Балаҕан ыйын 17 күнэ – cүүрүү Бүтүн Арассыыйатааҕы күнэ.
edersaas.ru
Бу спорт улахан бырааһынньыгар ким баҕалаах спорка дьоҕурун көрдөрөр, сынньалаҥын бэһиэлэйдик уонна көхтөөхтүк атаарар. Ону таһынан, Арассыыйа таһымнаах сүүрүүлэргэ кыайыылаах аатын ыларга дьулуһар.
Сүүрүү күнүн сыала-соруга – спорт уонна чөл олох култууратын сайыннарыы. Бу күн ким баҕалаах: спортсменнар, спорт бэтэрээннэрэ, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон уо.д.а. сүүрэ тахсаллар.
Кыттааччылар саастарыттан, тус кыахтарыттан көрөн, араас уһуннаах сүүрүүнү талыахтарын сөп.
Сүүрүү Бүтүн Арассыыйатааҕы күнэ биһиги дойдубутугар кыттааччыларын ахсаанынан, элбэх региону хабарынан саамай улахан итиэннэ маассабай тэрээһининэн буолар. Кыттааччы ахсаана сыл аайы эбиллэн иһэрэ спорду интэриэһиргээччи, чөл олоҕу тутуһааччы элбээн иһэрин көрдөрөр.
Аан бастаан сүүрээччилэргэ сүбэ
— Сүүрүүгэ күннээҕи дьарыккытын күрэхтэһиигэ кубулутумаҥ. Аан бастаан бэйэҕит кыаххытын быһаарыныҥ. Сүүрэр баҕа үөскээбит биричиинэтин чопчулааҥ уонна онтон дуоһуйууну эрэ ылыҥ.
— Аан бастаан сүүрэр сиргит уһунун буолбакка, төһө өр сүүрэргитин былаанныыргыт ордук. Бэл, туох да бэлэмэ суох киһи биэс мүнүүтэ устата сүүрэн ылыыта аҕыйах нэдиэлэнэн чаас аҥаардаах эрчиллиигэ тириэрдиэ;
— Эрчиллэр кэмҥитигэр аһылыккыт наһаа элбэх буолуо суохтаах. Сыалаах уонна консерваннардаах бородуукталары көҕүрэтиҥ. Ол оннугар сибиэһэй оҕуруот аһын, фруктаны, туорахтаах үүнээйиттэн хааһыны, сыата суох эти уонна балыгы сиэҥ. Үүт бородууктатын, эриэхэни, боб састааптаах аһылыгы умнумаҥ. Төһө ууну иһэргитин хонтуруоллааҥ. Эт-сиин куурара-хатара үчүгэйэ суох;
— Уопуттаах сүүрүктэр эбэтэр марафоҥҥа бэлэмнэнээччилэр элбэх килэмиэтири сүүрэргэ үөрэнэллэрэ ордук. Онуоха кылгас уонна уһун сүүрүүнү дьүөрэлиэххэ сөп. Нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ уһун кэмҥэ сүүрүөххэ наада.
Спордунан дьарыктаныҥ уонна доруобай буолуҥ!
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas