Батсаапка маннык ис хоһоонноох акция-сурук хаартыскалары кытта тэҥҥэ тарҕанна. Сурук ис хоһоонун кытта сөпсөһөр киһи анныгар бэйэтин аатын, куоратын, улууһун суруйан салгыы ыытар. Акцияны Гражданскай уопсастыбаны сайыннарыы миниистирин бастакы солбуйааччы Савва Михайлов саҕалаата.
[vc_message message_box_color=»warning»]Оонньоон бүтүҥ!
Дьиҥэр, көҥүл сылдьан санааны этэр чэпчэки да буолааччы. Судаарыстыбаҕа сулууспалыы сылдьан этинэргэ арыый уустуктардаах эбит. Сокуонунан кими эрэ, тугу эрэ киэҥ араҥаҕа таһааран хайҕыыр эбэтэр сэмэлиир хааччыллар. Ол эрэн, тулуйарбыттан ааһан, аһаҕастык ТУС санаабын этиниэхпин баҕардым.
Аан-дойду оргуйан олорор кэмигэр, Россия ийэбитигэр террор, санкция кимэн киириилэригэр биһиги эрэ буккулла сылдьабыт. Дьон-норуот өйдөнөн сомоҕолоһор кэмигэр биһиги, дьэ, уоспутун чорботон, бэйэ-бэйэбитин үөхсэртэн бокуой булбаппыт. Ити демократия кыайыыта буолбатах, ити норуот инникитин сарбыйыы буолар.
Кыһыл тыллаахтар көҥдөй куолулаан, дьону дьоҥҥо утары туруорар үлэни ыыталлар. Уһун тыллаахтар бэйэлэрин эрэ көрүнэллэр. Норуокка хаһан наадыйбыттарай? Дьэ, улахан дуоһунастан уурайан баран «оппозиция» буолбуттар. Дьэ, норуот туһугар харахтара аһыллыбыт. Итэҕэйэҕит? Суоҕа чахчы.
Экология диэн ис хоһоонунан көҥүл ылан баран, политикаҕа кубулуттулар. Сымыйаны уруйдаатылар, албыны үөһэ туттулар.
Нууччаларга «сутяжниктар» диэн тиэрмин баар. Бу профессиональнай кириитикээннэр, бары барытыгар итэҕэһи-быһаҕаһы көрдүүр дьон. Мин холобур кинилэри кытта хас да төгүл көрсөн турабын, тэрээһиннэргэ тыл да биэрэрбит. «Конструктивнай этиилэргитин» олоххо киллэриэххэ, куолуттан тэйэн үлэлиэххэ диэн. Түмүгэ ити сылдьар, болҕомтоҕо наадыйбатылар, дьону болуоссакка албыннаан мустулар.
450 тыһыынча ахсааннаах саха норуота (Россия таһымыгар олох аҕыйах) дьиҥинэн сүрдээх түмсүүлээхпит, ону биһиги аһара улахан территориябыт, баай култуурабыт, биир күүстээх санаабыт көрдөрөр. Ол эрэн, ити дьоннор ону ыһарга сананнылар.
Төһөлөөх элбэх ситиһии баарый, төһөлөөх элбэх кыайыы баарый, ол ону көрө да сатаабаттар, биир кэм итэҕэстэри-быһаҕастары сырсаллар. Ама оннук дьоҥҥо дойдум, норуотум дьылҕатын эрэниэм дуо? Кэбис. Дьиҥ норуот сомоҕото бу биһиги түөлбэлэрбит, нэһилиэктэрбит, улуустарбыт дьоно-сэргэтэ. Биһиэхэ туох да алдьархай, бэрт былдьаһыы тахсыбатын ситиһиэхпит.
«Сомоҕо күүс» диэн ааттаммыттар. Ол баартыйаларын, түмсүүлэрин үстүүтэ-түөртүүтэ уларыта сылдьар дьон, санааларын күҥҥэ сэттэтэ уларытар дьон, араас хара дьыалаларга эппиэттээбит, дьону-норуоту кытта биир тылы булбатах дьон ханнааҕы сомоҕолоро кэлиэй? Туох күүстээхтэрий? Күүстэрэ дьону албынныыларыгар дуо? Кураанаҕы куолулуулларыгар дуо? Кэбис оонньоон бүтүҥ!
Тоҕо санааҕытын кэлэн атах тэпсэн олорон кэпсэппэккит? Тоҕо өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар атын уопсастыбаннай хамсааһыннар курдук үлэлээбэккит? «Сомоҕолор» кэлиҥ, кэпсэтиэххэ. Норуот санаатын бутуйан бүтүҥ!
Норуот, уопсастыбаннас уонна ыччат Ил Дархан уонна сахабыт сирин норуоттарын тула түмсэбит, түмсэ да туруохпут, ол буолар — дьиҥнээх норуот күүһэ!
Биир дойдулаахтаргытын кыыһырдымаҥ, дьон-сэргэ өрөспүүбүлүкэ интэриэһин көмүскээн турдаҕына, хорооҥҥутуттан тахсыа да суоххут.
Үөрэрим диэн, ыччат дуоспуруннаах, мээнэҕэ кыһаллыбат буолла. Дойдутугар долгуйар ыччаттардаах Сахабыт сирэ инникилээх!
Бэйэбит ис турукпутун уонна кыһалҕабытын бэйэбит быһаарса үөрэниэххэ. Ити «сомоҕолор» Москубаҕа үҥсэ оонньообуттара кыбыстыылаах, хомолтолоох. Норуот баһыйар куолаһынан талбыт былааһын убаастааҥ, эһиэхэ, аҕыйах куолуһукка ыстарыа суохпут!
Толкуйдаан, түмсэр кэммит дьэ тиийэн кэллэ.
Омугуттан, улууһуттан, баартыйатыттан тутулуга суох бары бииргэ буолуохха!
Савва Михайлов, Дьокуускай куорат.[/vc_message]Ыччат «Ил Дархан крут!» акцияны тэрийдэ