Оҕоломмот дьахталлары ЭКО-ҕа талыахтара (ВИДЕО)

29.10.2016
Бөлөххө киир:

ЭКО (экстракорпоральнай оплодотворение) 2013 сылтан босхо медицинскэй көмөнү мэктиэлиир бырагыраамаҕа киирбитэ. 2015 с. Саха сиригэр Булгуччулаах медицинскай страховкасуотугар (ОМС) процедураны сатаан оҕоломмот 300-тэн тахса дьахтар босхо оҥотторбута.

Сэтинньи 17 уонна 18 күннэригэр Медицина национальнай киинин көмөлөһөр репродуктивнай технологиялар отделениеларыгар Москва куорат сүрүннүүр исписэлиистэрэ үлэлиэхтэрэ.

Ол эбэтэр, «АльтраВита» ЭКО клиникатын репродуктологтара В.В. Литвинов уонна Н.Ю. Белоусова сатаан оҕоломмот дьахталларга сүбэлиэхтэрэ. Консультацияҕа оҕо үөскүүрүгэр ханнык ньымалары туһаныахха сөбүн быһаарыахтара. Булгуччулаах медицинскэй страховка чэрчитинэн ЭКО процедуратыгар дьону талыахтара.

8(4112)39547­0 нүөмэргэ эрийэн, эрдэттэн суруйтарыахха сөп.

https://www.youtube.com/watch?v=-BBmtFIlwVw

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0