Сарсын… (кэпсээн)

Ааптар:  Г.Оконешникова
19.11.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Туутук эбээтэ бу күннэргэ туох эрэ буолла: наар сытан тахсар,  Туутуктуун бадьыыстаспат, дьиэҕэ тугу  эмэ гынаары оронуттан турарыгар дэлби айаккалаан-дьойокколоон нэһиилэ өндөйөр, дьыссаакка кинини ыла сорох күн кыайан кэлбэккэ, ыалларын кыыһын Людукканы соруһар, ону да иитээччилэрэ  айдаара, мөҕүттэ түһэн баран кыыһы туттаран ыыталлар.

Оттон Людукка ийэтэ Кэтириис сотору-сотору киирэн Туутук эбээтигэр көмөлөһөн астарын астыыр, мунньуллубут иһити сууйар, таҥас сууйтара угар, дьиэлэрин сотон өрө тарда түһэр, Туутук дьыссааттыыр таҥаһын бэрийэр. Биир күн Туутугу ким да дьыссаатыттан ыла кэлбэтэ, нуоҕаҥнаабыт иитээччитэ Самаана Петровна оҕолору барыларын ылан бүппүттэрин кэннэ, кыыһы таҥыннаран дьиэтигэр илтэ. Тиийбиттэрэ дьиэ аана баттатыылаах эбит! Ыалларыгар тоҥсуйбуттарыгар кыра уоллара Бааска арыйда, дьиэҕэ улахан дьон суоҕун, ханна баалларын, хаһан кэ­­лэллэрин билбэтин «дакылаат­таан» чаҥыйда, сыыҥтаах муннун туора-маары сотунна. Хата ол мучумааннаһа турдахтарына, Кэтириис тиийэн кэлэн өрүһүйдэ. Субу эрэ Туутук эбээтин Даарыйаны «Суһал көмө» массыынатынан оройуон балыыһатыгар атааран кэлбит эбит, бу иэдээни… Эмээхсин муҥнаах олох турбакка сытан хаалбытын, Кэтириис киирэн дьиэтиттэн булан, бырааһы ыҥырбыт, оттон Туутугу ыла дьыссаакка Людукка барыахтааҕын оскуолатыгар туох эрэ  тэрээһиҥҥэ тардыллан хо­­йутаабыт эбит.

Кэтириистээх Самаана Петровна бэркэ айманан өссө да өр аргыый ботур-итир кэпсэппэхтээтилэр, сотору-сотору Туутугу аһыммыттыы көрөн ылаллар. Ити курдук хас да күн Туутук ыалларыгар хонно, наар эдьиий-убай тутта үөрэммит бэркэ билсэр Людуккалаах Бааскатын кытта итийэн-кутуйан, үөрэн-көтөн араастаан оонньоото, сэһэр­гэстэ, эбээтин, дьиэтин, хата, соччо суохтаабата. Син обургу киһи буоллаҕа аны, дьыссаат улахан  бөлөҕөр сылдьар, күһүн номнуо оскуолаҕа барыа дии… Арай биир сарсыарда Кэтириис Туутугу дьыссаатыгар илдьибэтэ, оҕолорун оскуолаҕа ыытан баран кыыһы күөрчэхтээн, минньигэс какао, хааһы кутан уһуннук чэйдэттэ. Туутуктаах дьиэлэригэр тахсан улахан соҕус суумкаҕа таҥас, сээкэй мал хаалаан киирдэ. Туох эрэ кумаа­ҕыларын бэрийэн паапкаҕа укта. Онтон Туутугу кытта сэбиэт үлэһитэ Маасалыын куораттыыр массыынаҕа олорсон ыраах айаҥҥа туруннулар. Хантан билээх­тиэй кырачаан Туутук улахан дьон кини дьылҕатын сокуон, эппиэкэ хараҕа ыйарынан мүччүрүйбэттик быһааран, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор быстах кэмҥэ олорор дьиэлэригэр илдьэн эрэллэрин… Кэтириис кыысчааны хайдах да аһыннар, бэйэтигэр хаалларынар кыаҕа суоҕа: кинилэргэ олох туора киһи, туох да хаан-аймах буолбатах, аны бэйэтэ бэрт эрэйинэн икки оҕотун соҕотох кэриэтэ иитэр, эрэ атын дьахтарга иирэн баран олорор, со­­куонунан арахсыбатах буолан алимент да төлөөбөт.

