Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр алтынньы 15-18 күннэригэр, үгэс быһыытынан, Сир ийэ бастакы хаарынан – үп-үрүҥ, сыа хаарынан бүрүллүбүт кэмигэр, норуоттар икки ардыларынааҕы V “Үрүҥ хаар алгыһа” поэзия бэстибээлэ ыытыллар.
Биллэрин курдук, бу бэстибээл 2012 сылтан саҕалаан, икки сылга биирдэ буолар. Тэрийээччилэр – Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа. Бырайыак ааптара – саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева.
Бу, хас сырыы аайы суолтата үрдээн, кэҥээн, тэнийэн иһэр норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиҥҥэ урукку сылларга Польша, Болгария, Вьетнам, Монголия, Казахстан, Киргизия, Бурятия, Алтай, Тыва, Татарстан о.д.а. дойдулар биллиилээх бэйиэттэрэ, литературнай кириитииктэрэ, суруналыыстара кыттыыны ылбыттарын өйдүүбүт. Кинилэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун кытта айар үлэҕэ ыкса сибээс олохтообуттара кэрэхсэбиллээх.
Бэстибээл кыттыылаахтара СӨ Ил Дархана Айсен Николаевтыын, ХИФУ бэрэсидьиэнэ Евгения Михайловалыын көрсүһүүлэрэ былааннанар. СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Поэзия дьоро киэһэтэ ыытыллыаҕа. Итиэннэ, бэйиэттэр саха норуодунай суруйааччылара ини-бии Семен Петрович, Софрон Петрович Даниловтар дойдуларыгар – Горнай улууһугар ыалдьыттыахтара. Кинилэр манна Дьиикимдэҕэ, алтынньы 17 күнүгэр, сабыс-саҥа Култуура дьиэтин үөрүүлээх аһыллыытыгар кыттыыны ылыахтара.
Күндү ыалдьыттарбыт, бэстибээл кыттыылаахтарын ортолоругар бааллар — Тываттан бэйиэт, филологическай наука кандидата, саха суруйааччыларын тыва тылыгар тылбаастаабыт Сайлыкмаа КОМБУ, бэйиэт, тылбаасчыт, “Саха поэзиятын антологиятын” эрэдээктэрэ Сергей ГЛОВЮК (Москва), Афаг ШИХЛЫ – бэйиэт, тылбаасчыт, Евразия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Наталья Харлампьева хоһооннорун азербайджан тылынан саҥардыбыта (Баку. Азербайджан), бэйиэт, тылбаасчыт Даулеткерей КАПУЛЫ (Нур-Султан. Казахстан), Леонид КОЛПАКОВ – суруналыыс, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун сэкэритээрэ, «Литературная газета» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин бастакы солбуйааччы, Газинур МУРАТОВ – бэйиэт, прозаик, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ (Казань, Татарстан), Амарсана Улзытуев — бэйиэт, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, М.Горькай аатынан Литературнай институт старшай преподавателэ (Улан-Удэ, Москва), Елена Овчарова – бэйиэт, Томмот к. оскуолатыгар нуучча тылын, литературатын учуутала, педагогическай наука кандидата (Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Алдан оройуона), уо.д.а. биллиилээх суруйааччылар, тылбаасчыттар.
Норуоттар икки ардыларынааҕы V “Үрүҥ хаар алгыһа-2019” поэзия бэстибээлин үөрүүлээхтик аһыы алтынньы 15 күнүгэр «Сэргэлээх уоттара» Култуура киинигэр 18:00 чаастан саҕаланыаҕа.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru