Сатабыллаах Макаарабыс

Бөлөххө киир:

Дьиэ кэргэҥҥэ тугу барытын ааҕан-суоттаан сатабыллаахтык дьаһаннахха, тыа сиригэр байылыаттык олоруохха сөбүн туоһулуур ыаллар нэһилиэк аайы бааллар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


«Дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ» бырагырааманы оҥостон, тус хаһаайыстыбаны сайыннарар биир оннук ыалынан Сунтаар улууһун Элгээйитигэр Семеновтар дьиэ кэргэн буолаллар.

Кэргэннии Тамара Николаевна уонна Николай Макарович иккиэн «норуот учууталлара» аатын ылан, үлэлээн-хамсаан кэлбит дьон. Физика учуутала Тамара Николаевна, математика учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, үлэ, спорт бэтэрээнэ, Хоро, Элгээйи нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Николай Макарович үгүс көлүөнэ ыччаты техническэй идэлэргэ уһуйбут үтүөлээхтэр.

х х х

Семеновтар 1990-с сыллар бүтүүлэриттэн саҕалаан, дьиэ араас кыылын иитэ сылдьан баран, улахан барыһы биэрбэтинэн тохтоппуттар. Бэл, хонууттан андаатар хомуйан тута сылдьыбыттар. «Биир ынах күҥҥэ 800 солкуобайдаах бородууксуйаны биэрэ турар. Ону ыйга, сылга төгүллээтэххэ, барыстаах буолан тахсар. Сылгы, дьиҥэр, үчүгэй дохуоту биэрбэт», – диэн Николай Макарович санаатын үллэстэр.

х х х

Үүнээйини олордууга хайдах сыстыбытын туһунан Николай Макарович ыраахтан эҥсэн кэпсиир. Сэрии сылларыгар Хоро с. кэриэй омук киһитэ кэлэн олохсуйа сылдьыбыт. Кырачаан уолчаан киниттэн аан бастаан табах олордорго үөрэммит. Онтон омук оҕуруотчутун сылайбакка батыһа сылдьан, сыыйа-баайа үүнээйи олордуһан киирэн барбыт. Балтараа килэмиэтирдээх сиртэн биэдэрэнэн уу баһан луук уонна хаппыыста үүннэрбитин бу баар курдук өйдүүр.

Билигин Семеновтар тиэргэннэригэр оҕуруот аһын арааһа, үүнээйи эгэлгэтэ силигилиир. Түөрт оттуллар тэпилииссэлэригэр саас эрдэттэн арассаадаларын олордоллор. Хортуоппуйдарыттан күһүн сүүстэн тахса куулу ылаллар. Түөрт суорду, дьылыттан көрөн, сыл аайы араастаан үүннэрэллэр.

х х х

Николай Макарович бэйэҕэ үүннэриинэн эрэ муҥурдаммакка, билиитин, үөрүйэҕин дьонун-сэргэтин кытары үллэстэр. Бэйэтэ оҥорбут бары өттүнэн туһалаах биогумуһун нэһилиэнньэҕэ тарҕатар.

«Сорохтор биогумуһу кыайан туттубаттарын иһин, арассаада кырыһын оҥоробун. Дьокуускайга анаалыстаппыппын үчүгэй диэбиттэрэ», – диэн 80-с хаарыгар үктэммит хаһаайын өссө биир дьарыгын билиһиннэрэр. Кини саҕалаабыт ити дьыалатын билигин уоллара ИП тэринэн, салгыы сайыннара сылдьар. Ньурба, Мииринэй, Сунтаар улууһун оҕуруотчуттарын хааччыйар.

Аны туран, 1982 сылтан чиэрбэни иитэн, уоҕурдуу оҥорор. Оччолорго сэдэх дьарыкка ылсыы эмиэ төрүөттээх буолбут. Николай Макарович Дьокуускайга «Оҕо эйгэтэ» маҕаһыыҥҥа киирэ сылдьан, Ленинградтан аҕалыллыбыт уоҕурдууну атыылыылларын көрөн сөрү диэн сөхпүт. «Өҥ буордаах киэҥ-нэлэмэн Саха сиригэр олорон эрэ туох ааттаах алдьархайга тиийдибит?» – диэн «кыыһырбыт» санаатыттан тэптэрэн, араас литэрэтиирэни хаһыспыт уонна бэйэтэ дьарыктанан барбыт.

х х х

Семеновтар тиэргэннэриттэн ылбыт бородууксуйаларын ордубутун билэр дьонноругар удамыр сыанаҕа атыылыыллар. Учуутал идэлээх киһи, дьоҥҥо атыылыырыттан маҥнай саата санаабыт. Ол гынан баран, маҕаһыын табаарын икки-үс бүк үрдэтэн атыылыыр буолбатахтар. Этэргэ дылы, бэйэлэрэ илиилэринэн-атахтарынан тутан, дууһаларын сылааһын ууран, кыра оҕолуу бүөбэйдээн улаатыннарбыт үүнээйилэрин дьон үөрэ-көтө ылар. Бэл, улуус киинин олохтоохторо: «Элгээйи бытыктаах оҕонньоро ханна сүттэ?» – диэн алҕас уулуссаҕа көрсөн, бүгүн тугу атыылыы киллэрбитин ыйыталаһа тоһуйаллар.

Сайыҥҥы быйаҥнарын нэһилиэнньэ барыта кэриэтэ амсайар. Семеновтар сир аһын, оҕуруот аһын барытын сыа-сым курдук суулаан, хахтаан, «табаарынай көрүҥнээн» эрэ баран, дьоҥҥо биэрэллэр. Элгээйилэр ардыгар оонньуу-күлэ: «Макараабыс дьахталлары сүрэҕэ суох оҥортоото», – дииллэрэ оруннаах эбит. Байанайа бэрсибит соботун ыраастаан, үөһүн ылан быраҕан эрэ баран атыылыыр үтүө үгэстээх. Сөп ээ, күнү күннээн тэрилтэҕэ үлүмнэһэн үлэлиир хаһаайкалар бэлэм балыгы буһараллара туох куһаҕаннаах буолуой?

Дөлүһүөн, кучу, чээрэ уо.д.а. битэмииннээх үүнээйилэри, сибэккилэри хомуйан, хатарыллыбыт, хас да суол от холбоммут бакыаттаах оту Семеновтартан ылан, кыһыннары амтаннаах чэйи иһиэххэ сөп.

Оҕуруотчут сүбэтэ:

«Мөлүйүөнүнэн ахсааннаах чиэрбэни тутуохха наада. Тоҕо диэтэххэ, буору тупсарар. Ол гынан баран, наһаа күрүөйэх. Аһылыга баранна да баран хаалар. Калифорния чиэрбэтэ сууккаҕа 18 чаас үлэлиир. Онон оҥорон таһаарыыта, көдьүүһэ атыттартан улахан. Чиэрбэни бэйэтин аһылыгар эрэ ыытыллар. Үүнээйигэ ыыппаккын. Аһылыга бараннаҕына, үүнээйи силиһин сиэн кэбиһэр». 

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0