Ханнык баҕарар туспа сыаллаах — соруктаах тэрээһин кэнниттэн киһи түмүк санааны оҥостор. Ол курдук, бу ыйга литэрэтиирэ эйгэтигэр биир бэлиэ тэрээһин буолан ааспыт. Ону биһиэхэ “АйАрт” айар, суруйар түмсүүлэри көҕүлүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи тэриллии салайааччыта Диана Сутакова сырдатар.
Атырдьах ыйын 5-6 күннэригэр Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгин Бор алааһыгар айар, суруйар түмсүүлэр уонна бөлөхтөр I-кы өрөспүүбүлүкэтээҕи “СаҮын” диэн экспедиционнай сүлүөттэрэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Тэрээһини Горнай улууһун “Дьүрүскэн” эдэр суруйааччыларын түмсүүтэ уонна “АйАрт” айар, суруйар түмсүүлэри көҕүлүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи тэриллии иилээн-саҕалаан ыыттылар. Сүлүөт сүрүн идиэйэтинэн айар, суруйар доҕурдаах, култуураҕа, ускуустубаҕа сыһыаннаах дьону, түмсүүлэри кытта билсиһии, уопут атастаһыы буолар.
Балаһыанньа, бырагыраама оҥоһуллан, киэҥ хабааннаах сүлүөккэ 9 улуустан уонна Дьокуускай куораттан муһуннулар. Даҕатан эттэххэ, “Лена долгуннара” литературнай түмсүүттэн — Сюзанна Кондакова, “Нам кылыһах” төрүт дорҕоон бөлөҕүттэн — Маайа Григорьева, “Чурапчы” литературнай түмсүүттэн — Сардаана Корякина, Мэҥэ Хаҥалас “Көөчөөн көрө” мини — тыйаатыртан — Екатерина, Александр Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ, “Таланты Якутии-2022” кадровай куоҥкурус финалистара, Ньурбаттан төрүттээх — Светлана Гаврильева, Мэҥэ Хаҥаластан — Александр Шишигин, киинэ оператора — Василий Петров уо.д.а араас эйгэлээх бөлөхтөртөн уонна биирдиилээн ураты дьоҕурдаах дьон кыттыыны ыллылар.
“Дьүрүскэн” түмсүү биир чаҕылхай ыччата, бэйиэт Василий Тимофеев төрөөбүт дойдутун устуоруйатын билиһиннэрэн экскурсия ыытта. Ол курдук, М.Е.Тимофеев аатынан Бэрдьигэстээх кыраайы үөрэтэр түмэлиттэн саҕалаан, Мытаах мусуой-галереятын, саха норуодунай суруйааччылара Семен, Софрон Даниловтар төрөөбүт-үөскээбит Бор алаастарын ыалдьыттарга көрдөрөн, устуоруйатын кэпсээн олус сөхтөрдө.
Бастакы күҥҥэ “Дьүрүскэн” түмсүү кыттыылааҕа Варвара Иванова “Мин илиибэр сырдык күн” диэн ааттаах кыра саастаах оҕолорго, төрөппүттэргэ, педагогтарга аналлаах кинигэтин сүрэхтэниитэ, маны тэҥэ “Айар аартыкпыт аргыстара-3” диэн икки бөлөх холбоһуулаах хоһоон, кэпсээн хомуурунньуга бэчээттэнэн тахсыбытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга билиһиннэрии буолла.
Салгыы “АйАрт» тэриллии ыыппыт ырыа куонкуруһугар үһүс миэстэни Чурапчы улууһуттан төрүттээх Сардаана Корякина ылан, Инна Донская анаабыт бирииһигэр тиксэн, хоһооно матыыптанан ырыа буолан көтүөхтээх. Иккис миэстэни ылбыт, Мэҥэ Хаҥалас олохтооҕо Екатерина Иванова — Маайа Григорьева айбыт ырыаларын диискэтин тутта, бастакы миэстэлээх — Нам улууһуттан сылдьар Маайа Григорьева 3000 солкуобай харчынан наҕараадаланна.
Иккис күн Горнай улууһун «Дьүрүскэн» литературнай түмсүү Афанасий Осипов үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах уруһуй күрэҕиттэн саҕаланна. Уруһуйга үһүс миэстэни Ньурба улууһуттан төрүттээх Диана Сутакова, иккис миэстэни Ньурба улууһуттан төрүттээх Анисия Андреева, бастакы миэстэни Чурапчыттан төрүттээх Сардаана Корякина ылан добун сурук уонна бэлэх туттулар.
“СаҮын” туһунан тутатына хоһоон айыытын күрэһин “Айар аартыкпыт аргыстара” өрөспүүбүлүкэтээҕи суруйарга холонор эдэр ыччат түмсүүтэ тэрийдэ. Грамота уонна түмсүү кыттыылаахтарын кинигэлэрин 3 миэстэлээх — Горнай улууһун олохтооҕор Варвара Ивановаҕа, иккис миэстэлээх — Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Мусьяна Сосинаҕа, бастакы миэстэлээх — Ньурбаттан төрүттээх Анисия Андрееваҕа туттарылыннылар. Ону таһынан, Горнай кыыһа Варвара Иванова Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун Эдэр литератордардарын сүбэтэ туруорбут “Кэскиллээх хоһоонньут” диэн анал ааты сүгэн, бирииһинэн наҕараадаланна.
“Спутники из мира поэзии” өрөспүүбүлүкэтээҕи нууччалыы уонна олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуот тылынан суруйар дьоҕурдаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү сахалыыттан нууччалыы бөлөҕүнэн тылбаас күрэҕин тэрийбитэ. Тылбааска үһүс миэстэҕэ — Чурапчыттан төрүттээх Сардаана Корякина уонна Сунтаартан төрүттээх Александр Иванов, иккис миэстэҕэ — Тааттаттан төрүттээх Анисия Иевлева уонна Намтан төрүттээх — Михаил Эверстов, бастакы миэстэҕэ — Горнайтан Мария Андреева, Мэҥэ Хаҥаластан — Мусьяна Сосина, Хаҥаластан — Вадим Борисов тахсаннар, добун сурук уонна кинигэ тутан үөрдүлэр-көттүлэр.
“АйАрт” айар, суруйар түмсүүлэри көҕүлүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи тэриллии, “Талаан түһүлгэтэ” айар, суруйар дьону түмэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү уонна “Сааскы ыллыктар” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэпсээнньиттэр түмсүү кыттыһан бөлөҕүнэн театральнай күрэһи оҥордулар.
“Талаан түһүлгэтэ” түмсүү туруорбут авторскай кинигэлээх бирииһин “Бастыҥ артыыс” аатын сүкпүт, үһүс миэстэлээх — Горнайтан Варвара Иванова, иккис миэстэлээх — Чурапчыттан Сардаана Корякина, бастакы миэстэлээх — Мэҥэ Хаҥаластан Екатерина Иванова туттулар.
“Сааскы ыллыктар” түмсүү биэрбит кинигэлэрин “Бастыҥ режиссёр” анал аакка тиксибит, үһүс миэстэлээх — Мэҥэ Хаҥаластан Екатерина Иванова, иккис миэстэлээх — Чурапчыттан төрүттээх Сардаана Корякина уонна бастакы миэстэлээх — Тааттаттан төрүттээх Анисия Иевлева ыллылар.
Бастакы экспедиционнай сүлүөт кыттыылаахтара Кэбээйиттэн Вера Прокопьева өрөн ыыппыт кыл ситиитигэр ил-быйаҥ өҥнөөх таҥас кырадаһыннарын иилэн, «Доҕордоһуу саламатын» «Дьүрүскэн» литературнай түмсүүгэ бэлэх ууннулар.
Түгэнинэн туһанан, маннык улахан хабааннаах тэрээһини иилээн –саҕалаан ыыппыт дьоннорбутугар, ону тэҥэ Горнай улууһун краеведческай музейыгар, Мытаах нэһилиэгин музей –галереятыгар, Эбэ учаастагар турар сынньанар база хаһаайкатыгар Кесарева В.Д., “Дьүрүскэн “ литтүмсүү салайааччытыгар Новикова В.Ф., көхтөөх кыттыылаахтарыгар Тимофеев В.И., Андреева М.Р., Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун Эдэр литератордардарын сүбэтин бэрэссэдээтэлигэр Каженкин Р.Н., “АйАрт” айар, суруйар түмсүүлэри көҕүлүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи тэриллии бэрэссэдээтэлигэр Сутакова Д.В., “Айар аартыкпыт аргыстара” өрөспүүбүлүкэтээҕи суруйарга холонор эдэр ыччат түмсүүтүн салайааччытыгар Коркина И.Ф., “Спутники из мира поэзии” өрөспүүбүлүкэтээҕи нууччалыы уонна олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуот тылынан суруйар дьоҕурдаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү салайааччытыгар Кычкина Е.А., “Талаан түһүлгэтэ” айар, суруйар дьону түмэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү салайааччытыгар Прокопьева В.Н., “Сааскы ыллыктар” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэпсээнньиттэр бөлөхтөрүн салайааччытыгар Кириллин А.Г. уонна айаммытыгар арыаллаабыт суоппардарга Каратаев А.В., Ноговицын Н. С. улахан махталбытын тиэрдэбит.
Эһиилги слет Нам улууһугар буолара былааннанар. Өссө элбэх кыттааччы кэлиэ, кыттыа диэн бигэ эрэллээхпит. Сайын, үүн саха ыччата!
Диана Сутакова