Туутук эбээтэ бу күннэргэ туох эрэ буолла: наар сытан тахсар, Туутуктуун бадьыыстаспат, дьиэҕэ тугу эмэ гынаары оронуттан турарыгар дэлби айаккалаан-дьойокколоон нэһиилэ өндөйөр, дьыссаакка кинини ыла сорох күн кыайан кэлбэккэ, ыалларын кыыһын Людукканы соруһар, ону да иитээччилэрэ айдаара, мөҕүттэ түһэн баран кыыһы туттаран ыыталлар.
Оттон Людукка ийэтэ Кэтириис сотору-сотору киирэн Туутук эбээтигэр көмөлөһөн астарын астыыр, мунньуллубут иһити сууйар, таҥас сууйтара угар, дьиэлэрин сотон өрө тарда түһэр, Туутук дьыссааттыыр таҥаһын бэрийэр. Биир күн Туутугу ким да дьыссаатыттан ыла кэлбэтэ, нуоҕаҥнаабыт иитээччитэ Самаана Петровна оҕолору барыларын ылан бүппүттэрин кэннэ, кыыһы таҥыннаран дьиэтигэр илтэ. Тиийбиттэрэ дьиэ аана баттатыылаах эбит! Ыалларыгар тоҥсуйбуттарыгар кыра уоллара Бааска арыйда, дьиэҕэ улахан дьон суоҕун, ханна баалларын, хаһан кэлэллэрин билбэтин «дакылааттаан» чаҥыйда, сыыҥтаах муннун туора-маары сотунна. Хата ол мучумааннаһа турдахтарына, Кэтириис тиийэн кэлэн өрүһүйдэ. Субу эрэ Туутук эбээтин Даарыйаны «Суһал көмө» массыынатынан оройуон балыыһатыгар атааран кэлбит эбит, бу иэдээни… Эмээхсин муҥнаах олох турбакка сытан хаалбытын, Кэтириис киирэн дьиэтиттэн булан, бырааһы ыҥырбыт, оттон Туутугу ыла дьыссаакка Людукка барыахтааҕын оскуолатыгар туох эрэ тэрээһиҥҥэ тардыллан хойутаабыт эбит.
Кэтириистээх Самаана Петровна бэркэ айманан өссө да өр аргыый ботур-итир кэпсэппэхтээтилэр, сотору-сотору Туутугу аһыммыттыы көрөн ылаллар. Ити курдук хас да күн Туутук ыалларыгар хонно, наар эдьиий-убай тутта үөрэммит бэркэ билсэр Людуккалаах Бааскатын кытта итийэн-кутуйан, үөрэн-көтөн араастаан оонньоото, сэһэргэстэ, эбээтин, дьиэтин, хата, соччо суохтаабата. Син обургу киһи буоллаҕа аны, дьыссаат улахан бөлөҕөр сылдьар, күһүн номнуо оскуолаҕа барыа дии… Арай биир сарсыарда Кэтириис Туутугу дьыссаатыгар илдьибэтэ, оҕолорун оскуолаҕа ыытан баран кыыһы күөрчэхтээн, минньигэс какао, хааһы кутан уһуннук чэйдэттэ. Туутуктаах дьиэлэригэр тахсан улахан соҕус суумкаҕа таҥас, сээкэй мал хаалаан киирдэ. Туох эрэ кумааҕыларын бэрийэн паапкаҕа укта. Онтон Туутугу кытта сэбиэт үлэһитэ Маасалыын куораттыыр массыынаҕа олорсон ыраах айаҥҥа туруннулар. Хантан билээхтиэй кырачаан Туутук улахан дьон кини дьылҕатын сокуон, эппиэкэ хараҕа ыйарынан мүччүрүйбэттик быһааран, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор быстах кэмҥэ олорор дьиэлэригэр илдьэн эрэллэрин… Кэтириис кыысчааны хайдах да аһыннар, бэйэтигэр хаалларынар кыаҕа суоҕа: кинилэргэ олох туора киһи, туох да хаан-аймах буолбатах, аны бэйэтэ бэрт эрэйинэн икки оҕотун соҕотох кэриэтэ иитэр, эрэ атын дьахтарга иирэн баран олорор, сокуонунан арахсыбатах буолан алимент да төлөөбөт.
