«Сбербаан» коронавируһунан сибээстээн суһал линияны үлэлэтэр: 8 (800) 200-34-40. Линия Москва бириэмэтинэн 00:00-20:00 үлэлиир.
«Сбербаанк» бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Попов:
— Бу уустук кэмҥэ биһиги килийиэннэрбитин өйүөхтээхпит, атын усулуобуйалаах үлэлииллэригэр көмөлөһүөхтээхпит. Суһал линия корпоративнай килийэннэри кытта кэпсэтэргэ ананна, манна кинилэр дьиэттэн үлэлииргэ, больничнай лииһи хайдах толорорго, баан саҥа өҥөлөрүн хайдах туһанарга сүбэлэри-амалары ылыахтарын сөп.
Баан килийиэннэрин доруобуйаларыгар куттал суоһаабатын туһуттан миэрэлэри уонна санитарнай нуормалары барытын тутуһар.
Маны тэҥэ корпоративнай быһаарыныылар киинэ (ЦКР) тиһигин быспакка үлэлиир. Киин үлэһиттэрэ суукканы быһа баан бородуукталарын уонна сервистэрин туһунан килийиэннэригэр сүбэ-ама биэрэллэр. ЦКР нүөмэрэ: 0321 («Билайнтан», «Мегафонтан», «МТСтан», Tele2-тан, Yota-ттан уонна СберТелекомтан Арассыыйа сиригэр-уотугар босхо); +7 495 6655 777 (тас дойдуттан эрийэргэ суотабай операторгыт тарыыбынан төлөбүрдээх).
edersaas.ru