Сбербаан сүрүн акционера уларыйыан сөп

12.02.2020
Бөлөххө киир:

Үп министиэристибэтигэр бырабыыталыстыба Сбербааҥҥа баар Киин баан өлүүтүн атыылаһан ылар санаалаах диэн иһитиннэрдилэр.

Арассыыйа Баанын өлүүтүн бигэ туруктаах буолуу национальнай пуондатын үбүгэр ырыынак олохтоммут сыанатынан ылыахтара. 2019 сыл түмүгүнэн Сбербаан аахсыйатын дохуота федеральнай сойуом облигациятыттан үрдүк буолуохтаах”, — диэн федеральнай биэдэмистибэҕэ чуолкайдаатылар.

Сбербаан хапытаалыттан Киин Бааны таһаарарга сокуон барыла оҥоһуллан, бырабыыталыстыбаҕа ыыппыттар. Аахсыйалаах, регулятор уонна кэтээн көрөр уорганы Киин баан толороро интэриэс иирсээнин үөскэтиэн сөп, оттон аахсыйатын атыылааһын бу кыһалҕаны быһаарар диэн докумуоҥҥа ыйыллыбыт.

Сбербаан бэрэсидьиэнэ Герман Греф сүрүн аахсыйалаах сирэй уларыйарын биһириирин биллэрбит. «Биһиги Киин Бааны кытта тапсан үлэлиибит, Үп министиэристибэтин уонна бырабыыталыстыбаны да кытта үтүө сыһыаннаахпыт. Онон кыһалҕа үөскүүрэ күүтүллүбэт», — диэн эттэ кини. Санатан эттэххэ, Киин Баан Сбербаан аахсыйатын 52,32% (72,9 млрд солкуобай) бас билэр, ол аата хонтуроллуур. Киин Баан өлүүтэ федеральнай сокуоҥҥа эрэ олоҕуран кыччыан сөп.

Ол туһунан РИА-Сонуннара, Forbes иһитиннэрэр https://ria.ru/20200123/1563772981.html

https://www.forbes.ru/newsroom/finansy-i-investicii/390281-gref-prokommentiroval-plany-prodat-paket-cb-v-sberbanke-na-27

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0