…«Павлова Юлия!» диэтэхтэринэ Туутук олох өйдөөбөт кими ыҥыралларын, үгүстүк иитээччилэртэн сэ­­мэлэнэр. Кини дьиҥнээх аата итинник эбит ээ, дьыссаакка бэл ким да кинини итинник ааттаабат, ыҥырбат этэ, Туутук диэн эбээтэ таптаан аат­таабытынан киһи бары оннук ааттыыра, ыҥырара ээ… Кини эбээтин эрэ билэр, тыыннаах төрөппүттэрдээх үһү да, өйдөөбөт, билбэт ханна баалларын. Ийэтэ кинини кыыһынан сылдьан төрөтөн баран, ускул-тэскил барбыт, сураҕа, иһээччи буолан эмтэммит эҥин, онтон дьэ көнөр суолга үктэнэн эргэ тахсан, оҕолонон, ханна эрэ ыраах куоракка олохсуйбутун эппиэкэ уорганнара билэн, сибээс­тэһээри көрдүү сылдьаллар да, бакаа була иликтэр эбит. Айбыт аҕата эмиэ бэйэтэ ыал буолан, оҕолордонон киниэхэ наадыйбат, кыһаллыбат быһыылаах, биир дэриэбинэҕэ олордоллор да.

Даарыйа муҥнаах төһө кыайа­рынан мөхсөн, сиэнин соҕотох бүөбэйдээн, харайан син алта сааһыгар дылы улаатыннардаҕа.  Туутук эбэтин наһаа-наһаа таптыыр: соччо элбэх саҥата суох, үксүн уорастыйа тутта сылдьар тоҥкуруун көрүҥнээх эмээхсин, дьиҥэр, сиэнигэр сүрдээх сымнаҕастык сыһыаннаһар, кыыс­чаан эбэтин мыччыстаҕас илиитин, сылайбыт сүрэҕин сылааһын бэркэ диэн билэр, сылаанньыйа угуттанар, тулхадыйбат дурдалаах-хаххалаах курдук өрүү сананар, киһини өйдүөҕүттэн билбит соҕотох чугас-истиҥ киһитэ – тапталлаах эбэтэ Даарыйа.

