араастаһар. Былырыын от ыйын 1 күнүттэн тымныы уу – 10%, итии уу – 8% үрдээбитэ.

Уу счётчиктарын салайар хампаанньалар, чааһынай тэрилтэлэр уонна дьон бэйэтэ туруорар. Счетчиктар сыаналара араастаһар. КПД эбэтэр урукку дьиэлэр куукуналара уонна баанналара тус-туспа турбалаах буолан, кыбартыыраҕа икки прибор эрэ туруохтааҕын оннугар, түөрт прибор (бааннаҕа анаан икки, куукунаҕа эмиэ икки) туруоруллар.

Сорох дьиэҕэ тэхиниичэскэй өттүнэн кыайан счётчик турбат. Ол иһигэр хаарбах туруктаах дьиэлэргэ. Онон маннык дьиэҕэ олорооччулар ыстарааптан босхолонуохтара. Салайар хампаанньа «бу дьиэҕэ сатаан счётчик туруоруллубат» диэн аакта оҥоруохтаах, – диэн Антонина Борисовна этэр.

Бүгүҥҥү туругунан, Россия үрдүнэн олорор дьиэ 70-ча бырыһыаныгар ааҕар-суоттуур уу прибордара туруоруллубуттар.

Анивера Акимова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0