“Саюри”: түмүгү ирдиирбит өссө да эрдэ

Бөлөххө киир:

2016 сыллаахха “Хаҥалас” индустриальнай паарка иһинэн   сылы эргиччи үлэлиир “Саюри” тэпилииссэ тутуллубута. Бу бырайыак нэһилиэнньэни кыһыннары-сайыннары оҕуруот аһынан хааччыйыахтааҕа.

edersaas.ru

“Саюри” тэпилииссэ – ирбэт тоҥ үрдүгэр уонна тыйыс усулуобуйалаах тымныы сиргэ саҥа технологиянан тутуллубут, тас дойду инвестордара кыттыылаах» бастакы хараҥаччы». Бырайыак үс түһүмэхтэн турар. Тэпилииссэ бастакы уочарата эксперимент быһыытынан тутуллубута. Бу түһүмэх чэрчитинэн, 1024 га иэннээх тэпилииссэ олоххо киирэн, билигин Дьокуускай куорат 60 оҕо саадын оҕуруот аһынан хааччыйар. Бу тутууга барытыгар 115 мөл. солкуобай ороскуоттаммыта. Бу мантан 82 %-нын “Горснаб” муниципальнай унитарнай тэрилтэ ылар. Онтон 14 %-нын  “Алмаасэргиэнбаан”, 4 %-нын  Япония “Хоккайдо Корпорэйшн” укпуттара.
Оҕуруотчуттар бастаан помидору үүннэрииттэн саҕалаабыттара. Биир сыл иһигэр ханнык көрүҥ төһө үчүгэйдик үүнэрин, онно төһө уот, сырдык барарын быһаарбыттара. “Саюри” генеральнай дириэктэрэ Дмитрий Захаров бэлиэтииринэн, билигин оҕурсуга ылсан үлэлииллэр. Манна даҕатан эттэххэ, оҕурсу уонна помидор биир сиргэ тэҥҥэ үүннэриллибэттэринэн сибээстээн, билигин тэпилииссэҕэ оҕурсуну эрэ үүннэрэн туруораллар.
“Саюрилар” билигин бырайыактарын иккис түһүмэҕин олоххо киллэрээри өрө мөхсө сылдьаллар. Былаан быһыытынан, эһиил олунньуга диэри үлэ-хамнас үмүрүйүөхтээх. Иккис түһүмэх чэрчитинэн, икки улахан тэпилииссэ тутуллар. Бу эбийиэктэр биэс блоктан тураллар. Тутуулар уопсай иэннэрэ 10200 кв м тэҥнэһэр. Ити бастакы тэпилииссэтээҕэр уон төгүл улахан. Онон үүнүүнү эмиэ хас эмэ төгүл элбэҕи биэриэхтээх. Билиҥҥи туругунан, тэпилииссэҕэ 14 үлэһит баар буоллаҕына, иккис уочарата олоххо киирдэҕинэ үлэһиттэр ахсааннара 34 буолуохтаах. “Билигин тэпилииссэлэр тутуллан бүтэн эрэллэр. Бүтэһик кирбиигэ киирдибит. Манна Москваттан уонна олохтоох  тутааччылар  үлэлии сылдьаллар. Оборудование барыта Японияттан аҕалыллыбыта”, — диэн этэр Дмитрий Иванович.
Бырайыак бүтэһик үһүс түһүмэҕэ 2019 сылга олоххо киириэхтээх. Ити эрэ кэннэ бырайыак толору күүһүнэн үлэлээн барыахтаах. Өскөтүн билигин Дьокуускай куорат 60 оҕо саадын хааччыйа олорор буоллаҕына, ити үлэҕэ киирэн киин куорат нэһилиэнньэтигэр барытыгар тарҕаныахтаах. Билигин оҕо саадыгар ортотунан 150-200 кг туттараллар, онтон хаалбыт 30-40 кг куорат “Илин эҥэр” уонна “Поярков” маҕаһыыннарынан атыыга барар. Оҕурсуну киилэтин 250 солкуобайга туттараллар, оттон маҕаһыыннар бэйэлэрин бырыһыаннарын эбэн, 300-330 солкуобайга атыылыыллар.
Бу бырайыак биир сүрүн уратытынан кини социальнай хайысхалааҕа буолар. “Алмаасэргиэнбаантан” бырайыагы сүрүннээччи Максим Слепцов бэлиэтииринэн, бырайыак хара маҥнайгыттан социальнай хайысхалаах тэриллибит.
Оҕуруот аһын сылы эргиччи үүннэриигэ бу аан дойду таһымнаах бастакы суос-соҕотох бырайыакпыт.  Нэһилиэнньэни дьыл кэмиттэн тутулуга суох оҕуруот аһынан хааччыйар сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ. Өскөтүн бастакы икки сылга тэпилииссэҕэ чинчийии үлэтин ыыппыт буоллахтарына, эһиилгиттэн, иккис уочарата олоххо киирдэҕинэ, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар бородууксуйаларын тарҕатан барыахтара. Билигин бырайыак ситэ-хото илик. Онон ночоокко тэбилиннэ, туох да көрдөрүүтэ суох диир, мин санаабар, олоҕо суох. Бырайыак былаан быһыытынан баран иһэр. Барыска тахсара, түмүгү аҕалара өссө да эрдэ. Ханнык баҕарар оҥорон таһаарыы бастаан үбү-харчыны кутууну ирдиир, ол эрэ кэннэ түмүгү аҕалар. Эһиилгиттэн саҕалаан “Саюри” помидору, оҕурсуну, ону таһынан салааты үүннэриэҕэ. Онон, түмүктээн эттэххэ, “Саюри” тэпилииссэ үлэтин түмүгүн 2020 сыл бастакы аҥаарыттан саҕалаан көрүөхпүт, онно сыана быһыахпыт.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0