Бу саҥа олоруохтаах дьиэтигэр кэлэн Туутук үөрэнэн быстыбакка эрэйдэннэ даҕаны… Дьиҥэр, сүрдээх киэҥ, ыраас, сылаас, сырдык, мааны бэйэлээх дьиэ ээ, астара эчи дэлэйин: аҥаардас эбиэккэ пиэрибэй, торуой, хомпуот, салаат, өссө хайаан да  туох эрэ «выпечка»: буулка, киэкис, бэрэс­ки эҥин… Туутук муҥнаах ити үлүгэр хайа курдук өрөһөлүү  тардыллыбыт астаах остуолу төрөөн баран көрө илик, дьыссаакка да астара үчүгэйэ, ол эрээри наһаа маннык үгүс буолбат этэ ээ… Оттон эбэтинээн дьиэлэригэр астара сүрдээх сэмэй, борос­туой этэ буоллаҕа: хаһан эмэ эт миинэ иһэл­лэрэ, үксүн эт, балык кэнсиэрбэ, сымыыт, үүт миинэ буолара, суорат, мааннай хааһы, мокоруон, ириис торуойа, хортуоска, хаппыыс­та, эбэтин быыкаа биэнсийэтэ эгэл­гэ араас ас атыылаһарга тиийээхтээбэтэ чуол­кай… Онон манна аһын барытын кыайан аһаабат, кыратык торуо­йуттан сиир, хомпуот иһэр, бурдук аһын салпыаккаҕа суулаан хоһугар илдьэ барар, онон бүтэр. «Саҥа кыыс куһаҕаннык аһыыр, аппетита, настарыанньата суох», – диэн иитээччилэр аймалаһалларын иһиттэҕинэ наһаа соһуйар, дьиктиргиир, хайдах да гынан ити аһы барытын биирдэ олорон турар кыаҕа суох курдук, көрдөҕүнэ, улахан доруобай үлэһит да эр дьон итинник элбэҕи кыа­йан сиэ суох курдуктар дии… Манна олохторо сүрдээх сэргэх, быыс буол­бакка араас интэриэһинэй көхтөөх тэрээһиннэр, аралдьытыылар, күрэхтэһиилэр ыытыллаллар, өрөбүллэргэ хас да оптуобуһунан тиэйэн катокка, кэнсиэркэ, испэктээккэ, быыстапкаҕа эҥин илдьэллэр.  Иитээччилэр, атын да үлэһиттэр сүрдээх аламаҕайдар, эйэҕэстэр. Оҕолор да Туутукка сыһыаннара куһаҕана суох, кыра киһи диэн хата бэркэ харайа, бадьыыс­таһа сатыыллар. Оскуолаҕа үөрэнэр саастаахтар уруоктарыгар таҕыстахтарына, Туутук олорор куорпуһугар иитээччитин кытта соҕотох хаалар, дьэ уоскуйа, чуумпура түһэн олорон уруһуйдуур, тэлэбиисэргэ таптыыр мультиктарын көрөр, маннык уоскулаҥ кэмнэргэ ураты сытыытык эбээтин, дойдутун, дьиэтин ахтан кэлэр, долгуйар, айманар, кистии-саба хараҕын уутун соттор… Наар иһигэр күүтэр, кэтэһэр сырдык иэйиилээх, ол иэйиитэ – САРСЫН. Сарсын эбэтэ үтүөрбүтүн туһунан үөрүүлээх сонун кэлиэ, сарсын, баҕар, соһуччу дойдутугар, дьиэ­тигэр төттөрү илдьиэхтэрэ, баҕар, сарсын дойдутуттан, чугас дьонуттан ким эмэ көрсө тиийэн кэлиэ,  эбэтэр сарсын кини кыракый дьылҕатын бүтэһиктээхтик быһаараннар олохтоох сиригэр илдьиэхтэрэ, онно хайаан да билэр чугас дьоно: эбээтэ Даарыйа, ыаллара Кэтириис, доҕотторо Людукка, Бааска аттыгар баар буолуохтарыгар Туутук барахсан бүк эрэнэр, күүтэр, кэтэһэр…

…Бу курдук Туутук балайда өр манна олордо. Кырачаан кыыс кини инники дьылҕата хайдах быһаарыллан эрэрин хантан ымпыгын-чымпыгын билээхтиэй? Ийэтин көрдөөн булбуттарын, сибээстэспиттэрин, ол эрээри туох да чуолкай эп­­пиэт, сөбүлэҥ ылбатахтарын, эбээтэ Даарыйа муҥнаах уһуннук ыалдьан баран бу күн сириттэн букатыннаахтык «барбытын» олохтоох сэ­­биэт уонна ыаллара Кэтириис дьаһа­йан, тэрийэн кистээбиттэрин, ыҥыттарыы бөҕөнөн Туутук ийэтэ бохо­руона эрэ күн тиийэн кэлбитин, онтон эппиэкэ уорганнарын модьуйуутунан  Даарыйа эмээхсинтэн хаалбыт баайтан-дуолтан уонна кыысчаанын бэ­­йэтигэр ылартан  букатын, суут нөҥүө дьиҥнээхтик аккаастанарын туһунан сайабылыанньа суруйбутун, онон билигин Туутук инники дьылҕата салгыы хайдах салаллара биллибэккэ ыйааһын хараҕар биэтэҥнээбитин – маны барытын Туутук муҥнаахха ким кэпсиэй, быһаарыай? Оттон кыракый кыысчаан өссө да эрэнэ кэтэһэр – үтүө-кэрэ сонуннаах, үөрүүлээх сырдык САРСЫН үүнэрин…

+1
10
+1
0
+1
10
+1
0
+1
2
+1
6
+1
8