Сатыы хаамыы дууһаны сынньатар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыраах муораҕа күнүн-дьылын бараабакка, куорат урбаанньыта соҕотоҕун алаастары кэрийэн, дууһалыын сынньанан кэлэр.

Быйыл Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан үгүс суолталаах тэрээһиннэр буоллулар уонна ыытылла тураллар. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу улахан бэлиэ сылга анаан, биирдиилээн дьон эмиэ туох эрэ үйэлээҕи оҥорорго дьулуһан, сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэллэр.

Биир оннук киһинэн Дьокуускай куорат олохтооҕо Александр Протодьяконов буолар. Кини сатыы хааман, төрөөбүт дойдутун туһунан билиэн-көрүөн баҕата күүһүрэн, Төҥүлүттэн Бороҕоҥҥо диэри 100 км хааман, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аныырга санаммыт. Уонна от ыйын 2 күнүттэн 5 күнүгэр диэри сатыы хааман тиийэн, Уус Алдан Бороҕонугар VIII Спортивнай оонньуулар аһыллыыларын көрбүт.

Онон кэрэхсэбиллээх бырайыак ааптара Александр Протодьяконов — “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта.

Сонун бырайыак

— Александр, эн бу сатыы хамыы бырайыаккын салҕаан, бу күннэргэ аны “Майа — Төҥүлү” туһаайыынан сырыттыҥ. Буолаары буолан, соҕотоҕун…

— Бастаан утаа салгыы хаамар былаана суох Бороҕоҥҥо сырыыбын Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аныырга санаммытым. Ол эрээри алаастарынан, халыҥ тыанан аара турар нэһилиэктэри нөҥүөлээн иһэн, саныыр санаам, толкуйум уларыйан иһэрин арыйбытым. Хайдах эрэ духуобунай, философскай өй-санаа арыллар эбит. Ол барыта эн искэр “буһан” тахсар. Аттыгар санааҕын үллэстэр киһиҥ суох. Онон соҕотоҕун сылдьыы киһини олох атын толкуйга, санааҕа, ис кут уһуктуутугар сирдээн аҕалар эбит. Сатыы хаамыы ордук билиҥҥи түргэн тэтимнээх кэмҥэ сайдыылаах технологияттан арахсан, киһи бэйэтин санаатын сааһыланарыгар тиэрдэр. Хайа, уонна хаамансиимэн, хамнанан, этиҥ-сииниҥ уһуктара баар эбит, олох атын турук диэн. Ол иһин бу сонун бырайыагы олоххо киллэрэргэ санаммытым.

Умнуллубат соһуччу көрсүһүүлэр

— “Майа — Төҥүлү” туһаайыынан хас хонукка сырыттыҥ? Туох өйдөбүл хаалла бу сырыыгыттан?

— Бөкө, Сото, Суола (Мэлдьэхси), Бэдьимэ нэһилиэктэринэн 4 күн сырыттым. Аара киһи бөҕөнү кытары көрсөн, билсиһэн, кэпсэтэн кэллим. Уопсайа, 70 км сатыы хаамтым.

Нэһилиэк аайы наһаа да интэриэһинэй олохтоохтор эбит. Ол курдук, Мэлдьэхсигэ «Мындыр» лааҕыр дуобатчыттарын кытта көрүстүм. Оҕолору кытта көрсүһүүнү Василий Куприянов диэн дуобат тириэньэрэ тэрийбитэ. Василий Васильевич бэйэтэ саастаах дьоҥҥо аан дойду чөмпүйүөнэ эбит. Уонна оскуола оҕолоругар эмиэ бэйэтин курдук норуоттар икки ардыларынааҕы чөмпүйүөнү иитэн таһаарбыт. Оҕолорго сайыҥҥы дуобат лааҕырын тэрийэр эбит. Мин сатыы хаама сылдьар бырайыакпын кэрэхсээн, “оҕолорбун хайаан да көрсүөххүн наада” диэн лааҕырыгар сирдээн аҕалбыта. Кини дуобатчыттарын тыаҕа илдьэ сылдьан болҕомтоҕо, тулуурдаах буоларга үөрэтэр эбит.

Бэдьимэҕэ Култуура дьиэтин дириэктэрэ Алексей Ходуловы кытта билистим. Кинини “Сүрэхпэр — бука бары доҕотторум” киинэҕэ Саха сириттэн көҥүл тустууга бастакы Сэбиэскэй Сойуус чөмпүйүөнэ, аатырбыт Вячеслав Карповы оонньообута. Бэдьимэ олохтооҕун кытта нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын, кыһалҕатын, кэскилин ырыттыбыт.