…«Павлова Юлия!» диэтэхтэринэ Туутук олох өйдөөбөт кими ыҥыралларын, үгүстүк иитээччилэртэн сэмэлэнэр. Кини дьиҥнээх аата итинник эбит ээ, дьыссаакка бэл ким да кинини итинник ааттаабат, ыҥырбат этэ, Туутук диэн эбээтэ таптаан ааттаабытынан киһи бары оннук ааттыыра, ыҥырара ээ… Кини эбээтин эрэ билэр, тыыннаах төрөппүттэрдээх үһү да, өйдөөбөт, билбэт ханна баалларын. Ийэтэ кинини кыыһынан сылдьан төрөтөн баран, ускул-тэскил барбыт, сураҕа, иһээччи буолан эмтэммит эҥин, онтон дьэ көнөр суолга үктэнэн эргэ тахсан, оҕолонон, ханна эрэ ыраах куоракка олохсуйбутун эппиэкэ уорганнара билэн, сибээстэһээри көрдүү сылдьаллар да, бакаа була иликтэр эбит. Айбыт аҕата эмиэ бэйэтэ ыал буолан, оҕолордонон киниэхэ наадыйбат, кыһаллыбат быһыылаах, биир дэриэбинэҕэ олордоллор да.
Даарыйа муҥнаах төһө кыайарынан мөхсөн, сиэнин соҕотох бүөбэйдээн, харайан син алта сааһыгар дылы улаатыннардаҕа. Туутук эбэтин наһаа-наһаа таптыыр: соччо элбэх саҥата суох, үксүн уорастыйа тутта сылдьар тоҥкуруун көрүҥнээх эмээхсин, дьиҥэр, сиэнигэр сүрдээх сымнаҕастык сыһыаннаһар, кыысчаан эбэтин мыччыстаҕас илиитин, сылайбыт сүрэҕин сылааһын бэркэ диэн билэр, сылаанньыйа угуттанар, тулхадыйбат дурдалаах-хаххалаах курдук өрүү сананар, киһини өйдүөҕүттэн билбит соҕотох чугас-истиҥ киһитэ – тапталлаах эбэтэ Даарыйа.
Бу саҥа олоруохтаах дьиэтигэр кэлэн Туутук үөрэнэн быстыбакка эрэйдэннэ даҕаны… Дьиҥэр, сүрдээх киэҥ, ыраас, сылаас, сырдык, мааны бэйэлээх дьиэ ээ, астара эчи дэлэйин: аҥаардас эбиэккэ пиэрибэй, торуой, хомпуот, салаат, өссө хайаан да туох эрэ «выпечка»: буулка, киэкис, бэрэски эҥин… Туутук муҥнаах ити үлүгэр хайа курдук өрөһөлүү тардыллыбыт астаах остуолу төрөөн баран көрө илик, дьыссаакка да астара үчүгэйэ, ол эрээри наһаа маннык үгүс буолбат этэ ээ… Оттон эбэтинээн дьиэлэригэр астара сүрдээх сэмэй, боростуой этэ буоллаҕа: хаһан эмэ эт миинэ иһэллэрэ, үксүн эт, балык кэнсиэрбэ, сымыыт, үүт миинэ буолара, суорат, мааннай хааһы, мокоруон, ириис торуойа, хортуоска, хаппыыста, эбэтин быыкаа биэнсийэтэ эгэлгэ араас ас атыылаһарга тиийээхтээбэтэ чуолкай… Онон манна аһын барытын кыайан аһаабат, кыратык торуойуттан сиир, хомпуот иһэр, бурдук аһын салпыаккаҕа суулаан хоһугар илдьэ барар, онон бүтэр. «Саҥа кыыс куһаҕаннык аһыыр, аппетита, настарыанньата суох», – диэн иитээччилэр аймалаһалларын иһиттэҕинэ наһаа соһуйар, дьиктиргиир, хайдах