Хомуньуус Савва

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Биһиги хаһыаппытыгар бүгүн ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы, хомуньуустар баартыйаларын чилиэнэ, аныгылыы толкуйдаах хомуньуус Савва Михайлов ыалдьыттыыр. edersaas.ru

Кистэммэппин, кэмсиммэппин

— Савва Анатольевич, үгэс курдук салалтаҕа үлэлиир итиэннэ ол эйгэҕэ чугас дьон былаас баартыйатын, ол эбэтэр “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай баартыйа, чилиэнэ буолаллар. Оттон эн хомуньуус итиэннэ буолаары буолан, 14 сыл ыстаастаах “кырдьаҕас” хомуньуус эбиккин.

— Тыаттан төрүттээх, боростуой ыал оҕото буоламмын, эдэр эрдэхпиттэн хомуньуус баартыйа идиэйэлэрин ордук чугастык ылынар этим. Ол иһин университекка үөрэнэ сылдьан, 2003 сыл сааһыгар КПРФ-ка киирбитим. Итиэннэ онтон букатын кэмсиммэппин, кистэммэппин. Биллэн турар үлэбэр баартыйа боппуруоһунан, кини идеологиятын аҕытаассыйалааһынан төрүт дьарыктаммаппын, ол эрээри “дьон-сэргэ олоҕо сиэрдээх итиэннэ үөрэнэргэ, үлэлииргэ-хамсыырга, эмтэнэргэ киһи барыта тэҥ бырааптаах буолуохтаах” диэн өйүнэн-санаанан салайтарабын.

Наар күлүк өттүн хасыһар наада дуо?

— 1917 сыллаахха сэтинньи сэттис күнүгэр “Аврора” тэргэнин тыаһынан доҕуһуолланан, социалистическай өрөбөлүүссүйэ буолуоҕуттан лоп курдук сүүс сыл ааста. Билигин бу күн официальнайдык бэлиэтэммэт.

— Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин сэҥээрбэт буолуу, кини оруолун намтатыы итиэннэ төрүт да сыыһа суол этэ диэһин баар. Кырдьык, дойду икки аҥы хайдыһан, ”баай” уонна “дьадаҥы”, “кыһыл” уонна ”үрүҥ” диэн арахсан сэриилэспитин, 1930-с сс. репрессия бастыҥ дьоммутун кыдыйбытын итиэннэ ол тугунан дьайбытын бэркэ билэбит, умнубаппыт уонна умнуохпут да суоҕа. Ити эрээри, историяҕа наар күлүк өттүн хасыһар, ону эрэ чорботор наада дуо? Ол оннугар сиэрдээх сыанабылы оҥоруохтаахпыт, сыыһаны-халтыны хатылыа суохтаахпыт. “Уруккутун билбэт киһи кэскилэ суох” диэн мээнэҕэ этиллибэт.

Өктөөп сахаларга суолтата

Саха норуотугар Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ сүдү суолталаах. Үгүскэ тэнийэ барбакка эттэххэ, 1897 с. биэрэпис чахчытынан, саха дьонун 0,7 %-на эрэ ааҕарсуруйар кыахтааҕа. Сорох ыччаттар соцреализм хайысхатын курдук көрөн, төһө да аанньа ахсарбат курдук туттубуттарын иннигэр, оччотооҕу олох хайдаҕа сэбиэскэй кэм суруйааччыларын айымньыларыгар арыллар. Холобурга ылан көрүөҕүҥ Күндэ “Марбатын”, Эрилик Эристиин “Хачыгырын”, Амма Аччыгыйын “Сааскы кэмин”… Ыраахтааҕы былааһа аҕыйах ахсааннаах омуктары, ол иһигэр сахалары, “туора урдустар” диэн дьаралыктаан, кинилэргэ сырдыгы-үөрэҕи тарҕаппакка, Америка индеецтэргэ олохтообут сыһыанын курдук бэлиитикэни көрөн олорбут. Биһиги дойдубут эрэһиэҥкэтэ суох түрмэ этэ. Эҥин араас холуобунай буруйдаахтары, бырадьааҕылары сыылкаҕа аҕалыы сылтан сыл улаатан иһэрэ, ол барыта олохтоох дьон сорун-муҥун элбэтэрэ.

Өрөспүүбүлүкэбит 100 сыла

— Дэлэҕэ саха бастакы үөрэхтээхтэрин саамай туруорсар туруорсуулара холуобунай буруйдаахтары аҕалыыны аҕыйатыы буолуо дуо?

