Сбербаан: каарталар үлэлиир болдьохторун уһатар

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Сбербаан дебетовай уонна кирэдьиитинэй каарталарын үлэлиир болдьохторун уһатыыга ылыста. Сотору кэминэн каарталарын болдьоҕо бүтэллэрэ чугаһаабыт  килийиэннэргэ  барыларыгар  тустаах иһитиннэрии кэлиэҕэ.

Ити туһунан Сбербаан килийиэннэри кытары үлэлиир салаатын дириэктэрэ Игорь Ковалев: «2022 сыл кулун тутар ыйынан үлэлиир болдьохторо бүтэр каарталар оннуларыгар хайыы үйэ саҥалары оҥорон бэлэмнээн, баан офистарыгар тиэрдилээтибит. Оттон муус устар ыйынан тохтуур каарталар болдьохторун уһатан биэрдибит. Иккистээн оҥорторор наадата суох», — диэн быһаарбыт.

Кулун тутарга болдьохторо бүтэр каарталаах килийиэннэргэ  мобильнай онлайн-бааннарын сыһыарыыларыгар  саҥа каарталара бэлэмин уонна ону хантан кэлэн ылалларын туһунан смс-иһитиннэрии кэлиэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0