Дьиктитэ баар, аара баран иһэн 10‑тан тахса сыл көрсүбэтэх табаарыспын Сергей Скрябины көрсө биэрдим! Кинилиин Москваҕа бииргэ үөрэммиппит. Өр сылларга сүтэрэн кэбиспит доҕорбун тыаттан эрэ булан ылыам дии санаабатаҕым. Бэйэ-бэйэбититтэн бииргэ үөрэммит оҕолорбут тустарынан бэрт үгүс сонуну иһиттибит.

Алаас аайы отчуттары көрүстүм. Сатыы хааман иһэрбин истэн соһуйаллар. Ол эрээри куорат киһитэ сахалыы тыыммын уһугуннара сылдьарбын биллэхтэринэ, сөбүлээбиттэрин биллэрэн, кэпсээн-ипсээн, ханан хайдах тиийэрбин сүбэлээн биэрэллэр.

Аара суолга аны күтүөтүм быраатын Аскольд Винокуровы көрсө биэрдим. Саҥа билсэн кэпсэттибит. Кини Бөкө нэһилиэгэр ыччат лиидэрэ эбит. Чугас баар ытык сирдэрин кэпсээн, ыйан биэрдэ. Бөкө нэһилиэгин аттыгар баар Арыылаах алааска Манчаары Баһылай ампаарын (хайдах оҥорбутунан турар) көрдүм. Уопсайынан, Мэҥэҕэ аһаҕас халлаан анныгар турар киһи кэрэхсии көрөр үйэлээх бэлиэ сир, ампаар, мэҥэ таас, өтөх үгүс эбит.

Сайылык ыалын сирдээҕи дьоло

— Бу сылдьыбыт түөрт күнүҥ устата араас санаа киирдэҕэ, сонун идиэйэ үөскээтэҕэ. Туох түмүгү бэйэҕэр оҥордуҥ?

— Мин телеграм-ханаалга нууччалыы тылынан “Живое общение” диэн кулууп аспытым. Онно 157 киһи суруттаран олорор. Омугуттан тутулуга суох биһиги бары — айылҕа оҕолоробут. Сахабыт сирин таптыыбыт, сайдыы, кэскил туһугар олоробут. Бу сатыы айаммар үгүс киһи миигиттэн ыйытар “дьол диэн тугуй?” диэн ыйытыытыгар сөптөөх эппиэти булбутум буолар. Ол хоруйум — Николай Баишев пиэрмэтигэр хонон туран, кини хаһаайыстыбатын кытта билсиим. 10 сыллааҕыта кини сайылыкка кэлэн, аҕыйах ынаҕы сайылаппыт. Билигин Николай Баишев 100‑чэ төбө ынах сүөһүлээх. Онтон 30‑та — ыанар ынах. Сайылыкка кыһыннары үлэлиир хотон туттубут. Санаан көрүҥ, бу электричество уота суох сиригэр! Аныгы киһи өйүгэр баппат суол — хайдах бүтүн пиэрмэни кыһыҥҥы хараҥаҕа уота суох тутан олоруохха сөбүй диэн. Сайыҥҥы кэмҥэ уоту күн панелыттан ылан туһаналлар. Аймах-билэ дьон кэлэллэр аҕай эбит. Суотабай төлөпүөҥҥэ ол уоттан туһаналлар. Аны киэһэ буолла да, оҕолор төлөпүөннэрин улахан дьоҥҥо туттарар гына үгэс олохтоммут. Инньэ гынан, бары ууларын толору ханан туран, сарсыарда ким оттуу, ким күрүө тута, ким сир астыы тарҕаһаллар. Онон киһи сирдээҕи дьоло айылҕалыын чугастык алтыһыы буоларын бу дьиэ кэргэн холобуругар көрдүм.

…Ити курдук, 46 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо, урбаанньыт Александр Протодьяконов сатыы хаамыы бырайыагын ситиһиилээхтик олоххо киллэрэ сылдьар. Туһугар “ханна сынньана барыахха?” диэн ыйытыыга, туризм салаатыгар, нууччалыы эттэххэ, “импортозамещение” биир көрүҥэ. Онон куорат урбаанньыта сатыы хаамыы туһаайыыларын бэйэтэ соҕотоҕун сылдьан үөрэтэн баран, кэнэҕэс баҕалаах дьону төрөөбүт дойдуларын билиһиннэрэр сыаллаах кэскиллээх туристическай бырайыагы олоххо киллэриэ диэн эрэнэбит.

Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0