— Оннук. Киһи баайа санааны этинии буолар. Холобур, бу мин бэйэм тугу саныырбын аһаҕастык этэрим-тыынарым миэнэ баайым уонна киэн туттуум. Өрөбөлүүссүйэ иннинэ саха киһитигэр маннык дьол суоҕа. Бэрт аҕыйах киһи, ону да баай уонна тойон өттө эрэ, санаатын этинэр, куоластыыр бырааптааҕа. 1917 cыллаахха биһиги киэн туттар уолаттарбыт, бу билиҥҥи биһигиттэн быдан эдэр дьон, сөптөөх суолу тутуһаннар, саха омук саргытын салайбыттара, саха судаарыстыбаннаһын олохтообуттара. Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Степан Аржаков, Степан Васильев….. Төһөнөн сайдан иһэбит да, соччонон кинилэр ааттарынан киэн туттарбыт күүһүрүөҕэ. Сэбиэскэй былаас кыһамньытын түмүгэр, 1960 сылларга саха норуотун 97 %-а үөрэхтэммитэ, Саха сирэ олох бары эйгэтинэн бигэтик сайдар өрөспүүбүлүкэ буола үүммүтэ. Баара эрэ 40-ча сыл иһигэр!

Аан дойдуга Өктөөп сабыдыала эмиэ улахан. Кэккэ дойдуларга өрөбөлүүссүйэлэр буолбуттара, оттон арҕааҥҥы дойду баайдара алыс баттаатахха-балыйдахха кыра-хара норуот өрө турар эбит диэннэр, үлэһит дьон интэриэһин, туруорсуутун учуоттуур буолбуттара. Ол түмүгэр хайдах курдук сайыннылар?!

Аны биэс сылынан өрөспүүбүлүкэбит сүүс сылын бэлиэтиэхпит. Онуоха сыһыаннаан дойду Президенин ыйааҕа тахсан, Ил Дархан чопчу сыалы-соругу туруоран, ыытыллар үлэ-хамнас барыта үбүлүөйгэ туһуланан ыытыллан эрэр. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолбатаҕа буоллар, сахалар өрөспүүбүлүкэлээх буолуо этибит дуо? Онон биһиэхэ өрөбөлүүссүйэ саҕаланар саҕахпыт.

Өктөөп социальнай хайысхата бүгүн да баар

— Аны бүгүҥҥү күҥҥэ эргиллиэххэ.

Өрөспүүбүлүкэ салалтатын бэлиитикэтэ Өктөөп кыайыыларын кытары ситимнээх диэтэхпинэ, бука, сыыстарыам суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, бүддьүөппүт социальнай хайысхалаах, үксэ хамнаска уонна бэтэрээннэргэ, кыаммат араҥаҕа, инбэлииттэргэ чэпчэтиилэри көрүүгэ ананар. Доруобуйа харыстабылыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар, олорор дьиэнэн хааччыйыыга, суолу-ииһи оҥорууга, тутууга, гааһы киллэриигэ ыытыллар үлэ тус сыаллаах бырагыраамаларынан салайыллар. Икки үйэ алтыһар кирбиитигэр, олох-дьаһах саамай ыараан турар кэмигэр, тыа сирин сайдыытын бырагыраамата оҥоһуллан тыа сирэ хаалыыттан таһаарыллыбыта. Ол түмүгэр, дьон, ордук ыччат, дойдутугар олохсуйар буолла. Урукку сыллар үтүө үгэстэрин тилиннэрэн, ыччаттар уонна оҕолор уопсастыбаннай түмсүүлэрэ, патриотическай иитии сөргүтүлүннэ. Тимуровскай көмө саҥалыы тыыннанна, ыччаттар кырдьаҕас ыалларга муус ылан, мас хайытан биэрэллэр, окко көмөлөһөллөр. Биһиги министиэристибэбит дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах араас дьаһаллары тэрийэр, итинэн дьиэ кэргэнинэн олорор, элбэх оҕолонор диэн дьол өйдөбүлү тиэрдэ сатыыбыт. Чулуу дьоммутун “кини хомуньуус этэ” диэн туораппакка, норуокка оҥорбут үтүөлэрин сыаналаан, үйэтитэбит. Ити курдук Өктөөп үчүгэй өрүтэ элбэххэ тирэх буолар. Кэлэр да өттүгэр баартыйанан, улууһунан эбэтэр итэҕэлинэн арахсарбыт сатаммат. Түмсүүлээх буолуохтаахпыт, ыччаппытын чулуу дьоммут холобурдарынан иитиэхтээхпит. Хойох хостоһуу, куһаҕаны эрэ чорботуу биһиэхэ сөбө суох.

Сэмсэ тыл

Гаврил Торотоев, Хотугулуу Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ:

— Савва Михайлов тыа сиригэр хара үлэҕэ эриллэн үөскээбит буолан олус үлэһит, чиэһинэй. Дьон кыһалҕатын чугастык ылынар, аҕа көлүөнэҕэ ытыктабыллаахтык уонна харыстабыллаахтык сыһыаннаһар. Эдэр оҕо эрдэҕиттэн өрө туппут, иитиллибит сыаннастарын уларыппакка илдьэ сылдьар биир сүрүннээх, киһи киһитэ.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0