Сатамматах таптал

Ааптар: 
09.09.2016
Бөлөххө киир:

Сүрэх кистэлэҥэ

Сатамматах таптал

Мин бүгүн эһиэхэ бэйэм олохпуттан быһа тардан кэпсиэхпин баҕарабын. Ааппын суолбун ыйбаппын. Отут сааспын номнуо аһарбыт орто саастаах эр киһибин. Киһи барыта бу олоххо бэйэтин кэнниттэн суолун-ииһин хааллара, оҕо-уруу тэнитэ, үлэлии-хамсыы диэн кэлэр. Хомойуох иһин, олоххо араас буолар дииллэринии, мин эмиэ туора халтай хаампыт, алҕас сыыһа быһыылардаахпын. Сыыһаҕыттан кэмсинэҕин дуо диэтэхтэринэ, туох диэн хоруйдуохпун билбэппин. Эмиэ даҕаны олоҕум кэрэ кэмнэринэн, эмиэ даҕаны умнуллубат сүрэх бааһын курдук ылынабын.

Аан бастааҥҥыттан кэпсээтэхпэ маннык: устудьуоннуу сылдьаммыт билсэр этибит. Долгулдьуйар уһун суһуохтаах, хап-харанан чоҕулуччу көрбүт кыыс хара маҥнайгы күннэртэн сүрэхпэр олохсуйбута. Күн аайы «сарсын туран кыл түгэнэ көрсөн кэпсэппит киһи» диэн санаалаах утуйарым эрээри, түүлбэр кытта көрөрүм, суохтаан утуйбат буоларым. Күн-дьыл ааһан испитэ… Үөрэх бүтэр кэмэ тиийэн кэлбитэ. Мин буоллаҕына сатаан тапталбар билиммэтэҕим. Кыыһым кэргэн тахсыбыта. Мин буорайар аакка барбытым. Бу Саҥа дьыл кэнниттэн бүтэриэхтээх киһи үөрэхпин быраҕан дойдулаан хаалбытым. Ыарыыта бэрт этэ… Таптыыр күндү көмүс доҕорум кэргэн тахса охсубутун санаатахпына, хараҕым уунан туолара, кэлиэх-барыах сирбин булбакка аһыы утахха охторум үксээбитэ.

Сыллар ааһан испиттэрэ. Мин ойох ылбакка дойдубар үлэлиирим, хам-түм куоракка киирэн тахсарым. Биирдэ наадабынан куоракка киирэр буоллум. Хантан билиэм баарай, бу сыллар тухары ыра оҥостубут кыыспын алҕас суолга көрсө түһүөхпүн… Тоҕо эрэ олус истиҥник, чугастык кэпсэппиппититтэн соһуйбутум эрээри, көрсүбүппүт соһуччута бэрдиттэн барытын умнан, иккистээн уҥа-таала тапталга ылларан барбытым.

Киэһээ дьоммор тиийэн аһаан-сиэн дьыалабын ситиспит киһи быһыытынан сылайан эрдэ утуйардыы оҥостон сыттахпына, арай, төлөпүөнүм тыаһаабыта. Ылбытым ким буолуой? Сэрэйбиккит курдук бу сыллар тухары ыра оҥостубут сардаана сибэкким эбит. Кэпсэтэн, көрсүөхтээх сирбитин болдьоһон киэһээ 23 чаас саҕана көрүстүбүт. Ахтыбыт даҕаны эбиппин.

Бу киэһээттэн ылата аньыым харам саҕаланан барбыта. Кэргэннээх кыыһы кытары уоран, саһан таптаһар буолбуппут. Тапталбыт өр салҕанар кыаҕа суоҕун билэрбит эрээри санаабакка буола сатыырбыт. Хас биир мүнүүтэни сыаналаан олус даҕаны астыктык атаарарбыт. Түүҥҥү Дьокуускай устун хаамарбыт, буолары буолбаты кэпсэтэрбит. Эрдэттэн тоҕо көрсөн сылдьыбатахпытын, олохпутун холбооботохпутун санаан кэмсинэрбит, хараастарбыт. Ол саҕана кыыһым таптыыра эбитэ үһү. Мин кэлэн киинэҕэ барыахха диирбин төһөлөөх өр күүппүтүн харах уулаах олорон кэпсээбитэ… Арай сылдьыбыт буолуохха, бу маннык саһа, уора сылдьыахпыт этэ дуо? Киһи сиэринэн ыал буолан, бур-бур буруо таһаарынан олус дьоллоохтук олоруох эбиппит. Дьылҕа хаан ыйааҕа олус тыйыс. Киһиэхэ бэрт кыра да хорсун быһыы ардыгар тиийбэт даҕаны.

Ол курдук икки ыйтан ордук сылдьыбыппыт. Онтон толкуйдаан бараммыт арахсыахха дэспиппит. Тапталбыт сымыйа. Тапталбыт сыыһа албын… Ыал дьону араартыам дуо? Бу билигин даҕаны соҕотох сылдьабын. Аньыылаах харалаах аннараа дойдуга аттаныам буоллаҕа. Кими кэлэн аны таптыахпыный? Санаам да буолбат. Дьон олоҕун ыһа сыһан бараммын, олус дьоллоохтук олоруом дуо? Оннук буолбат доҕоттор. Онон бу кэпсээммин ааҕаҥҥыт олоххутугар туһа гыныаххыт, сыыһаны-халтыны, аньыыны оҥостумаҥ. Ыал буолуу диэн бу олоххо ытык иэстэртэн биирдэстэрэ буоларын умнумаҥ. Уонна таптааҥ таптатыҥ, олус дьоллоохтук олоруҥ. Атын дьону көрүмэҥ, биһи курдук буолумаҥ.

Кыыһым кэргэнинээн олороллор. Кэргэнэ сэрэйбэт даҕаны буоллаҕа… Инникитин үөрэх буолуоҕа диэммин уоскутабын. Аньыыбын харабын эһиэхэ кэпсээммин,сэрэтэммин, боруостуубун быһылаах.

Олох диэн олус уустук. Олох диэн таайыллыбат таабырын.

Кистэлэҥ аат

+1
7
+1
0
+1
5
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1