Сарсын сахаҕа Хотой Айыы сыла саҕаланар

Бөлөххө киир:

 Хотой Айыы сүрүн туома

Омугу холбуур,

Саханы тэрийэр,

Или тутуу диэн.

 

Алгыһа:

Үтүөнү үөдүтэр күүстэ кулу!

Бииргэ буолар дьулуурда кулу!

Саха саргытын сайыннара салай!

Тэрис.

“Кут-сүр” кыһа түсчүтэ Анатолий Павлов-Дабыл үүнэр 2018 сылы тоҕо, туохха олоҕуран Хотой Айыы сылынан ааҕары маннык быһааран кэпсээтэ:

—Саха омуга үйэлэр тухары итэҕэлин иитэн, үгэстэрин ситимнээн кэлбитэ. Үгэстэр, биллэрин курдук, элбэх үйэ тухары оҥоһуллан үөскээн иһэллэр. 1990 сыллаахха “үгэстэр эргиирдэрэ” диэн бастакы барыл оҥоһуллубута. Барылы “Кут-сүр” кыһа “Барҕарыы” идиэйэтигэр олоҕуран оҥорбута.

Ханнык баҕарар үгэс духуобунай төрүттээх буолар. Оттон саха духуобунай күүһэ Айыыларга түмүллэн сылдьар. Айыылар – саха саамай үрдүк идиэйэтэ. Холобур, Айыыһыт диэн Айыыга саха киһитэ дьиэ кэргэни туругурдар үйэлээх идиэйэтэ бэриллэн сылдьар. Онон үгэстэр бары Айыылары кытта ситимнээх эбиттэр. Хас ый аайы ханнык эрэ Айыы дьоҥҥо чугаһыыр, дьон үгэстэри ити Айыылары кытта сыһыаннаан ыыталлар. Ый аайы чугаһыыр Айыылар ааттара:

Бэс ыйа – Үрүҥ Айыы Тойон.

От ыйа – Аан Алахчын.

Атырдьах ыйа – Аан Дьааһын.

Балаҕан ыйа – Улуу Суорун.

Алтынньы – Хотой Айыы.

Сэтинньи – Байанай.

Ахсынньы – Билгэ Хаан.

Тохсунньу – Таҥха Хаан.

Олунньу – Одун Хаан.

Кулун тутар – Дьөһөгөй.

Муус устар – Айыыһыт.

Ыам ыйа – Иэйэхсит.

Үгэстэр эргиирдэрэ аҥаардас биир эрэ сыл иһинэн муҥурдамматтар. Үгэстэр ис хоһоонноро сылтан сыл аайы уларыйан иһиэхтэрин сөп. Сахаҕа ытык дабатыы диэн былыргы туом баар. Ытык дабатыы үгэһигэр олоҕуран 1990 сыллаахха “Туругуруу ыһыахтара” диэн көрүк үөскээбитэ. Ити сылтан “Туругуруу ыһыахтара” саҕаламмыттара. Бастакынан Дьөһөгөй ыһыаҕа ыытыллыбыта.

“Туругурдуу ыһыахтара” төрүт култуураны сайыннарыыны кытта ситимнээх этилэр. Онон сыыйа үөһээ кэрдиистэргэ тахсыы курдук баран испиттэрэ. Бу утум ситиһиллибитин кэнниттэн “Кут-сүр” кыһа саҥа идиэйэни көтөхпүтэ. Саха итэҕэлэ айылҕаны батыһар идэлээх. Онон биһиги айылҕа тэтимин батыһан иһэр сыллар тиһиктэрин оҥоруохтаах этибит. Маныаха ойуун иитиллэр 12 оронноох балаҕана баарын туһунан домох улахан суолтаны ылбыта. Бу домох 12 кээмэйинэн кэми ааҕар үгэс баарын көрдөрөр.

Ол түмүгэр “Олоҥхо ыһыахтара” диэн ааттаах сылы 12 сылынан утумнаан ааҕар үгэс сөргүтүллүбүтэ. “Олоҥхо ыһыахтарын” эргиирин 1990 сылтан саҕалыыр оруннаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, ити кэмтэн саха култууратын итэҕэли кытта ситимнээн сөргүтүү саҕаламмыта. Ол эрээри 1990 сылтан “Туругуруу ыһыахтарын” эргиирэ барбытын билэбит. Ити ыһыахтары “Барҕарыы” көрүгүнэн ыытыллыбыт хос утум курдук өйдөөбүппүт.

Хайа да кэмҥэ айылҕа тэтимэ дириҥ суолталаах буолуохтаах. Онон “Олоҥхо ыһыахтара” төһө даҕаны эрдэ ыытыллыбатахтарын үрдүнэн хос ааҕыллыбыттара. Ол түмүгэр “Туругуруу ыһыахтара” түмүктэниэхтэриттэн “Олоҥхо ыһыахтарын” эргиирдэригэр көһөр кыахтаммыппыт. “Олоҥхо ыһыахтара” Үрүҥ Айыы ыһыаҕыттан саҕаланыахтаахтар, онон ааҕыы ити бэлиэттэн саҕаламмыта:

Сыллар                Олоҥхо ыһыахтара              

1990                       Үрүҥ Айыы

1991                       Аан Алахчын

1992                       Аан Дьааһын

1993                       Улуу Суорун

1994                       Хотой Айыы

1995                       Байанай

1996                       Билгэ Хаан

1997                       Таҥха Хаан

1998                       Одун Хаан

1999                       Дьөһөгөй

2000                       Айыыһыт

2001                       Иэйэхсит

Саха тылыгар мөһүлгэ диэн тыл баар. Бу тыл биһиэхэ уруулуу түүр омуктарга 12 сыллаах  эргиири бэлиэтиир. Онон бу тыл былыр 12 (кыра мөһүлгэ) уонна 60 (улахан мөһүлгэ) сыллаах эргиирдэри ааҕар үгэс баарын туоһулуур. Хас кыра мөһүлгэ аайы биир толору эргиири оҥорор көрүк үөскээбитэ. Айыы итэҕэлин үгэстэрин ситимэ икки сүрүн эргииртэн турар буолбута: үгэстэр сыллааҕы эргиирдэрэ уонна үгэстэр мөһүлгэнэн эргиирдэрэ.

Түмүктээн эттэххэ, Хотой Айыы бэлиэлээх 1994 сылтан аахтахха, 2018 сылга икки кыра мөһүлгэ туолар. Урааҥхай сахаларга Хотой Айыы сылынан уруй-айхал буоллун!

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат,   edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0