да гынан ити аһы барытын биирдэ олорон турар кыаҕа суох курдук, көрдөҕүнэ, улахан доруобай үлэһит да эр дьон итинник элбэҕи кыайан сиэ суох курдуктар дии… Манна олохторо сүрдээх сэргэх, быыс буолбакка араас интэриэһинэй көхтөөх тэрээһиннэр, аралдьытыылар, күрэхтэһиилэр ыытыллаллар, өрөбүллэргэ хас да оптуобуһунан тиэйэн катокка, кэнсиэркэ, испэктээккэ, быыстапкаҕа эҥин илдьэллэр. Иитээччилэр, атын да үлэһиттэр сүрдээх аламаҕайдар, эйэҕэстэр. Оҕолор да Туутукка сыһыаннара куһаҕана суох, кыра киһи диэн хата бэркэ харайа, бадьыыстаһа сатыыллар. Оскуолаҕа үөрэнэр саастаахтар уруоктарыгар таҕыстахтарына, Туутук олорор куорпуһугар иитээччитин кытта соҕотох хаалар, дьэ уоскуйа, чуумпура түһэн олорон уруһуйдуур, тэлэбиисэргэ таптыыр мультиктарын көрөр, маннык уоскулаҥ кэмнэргэ ураты сытыытык эбээтин, дойдутун, дьиэтин ахтан кэлэр, долгуйар, айманар, кистии-саба хараҕын уутун соттор… Наар иһигэр күүтэр, кэтэһэр сырдык иэйиилээх, ол иэйиитэ – САРСЫН. Сарсын эбэтэ үтүөрбүтүн туһунан үөрүүлээх сонун кэлиэ, сарсын, баҕар, соһуччу дойдутугар, дьиэтигэр төттөрү илдьиэхтэрэ, баҕар, сарсын дойдутуттан, чугас дьонуттан ким эмэ көрсө тиийэн кэлиэ, эбэтэр сарсын кини кыракый дьылҕатын бүтэһиктээхтик быһаараннар олохтоох сиригэр илдьиэхтэрэ, онно хайаан да билэр чугас дьоно: эбээтэ Даарыйа, ыаллара Кэтириис, доҕотторо Людукка, Бааска аттыгар баар буолуохтарыгар Туутук барахсан бүк эрэнэр, күүтэр, кэтэһэр…
…Бу курдук Туутук балайда өр манна олордо. Кырачаан кыыс кини инники дьылҕата хайдах быһаарыллан эрэрин хантан ымпыгын-чымпыгын билээхтиэй? Ийэтин көрдөөн булбуттарын, сибээстэспиттэрин, ол эрээри туох да чуолкай эппиэт, сөбүлэҥ ылбатахтарын, эбээтэ Даарыйа муҥнаах уһуннук ыалдьан баран бу күн сириттэн букатыннаахтык «барбытын» олохтоох сэбиэт уонна ыаллара Кэтириис дьаһайан, тэрийэн кистээбиттэрин, ыҥыттарыы бөҕөнөн Туутук ийэтэ бохоруона эрэ күн тиийэн кэлбитин, онтон эппиэкэ уорганнарын модьуйуутунан Даарыйа эмээхсинтэн хаалбыт баайтан-дуолтан уонна кыысчаанын бэйэтигэр ылартан букатын, суут нөҥүө дьиҥнээхтик аккаастанарын туһунан сайабылыанньа суруйбутун, онон билигин Туутук инники дьылҕата салгыы хайдах салаллара биллибэккэ ыйааһын хараҕар биэтэҥнээбитин – маны барытын Туутук муҥнаахха ким кэпсиэй, быһаарыай? Оттон кыракый кыысчаан өссө да эрэнэ кэтэһэр – үтүө-кэрэ сонуннаах, үөрүүлээх сырдык САРСЫН үүнэрин…