Сбербаан алтынньы 16 күнүттэн потребительскэй кирэдьиит ставкатын 0,4-1,4 % түһэрдэ.
Сбербаан бырыһыан ставкатын быйыл иккитэ түһэрдэ. Биллэрин курдук, нэһилиэнньэ улахан аҥара бааннартан потребительскэй кирэдьиити ылан, чааһынай дьиэ, даача туттар, кыбартыыратын өрөмүөннүүрэ. Ааспыт сылларга экономическэй кириисиһинэн сибээстээн, былырыыҥҥыттан үгүс баан потребительскэй кирэдьиит ставкатын %-нын үрдэппитэ. Сорохтор киэннэрэ 30-тан тахсалыыга тиийэн, дьон кирэдиити ылара ыараабыта. Билигин барыта этэҥҥэ буолан эрэр.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1